Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2024 » Кулун тутар » 4 » Өксөкүлээх Эдьигээҥҥэ сырыытыттан бэлиэтээһиннэр
Өксөкүлээх Эдьигээҥҥэ сырыытыттан бэлиэтээһиннэр
14:34
Өксөкүлээх Эдьигээҥҥэ сырыытыттан бэлиэтээһиннэр

Саха норуотун биир биллэр чулуу уола, омукпут уус-уран литературатын төрүттээбит улуу убайбыт, айар тыл аҕата, бөлүһүөк, суруйааччы, ырыаһыт, хоһоонньут уонна алгысчыт Өлөксөй Дьэлиһиэйэбис Кулаковскай күн сирин көрбүтүттэн хайыы үйэ 147 сыл ааһа оҕуста.

Уруккутугар, Кулаковскай үбүлүөйэ Эдьигээн улууһун 380 сыллаах үбүлүөйүн кытта сөп түбэспитэ. Биллэрин курдук, Кулаковскай олоҕо Эдьигээн сирин-уотун кытта ыкса ситимнээх этэ. Өксөкүлээх Эдьигээннээҕи кэмин суругун ырытан бэчээккэ таһаарбыппыт.

Бу суругу кини хаһан, ханна олорон суруйбутай? Биллэрин курдук, Временнэй правительство былааһы ылан олордоҕун саҕана, 1917 сыл сайыныгар, Кулаковскайы Верхоянскай уокуругар (билиҥҥи Эдьигээн, Булуҥ, Усуйаана, Абый, Аллайыаха, Муома, Верхоянскай улуустара киирэллэрэ) комиссарынан анаан ыыппыттара.

Ол да иннигэр, кини Эдьигээн олохтоохторун олоҕор-дьаһаҕар тутул чэрчитин дьайыытын, сахалар уустук кэм үөскээһинигэр хайдах быһыылаах уларыйыылары көрсүбүттэрин үөрэппитэ-чинчийбитэ биллэр.
Ол курдук, Бүлүү куоратын үс кылаастаах училищата үрдүк таһымнаах высшай начальнай училища буолар сылыгар онно учууталлыы сылдьан суруйбут суруга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай архыыбыгар харалла сытар. Бу суругу Өлөксөй Дьэлиһиэйэбис Кулаковскай 1912-1913 сылларга бэйэтин каникулярнай кэмигэр сөп түбэһиннэрэн хотугу улуустарга таһаҕас тиэйиитинэн дьарыктана сылдьан билсибит дааннайдарыгар олоҕуран суруллубут буолуон сөп.  Сурук суруллубут кэмигэр, ол аата 1913 сылга, Кулаковскай Охотск-Дьокуускай суолугар, Охотск-Юдома учаастагар таһаҕаһы тириэрдиигэ бэдирээччиктии сылдьыбыта.                                                                                                                                                                                                                                                                                                           
Суругу А4 формааттаах 8 лиискэ икки өттүгэр хоҥор өҥнөөх чэрниилэнэн ааптар бэйэтин илиитинэн суруйбут. Бетлинг алпаабытынан былыргы суруйуу истиилин туһанан суруйбута көстөр. Бу Кулаковскай бастакы биллэр сахалыы суруга буолар диэххэ сөп. Онон биһиги лингвистарбытыгар улахан сыаналаах докумуон буолар.
Кини 100 сылы эрэ кыайбат уҥуоргу кэмҥэ санаан-этэн ааспыт тыллара, билиҥҥи олоҕу кытта ыкса ситимнээх, биһиэхэ ыҥырыы курдук суруйбут суруга хайа баҕарар киһи интэриэһин тардыан сөп.
Суругун саҕаланыытыгар Өксөкүлээх Эдьигээн улууһун дьонун туһунан суруйбут: «...икки нэһилиэк тунгустарыттан ураты, аҕыс нэһилиэктэр, 1498 дууһалар, эребиискэй дууһалара 978, үлэһиттэрэ 520 дууһа, итигэннэ нэһилиэк тоҥустар дууһалара 150 эрэ»”, диэбит.
Кулаковскай Эдьигээн улууһугар балыгы бултааһын туһунан суруйарыгар Эдьигээнтэн Кумах сурт диэн сиргэ диэри илимнииллэр, муҥхалыыллар диэбит.
Эдьигээн уруккутун ахтарыгар «оччотооҕу дьон көнө буолаллар эбит, эппит тыллара эриэн, санаабыт санаалара садараҕа суох буолаллар эбит» «саха омуктар Дьааҥы, Вилюй, Якутскай киэннэрэ, эйэ дэмнээхтэр эбит», диэбит. Дьэ ол кэннэ үөлээннээхтэрин туһунан кэпсииригэр эппит: «Аныгы дьону бурдук уута булкуйан, арыгы, карты дьааттары булан, соҕурууҥу дойду сорсуннаахтара мунньустан, кырдьыгы сымыйаҕа таһааран, сымыйаны кырдьыкка ытыаран, араҥ абааһы ахсырытан, нуучча омук ньуура суохтара тойон буоланнар, муустаах муора хотун буурҕатын курдук, булкуйан, бииртэн биир бэрдин биллэрэн, бэйэлэрэ даҕаны холоон бастаах дьону, мэйиилэриттэн биэтиннэрдилэр, өйдөрүттэн өһүллүллэр», диэбит. Көрөрбүт курдук, Өксөкүлээх урукку уонна билиҥҥи дьону кэпсииригэр арааран суруйар эбит.Итинник дьон майгыта уларыйыытын Өксөкүлээх өссө харчыны сырсыы түмүгэр буолар диэбит. Манна кини кэлии атыыһыттар дьону халаан эргинэллэрин арыйар тыллара эмиэ бааллар. Кинилэри Өлөксөй Дьэлиһиэйэбис маннык диэбит: «...онтон көнө быһыынан саха сахатын икки ардыгар көнөтүк ылсарга төрүөт сатамдьыта суох дьоннор», диэбит. Билиҥҥи да олоххо маннык көстүү баара биллэр.
Дьэ кэлии дьоннору тойоннооһун туһунан быһа тардыыны аҕалан ааххтахха маннык: «Үһүс сыла буолла быйыл, соҕуруу дойдуга суолу оҥорон көскө Эдьигээн улууһугар кэлбиттэрэ - 10 татар кэлтэ – биһиги черкестэрбит – диэччилэр. Ол маҥнай кэллэхтэринэ биирдии бэйэлэрэ иккилии быһаҕы сиэптэригэр уктар этилэр, сорохтор атахтарыгар уктар этилэр. Олохтоох дьонтон куттанан оннооҕор түүн харабыллаах хонор этилэр. Рындин сэтээтэл эрдэҕинэ оннооҕор кинилэргэ эҥин-эҥин саалары көҥүллүүр этэ, бэрдээнкиттэн бастыы көҥүллүүрэ. Олохтоох дьон нуучча өттө этэллэрэ: “Айыбыын черкестэр кэллилэр, хайа ол күтүрдэр өлөртөөн кэбиһиэхтэрэ, дьиэҕит аанын хатыы сылдьыҥ, борукка-сорукка биирдии киһи сылдьымаҥ”, - дииллэрэ.
Ол сүртэн-сүрдээх кэптээх-киэлилээх дьон икки сайыны, икки кыһыны олордулар да кинилэрэ суох карты оонньоммот буолла, биэчэр тэриллибэт буолла, дьахталлар даҕаны ньуурдарын бөрүкү толлубат буоллулар, син киһи да киһи дэһэр буоллулар, сорох нуучча дьахталлара артыал да гынар буоллулар.
Кэлиэхтэриттэн арыгынан, картынан эргинэр буоллуллар. Якутскай уобалас баһылык тойонун сүрдээх ыйааҕа саха икки нуучча иккигэ эрэ баар буолар эбит, нууччаттан сахаттан эккирэтэ сылдьан  иһэр да арыгыларын тутталыыллар, оннооҕор испииринэн оҥоһуллубатах, күндү отонунан оҥоһуллубут арыгыны туталлар.
Биирдии черкес сүүрбэлии-отуттуу биэдэрэни эргиэн оҥоһуннахтарына ол тутуллубат, оннооҕор олохтоох сэтээтэлгэ тыллабыр киирдэҕинэ төрүт дьэдьийэ да соруммат.
Ороһооспо иннинэ үс хонук урут Мөҕө Кузмаа диэн киһини кытта, Кильдэм-Хаҥалас Данила Федоров диэн киһи, иккиэн арыгылаабыттар, ол дьону Сэтээтэл тойон хаайыыга угуталаабыт, онтон абаран Федоров ойоҕо Балбаара Сэтээтэлгэ баран тыллабыр оҥордо. “Сэтээтэл тойонум бу арыгы атыылааччылар дьону өлөрөллөрүгэр тиийдилэр, арыгыны, испиири атыылыыр дьону мин билэбин, испиирдэрэ баар даҕаны сирдэрин билэбин, тойонум казакта аҕал, эбэтэр бэйэҥ баран дьэгдьирдэ оҥор, мин ыйталаан биэриэм”, - диэтэ. Онуоха Сэтээтэл тойон эттэ, “сарсын күн ортотугар барыахпыт” - диэтэ. Ол гынан баран күнтэн күн тардыллан истэ, уһугар тиийэн букатын кыһаммат буолан хаалла.
Курдарытын быһан эттэххэ, соҕуруу дойду улаҕатыттан туран, Муустаах муора кытыытыгар баар дьиикэй дьоннорго “тойон буолуом” диэн ааҥнаан сэмэлээн кэлэн испитин бар дьон көрбүттэрэ буолуо эбээт, арай мин көрүүбэр, ойохтуун иккиэн хамнас ылан бэйэлэрин туһаларын эрэ тупсарар наадатыгар кэлбит тойонноох хотун курдук көрөбүн.
Хотун буоллаҕына, ыалдьыбыт сахалар ыҥырдахтарына, дьиэлэригэр барбат, оҕо да буоллун, улахан да киһи буоллун, манна аҕалыҥ диир. Киһи эрэ барыта сөһүөҕэр тура сылдьан ыалдьыбат, оҕо да буоллар ыһаардаах-тиһиктээх буолар. Мин бэйэм санаабар ыалдьыбакка сылдьар өлүөр дьахтар дьиэҕэ кэлэн эмтиэн даҕаны сөп ини, син нууччаларга сылдьар эбээт, саха туһа буоллаҕына сорох ардыгар, уоспутчутта аҕалыҥ диэхтээх. Ол биһиги Булуммут уоспутчуттаныахтааҕар, көлө дьүһүнүн дьылга бэрт ахсааннаахтык көрөн аһарабыт, итигэннэ куоратын иһинээҕи ыал бэрт кыараҕас, киһи күҥҥэ үстэ да төгүрүйбүтүн иннигэр бөрөкү сыларҕаабат сирэ.
Урут эмиэ айаҥҥа барарга даҕаны, эбэтэр бэйэ билэр ыарыытыгар ыарыттахха, Булун фельдшериттэн ылыллар буолара. Аны нууччаттан атын саха көрдөөтөҕүнэ, эрэйэ-муҥа, соро суох биэрбэт.
Саха дьахтара эмсэх тумугун көрдөөтөҕүнэ, - ээ, саха дьахтара син ынах буолбат дуо, эмсэҕэ даҕаны суох сатаныаҕа - диэн биэрбэт. Онон мин санаабар арай нуучча эрэ наадатын туһугар кэлбит курдук саныыбын, саха имни даҕаны - Көмүстээх көҕөннөөх, күрэн кулун күөкэстиир үйэбит күрэнэн хаалан, көҥүлбүт күрүөлэнэн, көмүс саҕалаахтар күөннэригэр күрүөлэнэн хаалбыт эбиппит.
Күүрүөх дьонум көрдүгүт дуо, ону көмүскээччи көстүбэт эбээт, Күн ыраахтааҕыга дылы ыраах, Сырдык таҥараҕа дылы үрдүк.
Көстөр аламай күн кырдьыгын сырдыга сабылынна, ураанхай икки атахтаах, араҥ албаһа аатырда!
Саха омук санаата саньыалхай буолан, атарах-сатарах буоллубут.
Үөскүүр эдэр ыччат дьон, үтүө үөрэх күүһүн үмүрүччү тардан ыллахтарына!
Арай оччоҕо көмүс саҕалаахтар күөннэриттэн көтүө инибит, аламаҕай күн үтүөтүн тутуох этибит. Төрүүр оҕо дьоло тобуллуох, иитэр сүөһү күрүөтэ көнүөх этэ! Икки атахтаах  ураанхай саха санаата саҕаллыах этэ!”, диэбит Кулаковскай.

Эдьигээн сирэ элбэх ааттаах-суоллаах дьонноох  уонна былыр элбэх араас экспедициялар дьоно эмиэ сылдьыбыт сирдэрэ буолар.
Норвегийаттан кэлбит «сибэт Торгерсен» диэн киһиэхэ түүлээҕи биэртэрин туһунан суруйбут. Бу, Иван Иванович Торгерсен диэн, Булуҥҥа олоро сылдьыбыт Норвегия гражданина буолуон сөп. Биллибит атыыһыт Яков Санников кырдьан олорон улуус дьонун туһунан кэпсээбитин эмиэ суруйбут. Ону таһынан, окружной исправник Барон Федор Федорович Дершау балыктыыр кумаҕы атыылааһыҥҥа кэлэ сылдьыбытын туһунан суруйбут. Гоголев баай туһунан кэпсииригэр Булуҥҥа благотворительнай уопсустуба арыллыбытын туһунан суруйбут.

Оттон, Кулаковскай сири-дойдуну төһө ааттаталаабытый? Биллэрин курдук, топонимика дааннайдарын билии төрүччүнү да, улуус былыргытын да быһаарарга улахан суолталаах буолар.
Кулаковскай элбэх сири ааттаабыт. Ол курдук, «Таба бастаах», «Быков мыс»,  «Эбитиэм тэритэ»,  «Кураанах төрдө», «Тыкый», «Чиэрэс» диэн сирдэри ааттаталаабыт. Билиҥҥи чинчийээччилэргэ, кыраайы үөрэтээччилэргэ бу сирдэр тустарынан дааннайдар наада буолуохтара.

Бу, билсиһиннэрбит сурукпутугар Өксөкүлээх саха дьонун былыргылыы сиэрэ, майгыта-сигилитэ сатарайыытын, уонна онно холуобунай элементан – үрдүк тойотторугар тиийэ түөкүттэр мөкү сабыдыалларын ырылхайдык көрдөрбүтүн иһин, биһиги, билиҥҥи кэм дьоно Өлөксөй Дьэлиһиэйэбискэ махтаныах эрэ тустаахпыт.
Оччотон баччааҥҥа диэри Саха сиригэр кэлиилэр олохтоох дьону кытары сыһыаннара бэрт уустук кыһалҕалары үөскэтэрэ. Билиҥҥитин да курдук үөһээттэн кадрдары аттаран туруоруу бэлиитикэтэ дьон-аймах олоҕор улахан оруолу оонньуура. Ыраах ыраахтааҕы ыйааҕынан соһуччу кэриэтэ соҥноммут кэлии тойоттор туох-ханнык сиэрдээх сууту ыытыахтарай, криминалы эрэ кытта алтыһан, коррупцияны хаҥаталлара. Өксөкүлээх убайбыт барахсан сахалар күөмчүлэммиттэрин, кэлиилэр хадаҕаламмыттарын ханан тумнан ааһыаҕы сүбэлээбитэ үөлээннээхтэрбитигэр үөрэх буолара саарбаҕа суох. Бэйэтэ эппитинии «көҥүлбүт күрүөлэммит кэмигэр көмүскээччилэр» көстүөхтэрэ дуо?
Итиннэ даҕатан эттэххэ, бүгүҥҥү кэмҥэ төрүт өбүгэлэр үгэстэрин суурайар өрүттэртэн көмүскэнэргэ – Өксөкүүлээх үлэлэрэ төрүөт буолбут, билиҥҥитинэн улахан таһымнаах,  “Кут-Сүр”, “Айыы итэҕэлэ” уопсустубалар тарҕатар Айыыларын Үөрэҕэ эрэ абырыах курдук. Ону биһи эмиэ умнуо суохтаахпыт.

Кэрээкин П.И.-Таҥ Бүө.
Views: 3516 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2024  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 86
Ыалдьыттар (гостей): 86
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024