Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2022 » Ахсынньы » 14 » ХОМУҺУННААХ ХОМУСЧУТУ ӨЙҮӨХХЭ!
ХОМУҺУННААХ ХОМУСЧУТУ ӨЙҮӨХХЭ!
09:58
ХОМУҺУННААХ  ХОМУСЧУТУ  ӨЙҮӨХХЭ!
 
Аатырбыт “Алгыс” ансаамбылбыт тэриллэн аан дойдуга аатын ааттаппыта 60 сылын туолла. Итини көрсө Иван Егорович Алексеев – Хомус Уйбаан үтүөкэннээх кинигэтэ таҕыста. Аҥаардас аатын да ылан көрүҥ  - “Куйаартан кутуллар дорҕооннор”.  Хомус барахсан уһун сылларга тимирэ- тимирэ күөрэйэн, умулла-умулла уһуктан билигин Аан дойду шедеврин быһыытынан билиниллэн эрэллээх илиилэргэ тиксибит курдук. Итиннэ саамай үтүө өҥөлөөх Хомус Уйбаан буоларын Саха сиригэр бары билэлэр.               
           Ансаамбыл 60 сыллаах үбүлүөйүгэр бэлэмнэнии тэрээһиннээхтик бара турарын истибитим, онтон бэлиэтээһинин көрдүм-иһиттим. Ол да буоллар туох эрэ итэҕэс курдуга, сэмээр тугу эрэ кэтэһэр курдугум. Ансаамбыл туһунан үгүс үтүө тыллар этилиннилэр, ахтан-санаан аастылар. Син биир туох эрэ тиийбэт. Тугу чуолаан баҕарарбын бэйэм да дьиҥин өйдөөбөт курдугум, кэлин эрэ торумнанан, чуолкай өйдөбүлгэ кэллим. Күүппүтүм диэн – Хомус Уйбааны Үрдүк аакка-суолга, холобур “Саха республикатын бочуоттаах
олохтооҕор” мэктиэйээллэр диэн. Наһаа улаханы, тосту-туораны, туолбаты баҕарбыт диэмэҥ, маны толорорго баара-суоҕа биир киһи илии баттааһына наада. Оттон ону баттатарга хамсатыы наада эбит, мин ону күүппүппүн, этэр итэҕэһим ити эбит.                                                                                                       
  Мин Иван Егорович үтүөтүн, үлэтин эридьиэстии барбаппын, итини саха саҥалаах барыта билэр. Куйаартан кутуллар дорҕоон алыптааҕын билэбит, оттон эмтээҕин билэр наһаа элбэҕэ суох буолуохтаах. Миигин хомус эмтээбит киһитэ олоробун, итиннэ тыыннаах туоһубун. Мин эрэ эмтэммэтэх буолуохтаахпын уонна эмтэммиттэр бары Иван Егоровичка муҥура суох махтаналларыгар бүк эрэнэбин.                                                                                                                             
           Саха сирин саамай үрдүк аатыгар тиксэргэ Иван Егорович толору бырааптаах. Үрдүк наҕарааданы, Ааты-суолу иҥэрэргэ кытаанах ирдэбил баар дииллэр. Киниэхэ ити ирдэбилгэ эппиэттиир барыта баарын билэбин, туоһулуубун даҕаны: Үрдүк аакка тиксэргэ “үктэл” диэххэ дуу, урут ылбыт бэлиэлэрэ, сэмэй наҕараадалара киниэхэ сөптөөх баар;  киһи быһыытын тургутан көрө буоллахтарына майгы мааныта, үрдүк култуура, үтүө санаа, дьоҥҥо-олоххо таптал баар; патриот диир буоллахха киниттэн ордук дойдутун-дьонун таптыыры булуоҥ суоҕа, үлэһитин, дьулуурун туоһута – наука доктора, профессор, Академик. Кини “Саха республикатын бочуоттаах олохтооҕо”  ааты сүгэр толору үтүөлээх! – диибин. Сахам сирин дьоно, мин
этиибин иилэ хабыҥ эрэ, ити этиибин өйөөҥ, оччоҕо хомуспут өссө эрчимириэ, кэрэ-дьикти тыаһа дойдубут аатын кэҥэтиэ, Аан дойдуга айаатыа, кэнэҕэски кэлэр көлүөнэҕэ бэриллиэ, ааппытын өссө киэҥник ааттатыа.

                                    Иван  БУРЦЕВ                              12.12.2022 с.
Category: Саха | Views: 1707 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2022  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 10
Ыалдьыттар (гостей): 10
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024