News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2023 » Ыам ыйа » 23 » Саха сиригэр пенсияҕа тахсыы маннык буолбут. Күн ыраахтааҕытыгар махтаныаҕыҥ
Саха сиригэр пенсияҕа тахсыы маннык буолбут. Күн ыраахтааҕытыгар махтаныаҕыҥ | 16:55 |
Саха сиригэр пенсияҕа тахсыы маннык буолбут.
Дьахталлар
68 г - 50 - 2018 69 г- 51 - 2020 70г - 52 - 2022 71 г- 53 - 2024 72 г- 54 - 2026 73 г - 55 - 2028 74 г- 56 - 2030 75 г - 57 - 2032 76 г - 58 - 2034
Эр дьон
63 г - 55 - 2018 64 г - 55,5 - 2019+ 6 ый. 65 г- 56 - 2021 66 г- 56,5 - 2022+6 ый. 67 г - 57 - 2024 68 г- 57,5 - 2025+6 ый. 69 г - 58 - 2027 70 г - 58,5 - 2028+6 ый. 71 г - 59 - 2030
❗❗❗❗❗❗❗Биэнсийэҕэ тахсар сааһы уһатар туһунан сокуон 2019 сыл тохсунньу 1кунуттэн олоххо киирдэ. Биэнсийэҕэ тахсар сааһы уһатыы сыыйа 10сыл устата туһумэхтэринэн барыахтаах. Саха сиригэр олохсуйан олорор , страховой ыстаастарын толорбут дьахталлар иккиттэн элбэх оҕону төрөппут(иитэ ылбыт) буоллахтарына , эрдэ тахсар (50 саастарыгар) бырааптаахтар. Биэнсийэ реформата социальнай хабааннаах страховой биэнсийэни ылар дьону (инбэлиит оҕону 8 сааһыгар диэри иитэр ийэни,биэстэн элбэх оҕону төрөппут ийэни , хараҕынан 1группалаах инбэлиити,уо.д.а.таарыйбат
Ону тэҥэ, ыарахан улэҕэ сылдьар улэһиттэр (шахтердар,горняктар,табаһыттар, кадровай булчуттар, балыксыттар, уо.д.а.) эмиэ урукку курдук ,эрдэ тахсаллар. Биэнсийэҕэ тахсаары сылдьар дьон бырааптарын көмускээһин,биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи саас, 2сылтан 5 сылга диэри уһатылынна. Өскөтун бэйэтин баҕа өттунэн улэтиттэн тохтуур буоллаҕына, улэтэ суоҕунан көруллэр босуобуйаны ылара биир сылга диэри уһатылынна, суммата лаппа урдээтэ. Биэнсийэҕэ эрдэ тахсар бырааптаах гражданнарга ирдэниллэр ыстаас кыччаата (42сыл-эр дьоҥҥо, 37сыл -дьахталларга). Квалификацияларын урдэтэллэригэр анал бырагырааммалар улэлиэхтэрэ.
Сылга биирдэ босхо диспансеризация барар бырааптаахтар, онно 2 кун бэриллэр,хамнас төлөнөр. Салайааччы биэс сылынан биэнсийэҕэ тахсаары сылдьар киһини улэтиттэн уураттаҕына , холуобунай эппиэтинэскэ тардыллар. (200 000 солкуобай ыстараап , эбэтэр 360 чаас куһэлэҥ улэ). Биэнсийэҕэ тахсаары сылдьар дьоҥҥо ,2019 сылтан биэнсийэҕэ тахсар саас 5 сылынан уһаата.
Биэнсийэҕэ тахсаллара 5-тэн аҕыйах сыл хаалбыт дьон (предпенсионеры) кэккэ чэпчэтиинэн туһанар бырааптаахтар. Ыарахан улэҕэ сылдьар анал ыстаастаах дьон 5 сыл эрдэ тахсар бырааптаахтар. Кинилэргэ биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи кэм 5 сылынан эрдэлээн биэрэр. Холобур, оптуобус суоппардара анал ыстаастаах буоллахтарына (15сыл дьахталларга,20сыл эр дьоҥҥо), дьахталлар 50, эр дьон 55 саастарыгар тахсаллар. Оччотугар биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи кэм кинилэргэ 45 уонна 50 саастарыттан саҕаланар.Элбэх оҕолоох ийэлэр 50 саастарыгар тахсаллар,оччотугар кинилэргэ биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи кэм 45-тэн саҕаланар.
Кун Өркен
❗❗❗❗❗❗❗0647 боппуруоскутугар хоруйдуубун."РФ улэҕэ пенсиятын туһунан"диэн сокуоҥҥа этиллэринэн,ыал аҕата өллөҕунэ пенсия кини дьиэ кэргэнин улэлиир кыаҕа суох чилиэннэригэр ананар, бу категорияҕа оҕолоро, бырааттара, балтылара уоннасиэннэрэ, кэргэннэрэ, төрөппуттэрэ, иитэ ылыллыбыттар уонна иитэ ылбыттар, кииринньэҥ аҕа, маачаҕа ийэ, кэргэнин кыыһа, уола буолуохтарын сөп.
Бу этиллибит дьон дьиэ кэргэн чилиэнинэн улэлиир кыахтара суох уонна өлбут киһи иитимньитигэр сылдьыбыт буоллахтарына. Өлбут киһи бырааттара , балтылара 18саастарын ситэ илик уонна инбэлиит уонна улэлиир кыахтаах төрөппуттэрэ суох буоллахтарына кинилэргэ пенсия ананар. Өскөтун ийэлэрэ эбэтэр аҕалара улэлиир буоллахтарына , кинилэргэ пенсия анаммат. Бу уөһэ этиллибит дьон өлбут киһи иитимньитигэр сылдьыбыт эрэ буоллахтарына, кинилэргэ пенсия ананар. Иитээччитин сутэрбитинэн анаммыт пенсия дьиэ кэргэн дохуотун уөрэтэн баран ананар. Бу пенсияны анааһын улэтин пенсионнай сулууспа дьарыктанар.
Пенсияны анааһын уустук өруттэрдээх буоллаҕына , дьыаланы суукка көрөллөр. Оҕо 18сааһын туола илик буоллаҕына уонна улэлээбэт буоллаҕына пенсия угус элбэх бэрэбиэркэтэ суох ананар. Өскөтун 16 уөһэ саастаах оҕо улэ дуогабарын туһэрсэн улэлии сылдьар буоллаҕына , киниэхэ бу пенсия төлөммөт. Иитээччитин сутэрбитинэн ананар пенсия эдэр киһи студенныыр сылларыгар эмиэ төлөнөр. Ол курдук кунуску уөрэххэ студент бу уөрэҕин бутэриэр диэри (23 саастан уөһээ төлөммөт) пенсия ылар. Бу кээмэй иитимньилээх пенсионер пенсиятын базовай чааһын урдэтэргэ эмиэ улэлиир. Ол курдук , оҕо 18сааһын туолла даҕаны,иитээччитэ суохха пенсия төлөнөрө уонна пенсионер урдук пенсияныөылара тохтуур. Ол иһин,сокуонунансалгыы урдэтиллибит пенсия ылар бырааптаах буоллаххытына, оҕо студент буоларын дакаастыыр докумуону кэмигэр тустаах тэрилтэҕэ туттарыҥ. Справканы эдэр киһи уөрэнэрин тухары пенсионнай сулууспаҕа көрдөруөхтээх.
Кун Өркөн
❗❗❗❗2019 сыл тохсунньуый 1к, Арассыыйаҕа улэтэ суохтар босуобуйалара 2төгул урдуур. Ол эбэтэр 850 солкуобайтан 1.5 тыһ,тиийиэ. Улэтэ суох буолуу босуобуйатын саамай муҥутуур улахана 4.9 тыһ,солк , буолуон сөп, итини таһынан биэнсийэҕэ тахсаллара кыра хаалбыт дьоҥҥо диэн саҥа босуобуйа баар буолуохтаах, ол босуобуйа саамай кыра кээмэйэ 1500 солк. Саамай улахана 11280 солк буолуо. Социальнай харысхал министиэристибэтин отчуотунан 2018 сыл сэтинньи 7 к, туругунан , Арассыыйаҕа 635.7 тыһ, киһи регистрацияламмыт улэтэ суох дьон баар. Ити саастарынан страховой биэнсийэҕэ тахсыахтарын иннинэ 5 сыл баарына улэтэ суох хаалбыттарга, босуобуйа саамай кыра кээмэйэ-1500 солк, саамай улахана-11280 солк, онтон билигин улэтэ суох буолуу босуобуйа кээмэйэ 850солк эбит буоллаҕына , 2019с 1500 солк буолар. Онтон муҥутуур кээмэй 4900.-8000солк диэри улаатар.
Кун Өркөн.
❗❗❗❗❗Улэ киниискэтигэр киллэрии,улэлээбити дакаастааһын туһунан. Арай урут улэлээбит тэрилтэҥ тохтоон хаалбыт буоллун. Архыыпка да мэлигир эбит буоллун. Быраабыла быһыытынан ,гражданин биэс кунтэн уһуннук улэлээтэ да, онтун Улэ киниискэтигэр киллэртэрэр эбээһинэстээх. Оттон 2002 сылтан, страховой биэнсийэ, страховой усунуос төлөнөр буолбутунан, Биэнсийэ пуондата биэнсийэ аныырыгар улэнэн хааччыйааччылар ,тэрилтэлэр уонна урбаанньыттар отчуоттарын туһанар.Дьэ,туран,тэрилтэ тоҕо эрэ гражданин туһунан сибидиэнньэни туттарбакка сылдьар,сылдьыбыт тубэлтэтигэр улэһит барахсан итиннэ улэлээбит кэмэ ыстааска ааҕыллыбатыгар тиийэр.Итинник тугэн биирдиилээн эрэ тахсара көстөр дииллэр.Ити,суруннээн,урбаанньыттарга сыһыаннаах,кэтэх урбаан 1991с киирбитэ.Уустуга диэн,оччолорго ,90-с сылларга урбаанньыттар бэйэлэрэ да,наймылаһар да улэһиттэрэ страховой усунуоһу төлөөбөт , отчуоттаабат этилэрэ. Куотунуу муода тэҥэ буолара.Онтулара билигин кэлэн охсор.Биэнсийэ пуондата кинилэр страховой ыстаастара тиийбэтинэн ,чэпчэтиилээх ыстаас Уһук Хоту сиргэ -15 сыл,уопсай страховой ыстаас 20сыл буолбатыттан, аккаастыырга куһэллэр.2002 сыл иннинэ улэлээбит дьон докумуоннара уокка былдьаммыт ,куга барбыт тугэнигэр уустук уөскуур.Ити гынан баран,уустуктан тахсар суол сокуон анал нуорумата син баар.Улэлээбитин бигэргэтэр докумуоннарыттан ытыс соттубут киһи ол кэмҥэ дьиҥнээхтик улэлээбитин кэрэһилиир икки сибидиэтэли булуон наадата тириир.Ити гынан баран,куһаҕана диэн,ол икки киһи бигэргэтиинэн ,ыстаас 2/3 гыммыт саҕа эрэ кээмэйин билинэр кыахтаахтар.Холобур,отут сыл ыстаастааххын дакаастыырыҥ ирдэнэр эбит.Ону баара сибидиэтэллэр көрдөруулэринэн ,итинтэн 20сыла эрэ бигэргэнэр.Сибидиэтэллэр бииргэ улэлии сылдьыбыт кэмнэрин эрэ кэрэһилиир кыахтаахтар.Ону таһынан сибидиэтэллэр көрдөруулэринэн уопсай ыстаас эрэ кээмэйэ бигэргэнэр чэпчэтиилээх льготнай ыстааһы бигэргэтии кыаллыбат.
Кун Өркөн.
❗❗❗❗ Кырдьаҕаһынан страховой биэнсийэ орто кээмэйэ 2019 с.тохсунньу 1к.туругунан -20тыһ,451солк.Ыстатыыстыка этэринэн, кун бугун биэнсийэ муҥутуур кыра кээмэйэ уксугэр иитэн олорооччута ,төрөппутэ өлбут оҕоҕо ананар.Маннык биэнсийэ кээмэйэ өлбут төрөппутун страховой ыстааһыттан тутулуктаах,улэлээбит тэрилтэтэ кини аатыгар Биэнсийэпуондатыгар киллэрбит усунуоһуттан төлөнөр.Ол гынан баран,эрэгийиэн социальнай эбии төлөбуру көрөр буолан,өрөспуубулукэҕэ бигэргэммит тииһинэн олоруутун алын кээмэйиттэн кыра биэнсийэлээх билигин суох..
Онтон муҥутуур урдук биэнсийэни Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара уонна инбэлииттэрэ ылаллар.Тииһинэн олоруу алын кээмэйигэр тиийбэт кыра дохуоттаах , улэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэгийиэн эбии төлөбуру 2010сылтан оҥорор буолбута.Бу төлөбуру,страховой дуу,социальнай дуу биэнсийэни ыларыттан тутулуга суох,СӨ Улэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин нэһилиэнньэ социальнай көмускэлин управлениялара аныыллар уонна төлууллэрСӨ сокуонунан ,2019с бу эбии төлөбуру аныырга тииһинэн олоруу алын кээмэйэ ,Саха сиригэр бастакы зонаҕа -17011солк,иккискэ 13576 солк.
Маныаха ,биллэн туран,хас биирдии киһи улэлии сылдьан ылбыт хамнаһыттан тутулуктаах. Холобур, уһуннук кыра хамнаска ,чуолаан тыа хаһаайыстыба тыгар ,улэлээбит киһи бугунылар биэнсийэтэ хамнаһын 40% куоһарыан сөп.Икки уонна онтон элбэх оҕолоох ийэ урукку курдук 50 сааһыгар тахсар бырааптаах.Онуоха Уһук Хоту сиргэ улэлээбиттэртэн-12,онтон атыҥҥа 20 сыллаах улэ ыстаастаах буолаллара ирдэнэр.Онто туоллаҕына ,дьэ,биирдэ тахсар.Ити ирдэнэр 20 сыллаах ыстааска дьахтар оҕо көрөн олорбут кэмэ эмиэ ааҕыллар.Оттон Уһук Хоту 12ыстааһыгар чопчу дьиҥ улэлээбит ыстааһа эрэ дуо!диэн ыйытыахтарын сөп,,
Оннук ,20 сылга оҕону 1.5сааһыгар диэри көрөн олорбут кэмэ эмиэ ааҕыллар,ол гынан баран онто холбоон 6 сылтан элбиэ суохтаах.О.э 4оҕону балтараатыгар диэри көрбут кэмэ киирэр.Оттон Уһук Хоту 12 сылыгар дьиҥ улэлээбит эрэ ыстааһа билиниллэр.Оҕо эрдэҕиттэн инбэлиит оҕолоох төрөппут ,эппэкиин ыарыһах оҕотун ,кыччаабыта ,8сааһыгар диэри ииппит тугэнигэр киниттэн Уһук Хоту усулуобуйатыгар улэлээбит ыстааһа ирдэммэт.Эр киһи 55,дьахтар 50сааһыгар тахсар кыахтаах диэн,Итинник быраап төрөппуккэ иккиэннэригэр бэриллэр дуу,биирдэстэригэр дуу?диэҥҥэ,төрөппуттэн биирдэрэ эрэ ылар бырааптаах.2019сыл тохсунньу 1к тыа хаһаайыстыбатыгар 30 сыл улэлээбит ,тыа сиригэр олорор ,улэттэн тохтообут дьоҥҥо страховой биэнсийэ фиксированнай төлөбурун 25%-н саҕа эбии төлөбур оҥоһуллар буолбута
.Итиннэ оройуон кээписиэнэ ааҕыллыбат.Чопчу ханнык идэлэргэ улэлээбит дьоҥҥо бэриллэрэ 2018 сыл сэтинньи 29к, РФ Бырабыыталыстыбатын 1441№дээх Уурааҕынан бигэргэммитэ. Уопсайа 500-чэ идэ киирбит этэ,ханнык идэлэр киирбиттэрин туһунан чиз,кус группаҕа урут суруйбутум. Кырдьаҕаһынан уонна 1 уонна 2гр, инбэлиитинэн страховой биэнсийэлээхтэргэ итиччэ эбиллэр (5334.19* 25%=1333.55 солк).Оттон 3гр,инбэлииттэр фиксированнай төлөбурдэрэ 2667.10солк. Буолан,эбиллэр суумата 666.77солк,тэҥнэһэр.Итинник урдэтии 2019сыл устата буолар.Биэнсийэлэрин дьыалатыгар учуоттамматах кэмнэрин чопчулаан,эбии докумуон аҕалыахтарын сөп диэн этиллэр.Урукку кэмнэрин чопчулаатахтарына ,эбиллии тохсунньу бастакы кэмиттэн ааҕыллар. Оттон ,холобур, ирдэнэр ыстааһа тиийбэтин иһин 2019 сылга тыа хаһаайыстыбатыгар эбии улэлээн ситэрдэҕинэ эбэтэр куоракка олорор буолан,ааҕыллыбатах тугэнигэр тыа сиригэр көстөҕунэ ,онтун докумуон туттаран бигэргэтиэн наада. Оччотугар ол туттарбыт кунуттэн кэлэр ыйтан саҕалаан эбии ааҕыы оҥоһуллубутунан барар.Итинник быраабы ыларга улэлээбит кэм ханнык болдьоҕо ааҕылларын туһунан анал Быраабыла баар
.Холобур,итиннэ дьахтар оҕо көрөн олорбут 1.5 сыла онно ааҕыллар,ол эрээри төһө да элбэх оҕолоох эрээри итинтэн уһуннук олорбут да буоллаҕына,6сылтан элбээбэт диэн сөп,Куһаҕана диэн ,ити ирдэнэр 30сыл улэ ыстааһыгар эр дьон аармыйаҕа сулууспалаабыт сыллара ааҕыллыбат.Тыа хаһаайыстыбатыгар улэлээбит дьоҥҥо биэнсийэ фиксированнай чааһын урдээһинэ улэ чааһын толорутуттан-быһаҕаһыттан ,улэ нэдиэлэтэ хас хонуктааҕыттан тутулуга суох оҥоһуллар.Бигэргэммит Быраабыла быһыытынан улэтин хайысхата уунээйи улэтэ,суөһу көруутэ,уонна чопчу ханнык идэҕэ эбэтэр дуоһунаска улэлээбитэ испииһэккэ сөп тубэһэр буолуохтаах.
Кун Өркөн.
❗❗❗❗Сорох ьэрилтэлэр Биэнсийэ пуондатыгар угуөру биэнсийэ усунуоһун уонна нолуок уорганыгар нолуок төлөөмөөру ,улэһиттэрин хамнаһын "уруҥ кэмбиэргэ"төлөһөллөрө эбэтэр сороҕун оннук"уруҥ кэмбиэринэн"төлөһөллөрө баар буолар.Дьэ,итинтиҥ кэлин тиһэҕэр улэһит биэнсийэ аахтарарыгар ,ылыахтаах биэнсийэтин кээмэйигэр хобдох сюрприз буолан тоһуйар.Маны умнар ,болҕойбот буолар адьас сыыһа.Уйэлэрин тухары улэлээбэтэх ,эбэтэр бэрт кылгас кэм улэлээбит ,эбэтэр "уруҥ кэмбиэр"охсуутугар тубэһэн,ирдэнэр ыстаастара тахсыбатах дьону судаарыстыба хайдаҕын да иһин аһа-таҥаһа суох хаалларбат.Дьахтар 65 сааһын туоллаҕына,оттон эр киһи 70 сааһын ситтэҕинэ,,кинилэргэ социальнай биэнсийэ диэн ананар.Ортотунан,оннук биэнсийэ кээмэйэ,билигин ,11 тыһ,солк.Оттон ити сааска тиийбэтэххэ ,этэргэ дылы ,биэнсийэ диэни билбэккэ анаара дойдуга аттанарга тиийиллэр.Оттон 2024 сылтан уопсай төруккэ олоҕуран ,биэнсийэ анатарга ,муҥутуур аҕыйаабыта 15 сыл улэ ыстааһа ирдэнэр буолуоҕа.Билэргит курдук билигин ,10 сыл ирдэнэр.Онон улэтэ суох сылдьааччылар эрдэ-сылла улэлииргэ тиэтэйэллэрэ ордук.
Кун Өркөн.
❗❗❗Биэнсийэ кээписиэнэ эбэтэр баала диэни хайдах өйдуөххэ сөбуй?Бу өйдөбуллэр ,санатар буоллахха ,2015 сыл саҕалаан киирбиттэрэ.Мөккуөрдээх соҕус быһаарыы диэххэ наада.Судургутук өйдөөтөххө ,биэнсийэ баала улэлээбит ыстаастан уонна хамнас кээмэйиттэн тутулуктаах.Муҥутуур кыра баал гражданин календарнай сылы улэлээтэҕинэ ,оттон хамнаһа хамнас алын кээмэйин таһымыттан кырата суох буоллаҕына ааҕыллар.Биэнсийэ кээписиэнэ сыл аайы саҥалыы бигэргэнэр.Ол баалыҥ төһө буолбутун билэр тугэҥҥэр РФ ПФР официальнай саайтыгар баар биэнсийэ калькуляторын туһанан,быһа холуйан төһө биэнсийэлээх буолуоххун суоттатан көруөххун сөп.Лаппыйан бэлиэтиибин,быһа барыллаан суума буолар.
Кун Өркөн.
❗❗❗❗Туһалаах "Приложение"уонна "Госуслуги".Аныгы дьон бары да сиэп төлөпуөннээхпит(мобильнай төлөпуөн).Сөбугэр сатаан туһанабыт.Андроид төлөпуөннээхтэр "плеймаркекка" оттон айфоннаахтар Apple Store нөҥуө баҕарбыт Приложениябытын хачайдаан ,астына,туһанар кыахтаахпыт.Андроидтарга босхо хачайданар приложениялардаах эбит буоллахтарына ,айфоннарга сорох Приложенияны төлөбургэ эрэ ылар кыахтаахтар.Икки сыллааҕыта ПФР ити сиэп төлөпуөнугэр "ПФР"диэн олус наадалаах Приложениены оҥотторон киллэрбитэ.Ону хачайдаан ылан туһаныа этигит.Тоҕо?Ити Приложениеҕа тус бэйэҥ биэнсийэҕэ счеккар (лицевой счет)тэрилтэҥ төһө-хачча усунуоһу укпута (быстах кэмҥэ атын тэрилтэҕэ улэлээбит ,биэнсийэ страховой усунуоһун төлөспут буоллаххына ,ол эмиэ киирэр).
Төһө уопсай уонна страховой ыстаастааҕыҥ ,ханнык кэмиҥ ыстааска киирбитэ,кун бугуҥҥу туругунан ,биэнсийэ төһө баала эйиэхэ ааҕылла сылдьара ытыска уурбут курдук көстөн кэлэр.Ити Приложение ,этэргэ дылы ,эн улэ киниискэҥ электроннай барыйаана буоларын таһынан ,өссө баалларгын ,ыстааскын ырылыччы көрдөрөр.Эрдэттэн уонна сатаан дьаһанар дьон ити Приложениены көрөн,ыстаастара ааҕыллыбакка сылдьарын ,ханнык кэм киирбэккэ хаалбытын билэн,биэнсийэҕэ тахсар саастара кэлиэ быдан инниттэн ,докумуон той хомуйсан ,ситэрэн-хоторон биэрэллэр эбит.Быһата,олус наадалаах Приложение.Ол-бу,буолар-буолбат приложениеларыхачайдаанө,төлөпуөнуҥ өйун толоруоҥ оннугар,туһалааҕыталан,билиигин хаҥаппытыҥ ,биэнсийэҕэ тахсарга бэлэмнэммитиҥ ордук."Госуслуги"саайтыгар киирэр паролгун туһанаҕын.Манна даҕатан эттэххэ,ити саайка https://www.gosuslugi.ru/ киирэн электроннай өҥөну туһаныы олус табыгастаах.Биэнсийэ эрэ пуондатыгар сыһыаннаах өҥө баар буолбатах,хабар хайысхата киэҥ.Кун бугун дьиэбититтэн тахса да соруммакка ,көмпуутэр иннигэр олорон,ити саайт уонна ПФР саайтыгар (htt:// www.pfrf.ru/ баар "Тус кэбиниэппит "нөҥуө ПФР оҥорор 25 өҥөтуттэн 18-ын холкутук туһанар кыахтаахпыт.
Кун Өркөн.
❗❗❗Биэнсийэ уонна социальнай төлөбур чааһыгар ыйытыылаах эбэтэр өйдөөбөт тугэннээх буоллахха,Арассыыйа Биэнсийэҕэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын субэлиир кэмпитиэнсийэлээх исписэлиистэригэр эрийэн ,билсиэххэ,субэлэттэриэххэ сөп.Элбэх ханааллаах кэлим төлөпуөн нуөмэрэ :8-800-100-99-74.Бу манна эрийии сиэп уонна дьиэ да төлөпуөнуттэн эрийэргиттэн тутулуга суох босхо буолар.Улэ куннэригэр, бэнидиэнньик-бээтинсэ куннэргэ сарсыарда 9ч00мун, киэһэ 18 ч,диэри эрийэр кыахтааххыт.Эбиэккэ тохтобул көруллубэт.
Кун Өркөн.
|
Category: Социалка, пенсия, жилье |
Views: 2531 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 24 Ыалдьыттар (гостей): 24 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|