News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2023 » Ахсынньы » 27 » Д.С. ЛОНГИНОВ ОҔОННЬОР КЭРИЭС СУРУГА
Д.С. ЛОНГИНОВ ОҔОННЬОР КЭРИЭС СУРУГА | 14:38 |
Д.С. ЛОНГИНОВ ОҔОННЬОР КЭРИЭС СУРУГА
Амма Абаҕатын олохтооҕо, уруккута учуутал, ааспыт сэрии кыттыылааҕа Дмитрий Семёнович Лонгинов оҕонньор барахсаны мин үйэ чиэппэриттэн ордук кэмҥэ билэрим.
Сэбиэскэй былаас туругурарын туһугар кыргыспыт кыһыл буойуннар ытык ааттарын үйэтитэр, бар дьону, омук омугу доҕордуу тыыҥҥа иитэр туһугар кини курдук үлэлээбит-хамсаабыт, сүүрбүт-көппүт, эппит-тыыммыт киһи, бука, аҕыйах буолуо.
СОЛО, СОБОЛОҤ ЭРЭЙБЭККЭ, НААР СҮРЭҔИН БАҔАТЫНАН.
Абаҕаны, Саһыл Сыһыыны санаатарбын эрэ, мин Дмитрий Семёновиһы өйдүү түһэрим. Кини наар үтүөнү баҕаран, үчүгэйи ыралаан, мичээрдээн мүчүйэ сылдьар бэйэтин...
Тугу эрэ көрдөөҕү кэпсээн, салгын саһарчы сиэбит тупсаҕай сирэйигэр хараҕа чаҕылыҥныы, сэҥийэтин маҥхайбыт суптугур бытыга ибигирии олороро сибилигин да харахпар субу баар.
Ол бэйэтэ биир сабыстыгас күһүҥҥү күн мин үлэлиир хоспор саргыта самнан киирбитэ. Ас барбат буолан эрэйдэммитин кэпсээбитэ. Суруйааччы Василий Харысхал биһикки кини эмчиттэргэ көрдөрөрүгэр хайа кыалларынан көмөлөһө сатаабыппыт.
Тиһэҕэр, оҕонньор куртаҕын японскай аппараатынан көрбүт доҕорбут быраас Виталий Андросов: "Рак. Ыарыыта куртаҕар бүтүннүүтүгэр тарҕаммыт. Түргэнник дойдутун былдьастаҕына сатаныыһы. Мин санаатын көтөҕө сатаатым да..." - диэн төлөппүөннээбитэ.
Дмитрий Семёнович Аммалыырыгар кэлэн бырастыыласпыта. Таска таһааран саҥарбатарбыт, эҕэ-дьэҕэ буола сатаатарбыт да, бу тиһэх көрсүһүүбүт буоларын кини да, мин да өйдүүрбүт.
Дьэ онтон бу сурук... Абаҕатыттан суруйбут. Суругар этээхтээбит: "Мин ыарыым улаатан, ыксаан, ииммин өҥөйөн сытабын...". Итиэннэ "кыра заметка суруйдум, ону, бар дьон ааҕарын курдук гына, өрөспүүбүлүкэ хаһыатыгар бэчээттэт" диэн көрдөспүт. Дьэбир сурук.
БИИР ДА СУЛАНАР, МУҤАТЫЙАР ТЫЛ СУОХ. ТИҺЭХ КЭРИЭС-ХОМУРУОС САНААБЫН БАР ДЬОММОР ТИЭРТ ДИЭН КӨРДӨҺҮҮ ЭРЭ.
Сурук туттаҕым киэһэтигэр Абаҕа нэһилиэгин Сэбиэтин исполкомуттан тэлэгирээмэ кэллэ: "Сэтинньи 4 күнүгэр Дмитрий Семёнович өллө..."
Д.С. Лонгинов кэриэс суругун "Эдэр коммунист" хаһыат бэчээттээбитэ. Онно маннык этиллэр:
"САҤА ТЫЛЛАНАР ОҔО, ХАННЫК ОМУГУТТАН ТУТУЛУГА СУОХ, ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛЫН ИСТЭ-БИЛЭ, САҤАРА ҮӨРЭННЭҔИНЭ, ӨЙДҮҮР ӨЙӨ, МАЙГЫТА-СУОБАҺА, САЙДЫЫТА ОРДУК ҮЧҮГЭЙ БУОЛАРЫН НАУКА ДАКААСТААБЫТА ӨР БУОЛЛА.
ОҔО АТЫН ТЫЛЛАРЫ ҮӨРЭТЭРИГЭР ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛЫН БИЛИИТЭ ТИРЭХ БУОЛАР.
МИН ҮЙЭМ ТУХАРЫ ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛЛАРЫН ТУМНУБУТ, ҮРДҮК ДА ҮӨРЭХТЭММИТ ДЬОН ХОМОЙОЛЛОРУН, ТӨРӨППҮТТЭРИГЭР ХОМНУУЛЛАРЫН ЭЛБЭҔИ ИСТИБИТИМ...
ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ - ОҔОҔО ИЙЭ ҮҮТҮН ТЭҤЭ, ТЫЫНАР САЛГЫН, ИҺЭР УУ, АҺЫЫР АС. БЫҺАТЫН ЭТТЭХХЭ, КИҺИ БУОЛАРГА КҮҮС-УОХ БИЭРЭР ӨЛБӨТ МЭҤЭ УУТА.
КИҺИ АЙМАХ УЛУУ ДЬОНО БУКА БАРЫ ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛЛАРЫНАН ҮЙЭЛЭЭҔИ, КЭРЭНИ АЙБЫТТАРА.
ДЬЭ ОЛ ИҺИН МИН САХАЛЫЫ САҤА ХАҺАН ДА СҮППЭТИГЭР ДИЭН БАҔА САНААБЫН СУРУЙДУМ".
Дмитрий Семёнович Лонгинов оҕонньор "иинин өҥөйө сытан" суруйбут кэриэс тыллара бар дьонун кулгааҕар иһиллиэн, сүрэҕэр тиийиэн баҕарабын.
©️(Софрон Петрович Данилов)
"Санаам туймуулара", 2015 с.
ЛОНГИНОВ ДМИТРИЙ СЕМЕНОВИЧ
(1909-1988, Абаҕа, Амма)
Бэс ыйын 5 күнүгэр 1943с. Амма-Наахараҕа учууталынан үлэлии сырыттаҕына Чурапчытааҕы РВК армияҕа ыҥырыллыбыта. №581-дээх салгын Армиятыгар аэродрому көрөр- истэр бөҕөргүтүллүбүт батальоҥҥа түбэспитэ. Монголиянан, Кытайынан, Кыайыы бырааһынньыгын Мукден куоракка бэлиэтээбиттэрэ. Сэрииттэн 1946с. тохсунньу ыйга эргиллибитэ. Сэрииттэн төттөн кэлэн баран учууталынан үлэлээбитэ (31 сыл). 1972-1982сс Амматааҕы ВООПИИК отд. Президиум Советын бэрэссэдээтэлэ. Биллэр общественнай экскурсовод, педагогическай үлэ ветерана , элбэх историческай, публицистическай статьялар автордара, краевед-энтузиаст.
Наҕараадалара: ✨Сэрии кэмигэр И.В. Сталин бирикээстээх благодарность ылбыт. “За победу над Японией” мэдээллээх
Звание: рядовой, зенитный пулеметчик, зав.130.зенит.пулем.581батар.
|
Category: Люди. Человек. Народ. Общество |
Views: 3946 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 39 Ыалдьыттар (гостей): 39 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|