Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2024 » Тохсунньу » 5 » СӨ Ил Дархана Николаев А.С. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Еремеев А.И.
СӨ Ил Дархана Николаев А.С. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Еремеев А.И.
16:12
СӨ Ил Дархана Николаев А.С.   Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Еремеев А.И.
АҺАҔАС СУРУК.
Ытыктабыллаах

Айсен Сергеевич!
Алексей Ильич!

Өрөспүүбүлүкэбит инники 5 сыллаах үлэтин, дьылҕатын түстүүр быыбардар бүтэн Ил Дархан, Ил Түмэн дьокутааттара талылыннылар, бырабыыталыстыба саҥа састааба бигэргэннэ. Онон саҥа салалтаҕа норуот бэйэтин санаатын, баҕатын тиэрдэр тоҕоостоох кэмэ үүннэ.Тоҕо диэтэххэ саҥа састаап барыбыт олохпут сүнньүн быһаарар эһиилги,онтон кэлэр сыллар бүддьүөттэрин ырытыыны, инники сайдыыбыт торумнарын оҥорууну саҕалаатылар.Этэргэ дылы саҥа сиппиир саҥалыы сиппийэр.Онтон бүддьүөт бигэргэммитин,сүрүн тосхоллор ылыллыбыттарын кэннэ этэн-тыынан, суруйан,үөхсэн даҕаны улахан туһата суоҕа эрэбил.
  Ол иһин мин,биир кырдьаҕас быыбардааччы,сааһым тухары тыа сиригэр араас үлэҕэ миккиллибит, итиэннэ сахам омугун,тыам дьонун туһугар ис дууһабыттан ыалдьарбыттан Эһигиттэн 2 суолу туруорсарга,аһаҕастык ыйытарга быһаарынным. Ол...

МАҤНАЙГЫТА.
Тоҕо олохтоох үүтү элбэтиини  утарар үлэ  барар

Айсен Сергеевич эн 2018с.Ил Дархханынан талыллаат
олохтоох аһы-үөлү дэлэтэргэ олус сөптөөх соругу туруорбутун.Онно өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин үүккэ наадыйыытын 61 %- ҥа тиэрдэргэ диэн этэ. Онон 3 сыллааҕыта барыта 80 тыһ.т үүт соҕотуопкаламмыта.Киилэ арыы атыыланар сыаната ортотунан 500 солк.тэҥнэһэрэ.
   Онтон үүтү соҕотуопкалааhыҥҥа кэтэх ыаллартан үүтү туппакка ынахтарын төбөтүгэр 35, быйылгыттан 37 тыһ.солк.биэрэргэ уонна үүтү тутааччы сыанатынан 10-15 солк.атыылыахтарын сөп диэн саҥа мэхэ ниисим олохтоммута.
Санатан эттэххэ бу дьаһал иннигэр өрөспүүбүлүкэҕэ оҥоһуллар эт-үүт аҥарын чааһынайдар оҥороллоро.Бу мэхэниисим киириитин түмүгэр:
   1.  Ааспыт сылга уруккутааҕар 18 тыһ.т аҕыйах 62 тыһ.т үүт соҕотуопкаланан,750 (!) т олохтоох арыы атыыга тахсыбакка киилэ арыы сыаната 2 төгүл улаатан1000 с олк.тиийдэ,аһарда даҕаны.Онон арыы тиийбэт буолан, тииһиммэтэхтэр уонна кыаммат араҥа доруобуйаҕа охсуулаах араас "рама",маргарин ымнньаастанарга күһэлиннэхтэрэ.Ону тэҥэ ити тутуллубут 62 тыһ.т үүттэн 2583 т арыы оҥоһуллубут буоллаҕына нэһилиэнньэ  аҥардас биир сылга 1,2 млд.солк.эбии төлөөтөҕө.Кэтэхтэр үүт туттарбат буолан күөх үүт суоҕуттан сибиинньэ иитиилэрэ быдан аччаата.Өссө үүт соҕотуопката букатын аччыаҕын үлэһит,сүрэхтээх,элбэх соҕус сүөһүлээх чааһынайдар ИП буоланнар аҥарынан аччаабата.
   2.  Улахан охсууну, тутар үүттэрэ аҕыйаан, соҕотуопсуктар ыллылар.Үгүс сирдэргэ арыы сыахтара,тутутар пууннар сабыллан,аҕыйах да буоллаллар дьоннор үлэтэ суох хааллылар,туттарыан баҕалаахтар да моһуогурдулар.
Онно холобур курдук урут аатырар "Чурапчы"ТХПК-бын сырыы аайы ахтабын. 3 сыллааҕыта 7300 (!) т үүт соҕотуопкаламмыта.Онтон аҥарыттан ордугун 976 кэтэх ыаллар туттараллара.Билигин биир да ыал туттарбат.Онон быйыл 4 тыһ.тоннаттан арыый эрэ тахсаны соҕотуопкалыыр туруктаахпыт.Ол түмүгэр кэпэрэтииппит туруга букатын ыараата,банкрот барар турукка тиийдэ.Ону эн,Айсен Сергеевич,быйыл күһүн кэлэ сылдьан көрбүтүн,көмөлөһүөх буолан эрэннэрдэ диэбиттэрэ.
   3.   Бу мэхэниисим  олохтонон үгүс дьон кыралаан да буоллар туох да көҥүлэ суох арыы,сүөгэй,үрүҥ ас оҥорон быһа атыылаан сокуону,бары ирдэбилэри кэһээччилэргэ кубулуйдулар.Ону таһынан төбө харчытын ылан баран пиэрмэрдэр,КП-лар ааттарынан туттаран,эбэтэр төрүү илик тыһы тыһаҕаһы,тиҥэһэни ынах диэн суруттаран эбии харчы аахсааччылар суохтара буолуо диэҕи киһи итэҕэйбэт.
   3.  Бу мэхэниисим киирэн племүлэҕэ,сүөһү боруодатын тупсарыыга,ынах төрөөһүнүгэр улахан охсууну оҥордо.Уопсай ынах ахсаанын аҥарын ылар кэтэх ыаллар үүт туттарбат,кытарах ынахха кытта харчы аахсар буоланнар сиэмэлэтэргэ,саптарарга улаханнык кыһаммат буоллулар.Ол түмүгэр былырыын уопсай ынахпыт төрөөһүнэ 70, биһиэхэ Чурапчыга 63 %-ҥа эрэ тэҥнэспит.
  Айсен Сергеевич!
Аһаҕастык этэбин.Бу мэхэниисим сыыһатын үгүс тыа дьоно,салайааччылар да өйдүүллэр.Ол эрээри Эйиигин утары этэри туттунан сөбүлээбитэ,хайҕаабыта буолаллар.Онон бу проблеманы быһаарыы,Айсен Сергеевич,Эйиигиттэн уонна Ил Түмэн дьокутааттарыттан быһаччы тутулуктаах.Ону сөптөөхтүк быбаарыахтара диэн эрэнэбин.
Онтон ону...

Хайдах көннөрүөххэ?
 Адьас судургутук.Дьиҥэр ынах төбөтүгэр харчы төлөөһүн сөптөөх дьаһал.Мин этэрим,туруорсарым биир.Ити 35-37 тыһ.солк.саатар  ынаҕын ахсыттан 500 киилэ үүтү уопсай сыананан туттарбыттарга биэриэххэ.Бүттэ!
Оччотугар үүт соҕотуопката биллэ улаатан, олохтоох арыы балачча дэлэйэн, сыаната түһэрэ,дьон үүтү ыырга, ынах боруодатын тупсарарга,саптарарга интэриэстэрэ  күүһүрэрэ,албын-көлдьүн аҕыйыыра,дохуоттара элбиирэ туох да мөккүөрэ суох.Ол биһиэхэ наада дуо?
Маннык дьаһаныы биир ноолоох.Оннук түбэлтэҕэ бары ИП-лар,сорох КП-лар даҕаны кэтэх хаһаайыстабаҕа көһөн хаалыахтарын сөп.Ону тохтоторго тэриллиилээхтэргэ үүттэрин сыанатын үрдэтэр,эбэтэр ынах төбөтүгэр биэрэр харчыны эбэр,ол кэннэ атын да көмөлөрү оҥорор  буоллар боппуруос быһаарыллара уустуга суох.

ИККИҺЭ.

Саха омуга кэхтэр төрүттэ

Хайа даҕаны омук инники сайдар,кэхтибэт,эстибэт сүрүн төрүөттэрэ икки.Ол ахсаан өттүнэн өттүнэн эбиллиитэ уонна төрүт дьарыгын,саҥарар тылын сүтэрбэт буолуута диибин.Онно мөккүһэр киһи суох ини.Дьэ,манна,сахалар ахсааммыт эбиллиитигэр,төрүт дьарыкпытын- сүөһү иитиитигэр балаһыанньабыт букатын ыараан,уустугуран иһэрэ мөккүөрэ суох.
Ол туһунан мин бу ааспыт быыбардар тустарынан 12 ыстатыйаларбыттан "Сахалар эстэр,симэлийэр төрүттэрбит","Соччо үөрбэтим.Туохтан?","Таас оскуола уонна ынах" диэн суруйууларбар ахтыбытым.
Онно 2010 с.биэрэпиһинэн барыта 478085 саха киһитэ өрөспүүбүлүкэбитигэр олороро бэлиэтэммит.Онтон 2021 сылга киириигэ 478409 саха баара ыйыллыбыт.Ол аата 10(!) сыл устата 324,сылга ортотунан 32-лии (!) эрэ саха эбиллибит.Оннооҕор саамай айдааннаах,уустук 1990-2012 с.с.сылга 5077-лии саха эбиллэн испит диэн көрдөрүү баар.Бу сыыппаралар кырдьык буоллахтарына-иэдээн дии! Ол иһин быйыл сайын уопсай нэһилиэнньэбит 1 мөл.киһиэхэ тиийдэ диэн үөрүү,бэлиэтээһин бөҕө буолбутуттан үөрбэтим диэбитим.Тоҕо диэтэххэ элбээһин үксэ кэлии дьон,миграннар күүскэ олохсуйуларын түмүгэр ситиһилиннэҕэ диэн.Бурятия,Чита,Хабаровскай,Приморье да диэки олохсуйбут мусульманнар букатын суохтарын кэриэтэ дииллэр.Онтон биһиэхэ,ордук киин куораппытыгар тутуу,атыы-эргиэн,общепит,такси, атын да өҥөлөр көрүҥнэрин миграннар баһылаан эрэллэр дииллэр.Бу быһыы сахалар омук быһыытынан сайдыыбытыгар үтүөнү аҕалбата чахчы.
Маннык быһыы олохпут таһыма мөлтөҕүттэн ( Арассыыйаҕа 71-с миэстэҕэ сылдьабыт дииллэр),сөптөөх үлэ көстүбэтиттэн Арассыыйа иһигэр уонна омук дойдуларыгар көһөн,олохсуйа барыы аһара элбээбитинэн, төрөөһүн  аҕыйааһынын түмүгэр тахсар диибин.
   Аны туран сахалар омук быһыытынан өнүйбэт иккис төрүөппүтүнэн төрүт дьарыкпыт - сүөһү иитиитэ букатын кэхтэр суолга киирэн иһиитэ буолар.Ол сүрүн биричиинэтинэн тыа сириттэн улуус кииннэригэр,куоракка көһүү олус элбээн,кырыы нэһилиэктэргэ оҕо төрөөһүнэ,нэһилиэнньэ,ыччат ахсаана наһаа аҕыйаан,сүөһү көрөөччү суох буолан иһиитэ улахан проблемаҕа кубулуйда.
Сыыппара көрдөрөрүнэн тыа сиригэр нэһилиэнньэ үстэн биирэ олорор курдук.Ити көрүнньүк соҕус көрдөрүү.Тоҕо?
Холобур биһиги Чурапчы улууһугар 21 тыһ.курдук нэһилиэнньэбититтэн 11 тыһыынчата улуус киинигэр тоҕуоруйда.Көһөн киирии уҕараабат.Ыксаан быйыл тыаны солоон 256 учаастак сирин быстылар.Маннык көстүү бары улуустар кииннэригэр баар көстүү.Олорго сүөһүнү ииппэттэрин кэриэтэ.
Ол түмүгэр кытыы нэһилиэктэр дьонноро букатын аҕыйаан,кырдьан,ыччат  тохтообот буолан оҕо төрөөһүнэ аһара аҕыйаан иһэрэ ханан даҕаны улахан кыһалҕа,төбө ыарыыта буолан иһэр.
Холобур мин сэбиэттиирим саҕана Кытаанаҕым нэһилиэгэр 700-кэ киһи олороро.Сылга 20-чэ оҕо төрүүрэ, 5 Дьоруой Ийэ баара.Билигин дьиҥнээх олохтоҕо 400-кэ киһи хаалбыт.Былырыын 2 оҕо, быйыл 1 оҕо төрөөбүт.Эбиллэрэ саарбах үһү.Сүөһү көрөр ыччат суоҕун тэҥэ буолбут.Онон аны 10-20 сылынан ынаҕы хартыынаҕа көрөрбүт буолуо дэһэр буолбуттар.Бу-омуннааһын буолбатах.Оннооҕор аатырар үлэ Дьоруойа Африканович үлэлиир, 1000 кэриҥэ нэһилиэнньэлээх Сунтаар Кириэстээҕэр иллэрээ сыл 4, былырыын 2 эрэ оҕо төрөөбүт дииллэр.
Маннык быһыы түмүгэр үгүс кырыы учаастактар сабыллар,оскуолалар кыччыыр,сүөһү иитиитэ өссө кэхтэр турукка тиийэрэ саарбаҕа суох буолан иһэр.

   Түмүк

Айсен Сергеевич!
Алексей Ильич!
Ил Түмэн дьокутааттара!

Мин манан өрөспүүбүлүкэбит букатын эһиннэ-быһынна,барыта куһаҕан диэбэппин.Ситиһиилэр элбэхтэр.Олор тустарынан үгүстүк кэпсэнэр,суруллар.
Мин эһигиттэн биири туруорсабын,көрдөһөбүн. Эһиги быйыл тыа хаһ-р уопсай бүддьүөт 4 %-нын,14 млд.солк.көрөн баран хаһан да,хайа да регионнааҕар көрүллүбэтэх балысхан үп көрүлүннэ диэн киэн туттубуттуу кэпсииргитин,тыа х-та ночооттоох салаа онно тоҕо элбэх үбү көрүөхпүтүй  диэн этэргитин,саныыргытын тохтотон бу салааны кыаммат дьоҥҥо социальнай көмө курдук буолбакка,бу-экэниэмикэ биир сүрүн салаатын,нэһилиэнньэ доруобуйатын тупсарыы,элбэх дьону үлэнэн хааччыйыы,дохуоттарын үрдэтии,сахалар омук быһыытынан элбиирбит,тылбыт,төрүт үгэстэрбит,култуурабыт сайдыытын сүрүн хайыскатын быһыытынан көрөргөтүгэр баҕарабын,көрдөһөбүн.
Ити соруктары ситиһии сүнньэ үбүлээһинтэн,тэрээһинтэн тутулуктаах.
Ил Дархаммыт бу кэлэр 5 сылга дьадьйыыны аҥарынан аччатарга,олохтоох аһы оҥорууну 20 %-н үрдэтэргэ сорук туруорбута саамай сөптөөх.
Онтон ол соруктары толорууга лиитэрэ сэлээркэ биһиэхэ 78 солк.60 харчы буолбут,бары сыаналар муҥура суох үрдүү турар кэминэригэр үүтү  70 солк.тутан,бүддьүөт 4-5 %-нын эрэ көрөн,эбиитин кэтэхтэртэн үүтү үүтү туппакка толоруохпут диэн сананар букатын сыыһа.
Өссө төгүл хатылыыбын.Туох да омуна суох, Ил Түмэн бу 7-с болдьоҕун дьокутааттарын,Ил Дархан эһиги суобаскытыгар,быһаарыыгытыгар сахалар омук быһыытынан ахсааммыт элбиирэ,сайдарбыт,төрүт дьарыкпыт-сүөһү иитиитэ кэхтибэтэ барыта эһигиттэн тутулуктаах.
Ол иһин,кыра сиэртибэҕэ киирэн да туран,бу салааҕа у лахан суолта биэриэхтэрэ,үбүлээһини кырата 2 төгүл улаатыннарыахтара диэн эрэнэбин.
Бүтэһигэр,Айсен Сергеевич!,
Алексей Ильич!
Бу мин,кырдьаҕас киһи,сурукпар хоруйдуохтара диэн эрэли, эһиги   олус эппиэттээх үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕара

Иван Петрович
Пономарев.

- Кытаанах нэһилиэгин уонна Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо
- Россия үтүөлээх пиэрмэрэ
 - РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ
  -Сэрии тулаайаҕа.
 
   10.10.23.
Аадырыһым: 678670
  Чурапчы с.
Ефимов уул-7.
  Тел. .8-984-100-12-51.
Category: Власть Правительство Ил Тумэн | Views: 3915 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2024  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 88
Ыалдьыттар (гостей): 88
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024