Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2024 » Кулун тутар » 20 » Тэрис суруйууларыттан
Тэрис суруйууларыттан
22:37
Тэрис суруйууларыттан
: Кулун тутар.
Орто кыраадыс -22.

Хотой кэлэн уйатын хаардаан барбыта, көмнөх хаар түспүтэ. Мастар уһуктан барбыттара. Маҥнай хара ойуур турбута, онтон үнүгэс тыллан барбыта.

Кыбыыга түһэн ааһааччы кыһыл түөстээх ымыы  көстүбүтэ, саха таптыыр көтөрө чооруос от тиэйэ иһэр киһини көрсө ойуур саҕатыгар көстүбүтэ, “Ыччыы-ычча” диэн саҥарта.

Киргил мас кумалааныгар төрөөбүтэ, ону сорох сатыыр дьон көппөҕүнэн көмөн кээһэн, ол сири кэлин хаһан аптаах таас ылар куһаҕан үгэһи туһаналлар.

15 күнүгэр. Улар охсоро саҕаланар. Улар охсор сирин уота дииллэр. Онно элбэх улар мустар. Былыр улар уотун сорох сиргэ ханнык эрэ киһи бас билэрэ. Атын дьону киллэрбэт. Бултаан күн аайы улары ылар. Инньэ гынан сүүһүнэн улары бултуур.

20 күн диэки. Туллук кэлиитэ. Туллук диэн хаар маҥан көтөр. Былыр доҕуур иитэн бултуур этилэр. Олус минньигэс эттээҕинэн биллэр. Хотой туллугу ыһык кэлэр диэн этэллэр. Дьиҥэр хотой арыый инники кэлэр. Туллук кэлэригэр хаар түһэр идэлээх. Итии туллук кэлэр хаара диэччилэр.

Кукаакы уйаланара. Кукаакы саамай элбэх өҥнөөх көтөр. Кинини сахалар булду ыҥырар көтөр дииллэр. Кини булчут иннигэр көтө-көтө түһэ сылдьар идэлээх. Итинник көттөҕүнэ сотору киһи бултуйар дии саныыллар. Этэллэр:
- Сыҥааҕыҥ сыаланнын, сыалыйаҥ ыттаннын.

22 күн. Саас кэлэрэ. Урут саас кэлэр күнүн ким да ааттаабатаҕа. Норуокка да суох этэ. 1998 сылтан “Кут-сүр” түмсүү саас кэлэр күнүнэн сааскы күн тэҥнэһиитин ылыммыта. Бу күнтэн Айыыһыт туома ыытыллар буолар.

Тэрис суруйууларыттан.
: Тэрис.

Кулун тутар 21 күнүгэр – ол аата сырдык уонна хараҥа тэҥнэһэр кэмигэр, сырдык баһыйан барар кэмигэр, – саха төрөөбүт күнэ диэн улахан туом ыытыллара. Дьиҥэр бу туом Дьөһөгөй таҥараҕа ананар. Дьөһөгөй – саха норуотун төрдүн таҥарата буолар, Онон саха төрөөбүт күнүн быһыытынан ааҕыллар.

Өссө, ити күн биһиги эриэн үөнтэн үөскээбиппит туһунан алгыс ааҕыахтаахпыт. Былыр тимиринэн сэбилэммит сылгы көлөлөөх ураты дьон үөскээбитэрэ. Ити дьон тимир ууһа, моҕой ойуун буолбуттар. Кинилэр аан дойду араас өттүгэр баран күн ууһун үөскэппиттэрэ. Аан маҥнай ити кэмтэн ыла талыллыбыт дьон өйдөбүлэ үөскээбитэ. Эриэн үөн ити саҕанааҕы өйдөбүлү илдьэ сылдьар.

Төрүччү күнэ
Үүннэ,
Саҕаламмыт күммүт
Тыкта,

Эриэн үөн
Үөрэҕин ылан,
Тимири сэбиэнэнэн,
Аты миинэн,

Аҕыс уон
Албастанан,
Тоҕус уон
Кубулҕаттанан,

Аан дойдуга
Тарҕаммыппыт,
Күн сиригэр
Көстүбүппүт,

Оҕо бэйэбит,
Улааппыппыт,
Кыра бэйэбит
Элбээбиппит,

Билиҥҥи кэмҥэ
Эмиэ
Иккис төгүлүн

Эриэн үөммүтүн
Киллэриэҕиҥ
Күн сиригэр
Көстүөҕүҥ.
Дом!

Маҥнайгы саха ойууттара, эриэн үөҥҥэ сүгүрүйэллэрэ, көмө көрдүүллэрэ
. Маҥнай ойууттар эриэн үөн майгытын ылыналлар. Кинилэр үөрэхтэрин төрдө эриэн үөн. Аллараа өлүү уута баар. Онно түһэн үөҥҥэ-көйүүргэ сиэтэн ойууттар ураты туругу ылаллар. Айыы ойуунугар өлүү уута суох буолар эрээри, эриэн үөн ойуун барытын төрдүнэн буолбут. Ойуун уута мэлдьи аллара баар буолар. Бу көрүү Индия көрүүтүгэр чугасыһар. Кинилэр киһи кутуругун төрдүгэр Кундалини диэн баар дииллэр. Ол Кундалини эриэн үөн эриллэн сытарын курдук юуолар. Кундалини сис тоноҕоһун устун үөһэ тахсар. Оччоҕо кини төһө үөһэ тахсар да киһи кыаҕа улаатар.

Былыргы түүр-кыпчактар Кытай суруйуутунан Чжелян диэн сиргэ олорбуттар. Ити сир Джилан диэн тылтан үөскүүр эбит уонна эриэн үөн суолталааҕа үһү. Алтай хайатын биир хочото эбит.                                         
Сылан нэһилиэгин төрдүнэн Ураанай Баатыр ааҕыллар. Кини Сылан булгунньаҕар иин хастан олорбут. Сылан бэйэтэ сэриигэ өлбүт. Кыра эрэ оҕото хаалан кэлин Сылан төрдө буолбут. Бу Сылан диэн аат атын түүрдэр йылан (эриэн үөн) диэн тылларын олус маарынныыр. Ураанай даҕаны сири хастан олорбут. Итинтэн  даҕаны бу аат үөскүөн сөп быһыылаах.
Былыр Алтай биир хочотун Йылан диилэр эбит. Ол аата эриэн үөн диэн. Түүрдэр өр хайа хаспаҕын иһигэр сыппытара диэн кэпсээн баар. Ону эриэн үөн курдук сир иһигэр сыппыттара диэн йылан диэбиттэр быһыылаах. Ити хаспахха саһан сыппыттарын иһин буолуо, түүрдэр эмиэ бэйэлэрин эриэн үөнтэн төрүттээхпит дииллэр.
Индия омуктара итэҕэйэллэринэн, нагтар диэн Хотуттан кэлбиттэр уонна эриэн үөн курдук эттээхтэр-сииннээхтэр.
Эриэн үөн түүр омуктарга дьиэни-уоту харыстааччы. Эриэн үөнү өлөрөр сатаммат.
Алтай номоҕор маннык этиллэр: эриэн үөн көтүөн сөп, сири да таарыйар. Күндү баайдаах сирдэри таарыйар.
Наг хоту диэкиттэн кэлэр. Кини бөрө курдук өрөһөлөөх эриэн үөн ырбаахылаах киһи эбит.

Кырылах Кыыстаах,
Курулай уоллаах,
Эгиэттэй эһэлээх,
Аарбатай аҕалаах
Эриэн Тойон,
Күүһү-көмөнү кулу миэхэ.

Тыһы туйгун
Тыын толуга –
Тиэлиилээх кымньыы
Саҕа чиэрбэлээх
Санааҕытын,
Тэнитиэххит үһү.

Ол ынараа дьайытыгар
Аҕыс чиэрбэ кыыл
Аһайдаабыт уутунан
Айаннаан-күөдэллэнэн истэҕим,
Он ынарыы дьайыытыгар
Токоок кыыл саарбыт сиринэн
Айаннаан
Истэҕим буоллун.

Тоҕус уон
Тобуллаҕас ойбоҥҥо
Ойбоннономмун,
Сэттэ уон
Сиикэй баастанаммын,
Тобук курдук
Сүүстэнэммин,
Тойуктаах буоламмын,
Дьоройо көтөммүн,
Чуомугар балык доҕордонон,
Анды балык аһылыктанан,
Субай хаан олбохтонон,
Өлгөм өһөх ысталланан,
Кырбас эт кыаһааннанан,
Сурт сүөһүтүн
Сототун уҥуоҕун
Тайахтанаммын,
Харытын уҥуоҕа
Сүгэһэр мастанаммын,
Саннын уҥуоҕа
Кэһэхтэнэммин,
Өттүгүн уҥуоҕа
Түөрэйдэнэммин,
Ойоҕоһун уҥуоҕа
Маҥкыланаммын,
Балыктаан мардьаҥнааммын,
Куйуурдаан куохаҥнааммын,
Кудьуйа дом!

Силиги ситэрэн,
Толугу толорон,
Күөгэйэр күөх эбириэн
Оҕус тириитэ
Тиэрдиилээх олороммун,
Күүстээх тылларым ичиитэ,
Сэттэ хара бастаах үөнүм,
Аҕыс кубулҕаттаан чиэрбэм,
Тоҕус кубулҕаттаах күлгэрим
Иччилэрэ хороҥноспуккут
Арыый намтааны буолар буоллун.

Эһиги обургулар
Көмнөхтөөх харыйа саҕа
Хара ньүкэн тыыҥҥыт
Халбарыйа турдун,
Чиэрбэлээх санааҕыт
Тэйэ турдун.

Эриллэҕэс атахтаах,
Арбаҕар баттахтаах,
Эриэн харахтаах,
Эргийэр истээх,
Холоруктуур иэччэхтээх,
Хоту диэкиттэн,
Хоҥсоруун бииһин ууһуттан
Хомуйа турдун.

Үөһээҥҥи дойдуга
Эһиги обургулар,
Иэдьигэй эриэнин
Эмиркэтэ туруҥ,
Сайдыы саттааҥ,
Кыйдыы кыйдааҥ,
Үс тоҕус хатыр маҥан
Сылгыбын тиэртэҕим,
Кыйдаатаҕым буолун.
Ходьо бииһин ууһуттан хомуйдун.

Таҥалайым кэрдииһэ
Луо балык буолан,
Таҥнары дьалхааннанан,
Эриэн балык буолан
Эҥээриттэн тутуһан,
Сулукучуйан, солбонуһан истин.

Эриэн үөннээх сиргэ хонор буоллахха маннык гыныллар: бэйэни төгүрүйэ сылгы өтүүтүнэн тардан кэбиһиллэр. Кини сылгы өтүүнү хайдах да ааспат эбит.

Саха сылгыны ытыктыыр. Маҥнай сылгы төрөөбүт үһү, онтон сылгыттан саха төрөөбүт диэн ааҕаллар. Онон 4-5 тыһыынча сыллааҕыта үөскээбит сылгы култуурата биһиэхэ төрүт суолталаах. Дьөһөгөй сылгы таҥаратын быһыытынан көстөр. Ити биһиэхэ саамай чугас таҥара дэнэр.
Серошевскайга баар, киһи уонна ат бииргэ төрөөбүттэрэ, оттон ынах сүөһү ууттан тахсыбыт диэн.
Онон, Дьөһөгөй уобараһа саха санаатыгар кини төрөөбүт омугун кытта ыкса ситимнээх буолан улахан суолтаны ылара, сылгыны иитэр омук быһыытынан тымныы Арктикатыгар тиийэ тарҕанан олорон Дьөһөгөйүн умнубатаҕа, баччаҕа диэри харыстаан аҕалбыта.
Саха киһитигэр сылгы барахсан Айыы таһымыгар үрдүк суолталаах. Үрүҥ сылгы сиэлэ куһаҕан тыыны кыйдыыр, ол иһин ыраастаныыга, алгыска туттуллар. Биэ үүтүттэн көйөрүллүбүт кырылыы көөнньөр уохтаах кымыс үгүс ыарыыны эмтиир, сэллиги утары охсуһар. Кыһын тоҥорон баран сиикэйдии сиэниллэр сылгы этэ хайа баҕарар саха ыалыгар күндү ас күүһү-уоҕу эбэр, доруобуйаны бөҕөргөтөр. Сылгы хартата, хаана сыбаайба, үбүлүөй остуолуттан бастакынан бүтэр. Сыспай сиэллээх барахсан – былыргыттан күн бүгүҥҥэ диэри миинэр миҥэ, эрэллээх доҕор, минньигэс ас, үҥэр таҥара.
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 3467 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2024  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 27
Ыалдьыттар (гостей): 27
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024