Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2023 » Балаҕан ыйа » 8 » КЭРДИЭҤ ИННИНЭ КЭЭМЭЙДЭЭ.
КЭРДИЭҤ ИННИНЭ КЭЭМЭЙДЭЭ.
16:19
                                                                                                                                          КЭРДИЭҤ  ИННИНЭ  КЭЭМЭЙДЭЭ.
                                                                                                                                      САХ  БЫҺЫЛААНА,  ӨЛҮҮ  ДҮБДҮРГЭНЭ

“Кыым” балаҕан ыйын 7 күнүнээҕи нүөмэригэр В.Степанов НАТОны оройун тоҥсуйуоҕун туһунан суруйбут. Кини кэлин сылга сэриини сэргээн сүүрдэ-көттө аҕай. Телевизорга тахсан, хаһыакка суруйан сэриилэһэ барарга ыҥырара кыра эбит, аны атомы туттарга суудайан турда. Хаһааҥҥыта эрэ “Сахаадаҕа” үлэлииригэр эдэркээн, инникилээх дэнэр уолчаан этэ. “Сахаада” уонна ”Кыым” сабыллаатын бизнескэ барбытын истибитим. Онно төһө ситиһиилэммитин билбэтим, арай массыыната саахаллаан, онно оһоллонон эрэйи көрбүтүн бэйэтэ кэпсээбиттээх.

Ити кэмҥэ Ф.Егорова “Кыымы” тилиннэрээри өлөр мөхсүүгэ сылдьара. Өйөөбөттөрө, хоһуттан үүрэ сатыыллара да бэриммэтэ, үрдүкү былааска сурук суруйа сатыыра. Үлэһит кыргыттардаахпын диирэ, кэлин биллэххэ Валентина Кардашевская, Нина Герасимова уонна Туйаара Сергеева(Сиккиэр) эбиттэр. Федора Петровнаҕа тылбынан эрэ көмө буола  сатыырым да, онтон туох көдьүүс кэлиэй. Арай Болуодьа Степанов баарын, кинини тиксиһиннэрэргэ эппиппэр бэрт дөбөҥнүк сөбүлэспитэ. Болуодьаны үчүгэйдик билбэт эбит этэ да, көрсөн бодоруспуттара. Онон сахалартан бастакы РФ Үтүөлээх суруналыыһа буолбут В.Степановы  “Кыымҥа” тиксэрбит мин буолабын. Ону өйдүүрэ дуу, суоҕа дуу. Умнубут да буоллаҕына хом санаа суох. Хомойорум атынтан.


            Кини “Сахаадаҕа” үлэлии сылдьан ядернай эһиилэр тустарынан, сороҕор алҕастаах да буоллар, үчүгэйдик суруйталыыра. Атом содулун, радиация диэн тугун өйдүүрэ, эһиилэри утарара, бырачыастыыра. Ол бэйэтэ бүгүн туох буолла, дьону буккуйарга турунна?

            НАТО диэн тугуй? Бу - байыаннай-политическай холбоһук. Киниэхэ АХШ, Великобритания, Франция, Бельгия, Нидерландалар, Люксенбург, Канада, Италия, Португалия, Норвегия, Дания, Исландия, Греция, Турция уонна Испания киирэллэр. Бу Путиннаах, Степанов (Болуодьалар) дэбигис оройун тоҥсуйбат тэрилтэлэрэ. Итилэртэн хайаларын эрэ, ким эрэ атаҕастаары гыннаҕына тута көмөҕө кэлэллэр, тыыттарбаттар. Бу тэрилтэни кытта муударай салайааччы уопсай тылы булуон, бодоруһуон, доҕордоһуон да сөп бөҕө буоллаҕа. Мария Захарова, Сергей Лавров курдук ыыстаһыы маастардара итини баҕарбат курдуктар, ону күн аайы көрөбүт.

            НАТО өйдөөбөт үһү, оттон Болуодьа Степанов барытын өйдүүр эбит уонна атомы туттан өйдөтөлүөн баҕарар. Оттон мин, өйдөөбөтүм бэрт буолан буоллаҕа, атомы тутта сатааһыны ииримтийии диэхпин баҕарабын, илэ өйдөөх киһи итинниккэ сананыа суохтаах. Болуодьа 1 килотонналаах иитиини Украинаҕа туттуон баҕарар, ол Сибииргэ, Саха сиригэр тиийэн кэлбэт, куттала суох диир. Оттон Урал анараа өттө, Арассыыйа (Москва) хайдах буолар? Ол 1 килотонналаах иитии содулун судургутук быһаарыахха сөп. 1974 сыллаахха Удачнай аттыгар “Кристалл” диэн 1,7 килотонналаах эһиини оҥорбуттарын бары билэбит, ол иһигэр Болуодьа эмиэ. Итинтэн 1% эрэ таска тахсыбытын, уоннааҕыта сир анныгар хаалбытын специалистар бигэргэтэллэр.     99% сир анныгар хаалбытын содула төһөнүй?

 Алмааһы хостуур карьердарыгар радионуклид киирбитэ, салгыы билиҥҥи шахталарыгар киирэ сытар. Удачнайга ыарыы элбэҕин учуонайдар этэллэр да, онуоха ким да кыһаллыбат. Оттон таска тахсыбыт 1% тугу оҥорбутай? Чугастааҕы тыаны сиэбитэ, радионуклид тулалыыр эйгэҕэ тарҕаммыта, Далдынынан Марха өрүскэ киирбитэ. Былыта Хоту муустаах муораҕа тиийэ барбыта (1000 км). Мин манна “Кратон-3” саахалын этэ да барбаппын.


            Болуодьа Степанов АХШ Хиросиманы буомбалаабытын холобур оҥостор. Ити кырдьык. 1945 сыллаахха атырдьах ыйын 8 күнүгэр Хиросима, оттон атырдьах ыйын 9 күнүгэр Нагасаки куораттарга атомнай буомбаны түһэртээбитэ. Хиросимаҕа 15 килотонналаах буомбаны бырахпыттарыттан 15% куоракка тиийбитэ, 85% атмосфераҕа тарҕаммыта. Ол үрдүнэн куораттан туох да хаалбатаҕа, сүүһүнэн тыһыынча киһи өлбүтэ. Атом күүһэ төһөтүн бу да туоһулуур. Итинниги күүппэтэх, атом күүһүн оччолорго билбэт дьоппуоннар икки куораттара имири эстибититтэн өйдөрүттэн таҕыстахтара буолуо. Сити атырдьах ыйын 9 күнүгэр Сэбиэскэй сойуус дьоппуоннарга сэрии биллэрэр уонна өйө-төйө суох олорор аармыйаны 24 күн иһигэр дөбөҥнүк хотор, бэриннэрэр. Америка көмөлөспүт курдук буолан тахсар. Оттон Америка Аҕа дойду Улуу сэриитигэр биһиэхэ төһөлөөх элбэх сэрии сэбин, самолету, таанканы биэрэн көмөлөспүтүн, кыайыыны аҕалсыбытын Болуодьа туох диирэ буолла?

Ити барыта тоҕо тохтообут төрүөтүн кырдьыктаахтык ырытан көрүөххэ баара, кими эрэ үтүктэн кэлтэйдии хоруотаһар оннугар. 2014 сылга диэри кыратык этистэрбит, ииристэрбит да эргинсэрбит, куоталаһарбыт, аан дойду, олимпиада күрэхтэһиилэригэр кыттарбыт, доҕордоһорбут этэ эбээт. Ити барыта ханна барда, туман буолан көттө? Ыччаппыт тоҕо сэриини утарда, бырачыастаан атын дойдулары булла? Итилэргэ хоруй була сатыахха баара.


            Болуодьа холобур туттар дьоно бааллар: Роскосмоһы салайар кэмигэр миллиардынан харчы сиэнэн үлэтиттэн үүрүллүбүт шовинист Д.Рогозин, Арассыыйа урукку президенэ, билигин иһээччи буолбут, кыра ычалаах уонна өһүөннээх диир киһилэрэ Д.Медведев, Италияҕа туттубут дыбарыаһын былдьаппыт В.Соловьев уонна урукку байыаннай С.Караганов. Бу карагановтар, медведевтар дии, аармыйаны таҥнар таҥаһа, аһыыр аһа суох хаалларбыттар. Дьөлө ытыллыбыт эргэ каскаҕа тиксэллэрин, кеданан сылдьалларын, бронежилет суоҕун туһунан, ханнык эрэ батсааптан буолбакка, киин хаһыаттан ааҕабыт. Пенсионер эмээхситтэр таҥас тигэн, ас астаан оҕолорго ыыталларын көрөн олоробут.

            Бу бара турар сэрии кэмигэр “Кыымҥа” үс көрүү баар курдук. Сэриини утарар, абааһы көрөр, хаан тохтуон баҕарбат Иван Гаврильев эдэр саллаат Марат Шишигин кэпсээнин бэчээттээбитэ холобурга сылдьар хорсун быһыы! Киевы үс күнүнэн ылабыт диэн 2022 сыл олунньу 24 күнүгэр Белоруссиянан киирбиттэр. Киев чугаһыгар үлтү сынньыллан куоппуттарын, сору-муҥу көрбүттэрин, үгүс киһи өлбүтүн хайдах баарынан кэпсээбит, ону Иван тугу да уларыппакка бэчээттээбит. Ити Болуодьа эдэрдэри сэриигэ барарга ыҥырар кэмигэр тахсыбыта. Оттон кинилэр икки ардыларыгар сылдьар Капрынов диэн киһилээхтэр. Кини сахалыы таҥаһын таҥнан телевизорга тахсан “баары-баарынан” кэпсээччи буолбута. Кэлин тоҕо эрэ биллибэт, сатаан кэпсээбэккэ уураттылар дуу.

            Болуодьа айылҕа харыстабылын, экология туһунан бэккэ суруйара. Ол ханна барда? Планетабыт туруга мөлтөх ээ. Кини кыра уонна кэбирэх. Юрий Гагарин баара-суоҕа 108 мүнүүтэнэн эргийэн кэлбитэ. Планета кыратын, кэбирэҕин туһунан Америка астронава Чарлз М.Дюк санаппыта, харыстыырга ыҥырбыта. Планетаҕа айылҕа айгырааһынын өйдөөбүт АХШ, Великобритания, Япония, Канада, Германия, Франция уонна Швеция анал программалары, стандартары өссө 70-с сылларга ылыммыттара. Хомойуох иһин ити испииһэккэ ССРС суох. 1963 сыллаахха ядернай сэрии сэбин боруобалыыры бобор дуогабарга ССРС, Великобритания уонна АХШ илии баттаабыттара. Итиннэ этии киллэрээччи АХШ этэ. Сир үрдүгэр радиацияны хонтуруоллуур агенствоны (МАГАТЭ) тэрийэргэ 1957 сыллаахха тыл киллэрээччи АХШ президенэ Д.Эйзенхауэр буолар. Онон Путин уонна Степанов (Болуодьалар) атомы туттубатахтарына аан дойдуга ядернай сэрии буолуо суоҕа.

            Болуодьа улахан суруналыыс быһыытынан, планета туруга мөлтөөбүтүн учуоттаан судаарыстыбалары эйэҕэ ыҥырыан, НАТО оннугар норуоттар икки ардыларынааҕы МЧС тэриллэрин туруорсуон наада этэ. Планета хайа муннугар туох тахсар да (баһаар, уу ылыыта о.д.а.) саба түһэн тохтотор курдук. Турцияҕа сир хамсааһыныгар хайдахтаах курдук көмөлөһүү буолла?! Улахан суруналыыс ылыстаҕына ити МЧС тэриллэрэ кыаллыа этэ.

                            Уйбаан БУУССАП.         2023 с. балаҕан ыйын 7 к.
                      
 
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 2648 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2023  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 54
Ыалдьыттар (гостей): 54
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024