News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2023 » Алтынньы » 19 » АНЫ, БЫРДАХ ХАЙҔАННА...
АНЫ, БЫРДАХ ХАЙҔАННА... | 20:52 |
АНЫ, БЫРДАХ ХАЙҔАННА...
“ҮҮНЭР КӨЛҮӨНЭ ПААРКАТА” тутуллуохтааҕын сэргии, үөрэ истиллибитэ. Ыччат билиитин-көрүүтүн үрдэтинэр, сайдар сирэ буолуохтаах дэммитэ. Бырайыага күрэстэһиигэ бэриллэн кыайыылаах быһаарыллыбыт эбит. Ол общественность кыттыылаах дьүүллэммэтэх, хайдах эрэ барыта кэтэҕинэн оҥоһуллубут курдук буолан таҕыста. Бырайыагын оҥоһуутугар тоҕо эрэ Москва фирматын кытыннарбыттар, кыайыылаах оҥорбуттар. Ханнык хамыыһыйа итини быһаарбыта эмиэ биллибэт. Бэйэбитигэр ити бырайыагы, Москвата да суох, оҥорор кэлэктиип суох эбит.
Москвалар, кыайыылаах дьон быһыытынан, харчы бөҕөҕө тигистэхтэрэ.
Кинилэргэ, Саха сирин, кини айылҕатын, олоҕун историятын билбэт дьоҥҥо, ким харчы “тэбэн” биэрбитин, эбэтэр итиннэ кыттыгастааҕын билиэххэ баара. Тоҕо диэтэххэ, таһымнаах бырайыагы оҥорооччу тыынар-тыыннаах барыта (кыыл-сүөл, киһи) абааһы көрөр харамайын бырдаҕы өрө тутуо, ытыктыырга ыҥырыа суохтааҕа. 80-с сыллардаахха хоту улуустарга тыһыынчанан кыыл, дьиэ табата охтубута. Бырдах таныыларыгар симиллэн тууйан өлөртөөбүтэ. Тайҕаҕа тайаҕы эмиэ итинник өлөртүүрэ. Биһиги геологтар итинник түбэлтэни билэбит. Тайах барахсан ууга киирэн быыһана сатыыра, кини ыксаан ууга умсан ыларын илэ көрбүттээхпин. Бырдах, куруутун да буолбатар, итинник наһаа хойуутук түһэн ылар сыллара баара. Оттон дьиэ сүөһүтүн, сылгыны, отчуттары сордуурун хас саха киһитэ барыта билэр.
Телевизорга ити туһунан кэпсэтии буолбутун көрбүтүм. Икки скульптар кыттыбыта уонна художник Зверева баара. Бырдах паарка киинигэр туруорулларын сөптөөҕүнэн ааҕар, атын да куораттарга итинник элбэҕин, ону үтүктэр туох да куһаҕана суоҕун, сонун көстүү буолуохтааҕын, чорооммут, сэргэбит наһаа элбэҕин, салгыппытын туһунан тыллаһыы буолла.
Скульптура биһиэхэ тоҕо эрэ өрүү табыллыбат. Ойуунускай, Өксөкүлээх киэннэрэ табыллыбатах аатырбыттара, үгүстүк кириитикэлэммиттэрэ. Түөрдүн туола илик Карина Чикидова 12 сууккаҕа тайҕаҕа сылдьан ити үөҥҥэ сиэтэн тыыннаах эрэ хаалбытын булбуттара. Кыысчаан тыыннаах хаалбытын эрэ да иһин үйэлээх өйдөбүнньүк киниэхэ оҥоһуллуохтааҕа. Аэропорт таһыгар оҥорон туруорбуттарын кыыһы билэр дьон сирбиттэрэ, маарыҥнаабат диэн. Хайа скульптар оҥорбутун билбэппин. Баһылай Бочкарев кэнниттэн киһилии скульптар хаалбата да быһыылаах. Дьадайдыбыт. Ол түмүгэр Москва дьоно бырдаҕы өрө туттахтара, эһиги киэн туттуугут бу, ыччаккыт биллин диэтэхтэрэ.
Телевизорга биэриигэ художник Зверева бырдаҕы пааркаҕа туруорары сөбүлээбэтин биллэрдэ эрээри санаатын ситэ эппэт курдук. Кыталыгы санатта да ситэ тоһоҕолообото. Араас санаа этилиннэ. Холобур, саханы саха оҥорбут дьөһөгөй оҕото, саха ынаҕа, оҕуһа. Саамай сөптөөх этиилэр гынан баран, бырдах бырайыага бигэргэтиллибит курдук быһаардылар. Уонна тоҕо телевизорга дьүүлгэ таһаарбыттара өйдөммөт. Сылгыны, ынаҕы, оҕуһу оҥорор сатаммат буоллаҕына чэпчэки ыйааһыннаах, судургу оҥоһуулаах кыталык буоллун ээ. Уус-Алдаҥҥа Сэргэй Васильев скверигэр сэттэ кыталык (туруйа) көтө сылдьаллара көрүөххэ үчүгэйин. Кыталыктары оҥорбуттарын Сунтаарга о. д. а. сирдэргэ көрүтэлээбитим. Сахаларга дьоллоох киһи кыталык үҥкүүтүн көрөр, ырыатын истэр диэн куруутун баар. Төһөлөөх ырыаҕа кини ылламмытай?!
Онон, бырдаҕынан киэн туттумуохха, сыыһа оҥоһуллубут бырайыагы көннөрүөххэ! Москвалар ылбыт харчыларын сиэтинэр, ону ирдэһимиэххэ.
Иван БУРЦЕВ 19.10.23 с.
|
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения |
Views: 4434 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 26 Ыалдьыттар (гостей): 26 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|