штыров уонна магомедовтар
Дьэ, эрэ, аахсар күммүт кэлэн эрэр дуо?! Сахаларга үтэһэ туолуута диэн баара ээ. Кавказ омуктарыгар итинник баарын-суоҕун билбэппин. Суоҕа буолуо. Баара буоллар дьоҥҥо сыһыаннара атын буолуо ини.
Мин 2018 сыл кулун тутар 31 күнүгэр РБК каналга Магомедовтар тутуллубуттарын туһунан истибитим. Хаһыаттар, ону эрэ кэтэһэн олорбуттуу, үрүт-үөһэ суруйуулара тахсан барбыта. Интернети, Ватсаабы этэ да барбаккын. Бу республиканы гааһынан, итиинэн хааччыйар, тыын суолталаах проблеманы эппиэтинэһигэр ылбыт ЯТЭК баһылыгын тутуллуута, ордук республика салалтатын, муҥутуурдук долгутуохтааҕа. Республика аҕа баһылыга Е.Борисов маннык күчүмэҕэй кэмҥэ Магомедовтар тутуллубут сурахтарын истээт, барытын хаалларан баран, уоппускаҕа тэбиммитэ иһиллибитэ. Дьиктиргиигин эрэ...
Дьэ, онон, Магомедовтар тутулланнар СИЗОҕа угуллаллар. Оттон биһиэхэ Саха сиригэр туох буолбутай? Муус устар 1 күнүгэр ФСБ дьоно “ЯТЭК” офиһыгар дьэгдьиир оҥорбуттара. Үрдүкү былааспыт тугу дьаһайыан билбэккэ олордоҕуна хата Ил Түмэн дьокутаата, “Сахатранснефтегаз” кылаабынай инженера П.Ксенофонтов өмүттүбэтэҕин, сөптөөх этиини кини эрэ киллэрбитин хаһыат суруйбута: “Большая просьба к следователям и всем, кто причастен к делу “ЯТЭК”! У нас зима еще продолжается, газовая отрасль – это основа тепла и света центральной Якутии. Прошу сильно не кошмарить производственный сектор “ЯТЭК”. Любое нарушение технологического режима приведет к колоссальным последствиям. Главное сейчас – сохранить производственные кадры”.
П.Ксенофонтов кэмигэр итинник орооһуута бүтүн Республиканы, киин куоратын Дьокуускайы уонна кини олохтоохторун быыһаатаҕа дии. Тугу оҥороллорун кэрэйбэт, түмүгэ тугунан бүтэрин бу диэн билбэт, мааскалаах, илиилэригэр аптамаат саалаах дьон “кошмардыыллара” тохтотулуннаҕа... “Зная, как работают наши правоохранительные органы, вполне можно было ожидать действий, способных парализовать работу предприятия” – бу суруналыыс Виталий Обедин сэрэхэчийбит тыллара хаһыакка баар.
Оттон Штыровы Магомедовтар тутуллуулара уйатыгар ууну киллэрбит, тоҕо эрэ наһаа ыксаабыт. Бэйэтин ютуб-ханаалыгар суруйбутун устан хаһыакка бэчээттээбиттэрэ баар. Уһун баҕайы түҥ‑таҥ тыллаах суруйууттан сороҕун хайдах суруллубутунан аҕалабын:
“Мне трудно судить, в чем суть обвинения, которое предъявили Магомедовым. По тем сообщениям, которые есть, это не связана с нашей работой, а связано с его другими делами. Я познакомился с младшим из братьев Зиявудином; Мы познакомились уже после того, как он стал акционером “Якутгазпрома”, а сейчас он превратился в ЯТЭК. Сначала он (Зиявудин) купил акции, а потом я с ним познакомился...; Ну, и ладно, он работает и работает. А как он оказался здесь? Ему были проданы акции “Саханефтегаза” – головной компании, а “Газпром для него – дочернее предприятие. Ну почему все-таки “Сумма Капитал” получил-то, Максимов почему “Саханефтегаза” продавал акции?
И тогда было принято решение, о том, что надо продать эти акции и заполучить надежного акционера. Кто принимал это решение и зачем принимали, понятно. Это решение было согласовано с Правительством Якутии, действительно так.
А кто принимал это решение , о том, что надо продавать акции? И кто принимал решение, что должны быть здесь Магомедовы? Афанасий Николаевич Максимов. Он к тому времени был единственным легитивным в “Саханефтегазе”, потому что он был генеральным директором. Совет директоров “Саханефтегаза” перестал существовать, потому что все они оказались кто в тюрме, кто за границей. И мы его берегли, как зеницу ока, потому что, кроме него, никто не мог никаких документов, никаких решений принять. Вот он (Максимов) там работал, в “Саханефтегазе”.
Он пришел с таким предложением, мы его согласовали. Он и проводил аукцион, он привлек “Сумму Капитал”. Сам познакомился с этими Магомедовыми, посчитал, что они действительно хорошие люди и привлек их сюда; И вот между ними начался конфликт. Но не из-за этого был осужден Афанасий Николаевич. Он был осужден за то, что были выделены деньги на строительство газопровода от Талакана на Витим... Эти деньги таинственным образом исчезли. Я не следственный прокурор, я не буду говорить, куда они там делись, но вот за это он и был наказан”;
Дьэ итинник түҥ-таҥ туойуу... Сэрэхэчийэр, куотунар, сахалыы эттэххэ, “ойоҕоһугар хатырык уктар” курдук. Эмиэ да олбуорга оонньуу сылдьан түннүгү алдьаппыт оҕо буруйун кимиэхэ эрэ түһэрэ сатыырын санатар... Кими балыйыан баҕарара буолла? Маны ааҕаат билбэт дьон атын өйдөбүлү ылбаттарын туһугар суруллубуттан хатылыырга тиийэбин: Штыров 2010 сылга диэри Республика президенэ этэ, муҥур тойон быһыытынан Саха сиригэр үтүө-мөкү дьаһалы быһаччы ыла олорбута. Зия Магомедовы кытта кини 2005 сыл бүтүүтүгэр Москваҕа Постпредствоҕа көрсүбүтэ дьиҥ чахчы. 2007 сылга “Якутгазпром” Магомедов илиитигэр киирбитин эрэ кэннэ билсии буолбатаҕа, ол аата - ити 2 сыл иннигэр билсии; Ити кэмҥэ “Саханефтегаз” Дириэктэрдэрин Сэбиэтэ тиҥинэччи үлэлии олорбута, састаабыгар үксүлэрэ правительство чилиэннэрэ этэ. Штыров суруйарын курдук Афанасий Максимов кинилэр сөбүлэҥнэрэ суох “Якутгазпромы” акциятын элбэтэн (допэмиссия) кимиэхэ эрэ атыылыыр бырааба суоҕа.
Хампаанньа Устааба, “Акционернай обществолар тустарынан” Федеральнай Сокуон итини эмиэ бопсоро. Кэлэктиип (акционердар) уопсай мунньахтара диэн эмиэ баара. Төттөрүтүн, кини “Якутгазпром” атыыланарын утаран үтүргэҥҥэ түбэспитэ, ити барыта докумуоннарга баар; Штыров “Якутгазпром” акцияларын атыылааһын правительство сөбүлэҥинэн ыытыллыбыта диир, эмиэ да Максимов соҕотоҕун дьаһайбытын курдук суруйар. Уонна булан ыл!; Афанасий Максимовы харах харатын курдук харыстаабыппыт диир (И мы его берегли, как зеницу ока...). 2008 сыллаахха Чайкаҕа уонна Стаховка үҥсүү суруйан холуобунай дьыала тэрийтэрбитин, 8 сылы быһа сордообутун, хаайыыга симмитин умна охсубут; Афанасий Максимов Таалакаантан Витимҥэ диэри гаас турбатын тардыыга бэриллибит харчыны сиэн хаайыллыбыта диэн, көрдөрөн туран, сымыйалыыртан туттуммат эбит. Арассыыйа Үрдүкү Суута кытта орооһон турба тутуутугар харчы сиэммэтэҕэ дакаастаммыта, Максимовтаах ити ыстатыйаттан босхолонон ыраастаммыттара, суут быһаарыыта тахсыбыта. Суут ити быһаарыытынан Штыровы сууттуохха баара. Холуннарыытын (клевета) иһин.
Штыров ютуб-ханаалыгар суруга барыта итинник. Орто холуочук олорон суруллубут курдук. Ол иһин маннык биир түгэни умнубут буолуон сөп, ону хаһыат суруйуутуттан ылан аҕалабын: “Известен такой факт. 25 декабря 2005 года в 17.00 в роскошный московский кабинет Штырова в Мясницком проезде зашел глава корпорации “Сумма Капитал” и брат сенатора от Смоленской области Зиявудин Магомедов. Его не могли не заметить охранники и обслуга офиса. Следом за хозяином двое его помощников втащили в офис огромную картину. О чем беседовали два товарища с глазу на глаз, станет известно чуть позднее...”.
Уонна кэлэн, Зиявудин Магомедовы кытта 2007 сылга эрэ билсибитим диэн Штыров сирэйэ ‑ хараҕа суох сымыйалыы сырыттаҕа. Бу обществоҕа кутталлаах киһи, олигарх тугу баҕарар сакаастыан да, оҥоруон да сөп. Дьиҥинэн, Магомедовтар тутуллуулара Штырову, Борисовы эрэ ууга-уокка түһэрбэтэҕэ чуолкай, Арассыыйаны барытын сутуйбут дьон Саха сиринэн муҥурдамматах буолуохтаахтар.
Штыров “үтүөтүн” таһаара сатааһыны билигин да салгыыллар. Итиннэ ханнык да даккаастабыл, официальнай докумуоннарга билиниилэр, Арассыыйа аптарытыаттаах хаһыаттарын суруйуулара мэһэй буолбаттар. “Саха НКИХ” анаан-минээн “Многогранная Якутия Вячеслава Штырова” диэн киинэни таһаарбыта. Онуоха Макаров диэн оҕочоос журналист, анал сорудах ылан буоллаҕа, илимэ-салыма көппүтэ, иннигэр-кэннигэр сүүрэкэлээбитэ.
Штыров республика сүрүн актыыбын батарбытыттан, баайы-дуолу атыылаабытыттан үөрбүт курдук, кинини хайҕааһын, халлааҥҥа таһаарыы бара турар. Туттартаабыт таҥараларын дьиэлэрин иннигэр памятник туруораллара эрэ хаалла курдук.
Магомедовтар хаайыллааттарын хаһыаттар, биллэн турар, араастаан сырдата сатаабыттара, ол иһигэр бөрүкүтэ суох балаһыанньа үөскээбитин оройдотоот бу дьонтон аһаабыттар, уос-тиис саласпыттар кытта кинилэри буруйдаабытынан барбыттара. Оттон сорох хорсун суруналыыстар “хааска буолбакка, харахха биэртэлээбиттэрэ”.
Степан Петров суруйуутуттан: “На основании имеющихся сведений можно предположить, что в Республике Саха (Якутия) действует организованное преступное сообщество, состоящее из чиновников, правоохранителей и судей, под руководством главы республики Борисова Е.А. В свою очередь Магомедовы не могли совершать незаконные действия без ведома и протекции руководства республики. Поэтому к преступлениям владельцев “Суммы” непосредственно причастны высшие должностные лица республики. ...Рассмотрение дел находится на контроле Генеральной прокуратуры, Следственного комитета, ФСБ и МВД. ...Однако, ключевая роль в данных преступлениях принадлежит Заместителю Председателя Совета Федерации РФ, бывшему президенту РС(Я) Штырову В.А.”
Патриот уолаттарбыт көрөн эрэ олорботохторун, дойдуларын туһугар киирсибиттэрин үтүө түмүгэ – Магомедовтар уонна республика иһигэр, таһыгар баар кинилэр куомуннаахтара ыраас мууска ууруллан эрдэхтэрэ.
4 сыл устата силиэстийэлээһин түмүгүнэн, бырааттыы Магомедовтар бүрүстүүпүнньүктэр тэрээһиннээх бөлөхтөрүн салайааччылара эбиттэр. Уорууларын уопсай сууммата 11 млрд. солкуобай дэммитэ. Бу дьоҥҥо үрдүкү салалтабыт Өлүөнэ үрдүгэр химия собуотун туттараары гыммытын эмиэ санааҥ. Харчы бөҕөтүн хамсатан туохха эмэ тииһиниигэ суоттаныы эбитэ буолуо дуо? Экологтар хамсааһыннара абыраабыта. Хаарбах, хаачыстыбата суох тутуу алдьархайы аҕалыахтааҕа, өскөтүн тугу эмэ барыгылдьытан туппуттара да буоллар. Өлүөнэ, тулалыыр айылҕа, олохтоох дьон кинилэри долгуппат.
Магомедовтар “Сахатранснефтегаз” Орто Бүлүүттэн гааһы Дьокуускайга аҕалар турбаларын (республика бас билэр тиһэх баайын) бэйэлэригэр ыла сатаабыттара. Штыров Саха сиригэр суох буолан ылбатахтара быһыылааҕа. Ылбыттара буоллар ЯТЭКкэ холбоон гааспытын кинилэр эрэ талбыттарынан дьаһайыа, тарыыбын үрдэтиэ, омуктарга да атыылыа, республиканы туга да суох хаалларыах этилэр. Оттон республика билиҥҥи уонна инники дьылҕатыгар туохха да кэмнэммэт суолталаах Орто Бүлүү уонна Мастаах гааһын 620 мөлүйүөҥҥэ - босхону эрэ үрдүнэн апчарыйбыттара. Бу сууммаҕа Мастаах уонна Орто Бүлүү баайын арыйаары, уонна гааһын хачайдаары үүттээбит скважиналар сыаналара киирбитэ биллибэт. Скважиналар ахсааннара итиннэ 100-кэ чугаһыыр, сорох сиргэ 4 км тахса дириҥҥэ үүттэммиттэрэ, хас биирдиилэрэ 120-200 мөлүйүөн сыаналаах дэнэрэ.
Аны итиннэ туттуллубут ыар сыаналаах үүттүүр станоктар, вышкалар, атын да үгүс техника, олорор дьиэ-уот, ыскылааттар о.д.а., скважиналары эбэн туран, уопсай сыаналара саба быраҕан миллиардынан буолуо. Ол аата Магомедовтар ити баайы бас билэллэригэр 620 млн. солкуобайы эрэ төлөөбүт буоллахтарына, ити дьиҥнээх суумма атыы сыанатыгар киирбэтэх, учуоттамматах. Ханна барда, хайа хармааҥҥа киирдэ?
2012 сыл атырдьах ыйын 10 күнүгэр Дириэктэрдэр Сэбиэттэрин мунньаҕар ЯТЭК дьиҥнээх сыанатын 19 346 719 753,49 (уон тоҕус миллиард үс сүүс түөрт уон алта мөлүйүөн сэттэ сүүс уон тоҕус тыһыынча сэттэ сүүс биэс уон үс солкуобай түөрт уон тоҕус харчы) солкуобайга сыана быспыттара баар. Бу ханна эмэ саҥалыы учуоттаммытын, төлөһүү буолбутун дьон билбэт.
Саха сирин булан көҥүл-босхо айбардаабыт Магомедовтар киһи эрэ буоллар сууттаннылар. Зиявудин 18, убайа Магомед-19 сылга түбэстилэр. Сордоҥ иилиһиннэрбит илимин сыралаһан, бодьуустаһан араарар күүс баар эбит. Магомедовтары ким да кыайбат дьоно дииллэрэ. Кириэмилтэн омук дойдуларыгар тиийэ сибээстээх дьону син уодьуганныыр эбиттэр. Хаһыаттар билигитэ кинилэр Саха сиригэр хаалларбыт “суолларын” уорганнар хайан эрэллэрин суруйа иликтэр. Хайаан да хайаллара буолуо, оҥорбуттара элбэҕэ бэрт, таах хаалларыахтара суоҕар эрэл баар. Тыын тыыҥҥа харбаһыыта буолара буолуо. Уорганнар билигитэ Магомедовтар айсбергтарын үөһээ төбөтүн чинчийэллэр быһыылаах, уу анныгар баарыгар ситэ тиийэ иликтэр. Бу көһөҥө муус 80% уу анныгар буоларын учуонайдар этэллэр.
Штыров бу кэмҥэ тугу оҥоро, кими бэйэтин хараҥа дьыалатыгар сөрүү сылдьара биллибэт. Туохха барытыгар дьоҕурдаах киһи. Ордук куһаҕаҥҥа. 2018 сылга Магомедовтар тутуллубуттарыгар хайдах быһыыламмытын инники суруйдум. Билигин да араас куһаҕаны барытын толкуйдуон сөп, көмөлөһөр да дьону булаттыа, оннуктар көстүөхтэрэ.
Республика стратегическай суолталаах, кини туругуттан дьон олоҕо тутулуктанар “Якутгазпромы” Магомедовтар илиилэригэр босхо кэриэтэ биэрии, албыннаппыттарга уонна олохтоох дьоҥҥо итинник кутталы үөскэтии иһин Штыров хаһан эмэ эппиэти сүгүө дуо?
Иван БУРЦЕВ 08.05.2023 с.
|