News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2024 » Тохсунньу » 5 » 1991 сыллааҕы бастакы халандаары Дабыл уонна Тэрис бэчээккэ бэлэмнииллэр.
1991 сыллааҕы бастакы халандаары Дабыл уонна Тэрис бэчээккэ бэлэмнииллэр. | 16:25 |
1991 сыллааҕы бастакы халандаары Дабыл уонна Тэрис бэчээккэ бэлэмнииллэр.
1991 сыллаахха кулун тутарга Кут-Сүр кыһа тэрээһин тайылҕана буолар. Бу сыл ахсынньытыгар «Күн-дьыл уонна үгэс эргиирэ» диэн 1992 сыллааҕы халандаары Дабыл уонна Тэрис хос кэҥэтэн оҥороллор.
Тэрис.
Араадьыйаҕа саҥа дьылы Айыыһыт сыла диэн ааттыыллар. Онуоха диэри Арассыыйа хаһыаттарын үтүктэ Дракон сыла диир этилэр. Биһиги саҥа дьылтан Айыыһыт сылга анаан икки халандаары атыылаан барабыт. Биир дьахтардаах халандаары бэйэбит оҥорторобут, онтон биир төгүрүктээх халандаары Татаринов Гавриил оҥорторор. Бу халандаар уратыта диэн күн дьыл ый аайы 12-лии бэлиэтэ суруллар.
Биһиэхэ сахаларга былыргы түүр омук кыылларынан сирдэттэр халандаара баар. Ону билигин икки тыл эрэ көрдөрөр.
Тохсунньуга кутуйах хаамыытынан күн уһуур диибит. Атын түүрдэргэ тохсунньу кутуйах ыйа диэн аатанар. Онтон мөһүлгэ диэн тылбыт атын түүрдэргэ 12 сыллаах кыыл эргиирин көрдөрөр.
Түүрдар Дьэллэҥэ (Юпитер) 60 сылга биир эргиири оҥорорун билэр этилэр. Ол иһин 60 сылга олоҕурбут халандаар үөскээбитэ.
Биһиги киһи көхтөөх кэмин чорботтубут. Онтон бу холобур 60 сыллаах эргиир былыргыттан баарын туоһулуур. Сахалар умнубут да буоллахтарына, 60 сылынан сирдэттэр үгэстэрэ хаалбыт буолуохтаах. Бу эргиир дьоҥҥо олохсуйан хаалыыта да киһи көхтөөх кэмин кытта сибээстээҕин иһин быһыылаах.
Манна олоҕурдахпытына, үйэ аҥаара диэн кэммит 60 сылга тэҥнэһэр буолар. Ити сүнньүнэн сөп. Биһиги киһи көхтөөх сааһа быһа холоон 60 сыл диибит. Идиэйэ киһи орто сааһын кытта сибээстээх. Ол аата идиэйэ 60 сыллаах.
Мантан түмүк таһаардахпытына, олоххо улахан уларыйыы 60 сылга буолар эбит. Бу киһи олоҕор тэҥнэһэр. Ол аата киһи биир идиэйэтэ саамай уһаан кини олоҕун устатыгар тиийэр эбит. Оттон ити көлүөнэ олорон бүтэрин кытта кинилэр идиэйэлэрэ бүтэр, саҥа идиэйэ үөскүүр. Онон биһиги 60 сылы өтө көрүүгэ төрүөт быһыытынан ылынабыт.
Алта уон сыл туспа эргиир быһыытынан ылыллыбыта бэрт өрдөөҕү дьыала. Бу алта уон сыл биэс 12 сылтан турар.
Хас сыл барыта өҥнөөх буолар. Ол кытай халандаарыгар олохсуйан хаалбыта. Ити көрүүнэн түүр хааландаарыгар туһаныллар.
Биһиги өҥүнэн араарыыны туһаммаппыт. Ол оннугар тылынан араарыыны туһанабыт. Бастакы 12 сыл көччүйүү түгэнэ дэнэр, иккис 12 сыл – нэм түгэнэ, үһүс 12 сыл – нум кэмэ, төрдүс 12 сыл – намыр түгэнэ, бэһис 12 сыл – сөргүйүү түгэнэ.
Бу сыллар бары биир идиэйэ сайдыытын көрдөрөллөр. Билигин нэм түгэнэ буола турар (манна, Тэрис ааспыты этэр, билигин, 2024 сылга – нус кэмигэр олоробут). Ол аата саҥа идиэйэ олохсуйар, улам кытаатан иһэр. Оттон нум түгэнэ кэлиэ. Саҥа идиэйэ букатыннаахтык олохсуйан бүтүө. Киһи көҥүлэ ол аайы кыччаан иһиэ. Былаас уруккуттан кэлэр идиэйэни өрө тутар. Ити син кыаллар. Ол гынан баран олоххо сөп түбэспэтэ биллэн барар.
1995 сыллаахха Ф.С. Тумусов сылы ааҕыыга мунньах тэрийбитэ. Онно сылы ааҕыы үлэтин Тумус Мэхээлэ уонна «Кут-сүр» уопсастыба киллэрбиттэрэ. Кут-сүр сылы ааҕар үгэһи 1992 сылтан үөскэппитэ.
Сылы ааҕыы маннык бэрээдэгэ үөскээбитэ:
Олоҥхо бырамана – сир-халлаан үөскээһинэ,
Эллэй үтүмэнэ – быһа холоон 1000 сыл,
Нуучча кэмэ – 400-чэ сыл,
Дьөһөгөй мөһүлгэтэ – 1990 сыл.
Нэм түгэнэ – 2002 сылтан саҕаланар 12 сыл.
Таҥара аатынан сыл ааттанар – мөһүлгэ ааттара.
Оттон инниктикин сыл ааҕыыта мөһүлгэнэн барыахтаах. Икки тыһыынча 49 сылга Дьөһөгөй улахан мөһүлгэтэ бүтэр. Ол кэнниттэн Хотой Айыы мөһүлгэтэ кэлэр. Ити салгыы 60 сыл салҕанар. Ити курдук таҥаралар аатарын батыһан сыллар ааҕыллан иһиэхтэрэ.
Сылы ааҕарга маннык үгэс туһанылар: 12 ыйы барытын таҥара аатынан ааттыыбыт, 12 сылы ый аатыгар олоҕуран ааттанан (Дьэллэҥэ биир эргийиитигэр тэҥнээһин), 12 сылааҕы эргиир кыра мөһүлгэ диэн ааттанар. Биэс итинник эргиир улахан мөһүлгэни үөскэтэр. Аатара маннык: көччүйүү (1990-2001 сыллар), нэм (2002-2013 сыл), нус (2013-2025 сыл), намыр (2025-2037 сыл), көхсүн (2037-2049 сыл). Бу ааҕыы 1990 (Дьөһөгөй ыһыаҕа) сылтан саҕаланар уонна 2049 сылга бүтүөҕэ, ол аата көччүйүү кэмэ ааста, билигин нэм кыра мөһүлгэтигэр (эбэтэр түгэнигэр, кэмигэр сылдьабыт). Дьөһөгөй 60 сыла ааспытын кэннэ Иэйэхсит 60 сыла кэлиэ. Ити курдук 60 сыллаах эргиирдэр бара туруохтара.
Аан дойду үгүс омуктара зодиак систиэмэтигэр олохсуйан 12-лии сыллаах тэтими тутуспуттара. Оттон сэбиэскэй былаас биэстии сыллаах тэтими тутуспута.
Билигин 12-лии сыллаах тэтим кыайда, киһи-аймах барыта кэриэтэ бу тиһиккэ киирдэ. Ол иһин биһиги 12-лии сыллаах тэтими батыһабыт.
12 сыл аҥаара алта сыл буолар. Билигин нэм түгэнэ буола турар. Көччүйүү түгэнин утары бэлиитикэ үөскээтэ. Ол гынан баран сүрүн туһаайыы уларыйбата. Уопсай дэмэкирээтийэ хайысхата баар. Нэм кэмэ диэн олох балачча оннун булуута, былаас бөҕөргөөһүнэ. Ити алта сылга ордук күүстээх буолуоҕа. Ол аата 2008 сылга диэри барар. Ол кэнниттэн былааһы аһара күүскэ тутуу мөлтүөҕэ. Дэмэкирээтийэ өттө улаатыа. Уопсай туһаайыы уларыйыа суоҕа. Былаас өссө бөҕөргөөн иһиэҕэ.
Дэмэкирээтийэни хам тутуу өссө күүһүрүө. Кэлиҥҥи алта сылга кыратык сымныа эрэ. Маныаха Арассыыйа устуоруйа сайдыытын төһө өйдүүрэ суолталаах буолуоҕа. Биһиги уруккуттан биир уһуктан биир уһукка охсуллар идэлээхпит.
Билиҥҥи аан дойду оннук бэрээдэги ылыммат. Ол иһин 1990 сылтан ылыллыбыт идиэйэ хаамыыта толору олохсуйуо суоҕа, оччоҕо нэм түгэнигэр уларыйыы буолуо. Бу уларыйыы уһуктан уһукка хаамыыны кыччатар аналлаах.
Билигин дэмэкирээтийэ аатынан дэмэкирээтийэттэн дэмэкирээтийэтэ суох былааска баран иһэбит. Итинник барыыны өр тулуйар кыахпыт суох. Ол аата дэмэкирээтийэтэ суох былаас өттүгэр барарбыт кыаллыбат буолар. Оччоҕо ити өттүгэр ситэ барбаппыт, оччоҕо дэмэкирэтиийэлээх дэмэкирээтийэ өттүгэр барарбыт ордук кыаллар.
Айыыһыт сылыгар, биллэрин курдук, ыһыахтар кыра ыһыахтартан саҕаланналлар. Аан маҥнай Туҥуй ыһыахтарга Айыыһыт туһунан саҥарыахтаахтар, онтон эбир ыһыахтарга саҥарыахтаахтар, онтон дэлэй ыһыахтарга саҥарыахтаахтар. Бүтэһигэр Улуу Ыһыахха Айыыһыт туһунан алгыс этиллиэхтээх.
Атыннык эттэххэ, саха сирин үрдүнэн биир санаа этиллиэхтээх. Онно оҕону иитиигэ болҕомо ууруу, ыалы бөҕөргөтүүгэ кыһаныы этиллэр.
Ити курдук сыл аайы олох биир сүрүн эйгэтэ таарыллар. Онно дьон барыта кыттыахтаах. Мантан ордук улуу сыал суох дии саныыбын...
|
Category: Айыы үөрэҕэ |
Views: 3990 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 94 Ыалдьыттар (гостей): 94 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|