News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2023 » Олунньу » 10 » : Тэрис. Тымныылар
: Тэрис. Тымныылар | 18:33 |
: Тэрис. Тымныылар
Олунньу 12 күнүгэр тымныы оҕуһун иккис муоһа тостор. Айыы уола оҕуһу хотон эрэр.
Олунньу 24 күнүгэр айыы уола тымныы оҕуһун мооньоох төбөтүн быһар. Ол аата букатыннаахтык хотор. Ол гынан баран оҕус көҥдөй көхсө сытар уонна 44 тоҥоту, 44 хатааһыны аҕалар. Барыта 88 күн буолар.
Кулун тутарга көҥдөй көхсө сытар. Халыҥ хахтанан хомурах буолар.
Муус устарга Көҥдөй көхсө ирэн хаптайан барар. Хаар хаптайыытын этэллэр.
Ыам ыйыгар оҕус тириитэ эрэ хаалан көмүөл буолан устан Хотугу Муустаах Байҕалга тиийэр.
Бэс ыйыгар тириитэ эрэ хаалан баран Хотугу Муустаах Байҕалга уста сылдьар.
Атырдьах ыйыгар тымныы оҕуһун тириитэ Хотугу муустаах Байҕалга уста сылдьар. Хаары-мууһу сиир буолар.
Балаҕан ыйыгар тымныы оҕуһун тириитэ Хотугу Муустаах Байҕалга уста сыльдар. Хаа…
[14:16, 31.01.2023] Таҥ Бүө: Тохсунньу торулуур тымныыта тоҥсоҕой торулууруттан үөскээбит буолуон сөп.
Тохсунньу ортотун диэки тоҥсоҕой торулуур. Ити саас бастакы илдьитэ буолар. Күн уһаабыта биллэр.
Тохсунньу 24 күнүгэр сис былыт кэлэр.
Тохсунньу 20 күнүттэн 30 күнүгэр диэри үөр күнэ буолар. Бу кэмҥэ дьон соҕуруу, арҕаа, хоту баар абааһылартан хайдах күрүө оҥостор туһунан саныыллар.
Тохсунньу 31 күнүгэр Дьыл Оҕуһун бастакы муоһа тостор. Дьыл Оҕуһа, саха номоҕо этэринэн, сайын тириитэ эрэ хаалан баран Хотугу Муустаах Байҕалга уста сылдьар. Оттон күһүн буолуоҕуттан хаары-мууһу сиэн эттэнэн-сииннэнэн барар. Сэтинньи ыйтан уойан туран кэлэр. Аан даан кэмигэр байҕалтан тыаҕа тахсар. Тохсунньу ый 31 …
[14:22, 31.01.2023] Таҥ Бүө: Тэрис. Дьыл Оҕуһун муоһа
Бастакы муос тосторо
Билгэ олунньу 16 күнүгэр Дьыл Оҕуһун биир муоһа тостор диир. Угаров тохсунньу 31 күнүн Дьыл Оҕуһун муоһа кыларыйар диир. Гоголев тохсунньу 31 күнүгэр Дьыл Оҕуһун муоһун тоһутар. Макаров кинини кытта сөбүлэһэр. Кривошапкин эмиэ биир муос тостор диир. Кини этэринэн сыл-сыл аайы Дьыл Оҕуһун муоһа атын-атын буолар эбит. Ол кыһынтан тутулуктаах. Уһун хороҕор муос уһун тымныыны бэлиэтиир. Кылгас суон муос кылгас тымныылаах буолар. Киэҥник сарайбыт ураалаах муос тымныыта уһун, киэҥ тымныыны бэлиэтиир. Кылгас муос мүлүркэй тымныыны кэпсиир. Дьыл оҕуһун кытта Хоноһо (Афанасьев диэни сахалыы ааттааһын) уол охсуһар. Чуолан кини оҕус муоһун тоһутар.
Билгэттэн уратылар тохсунньу 31 күнүн чорботоллор. Тоҕо диэтэххэ бу күн хр…
[14:25, 31.01.2023] Таҥ Бүө: Тэрис.
Ахсынньы аан-даан ыйын быһыытынан биллэр. Ити тохсунньу ыйы эмиэ барытын хабар.
Ахсынньы 10-тан аан-даан тымныы түһэр, ити тохсунньу ый бүтүөр дылы буолуар. Аан-даан тымныы диэн саамай улахан тымныыны этэбит. Атын түүрдэр ах-мох дииллэр. Кинилэр итинэн 40 тымныы күнү ааттыыллар.
Бу кэмҥэ айылҕа иһийэр. Тыал суох кэриэтэ. Барыта хам тоҥор. Тымныы Оҕуһа субу кэлэн тыына турар. Билигин иорох дьыл аан-даан тымныы кэлбэт буолла. Сылыйыы сабыдыала билиннэ.
Ахсынньы сүүрбэтин кэннэ сис былыт кэлэр. Былыт кэллэҕинэ, халлаан сылыйар.
[14:38, 31.01.2023] Таҥ Бүө: Тэрис. Олунньу.
Орто кыраадыс -35.
1 күн. Бөрө, саһыл сүүлэрэ. Бу ыраах ойуурга буолар. Киһи үксэ билбэккэ хаалар. Ол гынан баран кыыллар сүүрүүлэрэ-көтөллөрө элбиир. Бөрө улуйарын чаастатык истиээххэ сөп.
2 күн. Былыргыттан кыһын ортото дэнэр. Эһэ арҕахха сытан ытыһын салыыр дииллэр. Бу күн биир өттүгэр эргиллэр уонна ытыһын салыы-салыы салгыы утуйар.
12 күн. Уу оҕуһун иккис муоһа тостор. Тымныы тостор. Күн тахсар. Дьыбар тахсар буолар. Бу кэмтэн күн сэлиинэн уһуур.
15 күн. Ууну көтөҕөр тыал түһэрэ. Күн сэлиинэн уһуура саҕаланар кэмин ууҥу көтөҕөр тыал түһэр дииллэр. Уопсайынан, сааскы кэм (кулун тутар, муус устар тыаллах буолаллар). Былыргылар 9-тан элбэх тыал түстэҕинэ уулаах дьыл буолуо дииллэр, онтон 9-тан тыал аҕыйах буоллаҕына, кураан буолуо дииллэр.
Куйуур саҕаланар. Саха сааһыары куйуурдаан аһын булунар. Ол гынан баран ити кыһыҥҥы булка киирэр. Саас муус алдьанан сайыы уута үөскүүр. Итиннэ балыктаан саха аччык кэмтэн өрүһүнэр. Чуолаан ити булт сайыҥҥы булт саҕаланыытын курдук ааҕыллар. Онтон куйуурдааһын аччык кэмигэр сөп түэһэр.
24 күн. Уу оҕуһун моойдоох төбөтө түһэр. Көҥдөй көхсө хаалар. Ити күрдьүк буолар. Моойдоох төбө түспүтүн кэннэ 44 күнү быһа уораан-тоҥоруу кэлэр. Ити тухары күрдьүк хаар ирэр.
|
Category: Айыы үөрэҕэ |
Views: 1170 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 89 Ыалдьыттар (гостей): 89 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|