Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2023 » От ыйа » 3 » Ыһыах уратылаах өрүттэрэ Дьон-сэргэ ытык сирдэргэ сылдьан салама ыйаатылар, туҥуй (кыра), эбир (орто) ыһыахтар ыытылыннылар, аны, бэс ыйын
Ыһыах уратылаах өрүттэрэ Дьон-сэргэ ытык сирдэргэ сылдьан салама ыйаатылар, туҥуй (кыра), эбир (орто) ыһыахтар ыытылыннылар, аны, бэс ыйын
17:00
Ыһыах уратылаах өрүттэрэ

Дьон-сэргэ ытык сирдэргэ сылдьан салама ыйаатылар, туҥуй (кыра), эбир (орто) ыһыахтар ыытылыннылар, аны, бэс ыйын 22 күнүттэн от ыйын 12 күнүгэр диэри үһүс тунахха, дэлэй (улахан) ыһыахтар саҕаланнылар.

Ыһыах диэн, былыргытыгар, баһыттан-атаҕар диэри итэҕэлгэ сыһыаннаах тэрээһин буолар. Ол курдук, кэскил кэҥиирин саҕана, түөрт мастаах түһүлгэлээх Дэлэй ыһыаҕы дэбилитэн тэрийээччиннэн быйылгы дьылбыт таҥаратын – Дьөһөгөйү ааттыыллар. Бу кэмҥэ Айыы суола хаһааҥҥытааҕар да арыллар. Иэйэхсит тыына кэлэр. Үрүҥ Айыы тыына түһэр. Бу тыын илиҥҥи тыал иччитин тыына буолар.

Ыһыах төрдүнэн буолаллар: Үрүҥ Айыы Тойон – Дьөһөгөй – Эллэй Боотур. Үрүҥ Айыы Тойон сахаҕа барыны бары айбыт таҥара. Саха итэҕэлэ киниттэн саҕаланар. Онтон ыһыах – айыы итэҕэлин саамай улахан туома. Бу туомтан саҕалаан ыйдааҕы туомнар үөскүүллэр. Атын туомнар эмиэ киниттэн үөскүүлэр. Дьөһөгөй – Үрүҥ Айыы Тойон уола, көмөлөһөөччүтэ. Кини сылгы таҥаратын быһыытынан биллэр. Онтон ыһыах сылгыны кытта ыкса сибээстээх сиэр-туом. Сылгы саха норуотугар ураты суолталаах. Саха бэйэтин даҕаны сылгынан ааҕар. Дьөһөгөй биир өттүнэн хаһаайыстыбаны тэрийии таҥарата буолар. Эллэй Боотур сирдээҕи бастакы ыһыаҕы тэрийээччи. Ол туһунан мэлдьи этиллэр.

Дьэ, ити тутулу, бэрт хойуккааҥҥа диэри Аан намыһын алгысчыттары солбуйбут улуу айыы ойууттара тутуһан кэлтэрэ. Олортон аатырбыт, Дыгын кэннэ олорбут Айыы үөрэҕин тутуһар Сааргыл ойуун кэнчээри ыччакка анаан, саха омугун алгыыр күүһэ баччааҥҥа диэри үтүө сабыдыала биллэ турара үһү. Атын да айыы ойууттара Үрүҥ Айыы тойоҥҥо анаан эппит алгыстара кэнэҕэски кэмҥэ диэри дурда-хахха, өйөбүл буолаллара.
Холобура, Өрүүкээн баай ыһыаҕар Дойудуус ойуун алҕыырыгар этиллэринэн: Хаһан эрэ, үс халлаан үрдүгэр, үкээр-куйаас тыыннаах, үс куттаах, үстээх соноҕос курдук Үрүҥ Айыы Тойон икки күнү икки гына сыҕайан баран үһүс күнү айан сир-халлаан икки ардыгар олохтообут, үс маҥан төҥүргэстэн үөскээбит үтүө-мааны саха дьоно үүнэ-тэнийэ туруҥ диэбит.

Билигин, Айыы үөрэҕин тутуһар Аан намыһын алгысчыттар уһуктубут кэмнэригэр, аны кинилэр алгыс тыллара дьон-аймах олоҕун тупсарыах кэриҥнээхтэр.

Уопсайынан, алгыс диэн айар, үөскэтэр, үүннэрэр тыл. Бу тылы айыылар этэллэр. Аан маҥнай алгыһы Үрүҥ Айыы Тойон эппит. Кини алгыһыттан Айыы суола диэн арыллыбыт, Орто Дойду оҥоһуллубут. Айыы дьоно эмиэ алгыска олоҕуран үөскээн сылдьабыт дэнэр.

Олоҥхоҕо этиллэринэн, Айыы тоҕус халлаана айыллыбытын кэннэ Айыы дойдуттан арахсан Онус дойду оҥоһуллубут, ону Орто Дойду диэн ааттаан кэбиспиттэр. Орто Дойдуну ол үйэ саҕаттан ойуулаан кэбиспиттэр.
Ойоҕолоон сүүрэр ыйдаах, охтон бараммат мастаах, уолан бүппэт уулаах, уостан сүппэт уйгулаах, Орто туруу Дьаҕыл дойду, диэбиттэр.

Үрүҥ Айыы Тойон дьээ-буо диэн ырыата Орто дойдуга киирэн Орто дойду ырыата буолбут. Бу аан дойдуга от-мас сүрэ, кыыл-сүөл сүрэ, айыы киһитин кута-сүрэ барыта Айыы тохсус халлааныгар айыллар дэммит.
Үрүҥ Айыы Тойон үрүҥ тыынын түһэрэн Орто дойдуну ойуулаабыт, Күн сирин көҕөрдүбүт, үрүҥ тыынын кытары от-мас сүрэ, Айыы суолун устун, Орто дойдуга киирэн от-мас буолан торолуйбут, хамныыр-харамай кута Айыы Суолун устун Орто дойдуга киирэн кыыл-сүөл буолан үөскээбит.
Орто дойду дьолун харыстаатыннар, Айыы дьонун араҥаччылаатыннар диэн, Аан Алахчын хотун бэйэтин оҕолорун Иччи оҥортоон Орто дойдуга киллэрбит. Үрүҥ Айыы Тойон үрүҥ тыынын кытары Айыы киһитин Ийэ кута эмиэ Орто дойдуга киирэн Айыы киһитэ буолан, Орто дойду Баһылыга  буолан олохсуйбут. Аан бастаан Айыы дьоно бу орто дойдуну буулаабыт абааһылары үүрбүттэр, Ньургун Боотур, атын айыы бухатыырдарын кытта абааһы аймаҕын самнаран Аллараа дойдуга утаарбыттар.
Ол кэнниттэн Айыы дьонун отут биэс бииһин ууһа, Орто дойду былаһын тухары тарҕаан омук-омук буолан олохсуйан испит. Саха дьоно сүөһүлэрин үүрэн, баайдарын-дуолларын тиэйэн, үүт-өрүс устун түһэн Киэҥ Туймаада Хочотугар Саргылаах Сахсары Кытылыгар олохсуйбуттар.
Бу кэмҥэ сору сототунан солоон, эрэйи эҥээринэн тэлэн Эр Соҕотох Эллэй Боотур тиийэн кэлбит, Саха дойдутун саргытын олохтуур Ыһыах ыспыт. Ити курдук Үрүҥ Айыы Тойон дьээ-буо ырыата Дьоллоох Туймаада Хочотугар дьиэрэйэн Саха сирин саргыта буолбут диэбиттэр.
Эллэй Боотур Ыһыах ыспытыгар үүт өрүспүт иччитэ илэ-чахчы кэлэн эҕэрдэ эппит Эллэй Боотур Ыһыах ыспытыгар Соҕуруу Ытык Хайаҕа Дьөһөгөй Тойон илэ чахчы түһэн сылгы сүөһүнэн алҕаабыт, Хотугу Ытык Хайаҕа Ынахсыт Хотун илэ-чахчы түһэн ынах сүөһүнэн тускулаабыт.

Эллэй Боотур Ыһыах ыспытыгар Чочур Мырааҥҥа олорор Туймаада иччитэ, илэ-чахчы кэлэн Урааҥхай сахаҕа уруйун биэрбит. Ити курдук Саха дьоно бу Туймаада хочотугар Тойон сэргэлэрин томточчу туруоран, Дойду төрдө оҥостубуттар.
Туймаадаттан саҕалаан Эҕэрдэлээх илин эҥээр диэн үөскээбит. Бу эҥээр аартыга Илиҥҥи улуустарга тиийэн баран Дьааҥы суола буолан тыраадыйбыт, Индигиир, Халыма суола буолан эҥээрдэммит, Туймаадаттан саҕалаан, Соргулаах соҕуруу аартык диэн үөскээбит, бу аартык Эркээнинэн эргийэн, Өлүөхүмэнэн төгүрүйэн, Киэҥ Арассыыйаҕа тиийэ тыраадыйбыт, Туймаадаттан  саҕалаан, Алгыстаах арҕаа аартык диэн үөскээбит, бу аартык Үс Бүлүүнү кэрийэн, Эдьигээнинэн эргийэн, Өлөөнүнэн өксөйөн Таймыырга тиийэ тайаабыт.
Туймаадаттан саҕалаан Хоһоонноох хотугу аартык диэн үөскээбит, бу аартык Эҥсиэлинэн эргийэн, Кэбээйигэ тиийэ кэрийбит, Булуҥҥа тиийэн муҥутаабыт. Дьэ, ити курдук, Саха дьоно уруу-тараа буолан, тымыр-сыдьаан тарҕанан, Хоту-соҕуруу көһөн, Илин-арҕаа баран, Айыы бэрээдэгин олохтоон, Саха дьаһалын тэнитэн, Үс саха буолан, Төрүттэнэн испиттэр эбит.

Ыһыаҕы айыыларга хайыһыыттан саҕалыыллар. Илин диэки хайыһан, харахтарын симэн бараннар Айыы дойдутугар тахсалларын дьүһүйэн көрөллөр. Күп-күөх сибэккиилээх хонууну, Хаҥаайы Хайатын, былыргы, сахалар олоро сылдьыбыт, бүппэт сайыннаах Чээл Быраан дойдутун.
Онно Күн Дьөлдьүүт дьон, Айыы Намыһын удаҕаттар, үс халлаан үрдүгэр олорор, үүт маҥан эттээх-сииннээх үрүҥ суругу суруйар Үрүҥ Элкэнэй – Үрүҥ Өлкөнү, Кэнэй Тойон тыыннарын билэллэр, сүр иҥэринэллэр.
Үрүҥ Элкэнэй диэн үрдүкү таҥара өссө биир, үһүс туспа аатаах, кини бэйэтин иһигэр Үрүҥ Өлкөнү уонна Кэнэй Тойон диэн арахсан ааттанар. Туһааннаах омук үрүҥ-хара суругун суруйар үрдүкү таҥара биир көстүүтэ буолар. Уһун Дьурантаайы суруксуту кытта буккуйар сатаммат, кини дьылҕа суруксута буолар. Суруксуттар элбэхтэр, олору биир курдук өйдөөтөххө кини Омоһума диэн ааттанар, онтон элбэх курдук өйдөөтөххө от-мас иччитэ Ойуу-Бичик оҕолорго кубулуйар. Кини, эбэтэр кинилэр, Үрүҥ Айыы көрүүтүнэн суруйан кэбиһэллэр. Онтон ити сурук ааҕыллыыта диэн олорон иһии буолар. Барыта суругу суруйбуттарын хоту олоробут. Бэйэбититтэн тутулуктаах – сырдыгын-хараҥатын көбүтүү.

Күн Дьөлдьүүт дьон, Айыы Намыһын удаҕаттар – сардаҥа дьонунан ааҕыллаллар. Кинилэр өйдөрө-санаалара, тыллара, туттуулара алгыс буолан аан дойдуну тутан тураллар. Орто дойдуга улахан алдьархай буоллаҕына, дьону быыһыы түһэллэр эбит.
Айыы Намыһын удаҕаттар биир уратылара диэн алгыстаах буолаллар. Алгыстарынан сири-уоту тупсараллар, ыарыһаҕы үтүөрдэллэр. Күн Дьөлдьүүт дьон Айыы Дьаргыл ойууттар дэнэллэр. Бу кэнниттэн атын айыылар кэлэллэр. Кинилэр, Үрүҥ Айыы Тойон дьонун-сэргэтин кытта олорор айыы халлаанын тохсус хартыгаһыттан – аллараа хартыгастарга олороллор. Кинилэр бааллара таҥара араастаан көстөрүн санатар. Ол аата киһи таһымыгар сөп гына онно сөптөөх дьүһүннэнэн иһэр. Барыта тоҕус дьүһүннээх. Онтон саамай толору дьүһүнэ тохсус халлааҥҥа эрэ баар. Ити курдук айыы суолун устун аллараа, Орто дойдуга түһэр. Манна айыылар – ол аата кыра таҥаралар ааттарын иһигэр араас өҥнөөх ааттаах таҥаралар бааллар.

Орто дойдуга бэйэтигэр эмиэ Үрүҥ Айыы Тойон оҕолоро иччи буолан олороллор. Иччилэр бары айыы дьонун дьолун оҥороору олороллор. Онтон дьоннор Үрүҥ дьөһүөлдьүттэрэ – ол аата арыаллаан сылдьааччылара бахсылар, аан намыһын алгысчыттар буолаллар. Дьөһүөллэр түөрт таһымнаахтар, итэҕэл туомнарын ыыталлар.

Афанасьев Л.А.-Тэрис суруйууларыттан уо.д.а. архыып источниктартан таҥан оҥордо СӨ Национальнай архыыбын докумуоннары туһаныыга отделын начальнига Корякин П.И. Таҥ Бүө.
Category: Ыһыах, олоҥхо | Views: 2336 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  От ыйа 2023  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 21
Ыалдьыттар (гостей): 21
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024