News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2023 » Алтынньы » 17 » ЫТ. Ыты хамаандалыыр тыллар. Тэрис. Ыкка сиэр. Ойуун ыта
ЫТ. Ыты хамаандалыыр тыллар. Тэрис. Ыкка сиэр. Ойуун ыта | 17:09 |
Тэрис.
ЫТ. Ыты хамаандалыыр тыллар
-Дарах, тарах (Аллыаха), нах (Аллараа Халыма) – ыт көлөнү хаҥас диэки салайыы.
-Потку (Аллайыаха), тоох (Булуҥ) – ыт көлөнү уҥа диэки салайыы.
-Тоой (Аллараа Халыма), таай (Булуҥ) – ыт көлөнү тохтотор тыл.
-Подлуо (Ааллараа Халыма) – ыт көлөнү көнөтүк барарга соруйуу.
Көлө ытын үлэтэ
Кыһыҥҥы кэмҥэ:
-Оту-маһы таһыы.
-Булду таһыы.
-Паастары кэрийии.
-Таһаҕаһы тиэйии.
-Дьону тиэйии.
Сайыҥҥы кэмҥэ:
-Тыыны күөлтэн күөлгэ соһуу.
Ахсынньы
Ыкка сыһыан сүрүн быраабылалара
1. Ыт Айыыһыта Норолуйа Айыыһытартан саамай кырдьаҕастара буолар.
2. Ыты өлөрбүт киһи киртийэр (ыт оготун хаарга көмүү, ыт оҕотун ууга быраҕыы аньыы быһыытынан ааҕыллыбат). Ыты өлөрбүт киһи атыыр сылгыны аттаабат. Үс ыты өлөрүү киһини өлөбүккэ тэҥнэнэр.
3. Ыт ыһыахха киирбэт.
4. Ыт кымыһы, үүтү испэт. Бу үгэс былыр кэһиллибитэ. Ыт оҕотун үүтунэн аһаталлара. Ыкка бөлөнүйбүт үүтү биэрэллэр. Онон бу үгэс билиҥҥи кэмнэ хаалбыт үгэһинэн биллэр.
5. Киэһэ ыты аһаппакка утуйар аньыы.
6. Иитиэх ыты кырбыыр аньыы.
7. Ыт Айыыһыты тардар. Киһи оҕолонуон сөп.
8. Ыт көтөр түүтүн, хатырыгы, инчэҕэй тириини тэпсэрэ аньыы. Маннык буолаҕына, кыыл төрдө тиэрэ хайыһар.
9. Ыт ымыылаах буолар. Ол аата киһини абааһыттан харыстыыр.
10. Байанай биир көмөлөһөөччүтэ Чаадай диэн. Кини сыһыннаҕына, ыт булчут буолар.
11. Ыкка туустаах ас бэриллибэт. Уопсайынан, ыты туспа астаан аһатыллар.
12. Ыт үөрэхтээх буолуохтаах.
Сэтинньи
Чэччийии
Ыты күн аайы ыытан таһырдьа чэччитиллэр. Ыт ону олус сөбүлүүр. Хаамтарыллар, сүүрэн оонньонуллар. Ону-маны быраҕан аҕалтарыллар.
Маны хаһан баҕарар онорторуллар.
Ыт алгыһа
Ыт иччитэ
Чаадай Боллох
Бэттэх-бэттэх көр,
Чык-чык-чык!
Төгүргэһи төгүрүйэн,
Силиһи сирийэн,
Сыгынаҕы сыыйан,
Дулҕанан дугунан,
Холлороон устун
Холгураатым,
Халлараан устун
Халаһыйдым,
Буом уол,
Ааҥҥын тэлэй,
Буомча кыыс
Суолгун тобул,
Аналлаах иччитигэр
Сыһыардым,
Тустаах тойоҥҥор
Баайдым,
Сыалыһар быара
Буолан сылаанньый,
Үүс-киис тириитин
Кэтэн мөлбөй!
Дом!
Ахсынньы
Ыты тутуу
Ыты кыһын тутуу икки өрүттээх:
-Дьиэҕэ тутуллар.
-Таһырдьа тутуллар.
Сорох ыт кыһын дьиэҕэ киирэ-тахса сылдьар буолар. Үксүн дьиэҕэ хоннороллор. Дьиэҕэ киирэ-тахса сылдьар ыт тымныйан ыалдьыан сөп.
Онтон сорохтор тымныы саҕаланыаҕыттан ыты дьиэҕэ киллэрбэттэр. Итинник ыт түүтэ үчүгэйдик үүнэр, дьиэҕэ киирэ сатаабат буолар. Тымныыны уйар.
Ыт түүлгэ көстүүтэ
Сорох дьон былыргыттан ыттаах буолаллар. Бу ойуун ыта. Ойуун кырыыһы эппититтэн үөскүүр. Маны үөрү араарыы туомунан эрэ араарыахха сөп.
Ханнык баҕарар киһини эккирэтэр туох эмэ куһаҕан санаалаах киһи түүлгэ ыт буолан көстөр. Манна туох да оҥоһуллубат. Улаханнык куттанар киһиэхэ күрүөтүн оҥоруохха сөп.
Ыты таҥыннарыы
Былыр ыты таҥыннарбат этилэр. Онтон аныгы кэмҥэ сорохтор ыттарын улахан тымныыга таҥыннараллар:
-Ыкка этэрбэс кэтэтэрдэллэр.
-Ыстаан кэтэрдэллэр.
-Сон кэтэрдэллэр.
Тэрис. Ыкка сиэр
Бүлүү Иккис Күүлэтин киһитэ Мүлүрэ Сэмэн 1970-с сылларга этиилэрэ:
1. Ыт киһи тылын өйдүүр.
2. Ыты киһи үөрэтэтэр. Сэмэн булчут буолан ыттарын бэйэтин кытта илдьэ сылдьара.
3. Ыт ханнык булка сылдьаҕын да онно үөрэнэр. Холобур, тайахсыт ыт атын суолу батыспат.
4. Ыт үөрэхтээх буолуохтаах. Остуолга сытар аһы уорар, бултууру билбэт ыттары сөбүлээбэт. Итинник ыттары үөрэммэтэх ыттарынан ааҕар.
5. Ыт бэйэтэ өйдөөх. Булчут ыты бултуурга туһаайыллар эрэ. Онтон атынын кини бэйэтэ оҥорор. Ыт саанан ытан баран тугу да өлөрбөтөххө хомойор.
6. Ыт буойулла үөрэнэр. Кини буойары билэр.
7. Ыт оонньуурун сөбулүүр. Төһө да 70-нун аастар ыты кытта муомалан оонньуурун сөбүлүүрэ.
8. Ыта суох киһи илиитэ-атаҕа суох курдук. Булчут хараҕа-мунна диэн ыт. Кини Төҥүргэстээх диэки төрөөбүт эбит. Табанан сылдьыбыт. Үҥүүнү тайах гынан тута сылдьар эбит. Мэлдьи ыттаах сылдьыбыт.
9. Куттас ыт сэрэхтээх. Кини ыт арыт эһэни киһиэхэ аҕалан эрийиэн сөп диир. Үчүгэй ыт иччитин туһугар өлөрүн кэрэйбэт.
10. Ыт аһыыр кэмигэр аһыыр. Сэмэн ытын киэхэ аһатара. Ыт тот сылдьар буоллаҕына, уоруйах буолбат диирэ.
11. Булчут ыкка бэйэтин аһыыр аһын биэрбэт. Туспа ас буһарар. Онно тууһа суох гына миинниир. Ас тобоҕун биэриэн сөп. Сиикэй балыгы биэрбэт. Хайаан да буһарар.
12. Ыт киһи аһыыр кэмигэр чугаһыа суохтаах. Аһыы олорон ыкка аһы быраҕан биэрэри бобор.
Тэрис. Ойуун ыта
Ойуун ыта икки түбэлтэҕэ баар буолар:
-Ойууннарга көмөлөһөр ыт абааһы баар. Бу суолу булар уонна ойуун сорудаҕынан кими эмэ сиэн сөп.
-Мөлтөх ойууннар ыт эрэ абааһылаах буолаллар. Маннык ойууннар сиэмэхтэр.
Ойуун ыт абааһылара сүөһүнү уонна дьону өлөрөр эбиттэр. Улахан дьону кыайбаттар. Оҕону өлөрөллөр.
Ойуун ыттаах буолар. Ити ыттара иккилэр. Ыттарын ааттара Хардас эбэтэр Үнүгэс.
Ыт ыраах айана
Э. В. Толль айаҥҥа чулуу ыттары буларга этэр. Каһаах Растаргуев уонна булчут Стрижев Уһуйаанаттан 20 ыты булан Уһуйаана – Үөһээ Дьааҥы – Дьокуускай –Иркутскай – Москуба суолунан Архангельскайга тиэрдэллэр. Ыттар итинтэн ыраах айаннаабыттара биллибэт.
Ыт көмүүтэ
Сунтаарга Түбэй Дьаархаҥҥа Григорьев Иван Кириллович Мохсоҕол диэн булчут ытын киһи курдук көмпүт.
Түбэй Дьаархааҥҥа Егоров Владимир Петрович ытын киһилии көмпүт.
Археолог С. А. Федосеева 1968 сыллаахха Москваҕа тахсыбыт «Бүлүү үөһээ өттө “ диэн 1968 сыллаахха Москубаҕа тахсыбыт кинигэтигэр Туой Хайа сиригэр ыт көмүүтүн туһунан суруйар.
Ыты араҥастыыллар.
Чурапчы Одьолуунугар Кыпчытыын ойуун Ньахсах диэн ытын көмтөрбүт. Ол сир Ньахсах Уҥуоҕа диэн ааттанар.
[10:35, 06.02.2020] Уххан: Булчуттарга анаан дириҥ ис хоһоонноох туомнар разработкаламмыттарын Охотобществоны, Охотнадзор, Природоохрааналары игин кытары проектаран ыытар буолуохха сөп. Саамай булчуттардаах өрөспүүбүлүкэҕэ олорор буолан баран ити өттүн көрүөххэ баара. Аан Айылҕаҕа сөптөөх сыһыаны олохтуурга аналлаах туомнары ыытан иччилэри маанылыыгын.
Холобура, Канадаҕа тайахтарын ахсаана биһиэниннээҕэр уон бүк элбэх, этин хайа баҕар маҕаһыыҥҥа булуоххун син. Тоҕо? Егердар сөптөөхтүк үлэлииллэр, кэмиттэн-кэмигэр аһатан, прививкалаан игин иһэллэр, улахан, аарыма атыырдарын бултуур бобуулаах, ол түмүгэр геннара күүһүрэр. Биһиэхэ оннук суох.
Камчатка тыатааҕылара аччаан, аҕыйаан хаалтар. Улаханнарын эһэннэр...
Ол эрэ буолуо дуо? Сиэр элбэх буоллаҕа булчукка айылҕа оҕолорун харыстыырга, көтөргө да буоллун, балыгыгар тиийэ. Оттоһуттарга эмиэ туспа сиэрдээхтэр...
Баар. Ону, Чаадай ытын, бултка соспоттор, сыапка сытыаран аһаталлар-көрөллөр эрэ, харабынай гыналлар. Булт иннинэ, араас түбэлтэҕэ сиэр-туом оҥороллор, ити ыты маанылаан. Дьолуону тардар...
Экологтар икки булчуттар ыккардыларыгар сыһыаннарын, экологтар икки корпорациялар, экологтар икки судаарыстыба ыккардыгар сыһыаннарын дьүөрэлииргэ итэҕэл сиэрэ, туомнара сүҥкэн оруоллаах буоллулар бүтэһик кэм, оһуоба хотугу дойдуларга...
|
Category: Айыы үөрэҕэ |
Views: 5791 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 21 Ыалдьыттар (гостей): 21 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|