Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2023 » Ахсынньы » 27 » Сиэри кэhии иэстэбиллээх...
Сиэри кэhии иэстэбиллээх...
14:36
Сиэри кэhии иэстэбиллээх...

Олоҥхобут өрө тутуллан, кинини ЮНЕСКО киһи аймах барҕа баайынан билинэн, олоҥхолуон, ойууннуон эбэтэр балартан чугас сүүрээни тутуһуон баҕалаах элбээтэ. Ордук, рок-муусукаҕа ойууннааһыны киллэрэ сатыылларын
курдук көрөбүн. Ойуумсуйуу элбэх сиэртибэҕэ тиэрдибитин үгүс киһи, ордук эдэр дьон, билбэт. Мин бу суруйуубун эттэрэ- хааннара чугас дьон син өйдүөхтэрэ дии саныыбын. Ааспыт үйэ 70-с сылларыгар
улуу тойуксуппут сыыһа быһыыланан,  ыраахтан кэлбит ыалдьыттар иннилэригэр ойуун кумутун кэтэн, дүҥүр, былаайах тутан оонньообута сэттээх буолбута. Иэстэбилэ уһаабакка кэлбитэ. Өлөр өлүү күөмэйинэн киирбитэ.
Аны, дүҥүр тутан кыыра-кыыра
ыллаабыт рок-ырыаһыттар бары билигин
биһиги кэккэбитигэр суохтара киһини
салыннарар. Баҕар, бу «Табык» диэн
ааттаах рок-бэстибээл охсуута буолуо.
Мусукааннарбытын салгыы сүтэрбэт
туһугар бу бэстибээл аатын уларытыахха
диэн этиилээхпин. Табык — саха мээнэ,
солуута суохха охсубат тэрилэ эбээт.
Мин өссө биир өйдөбүлү — «абааһы
ылласпыт» диэни — суруйуом. Бу эмиэ
бүгүҥҥү олоххо сыһыаннаах. Мин биир
сыл Ньурба ыһыаҕар сылдьыбытым. Ол
кэмҥэ Никифор Семенов аатыра
сылдьара. Кини кэнсиэрин түүн үс чааска
оҥорбуттара. Ырыаһыт муҥнаах
хайыаҕай, түүнүн ыллаатаҕа дии.
Ыһыахха, төһө да алгыс этиллибитин иһин,
түүнүн оһуокайдыыр, ыллыыр сатаммат
ээ. Бу туһунан Никифорга бэйэтигэр
Александр Ильинниин чэйдии олорон
эппитим. Киһим хомойбут этэ:
«Тэрийээччилэр дьону тарҕатымаары түүн
ыллаталлар», — диэбитэ.
Таайым биир дьыл сарсыарда ойбон
аллара туран оһуокай тылын этэр
адьынаттаммыт. Өр буолбатах, кыайан
быһаарыллыбат ыарыыттан өлөөхтөөбүт.
Билигин биир оһуокайдьыты билэбин. Бу
дьахтар, билигин оһуокайдаата даҕаны,
тута суорҕан-тэллэх киһитэ буолан
хаалар. Оттон күөгэйэр күнүгэр, аатырар
кэмигэр тыһыынчанан киһилээх
түһүлгэлээх этээччи буолара. Маны үҥкүү
тылын мээнэ этээччилэр өйдүөхтээхтэр.
Кыра оҕолору уһуйааччылар эмиэ олус
эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһаллара
ирдэнэр. Бу ураты, ытык дьарык, бэйэтэ
ылынар, ылыммат дьонноох. Ылыммат
дьоно эмиэ сыыһаны оҥорбут дьон
ахсааныгар киирэллэр. Үҥкүү тылын
этээччигэ төрдө-ууһа, утумнааһына
саамай инники күөҥҥэ турар. Ол да иһин
оһуокайдьыт оҕолоро, сыдьааннара
хоннохтоох, улахан түһүлгэлээх этээччи
буолалларын үксүбүт даҕаны көрө-билэ
сылдьар ини.
Сотору кэминэн Саха сирин үрдүнэн
Үрүҥ Тунах ыһыахтар ыһыллыахтара
турдаҕа. Дьэ, олорго араас алгысчыт
аймах алгыс арааһын этиэ-тыыныа
турдаҕа. Онтон сахаҕа «Алгыс баһа
сыалаах, кырыыс баһа хааннаах» диэн өс
хоһооно баар. Кини бу икки дьайыы
бииргэ кэриэтэ сылдьалларын өйдөтөр.
Икки ардылара баара-суоҕа биир хардыы.
Онон алгыһы күдээринэ буолбакка, ис
хоһоонун үчүгэйдик ырыҥалаан, үөрэтэн
этэриҥ наада. Үөһээ дойду «дьонун»
итэҕэтэр курдук. Хас биирдии ахтар
иччилэргин, Айыыларгын ааттарын
ааттаан көрдөһөргөр бэйэҕин эмиэ
билиһиннэрэҕин ээ. Атыннык эттэххэ,
бэйэҕин арыйан эрэ баран аартыкка
киирэҕин. Аал Уот Иччитин Хатан
Тэмиэрийэ көмөтүнэн.
Мин көрдөхпүнэ, билиҥҥи алгысчыттар
Аал Уокка айах тутар алгыһы баһылаабыт
курдуктар. Арай кининэн сирэйдээн Үөһээ
Айыыларга дабайалларыттан сорохторо
куттанар курдуктар. Онтон ааны арыйан
баран киирбэтэххэ аргыар киириэ
буоллаҕа, онон санаммыт буоллаххына
бар дьонуҥ иннигэр Алгыс түһэрэргэ
бэйэҕин толук аныыргар тиийэҕин. Аны,
алҕаабыт иччилэргин, Айыыларгын
күндүлээн-маанылаан баран, төттөрү
атаарыыны махтанан туран
толоруохтааххын.
Мин сорох алгысчыты аһыныах санаам
кэлэр. Баараҕай эйгэҕэ муҥкук оҕо
киирэн турарын курдук көстөллөр. Улахан
алгыс кэнниттэн, баҕар тыллара
ыараханыттан, нүһэриттэн буолуо,
алгысчыттар ыарытыйалларын, сороҕор
сытан даҕаны хаалалларын элбэхтэ
иһиттим.
Биир ыһыахха ийэм эмээхсини
көрдөспүттэрин быһа гыммакка алҕаан
баран лаппа саллыбыт этэ. Ол кэннэ
биирдэ даҕаны алҕаабатаҕа. Аас-туор
олоҕу, эриири-мускууру, бобууну-
хаайыыны барытын ааспыт, туруу үлэһит
хомуньуус эмээхсин кыайбатаҕа элбэҕи
этэр. Бэйэтэ бүтүн поэманы даҕаны
өйүттэн ааҕан биэрэр тыл баайдаах этэ.
Түмүктээри туран эттэхпинэ, оһуокайга
да, ойууннааһыҥҥа да оҕо оонньуутун,
көр-нар курдук сыһыаннаһымыахха,
сахалыы сиэри-туому, итэҕэли
ытыктыахха, тутуһуохха. Бу — биһиги омук
быһыытынан духуобунай баайбыт, хайа
даҕаны көмүспүтүнээҕэр,
алмааспытынааҕар күндүттэн күндү.
Оттон өбүгэлэрбит сиэрдэрин кэһии
кэнникитин иэстэбиллээх курдук
буоларын үөһэ аҕалбыт холобурдарым
кэрэһилииллэр.

Михаил КОТОКОНОВ.
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 4004 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2023  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 16
Ыалдьыттар (гостей): 16
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024