News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2023 » От ыйа » 20 » ВАЛЕРИЙ СТЕПАНОВ “МҮЧЧҮРГЭННЭЭХ СЫРЫЫЛАРА”
ВАЛЕРИЙ СТЕПАНОВ “МҮЧЧҮРГЭННЭЭХ СЫРЫЫЛАРА” | 18:11 |
ВАЛЕРИЙ СТЕПАНОВ “МҮЧЧҮРГЭННЭЭХ СЫРЫЫЛАРА”
Валерий Егорович Степанов Дьокуускай куорат суутугар киирэн туоһу быһыытынан тыл эппит. Бу “туоһу” этэринэн, Уус-Куйгааҕа тутуллан эрэр ККАС (Кыра кыамталаах атомнай станция) учуонай истиэпэнэ суох
А.Чомчоев олоххо киллэрэ сатыыр станциятыттан ордук үһү.
Арай биир өйдөммөтө
А.Чомчоевы ааспыт саас өлөрө сыспыттарын быһаарар суукка ККАС туох сыһыаннааҕа буолла? Эбэтэр Усть-Куйгаҕа ККАС тутарга А.Чомчоев идиэйэтэ мэһэй буолла дуу? Ол эрэ түбэлтэтигэр кини тыыныгар суудайыы ис
дьиҥэ өйдөнүөх курдук. Валерий Егорович суукка киирэн тыл этиитэ уонна Аппааныга кустуурга көҥүллээх дьон тоҕо Кэҥкэмэҕэ тиийэн соҕотох олорор киһини быһахтыы сатаабыттара атын тутуллаах, тыынар тыыннаахха куттала
суох станцияны туттарарга дьулуһууну кытта ситимнээх буолаарай?
Судьуйа холуобунай дьыалаҕа туох да сыһыана суох киһиэхэ тоҕо тыл биэрэ олордо?
Валерий Егорович “наука докторабын, ХИФУ профессорабын” диэбитин иһин дуо? Кини ханна тиийдэ да бэйэтин итинник билиһиннэрэр үгэстээх. Онуоха киэҥ өйдөбүлэ суох тойон, эбэтэр правительство үлэһитин сыһыана тута
уларыйа охсорун Валерий Егорович билии бөҕөтө. Судьуйа эмиэ бу “улахан учуонайы” быһа гымматаҕа буолуо. Сууттанааччы сууттааччыга кубулуйуох курдук, онуоха ким эрэ интэриэстээх дуо? Судьуйа быһахтаммыт, өлөрөргө
суудайбыт киһи тоҕо бачча тухары көҥүл сылдьарын быһаарыа дуо?
В.Степанов суукка киирэн тыл этиитэ - бу кини үгүс ахсааннаах
мүччүргэннээх сырыыларыттан биирдэстэрэ. Кини үлэтин, үгүс сырыытын
мин билбэхтэһэбин. Дьиктитэ, сууттанааччы Д.Ермолов кинини хайдах булан
ылан туоһу оҥоһунна? Киһини быһахтыыр кэмигэр Степанов онно суоҕа,
көрөн турбатаҕа эбээт. Степанов уонна тоҕо туоһу буолла, бандьыыты
көмүскээтэ? Дьэ, итинник ыйытыылар бииртэн биир үөскээн тахса тураллар.
Уһук сиргэ уопут да оҥордоххо туох буолуой
2007 сылга, Штыров президент эрдэҕинэ, Росатом Саха сирин син-биир
үктэннэрбитэ: бастакы президент М.Е.Николаев 1991 сыл сэтинньи 12 күнүгэр
таһаарбыт Саха сирин ядернайа суох зонанан биллэрэр уурааҕын көтүрбэккэ
эрэ куруубайдык кэһэн ККАС тутарга Сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттара. Араас
барыйааннар бааллара: Тиксиигэ, Депутатскайга, Черскэйгэ, Уус-Куйгааҕа,
Нежданинскайга, о.д.а. туһалаах баай хостонуохтаах сирдэригэр ККАС тутарга
дэммитэ, учуонайдар бөлөхтөрө тэриллибитэ. Салайааччы правительство
бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Г.Алексеев этэ (бу киһи Кемероваҕа
көһөн үлэлии сылдьан хаайыыга түбэспитэ). Бу кистэлэҥ аҥаардаах, мээнэ
кэпсэммэт, үгүс үптээх үлэҕэ А.Шадрин уонна В.Степанов ыҥырыллан
үлэлииллэр дииллэрэ.
Правительство тэрийбит ити үлэтигэр Аркадий Петрович тоҕо эрэ өр
үлэлээбэтэҕэ, туоратыллыбыта, онон Валерий Егорович хаһаайын буолбута
быһыылааҕа.
Минатом (билиҥҥи Росатом) урукку өттүгэр “Елена”, “КЛТ-40”, кэлин
“РИТМ-200Н” курдук ледоколларга анаан оҥорбут реактордарын ККАС
диэҥҥэ кубулутан, ордук 90-с сыллардааҕы кризис кэмигэр, ханна баҕарар
батарарга дьулуһара. Тоҕо эрэ итиннэ наар Саха сирин тала сатыыра
экологтары дьиксиннэрэрэ. Оччотооҕуга, 1991 сыллаахха биир мунньахха
Айылҕа харыстабылын госкомитетын бэрэссэдээтэлэ М.Е.Лукин
атомщиктарга туһаайан “боруобалыыр үлэҕитин Москваҕа ыытыҥ” диэн
айдааны тарпыттааҕа. Михаил Егорович “биһиги уопут оҥорор хоруолуктар
буолбатахпыт” диэн бырачыастаан итинник тылластаҕа буолуо.
Аркадий Шадрин үлэтэ
Аркадий Петрович ККАС үлэтин сүүрбэччэ сыл үөрэппит учуонай этэ.
Саха сиригэр киниттэн ордук бу дьыаланы билэр киһи суоҕа. КиниККАС-ны
олоххо киллэриигэ элбэхтик үлэлээбитэ. Ол тыа сириттэн төрүттээх киһи
дойдутун кыһалҕатын билэриттэн, ону аччатыан баҕата күүһүттэн буолуо.
Муҥар, ити саҕана Чернобыльга саахал тахсан элбэҕи толкуйдаабыт,
ырыппыт буолуохтаах. Реакторы манна аҕалан туруорар судургу
буолбатаҕын, аҕалыытын, илдьиитин, тобоҕун харайыытын ороскуотун
барытын суоттаабыта. Радиацияттан сэрэтиини умнубатаҕа. Урукку
реактордарга атомнай буомбаҕа туттуллар былдьаһыктаах плутоний
үөскүүрэ аан дойдуну долгутар. Аҥаардас кинини ылаары АЭС туттарааччы
баарын уорбалыыр буоллулар (холобур, Ираны). Онон сыаната, ороскуота
үрдүгүн кэрэйбэккэ АЭС хайа баҕарар көрүҥүн, таарыйа плутоний ылаары,
тутарга дьулуһуу баарын суруйаллар. А.Шадрин, бэйэтин кэмигэр ити
проблеманы анаан дьарык оҥостубут, чинчийбит киһи, итилэртэн мээнэҕэ
дьаархамматаҕа эбитэ буолуо.
Валерий Степанов үлэтиттэн
Мин Валерий Егоровиһы, төһө да ядерщик буолбатаҕын үрдүнэн,
элбэхтэ өйөөбүтүм, сыһыара сатыырым. Наука кандидата эрдэҕиттэн үлэҕэ
наһаа баҕалаах курдуга. Докторскайын суруйар кэмигэр ГКЧС тойонун
И.Полятинскайы кытта Москваҕа Росатомҥа командировкалаан турабын.
Биллин-көрдүн диэн. Иннокентий Алексеевич төннөн кэлэн баран “киһиҥ
специалистары кытта көрсөрбүтүгэр “а” да, ”б”да диэбэт, туох киһини
биэрбиккиний, көмө буолбата” диэбитэ. Онон мөҕүллэн турабын. 1996 сыл
саҥатыгар Москваҕа государственнай хамыыһыйа тэрийэн “Кристалл” уонна
”Кратон-3” сир аннынааҕы ядернай эһиилэр саахаллаабыттарын Росатомы
билиннэрбиппит. Ити иннинэ мэлдьэһэн тахсаллара. 10 күн үлэлиирбитигэр
Валерий Егоровиһы таах олорор, мөккүөргэ кыттыбат диэн эмиэ миэхэ
мөҕүттэллэрэ. Кинини хамыыһыйа састаабыгар мин киллэрбитим иһин
буруйдууллар. Алдаҥҥа баар уран рудатын чинчийиигэ дуогабар түһэрсэн
харчылаан ыыта сылдьыбытым. Отчуотун кэмигэр суруйан биэрбэккэ
муҥнаабыта, кэлин эрэ тиксэрбит үлэтэ хаачыстыбата быстар мөлтөҕө,
бэйэбит ситэрэн биэрбиппит. Таас Үрэх эһиилэригэр ыытыллыбыт этэрээккэ
сыһыарбытым эмиэ баара. “Мин наука докторабын, онон чэйи өрбөппүн,
иһити сууйбаппын” диэн турбут. Эмиэ мин буруйдаах буолбутум. Таас
Үрэхтээҕи эһиигэ, саахаллаах “Кратоҥҥа” уонна Алдан ураннаах сиригэр
оҕолору илдьэ сылдьыбытын туһунан бэйэтэ суруйар. Бу оҕо күүлэйдиир
сирдэрэ буолбатахтар, маны билбэт, өйдөөбөт эрэ киһи оҥоруохтаах. Мин
ити эһиилэри чинчиттэрэ Москва уонна Санкт-Петербург учуонайдарын
аҕалтыы сылдьыбытым. Олортон 4 киһим онкологияттан суох буоллулар.
1999 сылга Саха сиригэр ыытыллыбыт сир аннынааҕы ядернай эһиилэр
сирдэрин чинчийиигэ, чөлүгэр түһэриигэ үс өрүттээх (СӨ, Минатом уонна
АЛРОСА) дуогабарга илии баттаммыта. Ону олоххо киллэриигэ хамыыһыйа
тэрийэн былаан оҥорбуппутун В.Власов, В.Михайлов уонна В.Дюкарев илии
баттаан бигэргэппиттэрэ. Мин туруорсуубунан, Валерий Егорович баҕатын
толорон, былааҥҥа радиационнай-экологическай мониторинг ыытарга СГУ
иһинэн научнай киин тэрийэргэ уонна үлэ ыытарга пункт киирбитэ. Итиннэ
республика бюджетыттан 2005 сылга диэри үлэ ыытылларыгар 13,3 млн.
солкуобай көрүллэр буолбута. В.Степанов онон туспа үптээх, тутулуга суох
лаборатория тойоно буола түспүтэ. Правительство бэрэссэдээтэлэ В.Власов
илии баттаабыт харчытын ирдэһэн ылан былааннаммыт үлэни ыыппата
диэбиттэрэ. Аттестацияны ааспатах, млн. доллардаах анаалыс оҥорор тэрил
таах турар, кэлин алдьаммыт сураҕа иһиллэрэ. Профессор киһини лаборант
дуоһунаһыгар түһэрдилэр диэни эмиэ истибитим.
Итинник үлэлээх-хамнастаах киһини ХИФУ салалтата син өр тулуйбут,
кэлин үүрбүт сураҕын истибитим. Туһалыа, үлэлиэ диэбит киһим өнүйбэтэ.
“Кристалл” көннөрү эһии, ону термоядернай диэн күүркэтэр, дьону куттуур
диэн миэхэ үҥсүү түһэрбиттээх. Билигин, хойутаан да буоллар, “өйдөммүт”,
ити эһиини бэйэтэ термоядернай диир буолбут.
Учуонай буолбатах А.Чомчоев уонна да атыттар
А.Чомчоевы учуонай буолбатах диэн суукка тыл эппит, ол холуобунай
дьыалаҕа туох сыһыаннааҕын быһаарбатах. Анатолий Игнатьевич А.Сахаров
үлэлээбит кистэлэҥ Обнинскай куорат учуонайдарын (Росатом) кытта
үлэлиир. Бу күннэргэ миэхэ Санкт-Петербургтан билэр ядерщигым
телефонныы сырытта. Чомчоев үлэтин кинигэ (брошюра) оҥорон таһаара
сатыа этэ, Америкаҕа кинилэр ньымаларын курдугу туттан куттала суох ККАС
айан олоххо киллэрэллэрэ хаалбыт үһү диир. Ол аата президеннэрэ Д.Трамп
2019 сыллаахха таһаарбыт уурааҕын толорон гааһынан сойутунар ККАС
оҥордохторо. Санкт-Петербург ядерщига Чомчоев үлэтин сурукка
киллэрдэҕинэ анараа дьонтон туох уратылааҕа уонна идея Саха сиригэр
үөскээбитэ “тоһоҕолонуо” этэ диэн санаалаах. Онон А.Чомчоев идеята Саха
сиригэр регистрацияланара (“Пропискаланара”) наадалааҕын сөпкө этэр.
Билигин Арктиканы баһылыыр кэм тирээн кэллэ, онно энергия наада. Улахан
кыахтаах хампаанньалар кэлэн эрэллэр. Кинилэр Чомчоев куттала суох,
плутонийы таһаарбат станциятыгар 50 млн. солкуобайы биэрэри
кэрэйиэхтэрэ суоҕа. Оттон В.Степанов миллиардынан сууммалаах, үгүс
проблемалаах “Ритм-200Н” атомнай станцияны Көчүүс көмүһүн (омукка
атыыламмыт) хостотоору олоххо киллэрэ сатыыр. Кини В.Штыровка уонна
Г.Алексеевка “профессорбын” диэн киирбитигэр ытыс үрдүгэр түһэрдэхтэрэ
диэн таайаҕын. Төһөлөөх суругу, үҥсүүнү киллэрбитин эмиэ таайа саныыгын.
Валерий Степанов наука дуоктара буоларынан өрүүтүн өҥнөнөр.
Манна сыһыаннаан элбэҕи этиэххэ сөп. Александр Леонидович Яншин диэн
улуу геолог баара. Киниэхэ учуонай истиэпэнин диплома суоҕа,
диссертацияны көмүскээбэтэҕэ эрээри академик, ССРС Наукалаларын
Академиятын вице-президиэнэ буолбута, ол аата аан дойдуга аатырбыт
Академия президиэнин солбуйааччы этэ. Ыраата барбакка Саха сирин
ыллахха биһиэхэ да диплома суох учуонай элбэх. Холобур, Михаил
Спиридонович Иванов - Багдарын Сүлбэ, Михаил Петрович Алексеев –Дапсы
научнай үлэлэрин учуонай эйгэҕэ бары туһаналлар. Василий Иванович
Оконешников (“көннөрү гений”) үлэлэрин аан дойду учуонайдара
билинэллэр, туһаналлар. Биллэр суруналыыс Иван Игнатьевич Николаев
“Происхождение народа Саха и его геокультурного комплекса” диэн үлэтэ
таҕыста. Саха историческай наукатын биллэр, уһулуччулаах деятеллэрэ, наука
доктордара Анатолий Игнатьевич Гоголев, Анатолий Николаевич Алексеев
биһирээтилэр, билиннилэр. Кинилэр учуонай буолбатах эрээри суруйаҕын
диэбэтилэр, сэнээбэтилэр. Улахан учуонайдар уратылара итиннэ сыттаҕа.
МГУ-ны өрдөөҕүтэ бүтэрбит Слепцов Петр Прокопьевич диэн физиктээхпит.
Кини “Кратон-3” эһиигэ төһө плутоний тахсыбытын суоттаан биэрбитин киин
институттар хас да учуонайдарыгар көрдөрбүтүм. Учуонай дуо дииллэрэ,
сөҕөллөрө, Петр Прокопьевич көннөрү физик буоларын итэҕэйбэт этилэр.
Оттон Анатолий Игнатьевич эмиэ диплома суох учуонай буоларын Росатом
ааттаахтара итэҕэйэн олороллор, бииргэ үлэлииллэр. Обнинскайга,
Москваҕа, Дьокуускайга куттала суох ККАС олоххо киириитин Концепсиятын
оҥорбуттарын бу илиибэр тутан олоробун. Маннык үлэ профессор
В.Степановка баарын билбэтим. Кини биир эмэ дириҥ ырытыылаах, этии
киллэриилээх монографияны, эттээх-сииннээх ыстатыйаны суруйбута тоҕо
эрэ көстүбэт. Кистиирэ дуу? Улуу учуонайдар Эйнштейны, Сахаровы киһи
эмискэ өйдөөбөт дьоно, оннооҕор “бырахтарыылаахтар” дииллэр эбит.
Баҕар биһиги В.Степановпыт эмиэ оннукка киирсэрин өйдөөбөппүт буолуо...
2007 сылтан саҕаламмыт үлэ кыайтарбакка кыйаханан дуу, эбэтэр 2018
сыллаахха Айсен Николаев Росатомы кытта Сөбүлэҥҥэ илии баттаабыта
улахаҥҥа ууруллан дуу, тиһэх миэрэ ылыллар быһыылаах. Республикаҕа
харчы элбэх, сүүһүнэн мөлүйүөн доллардаах ККАС (“РИТМ-200Н”) тутуутун
уйара буолуо. Ол да буоллар киһини быһахтаабакка,В.Степановы суукка
киллэрэн куолулаппакка этэр станцияларын тутар буоллахтарына
тутуохтарын.
Иван БУРЦЕВ 19.07.2003 с.
|
Category: Суд-закон.МВД.Криминал |
Views: 2588 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 8 Ыалдьыттар (гостей): 8 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|