Штыров АЛРОСАны баһылыыр уонна республика президенэ эрдэҕинэ Саха сиригэр кимнээҕи, тоҕо аҕалтаабытын Уххан уонна Иван Николаев кинигэлэригэр сурулла сылдьар. Сымыйанан суруйаллар диэн сууттаһан көрөн кыайбатаҕа, Путиҥҥа үҥсэн туһамматаҕа, суруйуу барыта кырдьыктаах буолан. Үксүн кавказ омуктарын аҕалтаабыт, кэлэ-бара туһаммыт дьоно: М.Гуцериев, М. и З. Магомедовтар, И.Абдурагимов, Х.Омаров, О.Маргания, Г.Сафиев, Р.Бестолов, К.Амиров, И.Кикнадзе, А.Билалов, Р.Бесиков о.д.а. Бу дьонтон сорохторо кэлин кыраныысса таһыгар күрээбит, хаайыллыбыт, сорохторо өлбүт (өлөрүллүбүт). Кинилэр көмөлөрүнэн “АЛРОСА” Инвестиционнай Группа (ИГ) диэни тэрийэллэр. Онно салайааччынан Х.Омаров буолар, кэлин кинини С.Выборнов солбуйбута (бу киһи билигин Кипрга олорор дииллэр). “Целью создания ИГ “АЛРОСА” была и остается рейдерский вывод государственных активов Республики Саха (Якутия), а также активов АК “АЛРОСА”, пользуясь тем, что главой республики является В.А.Штыров” – диэн суруйаллар. Ол курдук кыһыл көмүс, ньиэп-гаас, алмаас, таас чох, тимир суол, телекоммуникация, Бүлүү ГЭС-3, сүрүмэ, хорҕолдьун актыыптарыттан ИГ “үтүө көмөтүнэн” маппыппыт, хонтуруоллаабат буолбуппут. Сүрүмэ туһунан суруйуу баара санаабыттан арахпат. Дэгиттэр туһалаах баайы геологтар Дьааҥыга (Сентачан) уонна Өймөкөөҥҥө (Саарылаах) булбуттара. Манна сүрүмэ промышленнай кыһыл көмүһү кытта бииргэ үөскээбитэ ордук сыаналанар. Арассыыйа үрдүнэн булуллубут баайдартан биһиэннэрэ саамай улаханнара – 69% ылаллар. Президеммит М.Николаев уустук түгэннэргэ инники күөҥҥэ ыыталыыр эдэр дьоннордооҕо. Кини баайы дьиҥнээхтик илиитигэр ылаары буолуо, Егор Жирковы “Сарылах-Сурьмаҕа” салайааччынан ыытар. Тустаах специалистар өттүлэриттэн итини өйдөөбөт буолуу баарын өйдүүбүн, сыһыана суох киһини анаата диэн. Егор Жирков үлэ бөҕөтүн ыытан, промышленноһы атаҕар туруоран, сүрүмэни атын дойдуга кытта атыыга таһааран барбыта дииллэрэ. Хайа дьыалатыгар “муостуйбут” горняктар Егор Жирков туһунан “талантливый человек – талантлив во всем” диир сурахтара иһиллибитэ. М.Николаев кадры аттарыыга соһуччу хамсаныылара итинник буолара, үтүө түмүктэри биэрэрэ.
Штыров былааска киирээтин араас баай атыыланан барбытыгар Егор Петровичтан сүрүмэҕин атыылыахтара суоҕа дуо диэн ыйыппыттааҕым. Киһим “атыылаттарыахпыт суоҕа” диэн бэрт холкутук хоруйдаабытын өйдүүбүн. Өр буолбатаҕа, атыылаабыттара... Бу туһунан Иван Николаев “Сокровенная история республики” диэн кинигэтигэр ситэрэн-хоторон суруйбутуттан аҕалар итэҕэтиилээх буолуо. Кини суруйбут: “...Так у Вячеслава Штырова, очевидно, возник замысел продать “Сарылах-Сурьма”. В 2000 году генеральным директором “Сарылах-Сурьма” был назначен депутат Ил Тумэна Егор Жирков... К 2008 году Егор Жирков сумел вытащить практически мертвое предприятие, найти инвестиции, провести модернизацию и техническое перевооружение, ввести в строй новые мощности. К 2008 году “Сарылах-Сурьма” была готова начать приносить миллиардные доходы, но народ об этом до сих пор не знает, считается, что Егор Жирков якобы обанкротил предприятие. Высокорентабельное предприятие после технической модернизации было лакомым куском. К тому же в состав “Сарылах-Сурьма” включили активы ООО “Звезда”, которое владело лицензией на золото-сурьмяное месторождение Сентачан с запасами около 100 тыс. тонн сурьмы, уставной капитал ООО “Звезда” составлял 274 млн.рублей. А “Сарылах-Сурьма” была продана всего за 125 млн. рублей. Точнее, была отдана вообще бесплатно, но с условием сразу погасить кредиты двух банков – АКБ “Алмазэргиэнбанка” на сумму 55 млн.рублей (срок погашения кредита – 27 февраля 2010 года) и вообще чужого банка ЗАО КБ “ФИА-банк”(Самарская область) на сумму 70 млн.рублей (срок погашения – 30 апреля 2011 года). Начавшая вскоре получать миллиардные поступления “Сарылах-Сурьма” эти кредиты со сроками погашения в 2010 и 2011 годах закрыла бы без проблем. ...”Сарылах-Сурьму” купил один олигарх средней руки – Симан Поваренкин. Симан Поваренкин купил в том же 2008 году шато “Габриэль”, которое раньше было поместьем известного моделлера Ив Сен-Лорана. В 2013 году я попросил экспертов оценить стоимость “Сарылах-Сурьмы”. С учетом технологической модернизации, капитализации, миллиардных поступлений и мировой конъектуры они посчитали, что если бы “Сарылах-Сурьму” выставить на продажу – то он бы стоил не меньше 10 млрд. рублей. В то время бизнес-партнером Симана Поваренкина был Артем Чайка, сын генерального прокурора России”.
Арассыыйа билиҥҥи биллиилээх патриота Максим Калашников маннык суруйбут: ”Я увидел пример для русского народа. Якуты в начале 90-х не щелкали клювом. Покамест парализованных и оглушенных русских грабили напропалую команды “реформаторов” и “русских” олигархов, отнимая у моего народа сотни миллиардов долларов от вывоза сырья, якуты смогли организоваться и вырвали себе право на часть доходов от экспорта местных алмазов. А на эти деньги создали Фонд возрождения нации и Фонд будущих поколений. Не боясь никаких криков о “нацизме” и “фашизме”. Оттон “бэйэбит тапталлаах” Штыровпыт республика тус инники дьылҕатыгар долгуйбатын, урут кэлбит ситиһиилэри, муҥур былааска тахсан баран, күлүү-элэк оҥосторун туһунан суруйуулар бааллар. Холобур, Штыров 2007 сыл сэтинньи 30 күнүгэр “Якутск вечерний” хаһыат корреспондена М.Иванова: “Бэйэбит бас билиибитин атыылыыбыт. Туохпутун тутан хаалабыт”, - диэн ыйыппытыгар хоруйа: ”Этот вопрос меня всегда удивляет. А раньше Вы с чем были? Ну какое отношение лично Вы имели к тем же алмазам? Все эти понятия “наше-не наше” от лукавого. Вот говорят: республике принадлежало недровое богатство! А принадлежало ли оно республике? Да нет. Это была федеральная собственность. Борис Ельцин в 1991 году дал нам всего лишь право распоряжения. Не право владения”.
Итинник президеннэммиппит түмүгэр “күннээбиппитин” тохтоппуттара. Кириэмил АЛРОСАны Киин дьаһылыгар биэрэр (федерализациялыыр) соругу туруоруммута. Сокуон быһыытынан сабыылаах АЛРОСА аһаҕас буоллаҕына эрэ ити көҥүллэнэр. Аһылыннаҕына приватизациялыыр, акциятын ханна баҕарар атыылыыр көҥүллэнэр, эбэтэр республика өлүүтүн аччатар кыах үөскүүр. Ити этиибин маннык суруйбуттара туоһулуур: “Проблема федерализации АК “АЛРОСА” в более жестком режиме возникла по результатом проверки ГКУ Президента РФ, когда В.В.Путин дал поручение Правительству РФ №Пр-642 от 8 апреля 2001 года: “Примите меры по защите государственной собственности в алмазо -бриллиантовом комплексе Республики Саха (Якутия) и возвращению федеральной доли в уставном капитале компании “АЛРОСА”.
Кинигэҕэ маннык түбэлтэлэри кистээбэккэ суруйбуттар: ”Против В.Штырова в 1998 году было возбуждено уголовное дело по факту сокрытия АК “АЛРОСА” от налогообложения дохода (прибыли) в особо крупных размерах. Это дело было закрыто, когда помощником В.Штырова стал бывший сотрудник Главного управления по борьбе с экономическими преступлениями МВД РФ М.Эверстов, который, как считают ряд изданий, сыграл большую роль в решении проблем В.Штырова с правоохранительными органами”; “По данным счетной палаты РФ, обнародованным 10 апреля 2003 года, за годы работы В.Штырова в АК “АЛРОСА” пропали алмазы на сумму свыше 400 миллионов долларов. ...”АЛРОСА” продавала эти камни в течение 1995-1999 годов, но отчетные документы имеются только на реализации 75% алмазов. Аудиторы Счетной палаты РФ обнаружили, что “Алмазювелирэкспорт” передал АК “АЛРОСА” ювелирные алмазы, а продавались, согласно документам, технические. Материалы данной проверки были переданы в Генеральную прокуратуры РФ. Но после оплаты большой суммы денег эти материалы были отложены в сейфы “на будущее”.
АЛРОСАНы былдьыырга итилэр сүрүн төрүөт буолбуттара буолуо дуо? Сүгүн үлэлээбэккит, уораҕыт диэн... Ити үөһээ суруллубуттары Штыров өттүттэн итэҕэтиилээхтик киэр илгии оҥоһуллубатаҕа. Штыров доҕоро, табаҕы тардарга үөрэппит киһитэ (табаҕы тардарга эрэ үөрэппэтэх быһыылаах) Егор Борисов итилэр сымыйаларын туһунан киһини итэҕэтэр курдук биир тылы эппитин истибэтэҕим. АЛРОСАНы аһаҕас хампаанньа оҥордохторуна эрэ ылар кыахтаахтара. Биһиги пикет, миитин бөҕөнү тэрийбиппит, астарымаары. Манна Штыров уонна куомуннааҕа Е.Борисов биллибэтинэн паакас бөҕөтүн оҥорбуттар. Ону кэлин эрэ билбиппит. Итини маннык да суруйууттан көрүөххэ сөп: ”Впрочем В.А.Штыров уже показал свою “кристальную честность” когда 8 ноября 2005 года тайком подписал предательский протокол о сдаче АК “АЛРОСА”, а сам потом долго труслива молчал, пока его приперли к стене копией протокола ”. Манна 2005 сыл сэтинньи 5 күнүгэр Штыров Тель-Авивтан Москваҕа кэлбитин кэннэ туох буолбутун эбэн этиэххэ: “7 ноября 2005 года, в годовшину памятной встречи 2001 года, на кудринской госдаче на Рублевско-Успенском шоссе Алексей Кудрин, Вячеслав Штыров, Отар Маргания и ряд лиц достигли договоренности”. “...8 ноября 2005 года Вячеслав Штыров подписал секретный договор по федерализации АК “АЛРОСА”.
Муҥар, Штыров “АЛРОСАНы” салайар кэмигэр аренда иһин төлөбүрү наар аччатарга дьулуспута. Ону маннык суруйууттан итэҕэйиэххэ сөп: ”После того, В.Штыров стал Президентом Республики Саха(Якутия), арендные платежи АК “АЛРОСА” были снижены в очередной раз и до 2007 года составляли всего 9,5 миллиардов рублей ежегодно (примерно 340 миллионов долларов). А по договору об Аренде имущественного комплекса ПНО “Якуталмаз” арендные платежи в бюджет Республики Саха(Якутия) были установлены в размере 27% от годового объема алмазов. Таким образом, Республика Саха(Якутия) получала бы примерно 620 миллионов долларов вместо 340 миллионов долларов.
В результате того, что В.Штыров добился снижения арендных платежей, с 1998 года Республика Саха (Якутия) до 2007 года (когда был аннулирован арендный договор) получила отчисления на сумму свыше 1,25 миллиардов долларов меньше. Результат деятельности В.Штырова на посту президента АК ”АЛРОСА” – прямая потеря Республикой Саха(Якутия) 1,25 миллиардов долларов арендных платежей, не считая других многомиллиардных потерь. О том, что В.Штыров отдал АК “АЛРОСА” и имущественный комплекс по добыче алмазов стоимостью 69,688 миллиардов рублей (в июле 2006 года руководство республики озвучило именно такую оценку стоимости всего комплекса) – уже много написано”. Бу тыллары саха билиҥҥи уһулуччулаах суруналыыһын Иван Николаев кинигэтиттэн устан ылан аҕаллым.
Штыров президент буолан баран республикаҕа аҕалбыт ночоотун суруйбуттарын үөһээ аҕынным. Ити биирдиилээн дьон санаалара буолбатах, үгүс дьон санаата. Олохтоох нуучча киһитин санаатын эппитин суруйбуттара эмиэ баар: “Все говорили, вот придет супер-менеджер Штыров, вот заживем припеваючи! А в итоге? Темпы роста экономики при Штырове полтора раза ниже, чем было до Штырова. Значит, ветеринар Николаев лучше руководил? Да и это понятно – разные цели у них. У одного - все в дом, у второго – все из дома, на продажу! И на эти деньги от распродажи устроить короткую яркую жизнь, задурить всем головы, а потом слинять в Москву и потом “пишите письма!”.
Ясно, что любой другой руководитель, у которого нет задачи все распродать – был бы лучше Штырова. Меня возмущает, что Штыров все продавал, подписывал алмазные протоколы, а народу обманывал: “Ничего не подписывал, все прекрасно, все по плану!”. Это как алкоголик, который, вынося из дома телевизор и холодильник, убеждает домочадцев, что послезавтра купит плазменный телевизор и трехкамерный рефрижератор. Алкоголик вынес бы и батареи, вырезав из системы (и убеждая, что потом сделает “теплые полы”), но пока руки не дошли. Я уверен, что Штыров и ЖКХ тоже продаст скоро, не зря он много раз говорит, что ЖКХ надо отдавать в частные руки! Вы не думали, почему за все эти годы ни жена, ни дочки Штырова ни разу, даже на две его инаугурации в Якутск не приезжали? Они знали, чего хочет их муж и их отец, им было стремно приезжать в республику, которую Штыров собирается развалить до тла”.
Бу ааптар Штыров дуоһунаска киирэр инаугурациятыгар ойоҕо, оҕото кэлбэтэхтэрин суруйбут. Ол кырдьык. Ол оннугар бастакы инаугурацияҕа Штыров чугас доҕоро буолбут Х.Омаров сылдьыбытын кэлин эрэ бэчээттэн билбиппит. Бу киһи “АЛРОСА” АК иһигэр киирэр “АЛРОСА” ИГ баһылыга эрдэҕинэ Саха сирин сүрүн баайын (көмүс, сүрүмэ о.д.а.) ыла-ыла курдары атыылаталаан испитин инники суруйбутум. Кини Дагестантан төрүттээх дэнэр. 1999 сыллаахха Штыровы “Собинбанк” Дириэктэрдэрин сэбиэтин чилиэнинэн оҥотторор. Бу сыл ити коммерческай баан нөҥүө кыраныысса таһыгар үп күрэтиллэр диэн офиһыгар дьэгдьиир оҥорбуттар, ол хоруупсуйаҕа сыһыаннаах дьон иһигэр Штыров араспаанньата баарын суруйаллар. Спецсулууспалар дааннайдарынан Х.Омаров Арассыыйаны утары сэриилэһэр чеченнэри үбүнэн өйөөбүтүн билбиттэр да, тоҕо эрэ, тиһэҕэр тиэрдибэтэхтэр. Халыҥ харчы быыһаабыта дуу? Кини чечен полевой хамандыырдарын казначейа буоларынан аһаҕастык киһиргиир эбит да, итинник – туох да буолбатах.
Аны биир тастыҥ быраата - Арассыыйа, Британия уонна Греция пааспардаах Г.Сафиев Америкаҕа күрээн тиийэн баан аһан баран өлөрүллүбүт. Х.Омаров өссө биир быраата – кырыктаах, киһини өлөрөр баанда баһылыга И.Ильясов 19 сыл хаайыыга түбэспит эбит. РФ үбүн миниистирэ А.Кудрин штаты таһынан сүбэһитин О.Марганияны кытта Штыровы Х.Омаров билиһиннэрбит. 2001 сыл алтынньыга Штыров Президент дуоһунаһыгар кандидатынан турбутун кэннэ Х.Омаров Кудрин аатыттан (О.Маргания сүбэлээбит) этиилээх кэлбит. Ону маннык диэн суруйбуттар: ”Суть предложения состояла в следующем: А.Кудрин обещал обеспечить победу В.Штырова на выборах Президента Республики Саха (Якутия). Взамен В.Штыров должен был согласиться, чтобы АК “АЛРОСА” стала “сферой интересов” А.Кудрина (а также О.Маргания и Х.Омарова)”. Штыров сөбүлэспитэ, үлэ күөстүү оргуйбута дэнэр. Суруналыыс Иван Николаев кинигэтигэр суруйарынан, ахсынньы 6 күнүгэр А.Волошин суһаллык М.Николаевы уонна В.Штыровы ыҥыран ылар. Өссө да үлэлии сылдьар, президени - М.Николаевы дублерын туһугар кандидатуратын устунарыгар модьуйар. М.Николаев толкуйданарга үс күнү көрдьөһөн В.Путины кытта көрсүһэр. Путин Михаил Ефимовичка “дублеры оонньууга киллэрэргэ уолдьаста” диэн туораан биэрэригэр “сүбэлиир”. М.Николаев Дьокуускайга кэлэн ахсынньы 12 күнүгэр Правительство чилиэннэрин ыҥыран кандидатуратын устунарын уонна Штыров туһатыгар куоластыылларыгар ыҥырар. Ол күн өссө интеллегенция бэрэстэбиитэллэрин ыҥыран Штыров президент буолан эрэрин иһитиннэрэр.
Ити түгэни Иван Николаев маннык ойуулуур: ”На той встрече были Олег Сидоров и я. Было тягостно смотреть, как практически все кинулись поздравлять Вячеслава Штырова, оставив Михаила Николаева в одиночестве. Он стоял с потрясенным видом – этих поэтов, писателей, художников, артистов, ученых, журналистов он целое десятилетие, поддерживал, одаривал квартирами, дачами, оплатой зарубежных гастролей, повышенными ставками и гонорарами, наградами и званиями, а они вмиг забыли о нем. Олег Гаврильевич молча посмотрел на меня и покачал головой. Я кивнул ему – что еще можно было ожидать от этих? Но были там и люди, которые не кинулись к новому владыке, даже не подошли к нему, а приблизились к сверженному Михаилу Николаеву и поблагодарили за все доброе, что он сделал для республики и народа. И именно они остаются в моей памяти как настоящая творческая элита республики”.
Салгыы маннык суруллубут: ”Во время инаугурации Вячеслав Штыров потребовал воды, и только что ставший вице-президентом Александр Акимов вскочил, налил воду в стакан и подбежал к новому Президенту Якутии. Даже по протоколу это был обязан сделать кто - то другой, а не второе лицо в республике. Один депутат Ил Тумэна с первого созыва (сейчас ‑ он уже пятого созыва) не выдержал и громогласно воскликнул: ”Ну, вот и началось холуйство!”.
Оттон ити кэмҥэ дьон быыһыгар турбут Х.Омаровы, эбэтэр О.Марганияны ким да өйдөөн бэлиэтии көрбөтөҕө чуолкай. Оттон маны туох диигит: ”Позднее член Правительства Якутии в 2000-2005 годах Эрнст Березкин вспоминал: Уже в день инаугурации мы с удивлением узнали, что из-за приезда Отара Маргания и Халида Омарова, людей, имен которых республика раньше не слышала, из президентской резиденции переселили в другие гостиницы федеральных чиновников высокого ранга, приехавших на инаугурацию Штырова. Согласитесь, что это весьма необычно”.