Кэбээйи улууһугар Куокуй диэн ааттаах нэһилиэк баар. Ону кэлин Арҕас диэн уларытан ааттыыллар. Бу сиргэ былыр Куокуй диэн ааттаах хоһуун киһи өстөөхтөрүттэн саһан кэлэн олохсуйбут үһү. Кини кыыһын аатынан ааттаммыт Луҥха үрэх олус ыраас уулаах, кэрэ көстүүлээх. Мотуордаах оҥочонон устан истэххэ, бииртэн биир киһини тардар хатыламмат хартыыналар арыллан иһэллэр. Үрэх Өлүөнэ өрүскэ түһүүтүгэр остуол саҕа тэллэҕэр сымара таастардаах Таас Тумус диэн хайа үтэн киирэр.
Куокуй бөһүөлэгиттэн балтараа көс курдук сиргэ Эбэ Баһа диэн ааттаах, соботунан, куһунан аатырбыт улахан күөл баар. Саас бу күөлгэ кус бөҕө тоҕуоруйар. Мин бу күөлгэ хас да саас бултаспытым. Бу күөлтэн чугас миискэни таҥнары уурбут курдук быһыылаах Нуурай булгунньаҕа диэн баар. «Нуурай диэн туох тылый?» диэн ыйыталастахха, куттанан дуу, аньыырҕаан дуу, ким да сүгүн-саҕын кэпсээбэт. Сураҕа, былыр манна улуу ойуун араҥастаммыт курдук үһү. Булгунньах үрдүгэр кэккэлэһэ хас да тииттэн ортокуларын анныгар аптаах батыйа анньыллан турар. Булгунньах тэллэҕэр төп-төгүрүк, ып-ыраас уулаах көлүччэ сытар. Бу көлүччэҕэ баар көтөрү-сүүрэри кусчуттар аньыырҕаан ыппаттар. «Ытык кырдьаҕаспыт кута-сүрэ көтөр-сүүрэр буолан кубулунан сылдьара буолуо», — дииллэр. Мантан ырааҕа суох кыстык уонна сайылык пиэрмэлэрэ бааллар. Онно улааппыт, үйэтин тухары сүөһүгэ үлэлээбит Сэмэн Игнатьев манныгы кэпсээбиттээх.
— Биһиги оҕо сылдьан ол батыйанан оонньообут аҕай дьоммут. Оту-маһы тоҕута-хайыта сынньан да биэрэрбит. Хаһан миэстэтигэр илдьибиппит баарай, түбэһиэх сиргэ хаалларан иһэбит. Нөҥүө күнүгэр ылан оонньоору гыннахпытына, били тиитин төрдүгэр тиийэн анньыллан турар буолар. Биһиги улахан дьон илдьэн уураллар диэн кистиир идэлэннибит да, син биир урукку оннугар төннө турар. Онтон дьоммут «ити улахан ойуун аптаах батыйата, аны ылан оонньоотоххутуна кыраан кэбиһиэ» диэн куттаан тохтоттулар. Биһиги бары этэҥҥэ улаатан, ыал ийэлэрэ-аҕалара буолбуппут. Баҕар, кыра оҕолор диэн моһуоктаспатаҕа буолуо. Урут ити батыйаны иккитэ оскуола мусуойугар аҕала сылдьыбыттара оннугар төннүбүт үһү. Бу батыйа туһунан улуус, өрөспүүбүлүкэ да хаһыатыгар суруйа сылдьыбыттара.
Биирдэ кустуу сылдьан ол батыйаны көрөр баҕа санаа баһыйан, төһө да куттаннарбын, көрдөөн буларга быһаарынным. Киһи кутун-сүрүн баттыыр былыттаах күн этэ. Саабын бэлэмнэнэн баран томторбун дабайдым. Тииттэрим наһаа улахана суох эбиттэр, улааталлара бытаана бэрдэ дуу. Барыларыттан улахан ортоку тиит төрдүгэр, икки улахан силис икки ардынан буорга улахан саха быһаҕар маарынныыр тимир анньыллан турар. Уга суох, бука, урут хаһан эрэ уктааҕа эбитэ буолуо. Тимирин биир да сиринэн дьэбин сиэбэтэх, хараарбыт эрэ. Дьиктитэ диэн, бу батыйа көлүччэҕэ киирэн тахсар эбит. Бастаан батыйаны ким эрэ соспутун курдук суол баар, ол суол сыыйа кэҥээн-кэтирээн куобах ороҕун саҕа буолар. Батыйа суола көлүйэ түгэҕин буорун икки аҥыы силэйэн күөл ортотун диэки бара турар. Көлүйэ уута ыраас буолан, кытылтан үс миэтэрэ курдук ыраахха диэри уу түгэҕэр суол көстөр. Иччитэ тахсан ылара дуу, батыйа бэйэтэ киирэрэ дуу диэн толкуйдаабытым. Мэник санаабар, ити суол ханна тиийэрин умсан киирэн көрбүт киһи диэн санаа төбөбөр кытта охсуллан ааспыттааҕа.
Мин оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына, Куокуй нэһилиэгэр улахан баһаар туран, дэриэбинэ уокка былдьата сыспыта. Ол сайын Лебедев диэн ойуун кэлэн дьону хааннаан, эмтээн абыраан барбыттааҕа. Бу киһи сорох дьону ситэ эмтээбэккэ ыксал бөҕөнөн төннүбүтэ. «Тоҕо ыксаатыҥ?» диэн ыйыппыттарыгар, «били аптаах күөл арҕаа баһыгар харахтара сүрдээх уоттаах кырдьаҕастар көмүллэ сыталлар. Көхсүм хараҕын батары көрөн кэбистилэр, сөбүлээбэттэр» диэбит.
Батыйаны иккиһин уонна бүтэһигин 1973 сыллаахха көрбүтүм. Бу сырыыга урукку курдук көлүччэҕэ киирэр суола суоҕа. Батыйа тимирин үс-түөрт сиринэн дьэбин дьөлө сиэн эрэрэ. Дьиэбэр кэлэммин ол туһунан кэпсээбиппэр, аҕам оҕонньор үөһэ тыынан баран «ол аата абын күүһэ мөлтөөн эрдэҕэ» диэбитэ.
Бу батыйа туһунан Куокуй нэһилиэгин поэта, кыраайы үөрэтээччи Геннадий Иванов 2005 с. суруйбута. Кини суруйарынан, олохтоох студиялар ити батыйаны уонна булгунньаҕы видеоҕа устан нэһилиэнньэҕэ көрдөрө сылдьыбыттар.
Куокуйтан төрүттээх Гуляев Фёдор Григорьевич-Сүбэ Сүөдэр кэпсээбититтэн суруйда Олесов Саня, Кэбээйи, Куокуй оскуолата. Хаартысканы http://yakutmuseum.ru/ саайтан туһанныбыт.