СОЙУОЛАҺЫЫ ХАҺАН ТОХТУУРУЙ?
Быйыл муус устар ыйга (2023 с. 6-11к.) ”Криминальная Якутия” хаһыат “В Алданском районе Якутии незаконно добывали базальтовые камни” диэн төбөлөөх таһаарбыт кылгас суруйуутун аахпытым. Кыракый суруйуу ис хоһооно сөхтөрбүтэ. Төһө да өр кэм ааспытын иһин, хаһан эрэ геолог үөрэхтээҕим, ситэрэн эттэххэ, Алдан эргин хайалары эт атахпынан мээрэйдээбитим эмиэ баара. 1964 уонна 1965 сыллар сайын манна ураны чинчийиигэ практикаҕа сылдьыбытым, таарыйа сүлүүдэ хостонор сирдэрин эмиэ көрөрбүт.
Сөҕүөм иһин, хаһыат ити матырыйаалын хаста эмэтэ хатылаан таһаартаата. Матырыйаал сырыы ахсын Экология министиэристибэтин сирэй салалтатын (миниистирдэр Сахамин Афанасьев уонна Евгений Перфильев) уонна, хайаан да, Егор Жирков хаартыскаларынан “киэргэтиллибит” буолар. Хаһыат бу боппуруоһунан маннык дьаныһан, арахпакка дьарыктанара миэхэ кырдьык да интэриэһи үөскэттэ.
Бэйэм өйдөөбүппүнэн, ыстатыйа хас сырыы аайы ааҕааччыга судургу соҕус биири соҥнуур: 2016 сыллаахха Уһук Илиҥҥэ биир гектар сири биэрэр сокуоҥҥа олоҕуран 10 киһи кыттыһан Алдан хайатыгар сир ылбыттар уонна онно базальт хостоон барбыттар.
Экология министиэристибэтэ кырдьык, сокуоҥҥа олоҕуран, 10 гектар сири уон кыттыгаска дуогабар быһыытынан биэрбит. Итини быйыл сааһы быһа хаста эмэтэ хатылаан, үрүт-үөһэ салгыбакка суруйуу бөҕөтө. Айылҕаны харыстыыр прокуратура (Природоохранная прокуратура) былаһын тухары “незаконно добывают базальт” диэн тылы туттар уонна Экология министиэристибэтэ дуогабары көтүрэрин модьуйар.
Урут эппитим курдук, Алдаҥҥа ити сирдэргэ сылдьыбытым уонна онно ханнык да базальт суоҕун билэбин. Муҥар, ити боруода оннук айылаах туһалаах баай да буолбатах. Магма сир анныттан, тоҕоостоох усулуобуйа суоҕуттан, үөһээ кыайан ыга анньан тахсыбакка сир сорох араҥатыгар киэҥник тарҕанар (интрузив). Оттон үөһээ тахсар түбэлтэтигэр киэҥ сиргэ саба халыйар (эффузив). Балар үксүгэр базальт уонна диабаз диэн хайа боруодатыттан тураллар, геологтар кинилэргэ трапптар (“траппы”) диэн уопсай аат биэрбиттэрэ.
Трапптар муоралар түгэхтэрин сабардыыллар, муоралар үгүс арыылара базальтан тураллар. Арассыыйаҕа, ордук Сибиир платформата диэҥҥэ 1 млн. кв.км трапп сабардаан сытар, ол иһигэр Саха сиригэр Бүлүү тардыыларынан, билиҥҥи Айхал, Удачнай о.д.а. эргин, сүүһүнэн кв. км. сири тайаан аһаҕас сыталларын көрөбүт. Удачнайга ханнык баҕарар самолет түһэр аэродромун трапптары үлтү тэптэрэн оҥостубуттара, онтуларын билигин да трапптарынан эрэмиэннииллэр. Онуоха бу туһалаах баай диэн лицензия ылбаттара биллэр.
Геологтар классическай үлэлэригэр трапптар Өлүөхүмэттэн илин диэки (Алдан диэки) суохтарын ыйаллар.
Мин этиилэрбин билиҥҥи геологтар ситэриэхтэрин, чуолкайдыахтарын сөп. Прокуратураҕа базальтар диэн туохтарын геологтар эппэтэхтэрэ, консультациялаабатахтара, эбэтэр прокуратура бэйэтэ билэ сатаабатаҕа буолуо дииргэ сүөргү, киһи итэҕэйбэт. Онон, прокуратура сыала-соруга арыый атыҥҥа быһыылаах, ким эрэ кигиитинэн дуу, анал сорудаҕынан дуу сууту бутуйар, атын өйдөбүлү биэрэр, анаан сонордооһун ыытыллар эбит диэн санааҕа кэлэҕин. Ити мин сабаҕалааһыным. Ким баҕарар сабаҕалыыр бырааптаах, ону сокуон боппот (сууттарга “предположение” дэнэр).
Сокуон этэринэн, 1 гектары ханнык да туһалаах баай баар сиригэр биэрбэттэр, компьютерга барыта киирэн ыйылла сылдьар. Онно ханнык баҕарар оройуоҥҥа тарбаххынан ыйдыҥ да, 1 гектар сири талбыккынан ылбаккын, ханнык эмэ туһалаах баай баар буоллаҕына компьютер тута “этэн биэрэр”, көҥүллээбэт. Судаарыстыба бу ирдэбили кытаанахтык тутуһар. Ити этэр сирдэригэр ханнык да базальт суох. Арай сүлүүдэни хостообут тобохторо (бөх) баар, ол туһалаах баайга киирсибэтинэн ону ыраастаан сири чөлүгэр түһэрэргэ ханнык да лицензия ирдэммэт. Экология министиэристибэтэ сири чөлүгэр түһэриигэ интэриэстээҕэ биллэр, ол иһин түһэрсибит дуогабарын көтүрүөн баҕарбата буолуо. Ити үрдүнэн прокуратура тоҕо дьаныһан туран сокуоннай дуогабары көтүттэрэ сатаата?
Итинник уопсай санааҕа кэлэ сылдьан хаһыакка харса суох сырдатылла, үрүт-үөһэ дьэбэлэйдэнэ турар дьыала дьиҥ иһэ хайдаҕын билэргэ санаммытым уонна итиннэ сыһыаннаах аҕыйах докумуону кытта билистим.
Айылҕа харыстабылын прокуратурата (солбуйааччы – А.Б.Шибина)2022 сыл сэтиньи 18 күнүгэр куорат суутугар ирдэбил түһэрбит докумуона баар. Эппиэттээччинэн Экология министиэристибэтэ ыйыллыбыт. Үҥсүү ис хоһооно “эриллэҕэс” соҕус курдук өйдөөтүм: Дьокуускайтан уон киһиэхэ 10 гектар сири 2016 сыллаахха 5 сылга болдьохтоох министиэристибэ сыыһа биэрбит. Ол болдьоҕо 2021 сылга туолбутун кэннэ дуогабары уһатан сири салгыы 49 сыл туһанары көҥүллээбит. Прокуратура бэрэбиэркэлээбитинэн, сири арендаҕа ылбыт дьон ити сылларга лицензията суох базальт хостоон эргиммиттэр, элбэх дохуоту ылбыттар.
Дуогабар көтүрүлүннэҕинэ сири арендаҕа ылан базальты хостообут дьону сууттуурга, хаайыыга угарга суол аһылла түһүөхтээх диэн ис хоһооннох ирдэбил прокуратураттан түспүт курдук өйдөөтүм. Оттон 10 гектар сири арендаҕа ылбыт “хамаанда” баһылыга, бары билэр киһибит Егор Жирков эбит. Ол иһин Егор Петрович хаартыскатын хаһыакка сырыы аайы Экология министиэристибэтин миниистирдэрин кытта бииргэ таһаараллара өйдөннө. Айылҕаны харыстыыр прокуратура маннык суруйуулара баарын аҕалыым: ”...на участке ООО “Сахабазальт”, ООО “Минеральное промышленное сырье” производились работы по добыче базальтовых камней с дальнейшем их дроблением посредством дробильной установки для реализации в г.Покровск”; “...Таким образом установлено, что вышеназванный участок в период с 2015 по 2021 годы использовался неустановленными лицами для незаконной добычи и реализации базальтового сырья в коммерческих целях в г.Покровск Хангаласского района Республики Саха (Якутия) для последующего изготовления минеральных плит”. Манна Егор Жирков туох сыһыаннааҕын өйдөөбөтүм, кини ити кэмҥэ ООО “Сахабазальт” тэрилтэҕэ үлэлээн уурайбыт кэмэ.
Арай манныгы санаан ыллым. Кинини М.Николаев Өймөкөөҥҥө сүрүмэ хостото ыыппытын, онно 90-с сылларга урусхалламмыт тэрилтэни атаҕар туруоран улахан барыстаах, республикаҕа миллиардынан дохуоту киллэрэр “Сарылах-Сурьма” диэн тэрилтэни тэрийбитин уруккуттан билэрбит. Хомойуох иһин, Штыров ол тэрилтэни чааһынайга атыылаан кэбиспитин эмиэ. Ити кэнниттэн 2010 сыллаахха Покровскайга базальтан плита оҥорор собуоту тэрийэн үлэлэтэргэ “Республикатааҕы инвестиционнай хампаанньа” (“РИК”) Егор Петровиһы сорудахтаабыт, кинини тэрийээччи-дириэктэринэн анаабыт. “Сахабазальт” (“Завод базальтовых материалов”) тэрилтэни атаҕар туруоран үлэлэтэн, дохуот киллэрэн эрдэҕинэ кинини 2015 сылтан үлэлэппэтэхтэрэ. “РИК” 2020 сыл кэннэ, сатаан салайбакка, собуоту тохтоппутун туһунан суруйбуттара.
Манна икки түгэни чуолкайдыыр наада. Бииринэн, Покровскай чугаһынан дьиҥнээх базальт эмиэ суох. Онон тэрилтэ “Сахабазальт” диэн ааты хара маҥнайгыттан сыыһа ылыммыт, буккууру да таһаарбыт быһыылаах. Собуот сырье быһыытынан Сиинэҕэ онон-манан көстөр габбро-долерит диэн магматическай боруоданы туһаммыт. Иккиһинэн, собуот (Жирков) сырьены бэйэтэ хаһан да хостооботох, итинэн хайа дьыалатынан дьарыктанар анал сертификаттаах, лицензиялаах атын тэрилтэ дуогабар быһыытынан хостоон аҕалар эбит. Кэнники сылларга ити тэрилтэ Алдаҥҥа сүлүүдэ тобоҕун булан, собуокка сырье буоларын быһааран, үөрэтэн баран тиэйэн аҕалар буолбут. Онон сүлүүдэ тобоҕун туһанар, эбиитин сири ыраастыыр буолбуттар.
А.Б.Шибина ити, үөһээ ахтыллыбыт, ирдэбилин Дьокуускай куорат суута 2022 сыл ахсынньы 16 күнүгэр көрбүт уонна Экология министиэристибэтигэр дуогабары көтүрэригэр быһаарыы таһаарбыт. Онуоха министиэристибэ уонна Е.Жирков СӨ Үрдүкү Суутугар куорат суутун уурааҕын сыыһанан ааҕан көтүрэргэ үҥсүү (ааһыныы) түһэрбиттэр. Егор Петрович 14 страницалаах үҥсүүтүгэр барытын сиһилии быһаарбыт, ханнык да сокуону кэһии министиэристибэ да, кинилэр да өттүлэриттэн суоҕун дакаастаабыт. Онно барыта ыйыллыбыт: арендатордар испииһэктэрэ (10 “кимэ биллибэт дьон” дэнээччилэр); аренда иһин төлөбүр докумуоннара; экология министиэристибэтин бирикээһэ; Чекалин Ю.В. уонна Чекалин А.Ю. быһаарыылара; ылбыт сирдэригэр, ол чугас эргинигэр ханнык да базальт, эбэтэр атын туһалаах баай суоҕун туоһулуур Геологоуправление суруга, государственнай пошлинаны төлөөбүт о. да. а. справкалар. Ылбыт сирдэрин ыраастата сатыыллара эмиэ өйдөнөр.
Прокуратура (А.Б.Шибина) ити ааһыныылары утаран (возражения) СӨ Үрдүкү Суутун коллегиятыгар сурук түһэрбитэ баар. Ис хоһооно - урукку үҥсүү тыллара хатыланар.
Куорат суутун уурааҕа тахсаатын (16.12.2022 с.), 5 хоноот (21.12 2022), итини эрэ кэтии сылдьыбыт курдук, ИДьМ силиэстийэлиир управленията холуобунай дьыала тэрийэр. Ол маннык ис хоһоонноох:
ПОСТАНОВИЛ:
1. Возбудить в отношении неустановленных лиц уголовное дело по признакам состава преступления, предусмотренного пунктам “б” ч.2 ст.171 Уголовного Кодекса Российской Федерации.
2. Уголовное дело принять к своему производству и приступить к расследованию.
3. Направить копию настоящего постановления прокурору Республики Саха (Якутия).
Следователь по особо важным делам
майор юстиции _______________________________ А.В.Васильев
Копия настоящего постановления направлена прокурору Республики Саха (Якутия) “21” декабря 2022 г. в “20” час “00” мин.
Следователь по особо важным делам
майор юстиции _________________________________ А.В.Васильев
Дьэ, хайдах курдук тутуу былдьаһыыный ?!
Оруобуна маннык ньыма Афанасий Максимовтаахха туттуллубута. Ол эргийдэ дуо? 2008 сыллаахха (08.08.08.) Максимовтаахха, ааттара-суоллара ыйылла сылдьарын үрдүнэн, “кимэ биллибэт дьоҥҥо” диэн дьыала тэрийбиттэрэ. Бу түбэлтэҕэ албакаат орооһор бырааба суох. Онон сокуону куруубайдык кэһии, доппуруос, дьэгдьиир, Максимовы утары көрдөрүү модьуйуу, СИЗОҕа угуу, пыткалааһын оҥоһуллубута, Максимовка дьыала тэриллиэн иннинэ телефонун иһиллээбиттэрэ. Түмүгэр барыларын 8 сыл устата суукка соһон баран хаайыыга уга-уга таһаартаан сордообуттара. Министиэристибэ уонна Егор Жирков ааһыныыларын СӨ Үрдүкү Суута 2023 сыл кулун тутар 23 күнүгэр көрөн Дьокуускай куорат суута 2022 сыл ахсынньы 16 күнүгэр таһаарбыт уурааҕын көтүрэн кэбиспит. Ханнык да сокуону кэһии суох диэтэҕэ. Оттон тутуу былдьаһан тэриллибит холуобунай дьыала силиэстийэтэ баччааҥҥа диэри бара турар эбит. Арахсыбаттар...
Егор Жирковка тугунан өссө баайсыахха, хайдах гынан кини аатын ыытыахха, кинини политикаттан тэйитиэххэ, сууттуохха диэн төбөлөрүн сынньаллар курдук. Ол Экология министиэристибэтин кытта дуогабары көтүрдэххэ эрэ кыалларын өйдүүллэр буоллаҕа. Кэлин тиһэҕэр кинилэргэ Экология министиэристибэтин тобуктатыы кыаллыбыт. Министиэристибэ бэйэтэ 2021 сыл алтынньы 1 күнүгэр Егор Жирковтааҕы кытта илии баттаммыт 10 гектар сири 49 сылга биэрэр дуогабары дьиҥэ суоҕунан ааҕан Алдан куорат суутугар ирдэбил түһэрбит. Онон Экология министиэристибэтэ 10 гектар сири сокуон быһыытынан биэрэн илии баттаһан баран дөбөҥ баҕайытык 180 кыраадыс төттөрү эргийэн ирдэһээччигэ кубулуйбут. Алдан куорат суута (судьуйа Михайлова Т.Е.) 2023 сыл ыам ыйын 15 күнүгэр министиэристибэни өйөөбүт, дуогабары көтүрэргэ быһаарыы таһаарбыт.
Егор Жирков 2023 сыл бэс ыйын 17 күнүгэр СӨ Үрдүкү Суутугар Алдан куорат суутун уурааҕын сыыһанан ааҕан, үгүс даккаастабыллары киллэрэн көтүрэргэ көрдөһүү суругу (аппеляционная жалоба) түһэрбит. Ол ааһыныы түмүгэ тугунан быһаарыллара билигитэ биллибэт.
Оттон СӨ ИДьМ Силиэстийэлиир управленията холуобунай дьыала тэрийбитин күүһүгэр киллэрээри Үрдүкү Суут уурааҕа түбэһиннэрэр сыаллаах тахсарын күүтэн олорор буолуохтаах...
Егор Жирков өрдөөҕүтэ, Ил Түмэн дьокутаата эрдэҕинэ “саха бастыҥ дьонун, 1936 сыллаахха курдук, омуктаһыыга, сепаритизмҥа” буолбакка уоруунан, эбэтэр бизнеһинэн киирэн эһэ сатыахтара, сууттуохтара” диэбиттээх. Ол илэ бэйэтинэн кэллэ дуо?! Тоҕо эрэ, олохтоох каадырдар промышленность эйгэтигэр, тутууга, атын да салааларга талаһалларын тохтото сатыыр курдуктар. Холобур, Өймөкөөҥҥө хас да саха ыччата улуус салалтатыгар үлэлээн испиттэрэ тохтотолунна, алмаас хостуур улахан тэрилтэ салайааччытын В.Кычкины сууттуу сатаан туораттылар, Дьокуускайга дьиэ тутуутун баһылаабыт улахан специалиһы Г.Карамзины хас да сыл эккирэтэн сууттаатылар, Ньурба улууһун баһылыгын Б.Поповы хас да сыл устата суукка состулар. Билэр дьон манна үксүгэр арбитражнай суут нөҥүө быһаарыллыахтааҕы холуобунай дьыалаҕа кубулуталларын этэллэр. Бизнеһинэн эрэ киирбэттэрин көрөбүт: учууталларбытын “педофил” оҥортууллар, төннүбэт сирдэригэр ыыталыы сатыыллар. Оттон манна муҥур былаастаах республика аҕа баһылыгын дьиҥ сыһыана хайдаҕый? Республика суутун систиэмэтигэр Конституцияны тутуһуҥ диэн этэр бырааптаах дуо, бу муҥур баһылык? Кини сокуону тутуһары модьуйар толору бырааптаах, итиннэ андаҕар биэрбитэ. Арай андаҕары тутуһуу тоҕо эрэ көстүбэт.
Мин тус санаабар бу барыта Егор Жирковы тэрээһиннээх сойуолааһын. Ким маны тохтотор кыахтааҕый? Егор Борисов президент эрдэҕинэ Алексей Еремеевы аймаҕырҕаан уонна аҕата көрдөспүтүнэн быыһаан ылбытын билэбит. Оттон президент аймаҕа суох киһи таах балыллар дуо?
Айылҕаны харыстыыр прокуратура Алдан сиригэр Кытайтан тиийэ кэлэн көмүс хостуулларын, кимнээх эрэ “Луннай” диэн ураннаах учаастакка көмүһүн эрэ ылҕаан баран атынын (ураннаах руданы) үрэх кытылыгар дьаптайалларын, эбэтэр “АЛРОСА” ИГ (инвестиционнай хампаанньа) “үтүө өҥөтүнэн” маһы Кытайга атыылыылларын бопсоро, хонтуруоллуура буоллар махталлаах дьыала буолуо этэ. Хомойуох иһин, ол суох. Киин Алдаҥҥа мас аҕыйаатаҕа буолуо, Амма баһыгар мас кэрдэ кэлэ сатаабыттарын общественник-экологтар бакаа тохтоппут курдуктар. Ханна наадалаахха прокуратура үлэтэ тоҕо эрэ көстүбэт. Прокуратура оннооҕор куорат тулатын кыайан көмүскээбэт: аҕыйах сыллааҕыта кус түһэр ууларын бөҕү кутар сир оҥоһуннулар. Общественниктар этиилэригэр кыһамматтар, кэмигэр дьаһал ылбаттар. Ол түмүгэр куорат мээрэ Путиҥҥа тиийэн Дьокуускай аан дойдуга (ирбэт тоҥноох сиргэ) суох улахан, үтүө куорат буоларын туһунан дакылааттаан эрдэҕэ. Оттон Айылҕа харыстабылын прокуратурата үөдүйүөҕүттэн туох эмэ туһалааҕы оҥорбутун, дьаһайбытын экологтар өйдөөбөттөр. Арай ханна да суох базальты ирдэһэн хаһыаты бараатылар.
Иван БУРЦЕВ 10.07. 2023 с.
|