Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2024 » Тохсунньу » 5 » “ТУЙМААДА”, БЫРАСТЫЫ!
“ТУЙМААДА”, БЫРАСТЫЫ!
15:22
                                                                                                                                                               “ТУЙМААДА”,  БЫРАСТЫЫ!

         “Туймаада” бастаан тахсарыгар ”Туймаада уоттара” диэн ааттааҕа. Кэм да ону испэр киллэрбэккэбин, эмиэ тугун “уоттарай”, урут барыта “Ильич уоттара” эҥин буолара диэн диэн суруйбуппун сонно тута бэчээттээн турар.  Кэлин ол “уоттарын” киэр быраҕан судургу “Туймаада” буолан тахсыбыта. Бар дьонугар сонун бөҕөтүн кэпсээн, мөккүһүннэрэн, сириллэн, хайҕанан 14 сылтан тахса кэмҥэ үлэлээн кэлбитэ. Урукку партийнай деятеллэр, холобур, М.Сибиряков, Г.Артемьев, Л.Филиппов бу эрэ хаһыаты эрэнэн суруйалларын сөҕө саныырым. Оттон биһиги сорохтор, ким да сөбүлээн бэчээттээбэт суруктаах дьон, эмиэ “Туймааданы” эрэнэр, итэҕэйэр буоларбыт. Аһары баран өйдөөҕүмсүйэн суруйууну “тупсара”, кылгата сатаабат, суруйбуккун бэйэҥ билбэтиҥ курдук оҥорбот диэн буолуо. Хаһыаппытын саптылар. Былаас биллэн турар “биһиги саппатахпыт”, бэйэтэ кыаммата диэхтээх.          

 Арассыыйа үрдүнэн хаһыаттары сабыы маассабайдык бара турарын көрөбүт, билэбит. Кырдьыгы быктартыыр арай “Собеседник” хаалла быһыылаах. Оттон Сахабыт сиригэр “Жизнь Якутска” уонна ”Криминальная Якутия” курдук интернеккэ тахсыбыты устан ылан таһаарар аналлаах хаһыаттар бааллар. Балар кырдьык Интернети, Батсаабы туһаммат дьоҥҥо элбэх информацияны биэрэллэр да, тыыннара төһө уһуура биллибэт. Интернет ситимигэр тахсыбатах кырдьыгы билиһиннэрэ сатыыр “Якутск вечерний” эрэ баар да, В.Обедин уурайыаҕыттан проблеманы дириҥник ырытара мөлтөөтө. Бу да хаһыаппыт төһө өр үйэлэнэрэ эмиэ биллибэт.             

 “Туймааданы” суохтааччы үгүс буолара буолуо дии саныыбын. Бу хаһыат Украинаҕа буола турар сэриини сэргээбэтэҕин, оҕолору онно баран харчыта өлөрүҥ диэн хаһан да агитациялаабатаҕын хайгыыбын. Бу чааһыгар хаһыат суобаһа ыраас, ону хаһан эмэ өйдүөхтэрэ. Оттон Л. Рожин диэн киһилээхпитин “Туймаада” эрэ дьон билиитигэр таһаарбыта. Билиһиннэрбэтэҕэ буоллар сыылла сылдьан сыарҕа быатын кэрбиир, була сатаан улуу дьоммутун холуннарар, сэмнэҕи булан аһылыктанар                  чанчарык сиэгэҥҥэ тэҥнээбит киһилээхпитин билбэккэ сылдьыа этибит. Уонна кинини өйүүр, киксэрэ сатыыр, олоҥхобутугар Ньургун Боотуру курдук “кини диэтэх киһи” диир дьонноохпутун эмиэ билбэккэ сылдьыах этибит. Онон “Туймаадаҕа” итилэр  иһин махтаныах эрэ тустаахпыт.


            “Туймаада” ардыгар, син бары хаһыаттар курдук, тугу эмэ сыыстарара буолуо да, биир хайысханы, төһө кыаҕа тиийэринэн, тутуһа сатаабыта дии саныыбын. Онтун иһин Махтал! Үгүстэр да итинник махтана саныахтарыгар эрэнэбин. Маннык хаһыат республикаҕа баар буола сылдьыбыта диэн сылаас өйдөбүл хаалара эрэбил. “Туймаада”, бырастыы!
                               Иван  БУРЦЕВ             2024 сыл, тохсунньу 3 күнэ.
Category: СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ | Views: 5042 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2024  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 103
Ыалдьыттар (гостей): 103
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024