Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [261]
Суд-закон.МВД.Криминал [1279]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [398]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [553]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [154]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [276]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [221]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [669]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [375]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [154]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [92]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [22]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [237]
Тюрки [76]
Саха [152]
литература [41]
здоровье [463]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [121]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2024 » Тохсунньу » 5 » Ойуун эттэтиитэ
Ойуун эттэтиитэ
16:29

Ойуун эттэтиитэ

Ааптар: 
01.01.2024, 15:00
Владимир Григорьев хаартыскаҕа түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Биллэр Сэбиэскэй этнограф Андрей Александрович Попов «Получение шаманского дара у Вилюйских якутов» диэн кинигэтэ 1947 с. бэчээттэнэн тахсыбыта. Бу кинигэни 1988 с. биллиилээх фольклорист Прокопий Елисеевич Ефремов  тылбаастаабыта. 

Ону бэйэтигэр аахтаран, Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгин кырдьаҕас олохтооҕо Харлампьев Пётр Васильевич магнитофоҥҥа уһулбута. Ол уһулбут кассетатыттан иһитиннэрбитин сурукка түһэрбитим. Ол кассета Бүөтүр дьонугар билигин баар буолуохтаах. Манна Бүлүү улууһугар II Күүлэккэ төрөөбүт Испирдиэн ойуун-Герасимов Спиридон Герасимович туһунан кэпсэнэр. Бу тылбаас толору барыйаанын Прокопий Елисеевич “Отчут уола Оноху Испирдиэн” диэн төбөлөөн “Саха ойууттара” кинигэҕэ 1993 с. таһаарбыт [“Саха ойууттара”, 1993, с. 5-16]. Бүөтүр Харлампьевка кэпсииригэр кылгаппыт эбит. Маны сэргэ Бүлүү улууһун Үгүлээт дьонун-сэргэтин былыргы үһүйээннэрин «Үгүлээт фольклора» 2020 с. тахсыбыт кинигэбиттэн сиһилии ааҕыаххытын сөп.

Ойуун эттэтиитин тыла-өһө

«Күһүн биир сылаас күн миинэр табабын миинэн табалыы таҕыстым. Түүн буолан барда. Эмискэ ким эрэ көхсүбэр оҕуста. Инньэ гынаатын, этим бүтүннүүтэ муустаах уунан саба ыста. Төбөбүн көтөҕөн, өрө көрбүтүм, үс суор олорор. Биирэ – маҥан төбөлөөх, иккиһэ – ала, үсүһэ – хара. Бу туох ааттааҕай диэммин көрөн турдум. Ол көрөн туран, төбөм эргийэн, охтон түспүтүм. Ол сытан ким эрэ саҥатын иһиттим: «Били көрдүүр киһибит бу сылдьар», – диэн. Итиннэ тураммын нэһиилэ саабын туттум уонна дьиэбэр тиийэммин ороммун буллум. Туох да күүстээхтик төбөм ыарыйда. Түүн түһээн көрдүм: туох эрэ дьоннор кэллилэр. Улахан хаптаһын киллэрдилэр. Эт-эттиир. Ону дьиэ ортотугар уурдулар. Онтон улахан хааһаҕы киллэрдилэр, атыыр оҕус төбөтүн саҕа. Иһигэр туох эрэ убаҕас баар быһыылаах. Били хааһаҕы хаптаһыҥҥа ууран баран, ортотунан хайа быстылар. Онуоха хаан халыйа түстэ. Онтон ханнык эрэ аҥаар өттүтүгэр турар киһи кэлэн ол хаанынан суунна. Онуоха мин эмиэ ол хааҥҥа баҕардым. Оттон били сууна турар киһи айаҕыттан хаан таҕыста. Ханнык эрэ бурдук куолаһынан эппин ибили ыспыттарын курдук буолла. Мин иттэннэри баран түстүм уонна били хааҥҥа чачайан бардым. Онтон икки киһи, миигин көтөҕөн ылан, таһырдьа таһаардылар. Онтон таһааран, туох эрэ хатырыгынан дуу, тимиринэн дуу таһыйан бардылар. Билбэт дьиэбэр киллэрдилэр уонна муостаҕа уурдулар. Ол уурбуттарыгар, эҥин араас үөн бөҕө 55-тэ ытыра түстэ. Онтон өйбүттэн тахсан хааллым, иирэн ылабын. Уһуктан туран бараммын, санаабыттан иирэр буоллум. Сааһыгар атын дьон көрбөтүгэр олох иирдим. Онуоха дьонум тутан ылан, сэргэҕэ сэттэ күн кэлгийэн кэбистилэр. Алтыс күнүгэр эмиэ тугу эрэ көрөр буоллум. Онно бастаан иһиттим киһи саҥатын: «Биһиги эйигин хотугуларга илдьиэхпит», – диэн. Онтон миигин кирдээх баҕайы хараҥа балаҕаҥҥа киллэрдилэр. Төбөбүн быһан ыллылар, туох да сүрдээх ыарыылаах буолар эбит уонна туох баар эппин бүтүннүү эттээтилэр. Ол этин уонна төбөбүн тимир иһиккэ уктулар. Ол укпуттарыгар, эттэммит этим барыта сыстыһан, бэйэм-бэйэбинэн буоллум. Ол кэннэ эриэн өтүүнэн кэлгийэн кэбистилэр уонна бардылар. Онтон өтөр буолан баран, эриэн өтүүлэрин сүөрдүлэр. Онтон туох эрэ уһуктааҕынан анньаанньа, уҥуоҕум кырамталарын уонна этим сааһын барытын аахтылар. Бу киһиэхэ биир уҥуох кырамтата уонна үс эт сааһа ордук эбит диэтилэр. Онтон хантан эрэ эһэҕэ маарынныыр киһи кэллэ: «Ол иһити аҕалыҥ эрэ», – диэтэ. Онуоха оһох таһыгар турар түөрт кырыылаах алтан иһити биэрдилэр. Ол иһиккэ хотуолаан барда өһөҕүнэн. Миигин ол өһөххө хаста да уган ыллылар. «Бу киһиэхэ аат биэриэххэ», – диэтилэр. Ону мин саҥатын истээри, иһиллээтим, тоҕо эрэ эппэтилэр. Онтон эмиэ биир киһи саҥата: «Кэл эрэ бэттэх, эмэ түс», – диэтилэр. Онуоха биир ыт сиэтиилээх дьахтар киирэн кэллэ. Ыт миигин сирэйбиттэн салаата, уҥан хааллым. Өйдөммүтүм, биир дьахтар түһэҕэр олорор эбиппин. Дьахтар хаҥас эмиийин таһааран миэхэ биэрдэ. Сиргэнэммин тиэрэ хайыстым. Онуоха дьахтар миигин сирэйбинэн умса уурда: «Бу киһиэхэ уйата бэлэмнээҥ», – диэтэ уонна ыйытта: «Төһө улахан уйаны оҥороору гынаҕыт?». Онуоха ким эрэ эппиэтээтэ: «Төгүрүмтэтэ түөрт арсыын, үрдүгэ үс алтан болгуоччулаах буолуоҕа», – диэтэ. Миигин ыланнар оруобуна эппиттэрин курдук иһиккэ уктулар уонна оҕо курдук эрийэн кэбистилэр. Ол иһиккэ сыттахпына, ынырык сирэйдээх-харахтаах дьон киирдилэр. Эмээхситтэр быһыылаах. Ол эмээхситтэртэн биирдэстэрэ: «Бу туох эрэ ас буолуоҕа баар эбит. Туох эрэ ас буһарыныҥ эрэ», – диэтэ. Онуоха икки дьахтар таһырдьа таҕыстылар. Тахсааттарын кытта, мин икки харахпын тэһэн кэбистилэр. Онтон эмиэ саҥа иһиллэр: «Бу кини эбит», – диэтэ. Иттэннэри баран түстүм. Ол сыттахпына, муннум аҥаар кэҥириититтэн хаҥас диэки тимир тордуоҕунан тартылар. Онтукабын көтөхпүппэр, уруккум курдук эмиэ көрөр буолан кэллим. Онтон өйдөммүтүм, хааннаах 56 өрүстэр. Ол өрүстэн кууһан ыланнар, миигин ууга уганнар, утаҕы иһэртилэр, кулгаахпын үүттээтилэр. Чиэппэр кэриҥэ үрдүктээх уһун иһиккэ уктулар уонна эттилэр: «Эн улуу ойуун буоллуҥ, хаан олбохтоох», – диэтилэр. Сыттык саҕа хаан бөлөнөҕүн быраҕан биэрдилэр уонна онно миигин үктэннэрэн баран эттилэр: “Эн хаан олбохтоох абааһы ойууна, эһэ кыыл буоллуҥ”, – диэтилэр. Ол тыллары мин бэйэм да билбэккэбин хатылаатым уонна өтүүнэн баайдылар, усталаах сиринэн бырахтылар. Ити кэннэ ханна эрэ илдьэ бардылар. Онтон ыарахан баҕайы ойуун таҥаһын таҥыннардылар, илиибэр былаайах, дүҥүр биэрэн баран эттилэр: «Уот кутуруктанныҥ эбээт, түптэ төлөн тыыннанныҥ эбээт, сырҕан эһэ сырайа сырайданныҥ эбээт, хагдаҥ эһэ хара хаан харахтанныҥ эбээт, кэрэ чуор кулгаахтанныҥ!»,– диэтилэр. Мин олоро түһээт, кыыран бардым. Ол буоллаҕына, саҕалаатым быһыылаах. Онтон, бүппүтүм кэннэ, илиибин эмиэ дэлби суулаан кэбистилэр, олбоххо олортулар. Онтон ханнык эрэ дьон кэлэн тыбыс-тымныынан миигин сууннаран бардылар. Онтон били илиибин эттээбит сирдэригэр аҕаллылар, өтүүлэрин сүөрдүлэр уонна “кэлбит ойууттары кытта ойууннаа” диэтилэр. Мин буоллаҕына аккаастанным. Онуоха эттилэр: «Омук кыыһа, бэртэх кэл эрэ, бу хара кырыыстааҕы илдьэҥҥин иннин ыл», – диэтилэр. Онтон миигин ыланнар, инчэҕэй эһэ тириитигэр уганнар, ханна эрэ илдьэ бардылар. Эмиэ сүөкээн кэбистилэр. Онтон эмиэ өйдөнөн истэхпинэ, туох да киһи тулуйбат ыарыыта буолла. Ханнык эрэ билбэт дьонум миигин дэлби кэбилии тураллар эбит. Ити син өр салҕанан барда. Онтон дьэ миигин муҥнааччы дьон тохтоотулар уонна эттилэр туох эрэ диэн. Ону анараа дьон хат ыйыттылар: «Ханна?» – диэн. Онуоха эттилэр: «Тоҕус ии үүтүн курдук түгэҕэ биллибэт дьибилгэннээх дойдуга», – диэтилэр. Миигин ханна эрэ иттилэр уонна кыараҕас хайаҕаска уган кэбистилэр: “Бу киһини Ньохтолоох ууһугар илдьэн, хара быарын туһунан тоһоҕолооҥ кэбиһиҥ», – диэн быһаардылар. Быарбар хара быһаҕынан саайдылар. Мин өйбүн сүтэрэн кэбистим. Онтон биирдэ өйдөммүтүм, дьиэм анныгар баайылла сытар эбиппин. Дьонум эбиттэр, дьоммор “миигин сүөрүҥ”диэн көрдөстүм уонна дьэ өр баҕайы мэнэрийдим. Кэнники түүннэргэ били сылдьыбыт сирдэрбэр тиийэн хаалбыт буолабын. Уонна оннук сылдьан ыалдьар дьону көрдөхпүнэ, ойууннуохпун баҕарар буоллум. Ол кинини ыарыытыттан быыһыыр туһугар диэн. Уһугуннахпына, иһим үлүн да үлүн буолар, уҥуохтарым 57 дьаралыйаллар. Оннук күннэргэ мин төбөм эргийэр, хараҕым иирэр. Инньэ гынан баран, быһах уонна саа ылан мээнэ баран хаалабын, санаабар, бэйэбэр тиийинэргэ сананным. Ол гынан баран, сырыы аайы төннөн кэлэр буоллум. Оннук сылы быһа сордоннум. Биир түүн түһээммин, биир киһини көрдүм. Ол киһим таҥаһа ынах таҥкычаҕыттан. Дьэ, онтон ыла мин хайдах эрэ түһээн да, илэ да ойууннуохпун баҕам күүһүрдэ уонна атах балай барар буоллум. Ити саас этэ. Ону дьонум үс төгүл булан аҕалаллар (өйө суох эбиппин) эбит. Өйдөнөн баран, бөрөнү уонна эһэни үтүктэн, түөрт атах буолан сылдьан, хайдах сири-буору сүргэйэн, эҥин араас сидьиҥ үөннэри, кутуйахтары сиртэн хаһан сиирбин саныыбын. Дьэ, оннук мээнэ сылдьан, биирдэ өйдөммүтүм, түүн үөһэ буолбут, сыбыс-сыгынньах сытар эбиппин. Онуоха хонноҕум анныттан сахсырҕа бөҕө көтөн таҕыста. Атахпын бүтүннүүтэ кымырдаҕас сиэн кэбиспит. Онтон дьиэбэр нэһиилэ тиийдим. Ити түүн дьонум утуйбуттарын кэннэ, сирэйбэр улахан уот кэлэн түстэ, хата, сиэбэтэ. Онтон балааккам таһыттан биир киһи киирэн, тарт да тарт буолла. Мин, куттанан, улаханнык хаһыытаатым. Дьонум уһугуннулар. Аны иккис саҕаланыытыгар мин иччилэри кытта мөккүһэр буолан бардым, “мин ойуун буолуом суоҕа” диэн. Ону этэллэр: «Сөбүлэн, син биир буолуоҕуҥ», – диэн. «Биһиги син биир эйигин сөбүлэһиннэриэхпит, баараҕай атахтаах, маҥан муруннаах, түүн бараан ийэҕэ», – дии-дии кычыгылаталлар. Онтон баттахпын тарыы-тарыы үөрэтэллэр. «Дьэ, баттаххын кырынан көрөөр эрэ», – дииллэр. Сороҕор түүн сыгынньах тииккэ ыттан олоробун уонна сарсыарданан билбэттэринэн киирэн ороммор сытабын. Оннук иккис сылбын туораатым.  Үһүс кыһыным буолла. Саас маамыкталаах таба тута бардым, күөлгэ тиийэммин үөмэн истэхпинэ, арай иннибэр улахан баҕайы ыт баар буола түстэ. Ол ыкка чугаһаабыппар, эмиэ кулгааҕым курулуу түстэ да, өйбүн сүтэрэн кэбистим. Онтон өйдөммүтүм, миигин кытаанах баҕайы гына кэлгийбиттэр. Мин туран сүүрэн истим. Тиит таҥалай баара туораан хаалла. Онтон эмиэ охтон түстүм, өйбүн сүтэрэн кэбистим. Сарсыарда турбутум, кэлгиллэ сытар эбиппин. Эмиэ тутан аҕалан кэлгийбиттэр. Били бүтэһик сүтүүм кэннэ дьонум таайбыттар эбит уонна былаайах, таҥас тиктэрбиттэр. Онон үтүөрэн баран ойуун буоллум….».

Ангелина Кузьмина, тыл билимин хандьыдаата

Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 1672 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2024  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 2
Ыалдьыттар (гостей): 2
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024