News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2023 » Бэс ыйа » 23 » ДЬЭ, ХАЙЫЫЛЛАР?!
ДЬЭ, ХАЙЫЫЛЛАР?! | 16:05 |
ДЬЭ, ХАЙЫЫЛЛАР?!
(Памфлет)
Эмээхсиним икки сиэнин уонна икки эдэр күтүөттэрин атын дойдуга атаартаан санаата-оноото уоскуйа быһыытыйда.
Иккиэн да уоскуйдубут. Арай тэһийбэт курдукпут, куруутун туохпут эрэ итэҕэс, ол иһин буолуо киҥир-хаҥыр саҕарсарбыт да баар, тугу кистиэмий. Мин чокуускабын ыллахпына санаам атын буола түһэр, оттон кини амсайбат
киһи ыарырҕатар буоллаҕа. Сороҕор чокууска оннугар 500-ҕи ылан кэбиһэн мөҕүллэбин. Төһө да уһун күнү быһа сыһан-соһон ол аспын аһаан, түгэҕин көрүөхпэр диэри улаханнык хотторор буоллум, сааһырыы да таайан эрдэҕэ...
- Дьэ, эмиэ испиккин! Оҕолорбут кэлэллэригэр, күтүр өстөөх тиийбэтиҥ буолуо, - диэн мөҥүттэр буоллаҕа барахсаным.
Арыгы туох үтүөнү оҥорбута баарай, кырдьык сороҕор буккуллар курдукпун, ону-маны саҥарабын, онтон кэлин кэмсинэбин. Миэхэ чокууска сөрү-сөп этэ, ону улаатыннаран кэбиһэн иэдэйэбин. Эмээхсин итиннэ баҕас
сөпкө тыллаһар.
- Бу иэдээн иэнигийбит кэмигэр мин эрэ испэтим буолуо, - диэн куотунан көрөбүн да, ити тылым сымыйатын бэйэм да билэбин. – Хата атыны кэпсэтиэххэ, мин аны кэлэн иһээччи буолуом суоҕа, арыгы сыыйа ылар, онно
хас эмэ сыл наада, мин онно тиийбэтим чуолкай, муҥар, ыйга биирдэ-иккитэ “аһыырбыттан” куттаныма - диибин. - Дьэ, кэпсээ, сырдат, ол маҕаһыыҥҥа сырыыгар тугу истибиккин, сорох таһырдьа да тахсыбатаҕа ыраатта, түөһээҥкилэриҥ тугу туойаллар?
“Түөһээҥкилэр” диириттэн өһүргэннэрбин да, хата наһаа мөхпөтө, өссө “кэпсэтиигэ ыҥырда” диэн үөрэ санаатым. - Дьэ, киһи истибэтэҕин да иститэлиир буолла. Бээ, куолулаһар да дьонум үөлээннээхтэрим ээ, өссө сорохторо урукку партия үлэһиттэрэ
кырдьан сорсуйан сылдьаахтыыллар. Борис Надеждин диэн урут Госдума дьокутаата, Правительствоҕа үлэлии сылдьыбыт, Путины өйөөбүт киһи:
“Путин – Арассыыйаны иэдэттэ, кинини атын киһинэн солбуйар кэм кэллэ,
бүрүүкээн турар систиэмэни уларытыахха”, - диэн тылласпыт үһү. Ону ханна эрэ кыра мунньахха буолбакка, НВК ханаалга бүтүн Арассыыйа истэн олордоҕуна эппит. - Көр эрэ, хата биир киһи көстүбүт ээ, бука бары бокулуон охсо сырыттахтарына. Киһи көрө-көрө кэлэйэр, сиргэнэр, - эмээхсин үөрүүтүн кистээбэтэ, ытыһын охсунна.
- Дьэ, хайыыллар, көрүөхпүт ээ. Немцов итинник тыллаһар этэ, анараа
дойдуга атаарбыттара. Навальнай, Яшин диэн уолаттар эмиэ аһаҕастык
тыллаһаллара, кинилэр билигин ханна баалларын бэйэҥ билэҕин.
Баҕайылар.
- Сордоох, эмиэ буккуллан бардыҥ, баҕайылар диэбит буола-буола, -
киһим киэр хайыста, кэпсэтии бүппүтүн биллэрдэ.
“Баҕайылар” диэ суохтааҕым ээ, илэ өйбүнэн. Бытыылкабын көрбүтүм
аҥаара да буола илик. Дьэ, өлүү диэтэҕин... Оттон маҕаһыыҥҥа оҕонньоттор
үөрүүлэригэр холбоспутум, биһириирбин биллэрбитим ээ. Буккуллуу...
Итиччэ кэпсэтэ сатаабытын кэннэ хомоттоҕум ити.
Киһибэр тугу этэн, саҥаран сыыһабын көннөрөбүн. Санааҕа түстүм.
Бэйэтэ да уустук киһи, сааһын тухары эппит этиитин, санаабыт санаатын
мүччүрүппэт идэлээҕэ. Дьүөгэ эмээхсинэ кэлэ сылдьан сэриигэ сылдьар
оҕолорго таҥас тигиитэ саҕаланна, онно баран көмөлөһүөххэ, көх-нэм
буолуохха диэбитин саҥардыбатаҕа.
- Ол тугуй? Арбанар Арассыыйа аармыйата таҥнар таҥаһа суох дуо? Бу
быһыыны аармыйаны холуннарыы курдук көрүөхтэрэ, өһүргэниэхтэрэ суоҕа
дуо? Эбэтэр, аармыйа аһыыр аһа суох дуо? Ама оннук буоллаҕай!
Итини санаат тугу этиэхпин билбэккэ олоро түстүм.
- Доҕоор, кырдьык алҕас тылластым, атыны кэпсэтиэх, ыт сиэтин ити
политиктары, хайдах да буоллунар.
- Атыны, киһи кэпсэтиэх айылааҕа туох баарый? Оҕолорбун – түөрт эр
киһини атын дойдуга ыыппыппыттан кэмсиммэккэ олоробун. Киһи төрдө
буолуохтара, түөрт аҕа ууһун төрүттүөхтэрэ. Кинилэргэ биэрэн өлөттөрөн,
эбэтэр кэлиэкэ оҥотторон бэрт. Аҕа дойду сэриитигэр аҕам да баран өлбүтэ
сөп, эргиллибитэ буоллар бииргэ төрөөбүттэрдээх буолуом этэ. Соҕотоҕун
үйэбин моҥоон эрэбин. Мин эрэ да буолуом дуо, тыһыынчанан дьон оннук
дьылҕаланнахпыт. Сэрии иэдээнин билигин да өйдөөбөттөр, ол содулун
билигин да оһоруна иликпит. Салалтабыт ааспыт сэрии ночоотун ааҕан-
суоттаан, ахсааммыт аҕыйаҕын этэн, өрүттэ иликпитин дакаастаан
Арассыыйа салалтатыгар оҕолору ылбат туһунан көрдөһүү түһэрээрэй диэн
көһүтэн көрдүм да - ол суох. Онно сокуону кэһии суох ээ, муҥутаатаҕына
аккаастаан ыытыахтара буолуо.
- Салалтабыт оннукка барба-ат. Бэйэтэ буолбатаҕына араадьыйата,
тэлэбиисэрэ сэриигэ барарга аҕытаассыйа бөҕөтө, оччо харчыны өлөрөҕүт,
бачча уйгуотаны ылаҕыт диэн буолан иһэр. Киһи эрэ ымсыырыах курдук.
Биир киһибит дьоруой аатын сүктэ.
- Бэйэҥ да ымсыыран бардыҥ дуу, тугуй? Ол дьоруой оҕо бөҕөнү
сэриигэ илдьэн уокка умса аста дииллэр. Онтон төһөтө өлбүтэ, сэмнэх
буолбута биллибэт. Отчуоттатыахха баара! Билигин да сэриигэ барарга
аҕытаассыйалыы сылдьар дииллэр. Кини да угуйуута суох барааччы барыа
этэ, арай ахсааннара, өлөөччүтэ аҕыйах буолуо ини. Ити киһиҥ өссө
оҕолорбут эргиллэн кэллэхтэринэ тарбаҕынан ыйыталыа. Өйүн-санаатын
таһыма билиэ буолуо. Дойдуларыгар төннөн кэлээччилэргэ сэриигэ
кыттыбыттары утары туруортуур буоллаҕына кэпсэтии атын буолуо. Бэйэм
аахсыам, кини дьоруойуттан куттаммаппын, сүтүктээх ийэлэр да кырыыстара
киниэхэ тиийиэ дии саныыбын - абааһы эмээхсинэ сирэйэ-хараҕа турда,
синигэр түспүт көрүҥнэннэ.
Оҕолорун, сиэннэрин тустарыгар өлөрүн да кэрэйбэтин билэр суолум.
Эмиэ тоҕо да сэриини ыатараммын ыалдьар сирин таарыйбытым буолла.
Эмиэ буккуллуу... Тугу этэммин уоскутабын, санаатын аралдьытабын?... Хата
бытыылкам чугаһаабыт, аҥаарын ааспыт...
- Доҕоор, сотору быыбардар. Бу сырыыга киһилии, балыыра суох
быыбар ыытыллар дииллэр. Үтүө Ил Дарханы, дьокутааттары таллахпытына
олох уларыйыа этэ. Эн туох дии саныыгын?
- Оо, дьэ! Итини саатар ол үөлээннээх түөһээҥкилэриҥ быһааран
биэрбэттэр дуо? Туох уларыйыыта тахсыай, суох буоллаҕа. Быыбар сокуонун
көрдөрөн туран кэһэн аҕытаассыйалаан эрэллэрин көрбөккүн дуо? Ил
Дарханы аҕытаассыйаалаабыттара икки сыл буолла. Сарсыардаттан
киэһээҥҥэ диэри салалтаны хайҕааһын, Ил Дархан да, Ил Дархан. Бэйэтэ ону
буойбат, хата бэйэтин кэпсэнэрэ бэргээн, сэтэрээн иһэр. Иван Луцкан диэн
уолу көрөҕүн дии. Хас да сыл буолла, ханна олордуохтарын, гыныахтарын
билбэт үлүгэрэ. Ил Түмэн дьокутаата оҥорон уоскуйаа инилэр.
- Кырдьык да ити уолтан салгыбыппыт ыраатта, кэпсээнэ, биллэ-көстө
сатыыра сүрэ бэрт. Ил Түмэҥҥэ дьокутааттаатын ээ, сынньаныа этибит.
Дьэ, итинник түҥ-таҥ кэпсэтэ олороохтуубут, биһигини ким да истибэт.
Арай, Борис Нажеждины хайыыллар... Көрөө инибит.
Отох УЙБААН 20.06.2023 с.
|
Category: Юмор, сатира, критика |
Views: 2441 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 29 Ыалдьыттар (гостей): 29 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|