Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2024 » Кулун тутар » 3 » ИВАН БУРЦЕВ: КИНИГЭЛЭРИМ ТУСТАРЫНАН
ИВАН БУРЦЕВ: КИНИГЭЛЭРИМ ТУСТАРЫНАН
17:20
                   ИВАН  БУРЦЕВ:  КИНИГЭЛЭРИМ  ТУСТАРЫНАН
Ааспыт 2023 сылга, сыра бөҕөнөн, икки кинигэни суруйан таһаардым. Бастакыта “Уол оҕо охтума, аккыттан сууллума. Афанасий Максимов олоҕун аргыстара” диэн төбөлөөх. Иккиһим - “Эйэни баҕарабын!” диэн судургу ааттаах.
                            “УОЛ ОҔО ОХТУМА,  АККЫТТАН  СУУЛЛУМА!”                     
              Төрөөбүт республикабыт сиртэн хостонор  туһалаах баайа элбэҕинэн РФ республикаларыттан барыларыттан инники күөҥҥэ сылдьар. Ол үрдүнэн олохтоох дьон олоҕор туһата кыратын, санаа курдук буолбатын киһи барыта билэр. Ити  сорох төрүөтүн араас официальнай чахчыларга олоҕуран, баар сыыппараларынан чиҥэтэн кинигэбэр ырыта сатаатым.

Иккиһинэн, бу баайы республика туһатыгар хаалларыы уустугун, ону туруулаһар дьон сойуоҕа, эккирэтиигэ түбэһэллэрин эбиитэ, көҕүрэтиитэ суох докумуоннарга олоҕуран суруйдум. Республикаҕа биллэр личность Афанасий Максимов уонна кини биир санаалаахтара Игорь Чикачев, Игорь Пахомов уонна  Владимир Рожин 8 сылы быһа суукка соһуллубуттарын харахпынан көрбүппүн, кулгаахпынан истибиппин хайдах баарынан сырдаттым. Кинилэри 3 сыл устата нолуогу төлөөбөтөххүт диэн куоһурдаммыттара уонна Таалакаантан Витимҥэ диэри гаас турбатын тардыбатаххыт диэн буруйдаабыттара.

Итиннэ 198 млн. солкуобай сиэммитин “дакаастыы” сатааһыҥҥа 8 сыл барбыта, СИЗОҕа, холуонньаҕа уга-уга таһаарбыттара. Кэлин уһугар барыта сымыйа буолан күппүлүү барбыта, прокурордар аккаастанарга күһэллибиттэрэ. Хас да сыллааҕыта туһаныллан бүппүт 50 мөл. векселгэ “хатааста” сатааһын буолбута. Магомедовтары улахан хамнаска көмүскээбит, үксүн сууппут өйөбүлүн ылбыт Дмитрий Чекулаев сымыйа дэбиэринэстээҕэ биллибитэ да сууппут итини чинчийэри наадалааҕынан аахпатаҕа. Ол сымыйа дэбиэринэһи биэрээччи аата-суола биллэрин үрдүнэн. 

 Максимовтаах 8 сылы быһа наар атаҕастаммыттара, чугас дьонноро, аймахтара кытта, туох да  буруйа суох эрээри, үтүргэҥҥэ түбэспиттэрэ. Гааспытын босхо кэриэтэ бас билбит, кэлин уһун болдьохтоох хаайыыга түбэспит түөкүн Магомедовтар, кинилэри көмүскээбит маннааҕы сорох дьон уонна сууппут тустарынан кинигэҕэ хайдах баарынан сурулунна. Хаарыллыбыттар эбэтэр ити преступниктар кытыйаларын, хамыйахтарын саласпыттар итини сөбүлээбэттэрэ биллэр. РФ Үрдүкү суута (В.Я.Зыкин, А.В.Шамов) маннааҕы сууттарбыт сыыһаларын ыйбыт уураахтарын толорор болдьоҕун  тутуспакка сыһан-соһон хойутатан испиттэрэ эмиэ суруллубута. Сууттарбыт дьаһаныыларын сыыһанан ааҕан хаста эмэтэ бырачыастаабыт республика прокурорун солбуйааччы, юстиция старшай советига А.Щербаковы кинигэҕэ анаан бэлиэтээбитим.


            Кинигэм киириитигэр ааҕааччы, оннооҕор суруйуум дьоруойдара кытта, сөбүлэһэр да, сөбүлэспэт да түгэннэрэ баар буолуо диэн эрдэттэн сэрэппитим. Бэл улуулар да суруйууларыгар итинтэн куоппаттар. Ааҕан баран сибээстэспиттэр үксүлэрэ ырытыыларбар  сөбүлэһэллэрин биллэрэллэр. Биир эмэ өйдөөбөтөҕө буолан кубулунар эбэтэр дьону буккуйарга дьулуһар баара дьыала ис хоһоонун уларыппат. Аахпыттар телефонунан этиилэрин, хаһыакка суруйууларын истэбин, болҕойон ааҕабын. Мин дьон санаатын болҕойор идэлээхпин, олору туһанабын даҕаны. Хаһыаттар эбэтэр кинигэлэр суруйууларын сэнээбэппин, олору туһанарбын сыыһанан ааҕар, баалыыр дьон эмиэ бааллар.

Дьон хаһыакка эбэтэр кинигэҕэ аахтынар, туһаннынар диэн суруйан эрдэхтэрэ, ону өйдүөххэ баара. Киһи-киһи араастаах. Сорохтор сууттар быһаарыыларын киллэрбэтэх диэннээхтэр. Бокуонньук Степан Попов суутун уурааҕын 12 чаас устата сынньаммакка аахпыта, судьуйа Валентина Хорулинская уурааҕын 4 чаастан ордук кэм устата иһитиннэрбитэ. Бу докумуоннар   кинигэҕэ хайдах да батан киирбэттэр. Ону эмиэ өйдүөхххэ баара. Бэйэлэрэ буоллар миигиннээҕэр ордук суруйуохтара хаалбытын этээччи кытта баар. Баҕар буолуо.

Суруйарга кырдьык уустук, докумуоннары хасыһарга күүс-күдэх, күн-дьыл барар. Бэйэм кыайан быһаарбаппын сыһыарыыларга экспердэр, анал идэлээх дьон анаалыстарын киллэрэн дакаастыы сатаатым. Сорох “кыахтаахтар” кинигэни ортотугар диэри эбэтэр онон-манан ааҕаат түмүктэри оҥоро охсоллор. Сорохтор уруучукалаах олорон, ордук кырдьаҕас өттө, сирийэн ааҕаллар. Олортон киһи кэрэхсиир, соччо сөбүлээбэтэргин да ылынар тыллары истэҕин. Киһи мунаарыыта суох ылынара эмиэ элбэх. Холобур: “Штыров аҕалтаабыт Магомедовтара республика бас билэр гааһын албыннаан ылбыттара биллэр. Хаайыллалларын кытта гааһы тута республикаҕа төнүннэрэри сэниэлээхтик туруорсар хаалбыта”; “Бу кинигэҕэ аҥаардас Максимовтаах дьыалалара эрэ суруллубатах, республика туһа, тыын боппуруоһа – туһалаах баайтан маппыппыт этиллэр, манна киэҥ кэпсэтии таһаарыллара наадалаах”.


Кинигэбэр Штыров Африкаҕа гражданскай сэрии бара турар сиригэр алмааһы хостооһуну тэрийбитин, ол туһаны аҕаларын саарбахтыырбын суруйбутум. Хоруйун “Известия” ханаалга (14.02.24) Арассыыйа ХНТ-га бэрэстэбиитэлэ  В.Небензя биэрдэ. Кини Америка, Европа государстволара курдук, Арассыыйа Африкаҕа, Азияҕа уонна Латинскай Америкаҕа туһалаах баайы хостооботун, хоро таспатын туһунан эттэ. Онон Штыров Анголаҕа алмаас хостооһунун тэрийиитэ АЛРОСА-ҕа (Государствоҕа) ороскуота быһаарыыны эрэйэр. В.Небензя тыллара мээнэҕэ буолбатаҕа буолуо.    
               Биири бэлиэтиибин: учуонай буолуохтааҕар үрдүк үөрэҕэ да суох билэр дьонум дьоһуннук тойоннууллар, санаабатахпын санаталлар. Сакааһы толорооччу, үрдүктэргэ үтүө буола сатааччы салалтаны “холуннарбыппын” (клевета) хобулуу охсоро (донуос) баар. Уорган, былаас болҕомтотун тарда сатаан буолуо. Кинигэни суруйарбар үгүс элбэх источниктарга сигэммитим сурулла сылдьар, ол иһигэр Штыров бэйэтин кинигэлэригэр. Уххан Уйбаан уонна Иван Николаев кинигэлэригэр суруллубуттарга сигэммитим элбэх. Кинилэр кинигэлэрэ, атын да суруйуулара бары тургутууну ааспыттара, сымыйалаабыттар диэни көрө да, истэ да иликпин.

Онон Штыровы холуннарыы суох, кини туһунан биллиилээх суруналыыс Иван Николаев өссө 1999 сыллаахха “Наступление Штырова” диэн ыстатыйатыгар аһаҕастык суруйан турар, кини кимэ-туга өссө арыллыаҕар эрэнэбин. Кинигэбэр киирбэтэх элбэх: Штыров үгүс-элбэх тосту – туора тыллаһыылара; кини Магомедовтары көмүскээн генеральнай прокурор Ю.Чайка аатыгар суруга; А.Максимовы Тыган Дархан гостиницаҕа (рестораҥҥа)   киллэрбэт, холдьоҕор туһунан “сорудахтар”; Сайа Максимовы телеэкраҥҥа таһааран кэпсэтэн мөҕүллүүтэ; Тааттаҕа А.Морхоева Максимовы экраҥҥа таһааран үлэтиттэн үүрүллүүтэ; А.Максимовы РФ Генеральнай прокуроругар, ИДьМ миниистирэ Стаховка үҥсэн дьыала тэрийтэрэн СИЗО-ҕа, хаайыыга олордон баран, кэлин уһугар киһитэ хайдах курдук үчүгэй салайааччы буоларын хайҕаан икки сирэй буолуута;   бэлэмҥэ кэлэн баран бастакы президеммит М.Е.Николаев аатын түһэрэ, холуннара сатааһынын (“еще одна нехорошая черта: стремление повсюду умалить и унизить...”) туһунан Кырдьаҕас куораты, Арчы дьиэтин, биир бэлиэ сири – Залог күөлүн кытылын оҥотторбут, итиннэ фонтаннары туруорбут куорат мээрэ  И.Михальчук этиилэрэ, онтон да атын үгүстэр.


               Штыровка уонна кини куомуннаахтарыгар Магомедовтарга албакаат буола сатааһын кэскилэ кыра дии саныыбын. Итиннэ эбэн эттэхпинэ, Максимов уонна кини доҕотторо буруйдарын хаһан да билиммэтэхтэрэ, быыһана охсоору  алы гына сатаан, оҥорботохторун оҥордубут диэбэтэхтэрэ, бэйэ-бэйэлэрин уксан биэрбэтэхтэрэ, эрэйи эҥэринэн тэлбиттэрэ. Гаас турбата тутуллуутун,  нолуоктан куотунууну хас эмэ сыл соҥнуу сатаан баран кыайбакка, барыта уолаттар тустарыгар дакаастанан суут туга да суох хаалар, ытыс соттор туруктаммыта. Штыров уонна куомуннаахтара сирэй барар тустара суоҕа, тугу эмэ толкуйдаан муҥ саатар кыра болдьоҕу биэртэлиир наадата тирээбитэ. Ол сыалларын толорбуттара.                                                                          
 Санаан да көрдөххө, ити үлүгэр тэрээһиннээх суут Максимовтаах буруйдарын бастакы сылга дакаастыахтааҕа, ол кыаллыбакка 8 сылы быһа дьаныһан туран суукка соспуттара. Тоҕо? Хоруйа судургу – буруйу оҥоруу суох!  Ол иһин билигин суут салгыы бара турар, барытын тэрийбит Штыров көмүскэнэр, куотунар. Саха сиригэр халыҥ баайы мунньуммут олигарх киһини сууттуур уустуктан уустук дьыала. Онон суут хаамыыта бытаан, ааһыныы, сууту көһөттөрүү салҕанар.


                Мин сабаҕалааһыммынан, Максимовтааҕы хайаан да түбэһиннэрэ сатыыр сыал туруоруллан, онуоха сөптөөх силиэдэбэтэл, прокурор уонна судьуйа талыллан үлэлээтэҕэ. Ханныгын да иһин, прокурор, судьуйа бары биир буолбатах эбиттэр. Силиэдэбэтэл М.Карелин анал сорудахтааҕа, кинини уголовник-миниистир Стахов аҕалбыта  докумуоннарга чуо сурулла сылдьар. Соторутааҕыта “Айар” издательство өр сылларга суут систиэмэтигэр үлэлээбит И.Николаев “Судьуйа аараан аартыктара” диэн кинигэтин таһаарда. Игорь Игнатьевич кинигэтигэр бэйэлэрин санааларын Л.Гореваттан саҕалаан үгүс киһи суруйбут. Бэл диэтэр Ф.Тумусов кыттыбыт. Валерий Луковцев суруйбутунан, Игорь Игнатьевич Афанасий Максимовы бэйэтин харыстаммакка туруулаһан көмүскээбит эбит. Мин үгүс докумуону үөрэппитим да итиннэ сыһыаннааҕы, хомойуох иһин, көрбөтөҕүм. Кинигэбэр итини бэлиэтиэҕим хааллаҕа.
             
  Максимовтаах албакааттарын үгүс туруорсууларын (ходатайстволар) Үрдүкү суут сорох судьуйалара аккаастыы олорбуттара, холобур - А.Сотников. Туруорсуулар Игорь Игнатьевичка киирбэтэхтэрэ хомолтолоох. Биһиги экологтар үгүстүк сууттаһар этибит да үксүгэр утарылаһааччыларбыт туһатыгар буолара. Биир дьыалабытын Үрдүкү суут коллегията көрбүтүгэр Игорь Игнатьевич дьыаланы биһиги туһабытыгар быһаарбыта. Онон судьуйа да араастааҕын көрөбүт, бары Игорь Игнатьевич курдуктара буоллар... Мин билэр судьуйаларбыттан Үрдүкү суут судьуйата М.Е.Иванов ити хараҥа дьыалаҕа кыттыспытын туһунан докумуоннарга суох. Атын  да кыттыспатахтар бааллара буолуо буоллаҕа.


                Сууппут систиэмэтэ буруйдуурун эрэ сатыырын этээччилэр. Бу күннэргэ Куорат суута ааспыт 2023 сылга 1513 холуобунай дьыаланы көрбүтүттэн 10-ну эрэ быыһаабытын (оправдательнай)  суруйдулар. Куорат түөкүн уйата буолан бүппүт дуу эбэтэр сууттар түбэһинэнэрэр эрэ дьулуурдара оннук дуу?...
               Билигин Куорат суута уонна Үрдүкү суут Максимовтаах дьыалаларыгар таһаарбыт алҕастарын сымната, мэлдьэһэ сатааһын көстөр.  Сакаасчыттар да, сакааһы толорооччулар да бааллар. “Туймаада” хаһыат сабылынна, утарылаһар күүс аны суох, күннүүрбүт кэллэ дэстэхтэрэ.
              Оттон кинигэбэр дьон болҕомтотун уурбута мээнэҕэ буолбатаҕа көстөр, онтон үөрэбин.

                                                 ЭЙЭНИ  БАҔАРАБЫН!

             25 сааһыгар огдообо хаалбыт төрөппүт ийэм сырдык кэриэһигэр анаабыт кинигэбэр сэриигэ сыһыаннааҕы барытын киллэрдим. Аан дойду бастакы сэриититтэн саҕалаан дойдубутун аймаабыт, хаанынан сууннарбыт, барыбыт олоҕун огдолуппут сэриилэр (Аҕа дойдуну көмүскүүр, Чечня, Афганистан, о.д.а.) содулларын ырыта сатаатым. Бэйэм аҕам, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа, төрөөбүт сайылыгар эргиллибэтэҕэ, соҕотох хаалбыт ийэбинээн холкуос фермаларын кэрийэн үлэлээн киһи-хара буолбуппут. Маннык кэрэгэй дьылҕаламмыт тыһыынчанан дьон буоларбытын тоһоҕолоон бэлиэтиибин. Суруйуубар аҕалар сыыппараларым, бэл официальнай докумуоннарга, араастаһаллар, оннуларын була иликтэр, икки өттүгэр хаадьаҥныыллар, ол иһин ортотун була сатаатым. Итини, кыаллара буоллар, дьиҥнээхтик суоттаан чуолкайдаан биэрээччи көһүннэр үөрүөм этэ.

                Маннык быһыы хатыламматар диэн баҕаттан билигин бырааттыы Украинаҕа буола турар быһылааннары тумнарым кыаллыбата, көрө-көрө көрбөтөҕө, истэ-истэ истибэтэҕэ буолар туһум суох эбит. Аныгы кэлэр көлүөнэ биһиги ыар сүтүктээх олохпутун хатылаабатар диэн тус бэйэм бүччүм санаабын быктардым. Итини бигэргэтээри дойдубутугар буола турар хааннаах сэриини утарар күүстэр хаһыаттарга суруйууларын, телевизорга көрдөрөллөрүн кинигэбэр туһанным, бэйэм Батсаап, Интернет диэннэри көрбөппүн. Хаарыаннаах оҕолорбут ити сэриигэ баран  эчэйиини ылаллара, илиитэ-атаҕа суох эргиллэллэрэ эбэтэр өлөннөр оҕолоро-уруулара тулаайах хаалаллара, эдэр огдооболор элбииллэрэ ама кими долгуппат буолуой?!
            Арассыыйа курдук улуу судаарыстыба толору хааччыллыылаах, күүстээх сэбилэниилээх аармыйатыгар нэһилиэнньэбит ас астаан, таҥас тигэн, бронежилетыгар тиийэ атыылаһан ыытара өйдөммөт. Биһиги 60 сыл анараа өттүгэр аармыйаҕа сулууспалыырбытыгар аһыыр ас, таҥнар таҥас барыта баара. Ыҥырыллан барбыт дьарамай уолаттар эт тутан, уойан-тотон, уҥуохпутунан улаатан эргиллибиппит. Ол барыта ханна барда, улуу аармыйа туох буолла? Пенсионерка  армияны таҥыннарарын киһи дэбигис өйдөөбөт...         

        Украинаҕа буола турар хааннаах быһылааннары өйөөччүлэр бааллара ама хайа киһини долгуппат буолуой. Арай биир үтүө быһыы - киэҥ Арассыыйа араас куораттарын (Ростовтан Владивостокка тиийэ) госпиталларыгар эчэйэн сору-муҥу көрө, эмтэнэ сытар оҕолорбутугар ас, бэлэх илдьэн көмө буолар чараас сүрэхтээх волонтердар улуу үтүөнү оҥороллоро үөрүүлээх, кинилэр үлэлэрэ үрдүктүк сыаналаныахтаах. Сэриигэ ыар эчэйиини ылбыттарга, өлбүттэр дьиэ кэргэттэригэр судаарыстыба өттүттэн көмө оҥоруу булгуччулаах, онтубут санаа хоту оҥоһуллар дуо? “Аргументы и факты” хаһыат саҥа нүөмэригэр (№3, 2024) бэл киин сиргэ эмсэҕэлээбиттэргэ сүгүн көмөлөспөттөр эбит. Биһиэхэ хайдаҕа буолла?                Киһини уоскутар биир эмиэ баар, ол – уйулҕа үөрэхтээхтэрэ (психологтар) анал Киин тэринэн сэрииттэн тыыннаах ордон кэлбиттэргэ көмөлөрө. Өлүүнү-сүтүүнү, хааны көрөн куттара куоппут, уйулҕалара хамсаабыт оҕолорбутун чөллөрүгэр түһэрии курдук уустук уонна махталлаах үлэни толоро сылдьар дьоммутугар саамай үтүө тыллар ананыахтаахтар.


               Арассыыйа үрдүнэн сэриини утаран үгүс киһи атын дойдуну булла. Ол иһигэр биһиги дьоммут эмиэ. Ордук суруналыыстар уонна сэриини утарар атыттар да барбыттара биллэр. Арсен Томскай уонна Ушницкайдар тэрилтэлэрэ санкциянан сибээстээн үлэһиттэригэр хамнас төлүүллэрэ уустугурбут эбит. Атын дойдуга көһөн үлэлииллэрин сүрүн төрүөтэ итиннэ. Саха тобуллаҕас өйдөөх оҕолоро  төннөн кэлиилэрэ сэрии тохтууруттан, эйэ туругурарыттан тутулуктаах. Барбыттар бука бары эргиллэн кэлэллэригэр баҕарыаҕыҥ.

                Тойоттор-хотуттар (элита) оҕолорун сэриигэ ыыппаттарын, кинилэр оҕолоро үксүн омук сиригэр баралларын  туһунан хаһыаттар сиһилии суруйууларын киллэрбэтэҕим. “Пока у элиты дети мажут себя кремами и показывают себя в соцсетях, у обычных людей дети приходят в цинке, разорванные на куски”, - диэн бокуонньук Е.Пригожин тыллаһыыта кинигэҕэ эмиэ киирбэтэҕэ.

                 Кинигэбэр сахалар уонна бэйэбит хотугу норуоттарбыт аҕыйах ахсааннаахпытын, урукку сэриилэр содулларын оһоруна иликпитин былаас үрдүкү салалтатыгар тиэрдиэхпитин, оҕолорбутун ылалларын тохтоторго көрдөһүөхпүтүн тоҕо табыллыбатый диэн ыйытыгы туруордум. Арассыыйа үрдүкү салалтата биһиги урукку кыһалҕабытын, урукку сэриилэргэ сүтүкпүтүн үчүгэйдик билбэт, итини кинилэргэ ким да кэпсээбэт. Путин соторутааҕыта дэлэҕэ маннык тыллары туттуо дуо: “Там есть чем заниматься. Это огромная республика, - пять или шесть Франций по территории. Минеральные ресурсы колоссальные, просто колоссальные. Люди очень интересные, очень талантливые люди”.  Көстөрүн курдук, Путин сирбит баайа элбэҕин, бары көрүҥҥэ дьоҕурбутун билэр. Атын кыһалҕаны ахтыбат, билбэтиттэн буолуо.    

Ити барыта: мунчаарыы муҥа, сабаҕалааһын, баары быһаччы этии кинигэбэр киирдилэр. Кинигэбин 2023 сыл алтынньы 28 күнүгэр түмүктээн бэчээккэ биэрбитим. Ол кэнниттэн  үгүс уларыйыылары салгыы кэтээн көрө олоробун.

                Өссө 2023 сыл бэс ыйыгар Киин ханаалга сэриини утарарын аһаҕастык эппит, Путин сыыһаны оҥордо диэбит Борис Надеждин президент быыбарыгар кыттаары буоппус хомуйда. Мин кырдьаҕас доҕорбунаан кытыннаралларын саарбахтыы олорбуппут, буоппустарын ылыныахтара суоҕа диэн. Оннук да буолла – буоппус 15% брактаатылар, кыраныысса таһыгар баар дьоммут буоппустарын ыла да сорумматылар. Арменияҕа, Грузияҕа, о.д.а. сирдэргэ хастыы эмэ биэрэстэнэн уочаракка үстүү-биэстии чаас туран илии баттаабыттарын “Собеседник” кэпсээтэ. “Атын сиргэ хас эмэ сүүс тыһыынча буоппуһу хомуйбуппут таах хаалыа суоҕа, салгыы хомуйарбытын тохтоппоппут, төһө киһи сэриини утарарын билиэхпит, биһиги элбэхпит, сүүһүнэн тыһыынча киһини хаайарга түрмэҕэ миэстэ да тиийбэт ини”,-диир Б.Надеждин.  Бу илии баттааһыннар өйдөөх-төйдөөх нэһилиэнньэ төһө элбэҕин переписьтара үһү (Это перепись здравомыслящего населения). Б.Немцов көҕүлээһининэн 1996 сыллаахха Чечня сэриитин утаран мөлүйүөн буоппуһу хомуйбут кини эбит. Сэриини урут  сорунуулаахтык утарбыт киһи билигин да утарара өйдөнөр. 2020 сыллаахха Конституцияҕа көннөрүү киллэрэри утаран үлэ ыыппыт эмиэ кини. “Собеседник” саҥа нүөмэригэр (№4,2024) президент быыбарыттан туоратыллыбыт Борис Надеждин итинниктэри эппит.  Оттон сэриини уураппат санаалаах Слуцкай, Харитонов быыбарга кыттар быраабы ылан регионнары кэрийэллэр.

                 “Саха” НКИХ үлэһитэ, соторутааҕыта хайҕанан аат-суол ылбыт, Алексей Семенов атын сиргэ барбыттары   үөҕэ оҕуста. Украинаҕа сэриилэһэ барбатылар диэтэҕэ, оттон бэйэтэ тоҕо онно барбакка сылаас дьиэҕэ куолулуу олороро өйдөммөт. Соловьевы, Симоньяны үтүктэр муҥмут буоллаҕа.  “Саха” НКИХ оҕолорбутун утарыта туруортуур үлэни саҕалаатаҕа.
                  Айыл Дьулурҕа (Иван Степанов) Өлүөнэ, Амма көмүскэлэ, ойуур баһаарын умулларыы буоллун – барытыгар кыттан, салайсан иһэрэ, көмүскэс санаалаах биир актыыбынай киһибит этэ. “Якутия с тобой!” диэн волонтердар бөлөхтөрүн кини тэрийбитэ, хас эмэ туонна көмөнү фроҥҥа ыыппыта. Кини кэлин уһугар сэриигэ сылдьар оҕолору дойдуларыгар төннөрөөрү 13000 буоппуһу хомуйан Шойгу аатыгар ыыппыта баара да түмүгэ биллибэтэ, ханна да бэчээттээбэтилэр. Элбэх илии баттааһынын ыыппытын иһин эккирэтиигэ түбэһэн омук сиригэр куоппут диэн, ону эрэ көһүппүттүү, үөҕэллэрин көрөбүт.  Итиччэ элбэх буоппуһу хомуйууга сүүһүнэн актыбыыс кыттыбыт буолуохтаах, олору уонна илии баттаабыттары барыбытын хаайаллара дуу?  
                 Ханныгын да иһин, төһө да баҕа хоту буолбатар, кыралаан үтүө өттүгэр уларыйыы баара үөрдэр. Холобур, соторутааҕыта 195 билиэн ылыллыбыты икки өттүттэн сөбүлэһэн атастаһыы буолла.  Кэлбит саллааттарбыт туруктара үчүгэйин, ыраастарын телевизорга көрөр үчүгэй.  Иккис холобур:  саха биэс байыаһа өлөн охтубутун Украина саллааттара ытыаласпакка көҥүллээн биэрбиттэрин “Кыым” суруйда.  Сэрии диэн сэрии, манна икки өттүттэн сиэр-туом умнуллара баар эрээри киһилии санаалаахтар  баалларын  илэ туоһута, бу. Соторутааҕыта Путин Америка суруналыыһа Карлсоҥҥа биэрбит интервьютын сорох лоскуйдарын бэчээттээтилэр. Онно Путин: ”Понимаю,  можно сказать, что наша ошибка, что мы с помощью оружия решили прекратить эту войну, начатую в 2014 году в Донбассе”. Аны туран РБК (15.02.24) ханаалга маннык суругу хаста эмэтэ хатылаатылар: “Путин заявил, что не связывал начало СВО с угрозой нападения НАТО на Россию”. Бу этии пропагандистар “НАТО чугаһаата, сэриилииргэ тиийдэ, ону урутаан дьаһал ылынныбыт, СВО ол иһин тэрилиннэ”  диир эҥин бэйэлээх  тылларын сотон кэбистэ. Онон кырдьыкка барыы буолла, бу үчүгэй! 

                “Киин Куорат” хаһыат суруналыыһа Наталья Кычкина “Ийэлиин кэпсэтии” диэн суруйуута таҕыста (16-27 кк. Олунньу). Онно бааһырбыт оҕолоох ийэттэн ыйыппыт: ”Арай дойду бэрэсидьиэнин дуу, Ил Дархан дуу иннигэр тыл биэрдинэр, туох диэҥ этэй?”. Онуоха ийэ: ”Аан дойду үрдүнэн, омугуттан тутулуга суох, киһи күн сиригэр, дьоллоох олоххо олороору кэлэр, онон бука барыбытыгар Ил-Эйэ олохтоннун! Онно күүскэ үлэлиэҕиҥ диэн этии киллэриэм этэ”.

            Оттон мин эмиэ  сэрии тохтоотор, Эйэ эргийдэр диирбин тохтоппоппун.

                                         2024 сыл.    Олунньу 17  күнэ.             
Views: 3335 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2024  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 110
Ыалдьыттар (гостей): 110
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024