News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2023 » Тохсунньу » 10 » 2023 сыл – Дьөһөгөй Айыы сыла
2023 сыл – Дьөһөгөй Айыы сыла | 22:06 |
2023 сыл – Дьөһөгөй Айыы сыла
Саха билиҥҥи халандаарынан, ааспыт сылбыт Одун Хаан таҥара сыла эбит буоллаҕына, быйылгыбыт – Дьөһөгөй Тойон таҥара сылынан биллэр.
Холобура, кулун тутар 21 күнүгэр – ол аата сырдык уонна хараҥа тэҥнэһэр кэмигэр, сырдык баһыйан барар кэмигэр, – саха төрөөбүт күнэ диэн улахан туом ыытыллар. Дьиҥэр бу туом Дьөһөгөй таҥараҕа ананар. Дьөһөгөй – саха норуотун төрдүн таҥарата буолар, Онон саха төрөөбүт күнүн быһыытынан ааҕыллар.
Өссө, ити күн биһиги эриэн үөнтэн үөскээбиппит туһунан алгыс ааҕыахтаахпыт. Былыр тимиринэн сэбилэммит сылгы көлөлөөх ураты дьон үөскээбитэрэ. Ити дьон тимир ууһа, моҕой ойуун буолбуттар. Кинилэр аан дойду араас өттүгэр баран күн ууһун үөскэппиттэрэ. Аан маҥнай ити кэмтэн ыла талыллыбыт дьон өйдөбүлэ үөскээбитэ. Эриэн үөн ити саҕанааҕы өйдөбүлү илдьэ сылдьар.
Төрүччү күнэ
Үүннэ,
Саҕаламмыт күммүт
Тыкта,
Эриэн үөн
Үөрэҕин ылан,
Тимири сэбиэнэнэн,
Аты миинэн,
Аҕыс уон
Албастанан,
Тоҕус уон
Кубулҕаттанан,
Аан дойдуга
Тарҕаммыппыт,
Күн сиригэр
Көстүбүппүт,
Оҕо бэйэбит,
Улааппыппыт,
Кыра бэйэбит
Элбээбиппит,
Билиҥҥи кэмҥэ
Эмиэ
Иккис төгүлүн
Эриэн үөммүтүн
Киллэриэҕиҥ
Күн сиригэр
Көстүөҕүҥ.
Дом!
Маҥнайгы саха ойууттара, эриэн үөҥҥэ сүгүрүйэллэрэ, көмө көрдүүллэрэ. Маҥнай ойууттар эриэн үөн майгытын ылыналлар. Кинилэр үөрэхтэрин төрдө эриэн үөн. Аллараа өлүү уута баар. Онно түһэн үөҥҥэ-көйүүргэ сиэтэн ойууттар ураты туругу ылаллар. Айыы ойуунугар өлүү уута суох буолар эрээри, эриэн үөн ойуун барытын төрдүнэн буолбут. Ойуун уута мэлдьи аллара баар буолар. Бу көрүү Индия көрүүтүгэр чугасыһар. Кинилэр киһи кутуругун төрдүгэр Кундалини диэн баар дииллэр. Ол Кундалини эриэн үөн эриллэн сытарын курдук юуолар. Кундалини сис тоноҕоһун устун үөһэ тахсар. Оччоҕо кини төһө үөһэ тахсар да киһи кыаҕа улаатар.
Былыргы түүр-кыпчактар Кытай суруйуутунан Чжелян диэн сиргэ олорбуттар. Ити сир Джилан диэн тылтан үөскүүр эбит уонна эриэн үөн суолталааҕа үһү. Алтай хайатын биир хочото эбит.
Сылан нэһилиэгин төрдүнэн Ураанай Баатыр ааҕыллар. Кини Сылан булгунньаҕар иин хастан олорбут. Сылан бэйэтэ сэриигэ өлбүт. Кыра эрэ оҕото хаалан кэлин Сылан төрдө буолбут. Бу Сылан диэн аат атын түүрдэр йылан (эриэн үөн) диэн тылларын олус маарынныыр. Ураанай даҕаны сири хастан олорбут. Итинтэн даҕаны бу аат үөскүөн сөп быһыылаах.
Былыр Алтай биир хочотун Йылан диилэр эбит. Ол аата эриэн үөн диэн. Түүрдэр өр хайа хаспаҕын иһигэр сыппытара диэн кэпсээн баар. Ону эриэн үөн курдук сир иһигэр сыппыттара диэн йылан диэбиттэр быһыылаах. Ити хаспахха саһан сыппыттарын иһин буолуо, түүрдэр эмиэ бэйэлэрин эриэн үөнтэн төрүттээхпит дииллэр.
Индия омуктара итэҕэйэллэринэн, нагтар диэн Хотуттан кэлбиттэр уонна эриэн үөн курдук эттээхтэр-сииннээхтэр.
Эриэн үөн түүр омуктарга дьиэни-уоту харыстааччы. Эриэн үөнү өлөрөр сатаммат.
Алтай номоҕор маннык этиллэр: эриэн үөн көтүөн сөп, сири да таарыйар. Күндү баайдаах сирдэри таарыйар.
Наг хоту диэкиттэн кэлэр. Кини бөрө курдук өрөһөлөөх эриэн үөн ырбаахылаах киһи эбит.
Кырылах Кыыстаах,
Курулай уоллаах,
Эгиэттэй эһэлээх,
Аарбатай аҕалаах
Эриэн Тойон,
Күүһү-көмөнү кулу миэхэ.
Тыһы туйгун
Тыын толуга –
Тиэлиилээх кымньыы
Саҕа чиэрбэлээх
Санааҕытын,
Тэнитиэххит үһү.
Ол ынараа дьайытыгар
Аҕыс чиэрбэ кыыл
Аһайдаабыт уутунан
Айаннаан-күөдэллэнэн истэҕим,
Он ынарыы дьайыытыгар
Токоок кыыл саарбыт сиринэн
Айаннаан
Истэҕим буоллун.
Тоҕус уон
Тобуллаҕас ойбоҥҥо
Ойбоннономмун,
Сэттэ уон
Сиикэй баастанаммын,
Тобук курдук
Сүүстэнэммин,
Тойуктаах буоламмын,
Дьоройо көтөммүн,
Чуомугар балык доҕордонон,
Анды балык аһылыктанан,
Субай хаан олбохтонон,
Өлгөм өһөх ысталланан,
Кырбас эт кыаһааннанан,
Сурт сүөһүтүн
Сототун уҥуоҕун
Тайахтанаммын,
Харытын уҥуоҕа
Сүгэһэр мастанаммын,
Саннын уҥуоҕа
Кэһэхтэнэммин,
Өттүгүн уҥуоҕа
Түөрэйдэнэммин,
Ойоҕоһун уҥуоҕа
Маҥкыланаммын,
Балыктаан мардьаҥнааммын,
Куйуурдаан куохаҥнааммын,
Кудьуйа дом!
Силиги ситэрэн,
Толугу толорон,
Күөгэйэр күөх эбириэн
Оҕус тириитэ
Тиэрдиилээх олороммун,
Күүстээх тылларым ичиитэ,
Сэттэ хара бастаах үөнүм,
Аҕыс кубулҕаттаан чиэрбэм,
Тоҕус кубулҕаттаах күлгэрим
Иччилэрэ хороҥноспуккут
Арыый намтааны буолар буоллун.
Эһиги обургулар
Көмнөхтөөх харыйа саҕа
Хара ньүкэн тыыҥҥыт
Халбарыйа турдун,
Чиэрбэлээх санааҕыт
Тэйэ турдун.
Эриллэҕэс атахтаах,
Арбаҕар баттахтаах,
Эриэн харахтаах,
Эргийэр истээх,
Холоруктуур иэччэхтээх,
Хоту диэкиттэн,
Хоҥсоруун бииһин ууһуттан
Хомуйа турдун.
Үөһээҥҥи дойдуга
Эһиги обургулар,
Иэдьигэй эриэнин
Эмиркэтэ туруҥ,
Сайдыы саттааҥ,
Кыйдыы кыйдааҥ,
Үс тоҕус хатыр маҥан
Сылгыбын тиэртэҕим,
Кыйдаатаҕым буолун.
Ходьо бииһин ууһуттан хомуйдун.
Таҥалайым кэрдииһэ
Луо балык буолан,
Таҥнары дьалхааннанан,
Эриэн балык буолан
Эҥээриттэн тутуһан,
Сулукучуйан, солбонуһан истин.
Эриэн үөннээх сиргэ хонор буоллахха маннык гыныллар: бэйэни төгүрүйэ сылгы өтүүтүнэн тардан кэбиһиллэр. Кини сылгы өтүүнү хайдах да ааспат эбит.
Саха сылгыны ытыктыыр. Маҥнай сылгы төрөөбүт үһү, онтон сылгыттан саха төрөөбүт диэн ааҕаллар. Онон 4-5 тыһыынча сыллааҕыта үөскээбит сылгы култуурата биһиэхэ төрүт суолталаах. Дьөһөгөй сылгы таҥаратын быһыытынан көстөр. Ити биһиэхэ саамай чугас таҥара дэнэр.
Серошевскайга баар, киһи уонна ат бииргэ төрөөбүттэрэ, оттон ынах сүөһү ууттан тахсыбыт диэн.
Онон, Дьөһөгөй уобараһа саха санаатыгар кини төрөөбүт омугун кытта ыкса ситимнээх буолан улахан суолтаны ылара, сылгыны иитэр омук быһыытынан тымныы Арктикатыгар тиийэ тарҕанан олорон Дьөһөгөйүн умнубатаҕа, баччаҕа диэри харыстаан аҕалбыта.
Саха киһитигэр сылгы барахсан Айыы таһымыгар үрдүк суолталаах. Үрүҥ сылгы сиэлэ куһаҕан тыыны кыйдыыр, ол иһин ыраастаныыга, алгыска туттуллар. Биэ үүтүттэн көйөрүллүбүт кырылыы көөнньөр уохтаах кымыс үгүс ыарыыны эмтиир, сэллиги утары охсуһар. Кыһын тоҥорон баран сиикэйдии сиэниллэр сылгы этэ хайа баҕарар саха ыалыгар күндү ас күүһү-уоҕу эбэр, доруобуйаны бөҕөргөтөр. Сылгы хартата, хаана сыбаайба, үбүлүөй остуолуттан бастакынан бүтэр. Сыспай сиэллээх барахсан – былыргыттан күн бүгүҥҥэ диэри миинэр миҥэ, эрэллээх доҕор, минньигэс ас, үҥэр таҥара.
Дьөһөгөй сыла, биһиэхэ, сахаларга, туох-ханнык суолталааҕын, туох уларыйыылары аҕалыаҕын аныгы халандаарынан даҕаны, архыып матырыйаалларыгар суруллубутунан даҕаны сирдэттэххэ хайдах эбитин көрүөҕүҥ.
Сылы ааҕыы үгэһин быһыытынан, билигин олорор кэммит: Олоҥхо бырамана (сир-халлаан үөскээһинин саҕанааҕыны итинник этэллэр), Эллэй үтүмэнэ – Эллэй кэлиэҕиттэн быһа холоон 1000 сыл, Нуучча кэмэ (Наступление Русского мира) – 400-чэ сыл, Дьөһөгөй мөһүлгэтэ – 1990 сылтан 2049 сылга диэри, Нус түгэнэ – 2013 сылтан 2025 сылга диэри, сылынан, 2022 сылы ыллахха – Одун Хаан, оттон 2023 сылы ыллахха – Дьөһөгөй Тойон, диэн кэмҥэ-кэрдиигэ олоробут.
Пекарскайга суруллубутунан, Уордаах Дьөһөгөй Айыы – эр дьон оруолдьуттарыттан биирдэрэ. Хорсун эр дьону, дьоруо аты, тардыылаах оҕуһу биэрэринэн биллэр. Ол аата, 2023 сылбыт эр киһи майгытыгар сөп түбэһэр буолуон сөп курдук.
Бу сыл эр дьон элбэҕи быһаарар кэмнэрэ буолуон сөп. Ордук спортсменнар, илии-атах үлэтин дьоно, ону ааһан, боотур дьон кыттыгастаахтар. Былыр Илбис тардыыта хара ойуун үлэтэ буолбатах этэ. Илбис кыыһын Дьөһөгөй кыыһын курдук өйдүүллэрэ. Айыы ойууна уонна Дьөһөгөй ойууна биир этилэр. Дьөһөгөй ойууна илбис тардара. Киһи илбистэнэн бэйэтин дьонун туһугар кыргыһар - ити үтүө дьыала курдук өйдөнөрө. Илбис үчүгэйи онорор суолталаах. Ол курдук сэрии саҕана бэйэни көмүскэнэргэ эрэ оҥоһуллар үгэстээҕэ. Илбиһирбит киһи өлүөр дылы барар. Кини өстөөҕун хотуохтаах эрэ.
Онтон Дыгын Дархан үгэс быһыытынан айыы ойууннарын өйүүрэ. Онон уолун Уһун Ойууну илбис тардааччы быһыытынан туһаммыт. Кини кимнээҕэр да элбэх буойуннааҕа. Сыл аайы боотурдары бэлэмнииллэрэ. Боотур илбис тардыыта суох боотур буолбат.
⭕❌⭕❌⭕❌⭕❌⭕❌⭕
Былыр Илбис кыыһын айыы кыыһын курдук саныыллара. Кини саха таптыыр таҥаратын Дьөһөгөй кыыһа буоллаҕа дии. Онтон ити санаа уларыйбыт буолуон сөп.
Олоҥхоҕо боотур атын хоһуйалларыгар этэллэр: Илин халааҥҥа иилиллибит курдук Илбис ырыалаах иппэ-дьиппэ иҥэһэлээх, диэн. Итиннэ, бииринэн сылгы иҥэһэтэ халлааҥҥа тэгилэммиттин, ону ааһан бу иҥэһэ илбис ырыалааҕа этиллэр. Ол аата итиннэ үктэнэн айанныыр киһи көннөрү туруктан тахсара, туох эрэ соруктааҕа биллэр.
Илбис кыыһын уонна Оһол уолун кыргыһыы иччитин курдук биллэллэр. Онтон аҕалара, этиллибитин курдук, Күрүө Дьөһөгөй буолар. Ол аата былыргы сахалар сэриини улахан кыһалҕалары быһаарар ньыма курдук ааҕаллар эбит. Кырдьыгы сэриинэн эрэ көннөрүөххэ сөп диэн өйдөбүллээхтэрэ. Билигин биһиги сэрии, кыргыс сүрүннүүр таҥаратынан Күрүө Дьөһөгөйү ааҕабыт. Кини ол быһыытынан Боотур төрдүнэн буолар.
Саха олоҥхолоругар наар Айыы бухатыыра кэпсэнэр. Айыы бухатыыра күн дьонун көмүскүөхтээх. Кини ытык анала ити. Күрүө Дьөһөгөйү ити уобараһы кытта тэҥниибит. Оччоҕо сэрии таҥаратынан тоҕо кини буолбута биллэр. Былыр сахаҕа икки боотур баара: саха барытын туһугар сылдьар Эллэй боотурдара уонна аҕа ууһун боотурдара. Мантан саха барытын туһугар сылдьар боотурдар ааттара-суоллара киэҥник тарҕаммыта. Чуолаан кинилэр олохторо-дьаһахатара олоҥхону үөскэппиттэрэ.
Илбис Кыыһа – сэрии тыына.
Илбис
Итириктээх үҥүүтүн
Өрө тутта.
Оһол Уола – кыргыһыыга кэлэр тыын.
Илин-кэлин
Илбис кыыһа
Иэрийэ хаалбыт,
Онно-манна
Оһол уола
Онолуйа туойбут.
Илбис кыыһын уонна Оһол уолун доҕотторо.
Үс аҕас-балыс Хаан Баланнайдар,
Өлүү Дүбдүргэн,
Куор Куодаһын,
Дьай Соболоҥ,
Тиһэх Быһылаан,
Кыргыс иччилэрэ дьахталлар буолаллар:
-Куо Холбоной.
-Ытык Кыймылыын.
-Тиил Тилинньэх.
-Лабаа Тохтуган.
-Торҕо Түүрэй.
-Эбир Кутурук.
-Солуонньай.
Ону ааһан, 52 иирэр Илбис кыыһа бааллар. 52 ахсаан сылга буолар нэдиэлэ ахсаанын көрдөрөр. Киһи ити кэм устатыгар биир турукка сылдьарын көрдөрөр. Сэриинэн иирбит киһи эмиэ биир уларыйбат турукка сылдьар эбит.
Илбис уонна оһол диэн тыллар истэрэ.
Илбис: 1) хааҥҥа баҕарыы, 2) аптаныы.
Билиҥҥи саха тылыгар илбиһирии диэн тыл баар. Ити иирбит курдук турукка киириини көрдөрөр.
Оһол: 1) эмискэ түбэһии, 2) эчэйии.
Оһол диэн тыл билигин эчэйии диэн суолтаҕа туһаныллар.
Сэһэн Болоҕо кэпсэнэринэн, ньуучча кэлиитин саҕана Дыгын Дархан биир ойууна кыырбыт уонна эппит:
– Бу дьон кэлэрин тохтотору кыайбатым. Улахантан оҥоруулаах эбиттэр. Өрүс уутун туора быһа кумаҕы тибэн быһыт оҥоро сатаан кэбистим. Ону Дьөһөгөй Тойон кэлэн тоҕо тэбэн кэбиһэр, диэбит.
Мантан көрдөххө, Дыгыны араҥаччылыыр таҥара бэйэтэ арҕааттан кэлэр сыдьаайы аһарпыт, нуучча кэлиитэ, саха омуга нуучча тутулун чэрчитигэр киириитэ кини үрдүкүлэртэн анаммыт дьылҕата эбит.
Илбистэнии.
Илбистэнии диэн маннык:
– Илбис киһихэ киирэр.
– Оччоҕо киһи илбис курдук быһыыланар.
Илбистэнии элбэх ньымалаах.
– Өстөөҕү эрдэттэн хотуу.
– Сэби хааннааһын.
– Хаһыы.
– Атын ньымалар.
Илбиһирбит киһи көннөрү киһиттэн ураты буолар. Былыр бу турук кыргыска наадалаах этэ. Ити турук ыларга элбэх ньыма туһаныллара.
Бу дьайыылар анал дьайыыга – илбис киллэриигэ аналлаахтар. Этнографтар этэллэринэн илбис диэн тыл алтай түүрдэрэ иран тыллаах омуктары кытта алтыһан олорбут кэмнэрин кытта исбээстээх. Ити ведалар үөскүулэрин саҕана буолуохтаах. 5-3 тыһыынча сыллааҕы.
1. Илбиһи иҥэрии. Дүҥүр тыаһатыллар, онтон алгыс этиллэр. Бу успуор дьонугар уонна сэриилэһээччи буойуттарга этиллэр. Орто дойду күөх илбиһэ ама хотуо суоҕа дуо?
2. Дьиэгэнийэр алгыс. Успуорт дьонугар саамай улахан алгыс. Дьиэгэний – олус хамсастаах буол.
Өстөөҕү эрдэттэн хотуу.
Ойуун этэр: «...Чэмпэрэ кута хаххан буолан көтөр, ону өйдөөҥ. Мин үөрдэрбинэн кини кутун манна аҕалыам. ...Өскөтө эһиги ол көтөрү таба ытар бэргэн, түргэн туттунуулаах буолаххытына, кыайыыны ситиһиэхпит».
(Тойук Булугдах ырыата) «Бүгүн кыргыһа барар күммэр хааннааах үтэһэ түөрэхпин түһэр! Кыргыһан хотуох буоллахпына, сиргэ батары түс, өлүөх буоллахпына, үөһээ уһуккунан таҥныры түс!».
Киһини тугу эрэ гынаары гыннаҕына, оннук күүстээх эрэллээх буолуохтаах. Илбис киллэрэр ньыма биир өттүнэн эрэлгэ олоҕурара. Өстөөҕү дуобунай хотуллар. Дьэ, ол кэнниттэн дьиҥнээҕин хотуллар. Былыр бу ньыма элбэхтик туһаныллар эбит.
Сэби хааннаһын.
Былыр кыргыс саҕана кыргыһыыга баралларыгар биир уолу эбэтэр ханнык эмэ оҕонньору үҥүүнэн үөлэн уонна тобулута ытыалаан сэптэрин хаанныыллара, илбистииллэрэ үһү. Ол кэннэ ойууну кыырдаран үөһэттэн Илбис кыыһа түһэттэрэллэрэ үһү. Оччоҕо сэриигэ барарга хололоһон, соргу көтөҕөн өрө ыстанан баран батыйаларынан тиити охсоллоро үһү. Онно үөҥэс тиити арыт төбөтүн быһа охсон түһэрэллэр эбит.
Онуоха сэбин биэрэллэрин кытта дьиэ таһыгар мүччү ойон тахсан иһэн оһох чанчыгар (биир ханнык эрэ киһини бэлэмнииллэрин) киһини үҥүүнэн сүрэххэ түһэр уонна иилэн таһааран таһырдьа эһэр. Ол аата илбис көтөҕүү, сэби хааннааһын диэн.
Былыр кыргыс саҕана, кыргыһыыга баралларыгар биир уолу эбэтэр ханнык эмэ оҕонньору үҥүүнэн үөлэн уонна оҕунан тобулута ытыалаан сэптэрин хаанныыллара, илбистииллэрэ үһү. Ол кэннэ ойууну кыырдаран илбис кыыһын түһэртэрэллэрэ үһү.
(Үҥкэллээх) Сарсыарда биир мөлтөх, дьалаҕай киһилэрэ оҕун уокка сиэппит. Маннык туһата суох киһини илдьэ сылдьар сатаммат диэн оҕунан ытан өлөрбүттэр. Ити киһи хаанынан илбистэрин хааннаабыттар.
Босхоҥ Боруохал батыйатынан оҕус баһын быһа охсор, үҥүүтүнэн ийэтин эмээхсини үөлэн ылар уонна өйдөнөн кэлэр: «Бу эрэйдээх кэлэн туора туран биэрдэҕин. Мин диэтэх киһи сэппин хаанныырбар түбэһэ түспүтүҥ бэрдин!» – диэн баран ааһа турар.
Саһарҕа саҥа тахсан эрдэҕинэ, Күннэйдээх сэби хааннааһын туомун оҥорбуттар. Сэрии дьоно эргиччи турбуттар. Түһүлгэ ортотугар ат баайыылаах сэргэ баар. Ойуун алгыс эппитин кэннэ, кини имнэниитинэн, сэрии дьоно сэриилэһэр сэптэринэн аты суптурута түспүттэр.
Мустан бэйэлэрин киһилэриттэн куһаҕан киһилэрин өлөрөн баран өлбүт киһи сүрэҕэр элиэ кыыл куорсуннаах түүлээх элиэ чупчурҕан диэн куйаҕы алдьатар ох төбөтүнэн анньаллар. Хааннаах ох умнаһын үс сиринэн буоҕуралыы сотоллор. Ол курдук хааннаах дапсы бэлэмнииллэр.
Сэби ханааннаһын Илбис киирбитин курдук ааҕыллар. Киһи булгуруйбат санааны ылар. Кини өллүн да, өлбөтүн да ол кылаабынай буолбатах. Кини сэбин хааннаан кыргыһар санаата уһуктар. Былыр бу ньымаман элбэхтик туһанар эбиттэр. Санаа туһаайыыта тугу бары быһаарар. Онтон кинилэр санаа туһаайыытын сэптэрин хааннан ылаллар. Кинилэргэ ити кыргыһар санааны уһугуннарар.
Хаһыы.
Кыргыс дьоно илбис тартахпыт диэн Илбис ырыатын ыллыыллара үһү.
Былыр сахалар сэриилэһиэхтэрин иннинэ суордуу хаһыытыы-хаһыытыы: «Ойдоо-ойдоо!» – дииллэрэ үһү. Итиннэ төбөлөрүн үрдүнэн батыйанан далбаатаналлар.
Үҥкээбил өстөөҕүн эккирэтэн иһэн быстала суох ыттыы үрбүт.
Күрэнчэ: «Дьолу тардабын» – диэн баран үөһэ ыстана-ыстана титириги батыйанан быһыта охсуолаабыт. Кини онно суордуу хаһыытаабыт.
Киһи санаатын биир уһугуннарар ньыма хаһыы буолар. Ол хаһыы бойобуой ис хоһоонноох буолар. Ону былыргылар Илбиһи тардар дииллэр. Оннук хаһыы Илбиһи тардан хаһыытаабыт киһиэхэ киллэрэр. Оччоҕо киһи кыргыһар турукттанар.
Атын ньымалар.
Оччоҕо сэриигэ баралларыгар хололоһон, соргу көтөҕөн диэн өрө сытанан баран батыйаларынан тиити охсоллор үһү. Онно үөҕэс тиити арыт төбөтүн быһа охсон түһэрэллэр эбит, эбэтэр этин быһа охсоллор эбит.
Бугуйас оҕонньор тураҕас ыстааныгар диэри сыгынньахтанан баран уолаттарын кыргыска угуйан: «Аанай-туонай абам эбит!» – дии-дии дөлүһүөн хатыытыгар төкүнүйбүт.
(Тыараһалар) холонон, аттарын миинэн баран (атынан сүүрдэн кэлэн), батыйа торҕо биитинэн сонос соҕус тииттэри батарыта, быһыта охсуолууллар.
Маһы (үөгэс тиити) быһа охсон холоноллор.
Мантан да атын ньымалар Илбиһи тардарга туһаныллаллара. Итилэр барыта киһиэхэ Илбис туругун үөскэтэр, атыннык эттэххэ илбиһирдэр суолталаахтара.
Илбис туруга диэн тугуй?
1. Илбиһирбит киһи күүстээх-уохтаах, харсаах буолар.
Бу аата киһи санаата биир туһаайыланар. Кини кыргыһарын эрэ өйдүүр. Холобур, былыр Байаҕантай боотурдарыгар Илбис т8һэрбиттэр. Онно кинилэр бэйэ-бэйэлэрин кыргыспыттар.
2. Ыалдьарын умнар.
Хоһуун сүрэххэ таптардаҕына даҕаны өлбөт.
Илбис киирбит киһитин биир уратыта ыарыыны билбэт буолар. Онтон өлөрүн даҕаны, уҥуоҕа тосторун даҕаны аахайбат.
3. Көрөрө-истэрэ кэҥиир.
Былыр бөтүҥнэр Тиэтэйбэт баатыры бүүрүнэн тииккэ кэлгийэн баран куйах кэтэрпиттэр. Кэлгиллэн турар киһи манна мөхсөн тиит хатырыгын быһа түһэн үрүҥ этигэр тиэрпит дииллэр.
Куйаҕы кэппитигэр киһиэхэ Илбис киирэр. Кини өйдөөн-төйдөөн сылдьар буолбатах. Барытын соҕуол (инистиин) таһымыгар оҥорор. Ол гынан баран кинини уонча да киһи тохтоппот. Ол иһин ойуурга хоно сытар наахаралары кырган кэбиһэр.
4. Дьороҕой хамсаныыланар.
Кини барытын билэр буолар. Утарсааччыларын хамсаныытын сэрэйэр уонна уруттаан туттар. Ол туттуута саамай сөп. Ону дьороҕой хамсаныы билэр. Итини барытын инстинтиин таһымынан оҥорор.
Аныгы илбис.
Билигин бу туругу биһиги кыргыска буолбакка, успуорка курэхтэһиигэ туттабыт. Илбиһи киллэрии син биир дуопуҥ сиэбиккэ маарынныыр. Киһи өйө-санаата биир туһаайыыланар. Интуициятын туһанара улаатар. Бэйэтин күүһүн түмэр. Ол тугунан оноһулларый?
Илбис киллэрии суола:
– Илбис киллэрии туһунан кэпсээһин.
– Алгыс этиллэр.
– Туом оҥоруу.
Тыллары биэрии:
– Дьээ (туом саҕаланыытын тыла).
– Туом бүтүүтүгэр тыл этиллибэт. Илбис кылгастык киирэр. Киирэн баран тахсан хаалар.
Илбис киирбит киһитэ:
– Ыарыытын билбэт буолар. Онон оһоллонон эҥин хаалыахха сөп.
– Санаата биир сиргэ туһаайыллар. Утарсааччыны хотуу – бастакы сорук.
– Көрөрө-истэрэ кэҥиир. Сүрүннээн түгэх өйө үлэлиир. Онон киирсии кэннэ тугу гыммытын ситэ билиэ суоҕун сөп.
– Хамсыыра дьороҕой буолар. Бу кыайыыга тиэрдэр.
Илбистэнии иккис киириитэ.
Парчыаҥка – Орто Халыма Бастакы Хаҥалаһын киһитэ. Кини биирдэ Дьокуускайга тиийэн туста сылдьыбыт. Кимиэхэ да хотторботох. Санныгар былыт сордоҥун олордор эбит. Оччоҕо кинини таба туппат буолан хаалаллар үһү.
Сэрииһит киһиэхэ дьайан кини утарсарын дьоҕурун мөлтөтөр. Холобур, киһиэхэ бэйэтигэр эрэммэт туругу үөскэтэр. Быһаарыы ылыныытын уларытан, эрдэлээн эбэтэр хойутаан быһаарынарын хааччыйар. Ити барыта кыайыыны ситиһэригэр аналлаах.
Сахаҕа ити түгэн оччо кэпсэммэт. Арай киһи уларытан кыайан утарсыбат гыныы бу эрэ тубэлтэҕэ кэпсэнэр.
Доодор эдэр уоллуун аһыырга күрэхтэһэллэр. Онно уол этэр: «Суорум көп эрэ!» ити аһаан Доодуру хотон кэбиспит.
Манна буоллаҕына аһыыр дьоҕурданар иһин бэйэҕэ суору олордуу этиллэр. Бу Илбиһи киллэриигэ чугас. Арай уратыта диэн – анал дьоҕуру ылыы.
Маны барытын Илбискэ сыһыардахха, киһи анал туругу да ылар, утарсааччытын туругун да уларытар кыахтаах эбит. Анал туругу ылыы илбиһириигэ чугас. Онон салгыы ырыта барбаппыт. Утарсааччы туругун уларытыы биһигини кэрэхсэтэр.
Илбиһирии судургу соҕус. Чуолаан Илбиһи бэйэҕэ киллэриллиэхтээх. Онон маны Илбис киириитин бастакы таһыма диибит. Ону суруйдубут. Аны Илбис киллэрии иккис таһымын суруйабыт. Чуолаан утарсааччы туругун уларытыы туһунан. Икки тэҥ куустээх киһиттэн ким хотуон сөбүй? Туругун сөпкө илдьэ сылдьааччы. Онтон туругун мөлтөтөн биэрбит хотторор. Ол иһин Илбис иккис киириитэ суолталаах.
Маны киһи бастакыны сатыыр эрэ буоллаҕына, сатыыр кыахтаах. Онон уопсайынан Илбис киирэр киһитигэр үөрэтиллэр. Илбис киирбит туруга күрэстэһэргэ сөптөөҕүнэн ааҕыллар. Итини сатыыр киһи аны утарсааччы туругун уларыта сатыахтаах. Кини киһини ньыманан эрэ кыайыан сөп.
Киһи бастакыттан ыла утарсааччыга ханнык эрэ өйдөбүлу үөскэтэр. Эбэтэр мөлтөх курдук, эбэтэр олус сытыы. Утарсааччытын майгытын уларытар киһи итини учуоттуохтаах. Кини утарсааччытыгар сымыйа биэрсийэни уһугуннарыахтаах.
Киирсии хаһан баҕарар биир тииптээх хамсаныылартан турар. Хамсыыр, толкуйдуур стеореотип баар. Аны итини үөскэтиллиэхтээх. Киһи утары дьайыыта эмиэ стеоротип буолар.
Дьэ, итиник үөскэтэн баран эмискэ киирсии майгытын уларытыллар. Кыайан бэлэмэ суох өттүнэн киириллэр. Холобур, кытайга истиилинэн охсуһаллар. Онно биллибэт истиили туһанааччы үксүгэр кыайар. Ити эмиэ майгыны эмискэ уларытар.
Онон уларытыыны оҥорорго маҥнай санааһын наада, онтон хамсаан ону элбэхтик хатыланыллар, онтон эмискэ утарыы киллэриллэр. Утарсааччыны онно бэлэмэ суох гыныллар.
Туом оҥоһуута:
– Илбис туһунан кэпсэниллэр.
– Алгыс ааҕаллар.
Туом оҥоһуллар.
Тыл биэрии:
– Уруккулуу дьээ тылы туһаныллар.
– Турук бэйэтэ тахсар.
Иккис тыыныы диэн баар буолар. Илбистэммит киһиэхэ ити суох.
Илбис алгыстара.
Илбис бастакы алгыһа.
Идэ төрдө
Улуу Суорун,
Бэттэх көрөн
Мичик гын!
Илбис
Киирдэ,
Этим-сииним
Аһылынна,
Эрбэҕим
Таба тайанна,
Илиим
Дьороҕой буолла,
Хараҕым
Барытын көрдө,
Билиим
Барытын биллэ.
Идэмэргэ
Тиийдим,
Уһукка
Олордум,
Тымтааҥҥа
Тыынным,
Кыл тугэнин
Туттум.
Дом!
Илбис иккис алгыһа.
Идэ төрдө
Улуу Суорун,
Бэттэх көрөн
Мичик гын!
Киирэрим
Киирдэ,
Өркөнүм
Үрдээтэ,
Этим-хааным
Илбистэннэ,
Өйүм күөйүүтэ
Өһүлүннэ,
Тарбаҕым
Дьолуоланна,
Илиим
Эҕэрдэлэннэ,
Хараҕым
Таба көрдүн,
Туттуум
Таба буоллун,
Айхал-айхал
Талба,
Уруй-уруй
Туску.
Дом!
Кыргыска киирэр алгыс
Мэҥэ дьулурҕа төлкөтө
Солоҥноох сулумах от дьолуота буолла
Дьаҥхалаах түһүлгэ тардылынна,
Хааннаах дапсы өрөгөйө,
Эрбэх далаҕай төлкөтө
Элиэ чупчурҕан ох тэлэйиитэ,
Хааннаах хайгыа эркээриитэ,
Алдьархайдаах аартык аһыллыыта буолла.
Чэйиҥ көрүҥ эрэ,
Кыларыттар халлаан дайдылаах,
Кыһыл былыт дугуйдаах
Кыыра хаан хатын
Кылааннаах кыыһа буолбут,
Кыыра кыстай хатын эдьиий обургу,
Быыра быһаххын аргыстанан,
Чөкөрөөн сүгэҕин доҕордоһон,
Кылааннаах батаскын кымньыыланан,
Өһөхтөөх үҥүүгүн тайахтанан,
Кыа хааны моойтуруктанан
Бэттэх көрөн
Мичиҥнээн көр!
Солоҥноох суолгар
Нохтолоох сүрэҕинэн
Дьоһуннуур күммүт буолла,
Хааннаах хайгыаны
Эккээйилиир күммүт буолла.
Өһөх хаанынан үктэллэнэн кулу!
Өрөгөй талааны
Үксэтэн кулу!
Хааннаах ньилбэги ньилбэктээн кулу!
Харый буруй
Харыаһыыны харбат!
Мэккиэ дьылҕа буурҕата буолла!
Өбүгэлэр саныылларынан, Дьөһөгөй Айыы үһүс үөтүүлээх халааҥҥа олорор уонна киһи быһыытынан дьоһуннаахтык сананыыны дьоҥҥо биэрэр. Үрүҥ Айыы Тойон кыра уолун Дьөһөгөй Тойону бу дойдуга түһэрбит, сылгы төрдө буол, урааҥхай саха олоҕун оҥор, түһүлгэтин түстээ диэн алгыһын анаабыт.
Атын айыылар эмиэ Дьөһөгөй буолан көстөр кыахтаахтар дэнэр. Ити Дьөһөгөй уобараһа олус уустугун көрдөрөр. Салгын кут соҕурууҥҥу халлаанынан сылдьар. Итинтэн үтүө санаа үөскүүр. Үтүө санааны үөскэтээччинэн эмиэ Дьөһөгөй биллэр. Ол иһин соҕуруу халлаан төрдүнэн Дьөһөгөйү ааттыыбыт.
Дьөһөгөй дьүһүнэ – эр киһи, сахалыы таҥастаах, уҥа илиитигэр кымньыылаах, хаҥас илиитигэр сэргэ курдук тайахтаах. Үтүө киһини бэлиэтиир.
Эллэй Боотур ыһыах ыспытыгар Соҕуруу ытык Хайаҕа Дьөһөгөй Тойон илэ чахчы түһэн Сылгы сүөһүнэн алҕаабыт сирэ Соҕурууҥу Ытык Хайа Хаҥаласка барыы диэки баар. Билигин ити хайаны Хаҥалас Тумула дииллэр. Былыр манна Дьөһөгөй таҥара түспүт уонна дьоҥҥо сылгы сүөһүнү биэрбит.
Дьөһөгөй Тойон эмиэ сэттэ дьүһүннээх эбит. Кинилэр ини-бии буолан сэттэ сиргэ ыал буолан олохсуйбуттар. Кинилэри холбуур суол Дьөһөгөй суола буолар диэн.
Дьөһөгөй халлааныгар хаһаайыстыбаны тэрийэр, дьиэни-уоту туругурдар, үлэни сайыннарар алгыс иҥмит. Онон, 2023 сыл хаһаайыстыбаны тэриниигэ дуу чөлүгэр түһэриигэ, ыал-күүс, үлэһит буолууга табыгастааҕынан аатырар.
Ол иһин, бу сылы Үлэ Сылынан биллэрбиттэрэ бэт сөптөөх дьаһаныы буолла.
Дьөһөгөй алгыһа киһи быарын туһунан мустар уонна күүс-уох буолан эт-сиин устун тарҕанар, өй буолан инникитин сырдатар диэбиттэр.
Сахалар бэйэлэрин Дьөһөгөй айыы аймахтарынан (дьонунан) ааҕыналлар. Дьөһөгөй дьоно, үөнэ-көйүүрэ кытта, сылгы буолан көстөр дэнэр. Дьөһөгөй олоҕу оҥорор төһүү күүс, кини киирдэҕинэ, киһи сындааһынын устун уох киирэр. Киһи этэ-сиинэ ханнык баҕарар дьайыыга толору бэлэм буолар.
Дьөһөгөй эт-сиин кыаҕын таһынан эт-сиин тулуурун биэрэр: тымныыны, итиини тулуйуу; өр утуйбакка, аһаабакка сылдьыы; өр хамсаабакка күүрүүнү тулуйуу. Маннык барытын холкутук уйар буолбут киһини сылгытыйбыт киһи дииллэр. Сылгытыйыы эт-сиин муҥур тулуурун көрдөрөр.
Эт-сиин тулуура өй-санаа тулуура буолан тахсар.
Табыгастаах кэми булгуччу күүтүү – саха биир хаачыстыбата. Кэм кэллэҕинэ куоттарар сатаммат. Кэми кэлиэн билии, кэм кэлиитигэр бэлэмнэнии, кэми таба туһаныы – өбүгэлэрбит үйэлэр тухары чочуйбут үөрэхтэрин ис хоһооно.
Өй-санаа тулуурун эмиэ Дьөһөгөй биэрэр. Киһи киһиэхэ сыһыаныгар тулуур сүрүн оруоллаах. Тулуур элбэх сыыһаны суох оҥорор. Киһи аҥардас тулуурунан кыайар.
Дьулуур эмиэ Дьөһөгөй сүрүттэн кэлэр. Саамай улахан дьулуур олох дьулуура. Дьулуур аҥардас инники диэки кимии эрэ ааттаммат. Баар балаһыанньаны учуоттааһын – ньымса буолууну үөскэтэр.
Дьүккүөр – санаабыт соругу хайаан да ситиһэргэ дьулуһуу эмиэ Дьөһөгөйтөн.
Дьөһөгөй биэрэр хаачыстыбалара киһи үлэлиириттэн көстөр.
Дьөһөгөй кулун тутар ыйга сырдык уонна хараҥа тэҥнэһэр кэмигэр түһэр. Ити кэмтэн саҕалаан сырдык баһыйан барар. Бу кэм саҥа дьыл саҕаланыыта дэнэр.
Дьөһөгөй ойбоно быар туһунан сөп түбэһэр. Былыргы сахалар күүс үөскүүр этинэн быары ааҕаллара. Бу уоргаҥҥа хаһаайыстыба тэринэр, үлэлиир-хамныыр өй-санаа үөскүүр. Дьөһөгөй ойбоно эмиэ сэттэ ыалыгар барытыгар сырыттахха толору аһыллар. Киһи үлэҕэ сыһыана араас буолар. Ол барыта кини төһө ыалга сылдьыбытыттан тутаахтаах. Үлэни кытта сибээстээх ирээт диэн өйдөбүл баар буолар. Киһи биэс ирээттээх буолар. Ирээти таҥара биэрэр. Киһи ирээтин ыла сатыахтах. Ылбатаҕына, атын дьон уоран ылаллар.
Киһи үлэлиир-хамсыыр киинэ быар буолар. Быар төһөнөн толору да үлэлиир кыах улаатар. Быарга күүс киирэр. Киһи төһө эрэ кыахтаах буолар. Аны үлэһин буоларга тулуур ирдэнэр. Үлэ төһө эрэ бирэмэни ирдиир. Аны күүһү ыытаҕын. Ол барыта тулуйар буолахха кыаллар. Ол гынан баран үлэ аҥардас тулууртан тахсыбат. Үлэни кыайарга албас наада. Албаһы биһиги өбүгэлэрбит тыһыынчанан сылларга айан кэбиспиттэрэ. Ону билиэххэ наада. Аны албаһы киһи улэҕэ туһанары сатыыр буолуохтаах. Албаһы билэр буолан баран сатабыла суох киһи – син биир тугу да билбэт. Онтон сатыыр киһи үлэни оҥорор. Үлэ диэн дьоҥҥо туһаны оноруу. Киһи үлэлиир эйгэтигэр быһаарар кыахтаах буолуохтаах. Ол аата тойон уонна хотун буолуу дэнэр.
Орто дойду сылгытын Айыыта Уордаах Күрүө Дьөһөгөй! Кэнэҕэски да кэлэр кэмнэргэ моонньохтоох тойон баабыр сэргэҕэр симэхтээх сылгыгын баайыахпыт, көйөргө кымыскын көтөҕүөхпүт, чороон иһит тускутун туругурдуохпут, кэриэн ымыйа кэскилин тэрийэхпит буолуохтун.
Саха омук – ат оҕото, ат – кини көтөр кыната, аһыыр аһа, таҥнар таҥаһа, сүрэҕин-быарын ымыыта, улгум, дьулусхан сылгыга, үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах. Саха кыыһа ыал буолаары гыннаҕына түһээн аты миинэн айанныыр, албан аатырыа, дьоһун сураҕырыа. Биэ буолан уол түүлүгэр көстөр. Инники сайдыы, барҕарыы аллаах ат айанын санатар, ол иһин саас-үйэ тухары Саха Дьөһөгөйгө үҥэр-сүктэр.
Саха былыргы үҥкүүтэ – дьиэрэҥкэй, – ат сүүрүүтүн үтүктүү буолар уонна Дьөһөгөйгө ананар.
Дьиэрэҥкэй элбэх көрүҥнээх:
-Көннөрү дьиэрэҥкэй.
-Сыкырыйар дьиэрэҥкэй (сыыйыллар дьиэрэҥкэй). Олоруулаах буолар.
-Хайбаҥныыр дьиэрэҥкэй.
-Көтөр дьиэрэҥкэй.
Элиэ диэн көтөр – туллуктан ураты, эмиэ Дьөһөгөй көтөрүнэн биллэр. Элиэ сылгыны уорбутун туһунан кэпсэл баар. Ол гынан баран итэҕэлгэ кинини Дьөһөгөй көтөрүн быһыытынан өйдөөһүн баһыйар, Элиэ сайын саҕаламмытын бэлиэтиир. Эмиэ, Дьөһөгөй курдук, үүнүүнү-сайдыыны кытта сибээстээх. Дэлэҕэ элиэ кистээтэ да самыыр түһүө диэн итэҕэйиэхтэрэ дуо.
Аны туран, Дьөһөгөй оҕолоро дьиэ-уот иччилэрэ буолаллар. Дьиэ иччитэ – дьиэҕэ олорор иччи, Дьөһөгөй Тойон уола. Кини дьиэ дьолун харыстыыр аналлаах. Аата Дьиэрдэ Бахсыына диэн. Кини оҕонньор бодолоох, бытыктаах. Уҥа илиитигэр ооҕуй оҕус тутуурдаах, хаҥас илиитигэр чыычаах уйалаах. Сороҕор кэргэннээх курдук. Киниэхэ анаан салама ыйыыллар. Баайы-дуолу харыстыыр ампаар иччитэ эмиэ Дьөһөгөйгө сыһыаннаах.
Уопсайынан, айыылартан үс айыы иччилэрдээх:
– Иэйэхсит – айылҕа ичичэлэрин биэрэр.
– Дьөһөгөй – киһи иччилэрин биэрэр.
– Улуу Суорун Кытай Бахсы – Ууһу биэрэр.
Тиэргэн төрдүнэн Дьөһөгөй ааҕыллар, кини орто дойду киһитигэр Эллэй Боотурга тиэргэни тэрийэр дьоҕуру биэрбит дэнэр. Тиэргэн уонна хаһаайыстыба биир кэриэтэ өйдөбүллээхтэр. Урут тиэргэн улахана ыһыах мөһүлгэтинэн кэмнэнэр этэ: улуу баай, улахан баай, орто баай, кыра баай. Саха тиэргэнин кытта саханы төрүттүү турар салаалар дойду баайынан ааҕыллаллар: таба (кыра ахсааннаах омуктар төрүттэрэ), сылгы (саха төрүтэ), саха ынаҕа (саха төрүтэ).
Дьөһөгөй сирдээх буолар. Бу сир сылгы таптаан тохтуур сиригэр оҥоһуллар. Оҥоһуута ытык дабатыыны маарынныыр. Илин диэки сэргэ саамай үрдүк, оттон ити сэргэттэн кынат курдук аҕыс сэргэ кэккэнэн бараллар. Улам кыччаан иһэллэр. Ити сэргэлэр бүтүүлэригэр икки ардыларыгар биир сэргэ турар. Бу сэргэ үөһээ өттө балтыһыахтаах. Алтыһахха тоҕус мас үрүүмпэ турар.
Сэргэлэр бастакы сэргэттэн уратылар, төбөлөрүгэр көтөн иһэр көтөр ойуута баар буолар. Сэргэ үрүүмпэлэригэр ууллубут арыы кутуллар. Сылгыны, атыыр сылгыта ордук, ол суох буоллаҕына биэни да тутуохха сөп. Сэргэлэр устун сиэтэн аһарыллар. Илинтэн арҕаа хаамыллар. Тохсус сэргэҕэ (саамай кыра сэргэгэ) тиийэн баран сылгы үрдүгэр кыратык суорат кутуллар. Онтон алгыс этиллэр. Манан туом бүтэр. Сылгыны баайан туруоруохха сөп эбэтэр ыытыллар. Оҕолор тэйиччи олорон аһыыллар. Сылгы туһунан кэпсэтэллэр. Сылгы оонньуутун оонньууллар.
Саҥата суох алгыс диэн баар. Улуу тунах саҕаламмытын кэннэ бастакы туом кулун кымыһа диэн ааттанар. Бу туомҥа саҥата суох алгыс оҥоһуллар. Алгысчыт аан дойду аҕыс өттүгэр утум-систим хайыһар уонна кымыс кутаттыыр. Ити кэмҥэ кини тугу да саҥарбат, тыаһаабат. Атын дьон эмиэ им-дьим олороллор. Бу кэмҥэ Дьөһөгөй Айыы кэлэр. Кини сүрдээх сиргэмтэх буолар. Кыра да тыастан баран хаалыан сөп. Ол иһин саҥарбаттар, айдаарбаттар. Алгысчыт айыылары ыҥырар. Ити ыҥырыыта туох-хайа иннинэ үчүгэй күн-дьыл турарыгар аналлаах (атыннык эттэххэ көнө өрүттэртэн тыал кэлиэхтээх).
Биһиги олоҥхо ыйынан кулун тутар ыйы билинэбит. Бу ый сүрүн бэлиэтэ Дьөһөгөй буолар. Бу ый биир уратыта диэн дьаҥ ыарыы тарҕанара буолар. Аны ити кэмҥэ олоҥхо истиитэ элбиир. Ол аата олоҥхо биир сүрүн суолтата дьаҥы утары охсуһуу эбит. Эбиитин, ыарыыны суох оҥорор Ытык дабатыы туома эмиэ Дьөһөгөйдүүн силбиһэр.
Хоруу, хоруу, хоруу!
Саханы саха оҥорон
Сандаарпыт,
Киһини киһи оҥорон
Килэппит,
Дьиэни диэлитээччи,
Күрүөнү уһатааччы,
Алтан сэргэни анньааччы.
Аал уоту уматааччы,
Төлкөлөөх түһүлгэни төрүттээччи,
Дэлэй ыһыаҕы тэрийээччи,
Түөрэм туйахтаах,
Нэлим сиэллээх,
Сиэр дьүһүннээх,
Доллу кулгаахтаах,
Санныгар дьаҕыллаах,
Самыытыгар таҥара бэлиэлээх,
Күн Дьөһөгөй
Айыы Тойон бэттэх көрөн
Мичик гын!
Дом!
Араас источниктартан (үксэ Тэрис суруйууларыттан) таҥан оҥордо Таҥ Бүө.
|
Category: Айыы үөрэҕэ |
Views: 1752 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 114 Ыалдьыттар (гостей): 114 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|