Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2023 » Ахсынньы » 27 » ҮТҮКТҮҮ ҮЛҮГЭРЭ
ҮТҮКТҮҮ ҮЛҮГЭРЭ
14:26
                                                                                                                            ҮТҮКТҮҮ   ҮЛҮГЭРЭ

            Саха сиригэр киинэ сайдан эрэрин туһунан кэпсээн кэҥээтэ. Бэл “Собеседник” курдук хаһыат итини икки төгүл бэлиэтээтэ, бобуллубут “Айта” киинэни көмүскээн суруйда. Мин көрдөрүллэр киинэлэргэ сылдьа сатыыбын, арай “Айтаттан” маттаҕым. “Дьулуур”, ”Вертолет” уонна ”Хара хаар” олоххо баар кыһалҕаны дьиҥ баарынан кэпсиир табыллыбыт, туһалаах киинэлэр. Оттон “Пугаланы” сөбүлээбэтэҕим, 21-с үйэҕэ итинник чанчарык норуот эмчитэ биһиги Сахабыт сиригэр суох диэн санааттан. Арай эмчиттэрбит ааттарын түһэрээччи Аммаҕа эрэ баар ини. Бу көннөрү көрөөччү тус санаам.  Республикаҕа барытын сөпкө быһаарар идэтийбит киинэ кириитигэ суоҕа куһаҕан. Саҥа тахса, үүнэ сатыыр айар дьоммутугар ыйар-кэрдэр кириитик баара туһалаах буолуо этэ.
Аар-саарга аатыран эрэр “Харчы” киинэни көрөөрү анаан оҥостон бардым. Киинэни “Саха” НКИХ бэйэтэ көрдөрбүт сериалыттан бэйэтэ таҥан оҥорбута биир үксүн  болҕомтону тарпыта. Хампаанньа көрдөрөр да сериаллара араастар. Холобур, “Сүлүһүннээх таптал” диэннэрэ олоххо суоҕу көрдөрөр, саха аатын түһэрэр ис хоһооннооҕо. Сахаҕа сайылык туохха да тэҥнэммэт күндү, уһун кыһын кэнниттэн өрө тыынар сибэтиэй сирдэрэ буолара. Ыаллар көһөн кэлэн ахтылҕаннарын таһаараллара, түптэ буруотун унаардаллара, эйэлээхтэрэ, бэйэ-бэйэлэрин ытыктаһаллара, күндүтүк санаһаллара. Сайылык оҕо саҥатынан туолара, ынах маҥырыыра, оҕус мөҥүрүүрэ, сылгы кистиирэ. Кэрии тыаҕа кэҕэ этэрэ, сибэккинэн симэммит хонууга күөрэгэй ыллыыра, хайаан да үрдүлэринэн элиэ эргийэ элиэтиирэ, оннооҕор хара тураах үөрбүттүү туттара. “Саха” НКИХ маны барытын суох гыммыта: сайылык ыаллара дьаатынан бэйэ – бэйэлэрин сүһүрдүбүттэрэ. Маннык быһылаан Саха сирин хайа да сайылыгар буолбатаҕа. Сынаарыйын суруйааччы, ону сериал оҥорон дьоҥҥо көрдөрөөччү да уһуну – киэҥи ундаардаабат, тугу оҥороллорун торумнаабат буолан биэрбиттэрэ.
Сэттэ уонтан тахса сыллааҕыта сайылыкка хоһоон ааҕарбытын умнубаппын:                                      
                                                 Алаас сыырын анныгар
                                                 Атыыр оҕус айаатыыр.
                                                 Эргэ титиик ааныгар
                                                 Эриэн ынах маҥырыыр.
                                                               Күөлтэн киирэн кыргыттар
                                                               Ууну баһан тахсаллар.
                                                               Кыра мэник уолаттар
                                                               Кырдал устун сырсаллар.
Биирдэ аахпыт киһи умнубат тыллардаах, сайылыгы хайдах баарынан хараххар тилиннэрэр хоһоону ким суруйбута биллибэт. С.Руфовтан Арбита хоһооно буолаарай диэн ыйыппыттааҕым. Сэмэн Тиитэбис олус сэргээн истибитэ, сайылыгын санаан ылбыта быһыылааҕа уонна хаһан да истибэтэх хоһооно буоларын эппитэ. Кэлин Уххантан ыйыппыппар эмиэ ханна да аахпатаҕын эппитэ. Ити түгэҥҥэ хараҕар сайылыга көстүбүтэ чуолкай.
Оттон сайылык барахсаны кириминээл уйатыгар кубулуппут “Саха” НКИХ кыбыстыбатаҕа, “айымньытын” хат-хат көрдөрөр.       
Дьиэм кинотеатртан биэрэстэ аҥаара, проспект устун ол диэки анньынан кэбистим, “Саха” НКИХ саҥа айымньытын көрөөрү. Киинэ көрө барыам иннинэ ити туһунан араас санаа үгүс этэ. “Кириминээли устубуттар”, “саамай кэмигэр таһаарбыттар”, “сэрэтэр ис хоһоонноох” о.д.а. санаа, сыанабыл элбэҕэ.
Тэлэбиисэр киин ханаалларыгар сериал бөҕөтө көстөр. Мин “Ментовские войны”, “Балобол”, “Последний день” о.д.а  үгүһү көрөбүн. Полициябыт тойотторун үксүлэрэ бэрик, харчы ылаары бандьыыттары кытта куомуннаһаллар. Полиция кыра үлэһиттэрэ (опердар) бандьыыттары кытта буолуохтааҕар бэйэлэрин тойотторун кытта охсуһаллара үгүс.  Ханна сылдьаллара, дьиэлэригэр хаһан хоно кэлэллэрэ биллибэт дьону ойохторо күүтэн, манаһан, санаарҕаан эрэйдэнэллэр.  Шиловтар, джектар, балоболлар, глухардар курдук хорсун опер уолаттар дойдубутун быыһаан олоророллор курдук. Сериалларга хончоҥнос бандьыыттарынан туолбут, хоруупсуйа уйата буолбут Арассыыйаны көрөҕүн. Ардыгар тоҕо маннык киинэни Кириэмил көҥүллүүрүттэн сөҕө саныыгын. Хоруупсуйа саамай чэчирээбит, көҥүл барбыт сиринэн биһигини көмүскүөхтээх полиция уонна быраабы көмүскүөхтээх дьон эйгэлэрэ буоларын көрдөрөр сериаллары быспакка таһаара олороллор. Оннооҕор биһиэхэ, Саха сиригэр мин “Туой Хайа” пьесабын Саха театрыгар балаҕан ыйыгар Бүлүү народнай театра туруорарыгар көҥүллээн, болдьоҕун быһан баран боптулар. Төрүөтэ – алмааһы арыйбыт П.Староватов төрөөбүтэ 130 сыла эбит. Алмаас иһин тимирдиллибит Туой Хайа ахтыллан Староватов аатын намтатыа, сырдык аатын өлбөөрдүө  диэтэхтэрэ. Староватов Сэдьүк оҕонньортон ордуохтаах!
            Оттон Кириэмилгэ олорор үрдүкү салалта сериаллары боппото баҕар полиция “көннөрү” үлэһиттэрэ өлөр-тиллэр киирсиилэргэ үксүгэр кыайыылаах тахсалларыттан буолуо дуо? Бэйэлэрин идэлэригэр муҥура суох бэриниилээх барахсаттар төһө да кырбанан, ытыллан эмсэҕэлээтэллэр хараҥа күүһү баһыйаллар. Биһиги олоҥхобутугар курдук. Бу барыта көннөрү дьоҥҥо инникигэ, сырдык күүскэ эрэли үөскэтэллэр. Маннык хорсун уолаттар баар буоллахтарына хаһан эмэ дойдуга бэрээдэк олохтонуо, барыта оннук куһаҕан буолбатах диэн өйдөбүлгэ аҕала сатыыр курдуктар. Баҕар ол иһин үрдүкү салалта уоруу, өлөрсүү дойдубутугар “кыыл барбытын”, ол аҕыйыан, бэрээдэк олохсуйуон баҕарарыттан итинник сериаллары боппото буолаарай?
            Дьэ, онон, театрым диэки биэрэстэ аҥаара сири хаамаары хас да эдэр да, аҕамсыйбыт да телефоннарыгар умса түһэн кэпсэтэ, тугу эрэ ааҕа иһэр дьахталлары утары көрүстүм. Уулусса туорааһыныгар телефоннаах кыра оскуола оҕотун кытта аргыстастым. Үлүгэр диэтэҕиҥ... Бу айылаах тымныыга итинник. Сайдыыбыт бэлиэтэ буоллаҕа. Доҕор киһим итини култуурабыт, өйбүт-санаабыт самныыта диэн ааттыыр. Кини атын дойдуларга сылдьыталыыр да биһиэхэ курдук телефонун тута сылдьааччыны, үҥэр таҥара оҥостубуту көрбөккүн диир.
            Онон киинэбит саҕаланна. Кэпсээн элбээн, хаһыат хойуутук суруйан буоллаҕа, көрө кэлбит киһи толору. Киһи барыта олоҥхоһут, суруйааччы, артыыс, киинэ артыыһа буолбут кэмэ диэх курдук, хомуллубут артыыстар оонньууллара үчүгэйин. Бу дьон мин иллэҥ оҕонньор салгыбакка  маныыр сериалларбын төһө көрөллөрүн билбэтим, арай тэлэбиисэрбэр баары иккистээн көрөр курдукпун. Эмиэ албын-түөкэй,   киллер, силиэдэбэтэл балыйа сатааһына, охсуһуу, өлөрсүү. Бу барыта артыыстан буолбакка, киинэ сынаарыйыттан тутулуктанар буоллаҕа. Артыыс режиссер  тугу этэрин толорон эрдэҕэ.
            Төрөппүттэр кыра оҕолоро улахан ыарыыга хаптаран харчы хомуйар кыһалҕатыгар түспүттэр (Киин ханаалларга итинниги үгүстүк көрөбүт). Харчы мунньуллан истэҕинэ Байдам албыннаан ылбыт. Онтугар 5 сыл хаайыыга олорон тахсыбыт. Байдам төһө да тутулуннар харчыны  төннүннэрбэтэх. Кыһалҕалаахтар харчыларыттан матан оҕолорун быыһаабатахтар. Дьиэ кэргэн олоҕо ыһыллар, аҕалара иэстэһиигэ барар.
            Таптал баар курдук. Байдамнаах Юлия тапталлара сахалыы дьоһун, сэмэй буолбатах. Омуннаах, атын омуктарга баар таптал. Кыһын Москваҕа саха уоллаах кыыһа уруу тэрийбиттэрин телевизорга анал биэриигэ (показательнай) көрдөрбүттэрэ. Итини ЮТУБ диэннэринэн аан дойдуга тарҕаттахтара. Кийиит кэпсээнэ, интервьюта баһаамыттан кырдьаҕастар биһиги сөхпүппүт. Биһиги кэммитигэр кийиит сэмэй, килбик, тылга тииспэт буолара. Билигин сайдыбыппыт оччо буоллаҕа, биһиги кэммит аастаҕа...
            Оҕотун сүтэрбит аҕа иэстэһээри Байдамы эчэтэр уонна Юлияны өлөрө сатаан битанан төбөҕө охсор, эбиитин аны оҕоҕутун өлөрүөм диэн саанар. Манна Юлия туох буруйдаах буолан өлөрүллэ сатыыра өйдөммөт. Байдамҥа куһаҕаны оҥоро сатаан буоллаҕа диэн сэрэйиллэр. Битанан киһини өлөрө сатааһын Саха сиригэр баара биллибэт этэ, киин куораттарга баар бөҕө, онтон хаалыахпытын баҕарбатахпыт быһыылаах.
            Киинэ биир тутаах дьоруойа – Юлия төрөппүт аҕата – Егор (Анатольевич дуу, Антонович дуу). Кини “харчы барытын быһаарар” диэн тыллаах, баай киһи быһыылаах. Байдамы харааныттан абааһы көрөр, өлөттөрө сатыыр. Бу эмиэ сахаларга урут суоҕа. Аҕа төрөппүт кыыһын эрин өлөттөрө сатыыра бэл мин көрөр сериалларбар да суох. Итинник кыыллыы быһыыланыылары Саха сиригэр “Саха” НКИХ аҕалла. Мантан үөрэниҥ диирэ дуу, сэрэтэрэ дуу?
            Сынаарыйы суруйааччы эбэтэр режиссер үтүктэ сатаан баран биири сатаан үтүктүбэтэхтэр. Киин ханаал сериалларыгар киллер массыынаҕа трос эбэтэр синньигэс бөҕө быа көмөтүнэн киһини муомахтыыр. Биһиги киллербит, түүлгэ да буоллар, суон баҕайы быатын икки хос тутан баран Байдамы муомахтыы сатыыра кыаллыбат. Киинэ оҥорооччулар аныгыскыга итини учуоттууллара наада.   
            Киллер синигэр түһэн Юлия ийэлээх аҕатын кэлгийэн баран дьиэлэрин уоттуу сатыыр, ону абааһы көрүллэр Байдам кэлэн быыһыыр. Быыһыыр да ситэ быыһаабат, хаһаайын киллерин буулдьатыттан өлөн охтор. Манна эмиэ режиссер өттүттэн итэҕэтиитэ суох түгэн баар: киллер хаһаайыны уонна хаһаайканы олоппос өйөнөрүгэр чороччу кэлгийтэлээбит, айахтарын скоһынан хам баайбыт. Кыһаллан-мүһэллэн уп-уһун быанан тиэтэйбэккэ уочаратынан эрийтэлиэр диэри кыһалҕата суох олорон биэртэр быһыылаах.  Хаһаайын Егор күтүөтүн уолугуттан ылан кырбаары сордуур бэйэтэ киллергэ утарылаһыахтааҕа, эмээхсинин өлө-тиллэ көмүскэһиэхтээҕэ көстүбэтэ.
            Уолаттар полицияны итэҕэйбэккэ бэйэлэрэ буруйдааҕы көрдүүллэр уонна булаллар. Киинэҕэ ити түгэни көрдөрөллөрүгэр үгүс көрөөччү урут билбэтэҕин билэр. Саха сиригэр мин, кэнэн киһи, дьоҥҥо ойуу (татуировка) оҥорор сыалай тэрилтэ баарын, онно сахалар дьарыктаналларын билбэт эбиппин. Дьэ биллэҕим, ыччаттар эмиэ. “Саха” НКИХ итини биллэрдэ, аны ойуу-бичик илиилээх-атахтаах элбиирэ эрэбил.
            Саха сиригэр харчыны маассабайдык албыннааһын силигин ситтэ. Бу сылга киирэн баран нэһилиэнньэ 827 мөл. солк. харчыны албыннаппытын биллэрдилэр. Харчылаах киһи элбэх да эбит, сотору миллиарды куоһарарбыт буолуо.  Оттон албыҥҥа киирэн биэримэҥ диэн сэрэтии - киинэ сүрүн сыала үһү.  Дьонтон харчыны албыннааһын - бу уодаһыннаах, толкуйдаммыт, ханна эрэ кииннээх, анал программалаах тэрээһин буоларын этэллэр. Манныкка араас учуонайдар кытта түбэстилэр. Дьон кутталтан телефоннарын да холбообот буоллулар. Масыанньыктары булар ньыма көстө илик үһү, албыннааччылар атын регионтан “үлэлииллэр”, кыайан булларбаттар дииллэр. Араас бааннар манна кыттыгастаах буолуохтара сөбүн таайа сатааччылар эмиэ бааллар. Оттон Байдамы булан ылан сууттаабыттар. Кинини булан ылыы хайдах мындыр толкуй түмүгэр оҥоһуллубута киинэҕэ суох. Сэрэтэр эбит буоллахха, итини хайаан да көрдөрүллүөхтээҕэ.
            Уопсайынан киинэҕэ биһирэмнээх (положительнай) дьоруой суоҕун кэриэтэ:  “харчы барытын быһаарар” диэн тыллаах, күтүөтүн өлөрөргө сакаас биэрээччи – Егор; харчытын албыннаппыт, онтон сылтаан дьону өлөртүү сатыыр – киллер;  кыһалҕалаах дьон харчыларын албыннаан ылан оҕону өлөрбүт – Байдам;  Байдамы ойоҕун өлөрүүгэ күтүрүүр, оҥорботоҕун балыйан, ыххайан билиннэрэ сатааччы – силиэдэбэтэл. Атыннык эттэххэ, бу драма (трагедия) сэрэтэр, үөрэтэр анала арыллыбата, олорорбут курдук олоруоххайыҥ, тулуйуоххайыҥ диир курдуктар. Нэһилиэнньэни күнүстэри халааһыны хайдах тохтотор туһунан тыл этиллибэтэ. Дьиҥэр албынныыр ньыманы өйдөөх дьон толкуйдаатахтара. Байдам дуу, ханнык эрэ тулаайах уол кыһалҕаттан айыылара буолбатах. Бу кистэлэҥин арыйар уонна тохтотор кыахтаахтар Госдумаҕа да аҕыйаҕа суохтара буолуо да баҕарбаттар, уоруу салҕаныан баҕараллар. Билбэттэрэ, кыайбаттара буолуо диэни итэҕэйбэппин.
            “Харчы” киинэттэн ылбыт өйдөбүлүм итинник. Ылыныым сыыһалаах да буолуон сөп, муҥар, иннибэр олорбут сааһыра барбыт саха дьахтара сотору-сотору телефонун холбоон мэһэйдээн сордоото. Бу телефон “ыарыһахтара” дэнээччилэр обществоҕа кутталлаах саҥа араҥаны үөскэттилэр. Кыра оҕону буойан, буруйдаан тугу гыныаххыный,  өскөтүн ийэтэ, эбэтэ театрга дьону мэһэйдииллэрин өйдөөбөт буоллахтарына?

                              Иван  БУРЦЕВ                                24.12.2023 с.         


 
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 3876 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2023  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 28
Ыалдьыттар (гостей): 28
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024