Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2023 » Алтынньы » 6 » Иллээх буолуу алгыһа
Иллээх буолуу алгыһа
18:34
Тэрис. Ил туһунан

Иллээх буолуу алгыһа

Хомпоруун Хотой
Бэттэх көрөн
Мичик гын!
Уруй!

Тоҕус холбооһунуҥ ситтин,
Түмсүү кыайдын,

Дьон киһитэ буолан
Торолуйуум,
Киһи киһитэ буолан
Ситиим,

Саха илин сайыннарыым,
Киһи илин кэҥэтиим,

Эр санаам кэхтибэтин,
Бигэ тылым бэттибэтин,

Эрэх-турах буолуум,
Өрөйөн-чөрөйөн биэриим,

Дохсунтан толлумуум,
Ахсымтан чаҕыйымыым,

Хабарааҥҥа хаайтарымыым,
Үтүргэҥҥэ бэринимиим,

Элбэҕи кытта эҥэрдэһиим,
Үгүһү кытта өйөһүүм,

Эрэли түһэн биэримиим,
Итэҕэли ыһыктан кэбиһимиим,

Айыы киһитэ буолар
Ааппын харыстыым,
Күн киһитэ буолар
Көҥүлбүн көмүскүүм,

Дом!

Ил диэн бэйэ суолун быстарымыы, атын киһи суолун быһымыы. Манна тиийэр кыаллыбат кэриэтэ. Ол гынан баран идиэйэ курдук манна дьулуһуохтаахпыт. Айыы үөрэҕэ итини ирдиир. Бу дьыала кыаллыбат дьыала буолан билэр. Дьоннор араас турукка сылдьаллар. Хас биирдии киһи бэйэтин кырдьыгын өйдүүр. Ол түмүгэр суоллары быһыта ааһыы мэлдьи баар буолар. Киһи суолун быһа аастылар да охсуһа сатыыр. Ол гынан баран духуобунай өттүнэн сайдыылаах дьон баар буолан уопсастыба сайдан иһэр. Кини элбэх ыараханы көрсөр. Быстахха тирэнэр дьону кытта охсуһар. Кини ити охсуһуута сөбүн дьон сэрэйэн билэллэр. Өстөөхтөрө да сэрэйэллэр. Итини биһиги сиэр өттүнэн кыайыы диибит. Кини ити кыайыытыгар олоҕуран салгыы барар.

1. Ил.

Ил диэн былыргыттан саха норуотугар баар тыл. Эйэлээх буол диэн суолталааҕа. Онтон былыргы суолтата тэрээһини кытта сибээстээҕэ. Тутулуга суох бэйэ бэйэтэ дьаһанан олорорун көрдөрөрө. Ити саха үйэ тухары дьулууһутун кытта сибээстээҕэ. Ол иһин уларыта тутуу кэмигэр «ил» диэн тыл суолталаммыта. Онтукабыт 1992 сыллаахха Ил түмэн диэн аакка көстүбүтэ. Дьокутаат Афанасий Мигалкин кэлэн түргэнник барылааман ааттарын сахалыы оҥоро охсорбутугар эппитэ. Ааты тиэрмини оҥорор бөлөх ылыммыта. Онно Дапсы Ил Түмэн диэн ааты бастаан эппитэ. Кини онно судаарыстыба мунньаҕа диэн тылы ити аатынан солбуйбута. Кини этиитэ ылыллыбыта. Ити курдук саха парлаамана Ил Түмэн диэн ааттаммыта.

2. Ил Дархан.

Бэрисидиэн тылы 2012 сыллаахха уларыппыттара. Онон саха өрөспүүбүлүкэтэ аат буолар айдааныгар түспүтэ. Сахаҕа былыргы үрдүк аат Дархан диэн этэ.  Валерий Луковцев Ил Дархан диэн ааттыыр соруктаах кэлбитэ. Мин «Дархан» диэн тылтан эргэтэ бэрдин иһин сөбүлэһэр санаам суох этэ. Ол гынан баран былыр сахаҕа дархан диэн ааттан үрдүк суоҕун Багдарыын Сүлбэ уонна фольклорист Никифоров Болуодьа үлэлэригэр олоҕуран дакаастаабытым.  Ырытыы буолбутугар бары Ил Түмэн аакка тохтообуттара. Бу ааты Дапсы киллэрбитэ. Аат түргэн баҕайытык миэстэтин булан киһи соһуйбат аата буолан хаалбыта. Дархан диэн көннөрү тыл дьоҥҥо кыайан өйдөммөт этэ.  Онтон тыл Ил Дархан диэн буоллаҕына уларыйар. Бииринэн Ил Түмэни кытта уруулуу буолар. Ол иһин Ил Дархан диэн ааты ылыммытым. Атын да чилиэттэр ити тылы ылыммыттара. Онон бэрисидиэн диэн тылы Ил Дархан диэн суолталаабыппыт.

3. Саха.

Саха билигин биллэр саамай улахан хаачыстыбата саха диэн. Саха сирэ барыта саха эйгэтин курдук көстөр. Бу сиргэ саха үгэһэ тарҕанар, саха сиэрэ-майгыта төрүт буолар. Ити суолтата манныктан улаатар. Саха омук тымныы дойдуну ийэ дойду гынан олорор. Маннык тыйыс дойдуну дойду гынан олорор аҕыйах култуура баар. Онон саха култуурата тыйыс дойдуга олорор дьон култуурата буолар. Инньэ гынан саха итэҕэлэ, үгэстэрэ ураты суолталаналлар. Инникитин киһи-аймах барытын олоҕо тыйыһыраары турар. Хайа эрэ өттүнэн саха олорор үгэһин маарынныа. Ити түмүгэр саха култууратын суолтата улаатыа.

4. Тэҥ буолуу.

Саха норуота үйэ тухары тэҥ буоларга турууласпыта. Маҥнай дьаһаах төлүүр кэм бүрүүкээбитэ. Онтон билигин уларыта тутуу кэннинээҕи кэм бара турар. Ити кэмнэри холбуур биир ураты баар. Хамнас хотугу кээпписиэн быһыытынан төлөнөр.  Ити урукку холуонньа батталыгар олоруу салгыыта буолар. Аны бу кэмҥэ дьону кэлии уонна олохтоох диэн араарыы барар. Ити төрдө хотугу кээпписиэҥҥэ олоҕурар. Дьону араартаабат туһугар сэбиэскэй кэмтэн ыла интернационализм бэлиитикэтэ ыытыллар. Нэһилиэнньэ тэҥэ суоҕа баар диэбиппит. Ити усулуобуйаҕа интернационализм биир эрэ өрүттэнэр. Олохтоох киһи кэлии киһи туһугар олоруохтаах буолан хаалар. Тэҥ буолуу билигин да ситиһиллэ илик.

5. Хайысхалар.

Саха норуотун иннигэр икки ураты суол баар: суураллыы («Интеллигенцияҕа сурукка» культивация дэнэр эбэтэр бэйэни харыстааһын («Ойуун түүлүгэр» бэйэ кутун-сүрүн илдьэ сылдьыы).

Сэбиэскэй кэмҥэ кыра наассыйалар силлиһиэхтээхтэр диэн түөрүйэ бастыыра. Онтон билигин культивация түөрүйэтэ бастаата. Ити син биир силлиһии буолар. Ол аата саха норуота баһылыыр омугу кытта силлиһиэхтээх дуо?

Ити силлиһии саарбах өрүттэрдээх. Саха норуота соторутааҕыта холуонньа балыһыанньатыттан тахсыбыта. Ол сүрүн бэлиэлэрэ билигин да бааллар. Ордук хотугу кээпписиэҥҥэ көстөр. Ол аата норуот хааччахтаахтык сайдар. Итинник усулуобуйаҕа тэҥ бырааптаахтык силлиһии кыаллыбат. Этнос быһыытынан сүтүү ордук чуолкай буолуо.

Онон инники күөҥҥэ омук быһыытынан баар буолуу соруга турар. Ити ордук чуолкайдык «Ойуун түүлүгэр» этиллэр. Саха норуота саҥаны ыларыгар кута-сүрэ баар буолуохтаах.

6. Инники.

Саха бөлүһүктэрин этиитинэн билиҥҥи олорор кэммит саҥа тимир үйэтигэр тэҥнэһэр. Тимир үйэтэ диэн ааспыта. Саҥа тимир үйэтэ кэллэ. Ити киһи тиэхэньикэнэн сэбилэниитин кытта сибээстээх быһыылаах. Ол гынан баран майгыга-сигилигэ эмиэ сыһыаннаах буолбута. Тимир үйэтигэр киһи киһиэхэ сыһыана хаҕыс буолуо диэбиттэрэ. Арҕаа дойдулар этэллэринэн бу кэм модернизмҥа сөп түбэстэ. Этиллэрин курдук, тиэхэньикэ өссө ордук сайдан иһэр. Киһи бэйэ бэйэтигэр сыһыана өссө тыйыс буолан иһэр. Барыта ким кимиэхэ төһө туһалаабытынан көрүллэр. Инникитин өрөсүүрсэ былдьаһыы өссө улаатыа уонна айылҕа уларыйан миэстэ былдьаһыыта буолуо дииллэр. Онно дьиҥнээх күүс суолтата өссө улаатыа дииллэр. Бу кэмҥэ Өксөкүлээх Өлөксөй «Аныгы үөрэҕи баһылыахха» диэн ыҥырыыта өссө суолталаныа.

7. Үлэлэр.

Саха норуотун устуоруйатын көрдөххө, саха бэйэтин көрдөрбүт кэмнэрэ икки төгүл буолбута. Өрөбөлүүссүйэ кэннэ 1918 сыллаахха В.В. Никифоров салалтынан Саха бырабыыталыстыбата үөскээбитэ. Кини онно 1905 сылтан «Саха сойууһа» тэриллиэҕиттэн үлэлээн тиийбитэ.

Онтон 1998 сылтан Арассыыйаҕа буолбут уларыта тутуу Саха сиригэр биллэр. Ити кэмҥэ «Саха кэскилэ» хамсааһын үөскүүр. Ити хамсаааһын быһаччы сабыдыалынан Саха өрөспүүлүбүлүкэтэ дьиҥнээх өрөспүүбүлүкэ буолар. Сүбэринитиэти ылар. Арасыыйаны кытта боломуочуйаны тыырсар.
 
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 4180 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2023  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 10
Ыалдьыттар (гостей): 10
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024