Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2024 » Кулун тутар » 3 » УМНУЛЛУБАТ “ТУОЙ ХАЙА”
УМНУЛЛУБАТ “ТУОЙ ХАЙА”
17:25
                                      УМНУЛЛУБАТ   “ТУОЙ  ХАЙА”
 
Туой Хайа туһунан  элбэхтэ сурулунна. Ахтыы кинигэлэрэ, сэһэннэр, драма, хоһооннор бэчээттэннилэр, киинэ кытта уһулунна, оннооҕор ырыа гынан кытта көтүттүлэр. Итиннэ эбии соторутааҕыта Гавриил Адамов “Атаҕастабыллаах кырдьык” диэн киэҥ кээмэйдээх арамаана тахсан дьон кэрэхсэбилин ылыан ылла.

             Уруккулартан ыллахха: Мииринэйгэ олорор учуутал А.Григорьева дьаныһан муспут матырыйаалынан “Туой Хайаны ахтабыт-саныыбыт” диэн ахтыы кинигэтэ (2003с.); “Быдан дьылга бырастыы, Туой Хайам”(И.Бурцев, 2006 с.); “Баара ээ, баара...” (А.Лонкунова, 2012 с.); “Дойдум дьоно” (Д.Дорофеев, 2012 с.);  “Туой Хайа” экологическай драма (И.Бурцев, 2017 с.), “Туой Хайа” документальнай киинэ (А.Борисова, 2021 с.). Итини таһынан, хаһыаттарга элбэх ыстатыйа, докумуон бэчээттэммиттэрэ.         
    

              Ааптар үөһээ ааттаммыт айымньылары бэрт өр билсэн, үөрэтэн баран ылсыбыта үтүө түмүктээх буолбут, итилэри ситэрбит, толорбут, тупсарбыт. Саха хомоҕой, баай тылын табыгастаахтык туттубута аахпыт эрэ киһини бэйэтигэр тардар, кэрэхсэтэр айымньы буолбута дьиҥ чахчы.     

Мин үчүгэй айымньы суруллан баран үбэ-харчыта кыаллыбакка таах сытар диэни истибитин хас да сыл буолла. Кинигэҕэ икки улахан трагедия – Туой – Хайа уонна Чурапчы көһөрүллүүтэ сатабыллаахтык ойууламмыт диэн буолбута. Бастакы санаабар, итиччэ улахан, хас биирдиилэрэ туспа дириҥ ырытыылары эрэйэр сабыытыйалары хайдах  холбуохха сөбө буолла диэбитим. Дьэ, суруйааччы итини сатабыллаахтык быһаарбыт, ыпсарбыт. Суруналыыс уонна суруйааччы дьоҥҥо санааны тиэрдэр ньымалара атын-атына манна көһүннэ. Художественнай айымньы уонна дьон ахтыытын хомуйан оҥоруу араастаһар өрүттэрин биллибит.   Суруйааччы Г.Адамов хаһан да  Туой Хайаны көрбөтөх, онно олорбут дьонтон бэрт аҕыйах киһини билэр эрээри тыл-өс күүһүнэн буолбут сабыытыйалары итэҕэтиилээхтик, киһи чахчы ылынарын курдук суруйбут.

Кини Чурапчы көһөрүүтүн эмиэ сурах хоту биллэҕэ, бэйэтэ онтон төрүттээх буолан итини чугастык ылынарыгар төрүөт толору баар. Ол да иһин Туой Хайа уола уонна Чурапчы көһөрүүтүгэр түбэһэн тулаайах хаалбыт Ася олус маарыҥнаһар дьылҕаларын табатык туһаммыта суруйааччы кыайыыта диэхтээхпин. Бу икки киһи уонна кинилэр чугас дьонноро, аймахтара үтүөкэннээх дойдуларын сүтэрэн айманыылара киһи эрэ кутун долгутуохтуу суруллубут. Манныгы арыйарга улахан дьоҕур наада.            Мин тус бэйэм туой хайалары билбэхтэһэбин, ити үтүө сири тимирдиигэ сыһыаннаах докумуоннары балачча үөрэппитим. Ону барытын кинигэбэр уонна драмабар туһаммытым, дьон дойдуларыттан букатыннаахтык арахсар хомолтолорун этиттэрэ сатаабытым. Г.Адамов итиннэ өссө аһары түспүт, киһи салла истэр, дьиҥнээх трагедия диэн тугун биллэрэр кытаанах тыл-өс элбэҕэ ону туоһулуур.


Саха дьоно төһө да уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ сирбитигэр сүүһүнэн көһү тайаан уҥуор маҥаар олордоллор биир өйдөөхтөрүн-санаалаахтарын Туой Хайа Сэмэнин уонна Чурапчы Анисиятын олохторугар көрөбүт. Маны барытын Гавриил Адамов киэҥ кээмэйдээх, дириҥ ис хоһоонноох кинигэтин ааҕан билиэххэ сөп. Бу кылгас суруйуубар барытын ырытар кыаллыбат, анал идэлээх кириитиктэр ис хоһоонун сиһилии ырытыахтара  буолуо.

Кэлин сылларга республикаҕа тахсар аҕыйах кинигэлэртэн биир сэдэх суруйуу буолбутун бэлиэтээн туран ылан ааҕаргытыгар сүбэлиибин.  Уонна кинигэ ааптарын кытта санаа үллэстэр туһалаах эрэ буолуоҕа, онуоха Гавриил Иннокентьевич маннык телефонун туһаныҥ диибин:  8914 106 21 33.

                                    Иван БУРЦЕВ            24.02. 2024 с.          
Category: Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода | Views: 3309 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2024  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 82
Ыалдьыттар (гостей): 82
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024