Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2024 » Муус устар » 2 » Тэрис. Муус устар.
Тэрис. Муус устар.
10:58
Тэрис. Муус устар.

1. Суолу томтотор тыал.
2. Айыыһыт туома.
3. Ый үргэли кытта алтыһыыта.  2 күнэ.
4. Тоҥот.
5. Дьэргэлгэн түһэрэ.
6. Сарын ирэрэ.
7. Ириэрии.
8. Хаары сахсатар тыал.
9. Туҥуй ынах алгыһа.
10. Тураах кэлэр хаара. 11.  Моҕотой тахсара,  
12.  Сир хараарыыта.

Күннүк Уурастыырап.
Дьээ буо!
Көр бу көстөр
Күөх унаар урсуҥҥа
Көҥүлүнэн
Күөдүлгэхтээн үөскээбит,
Киһи-саха бииһин кэхтэн биэрбэт
Кэрэ кэскилин биэрбит
Ким кииннээбитий диэтэргит –
Аһыныылаах санаалаах
Ахтар Айыыһыт аҕаспыт
Аас маҥан ат сылгытын
Миинэн-хайаан кэбиһэн баран,
Төлкө бөҕөнү төрүттүүр
Түүлээх иһэгэйин төргүүлэнэн
Туску бөҕөнү туһаайар
Дьоллоох сэрэмээтин тоҥолохтонон,
Уол оҕо кутун-сүрүн
Удьурҕай уктаах
Быһый быһах оҥорон,
Кыыдааннаах-имэҥнээх
Кыыс оҕо кутун-сүрүн
Алыы кыымнаах
Алтан кыптыый гынан
Хаҥас атаҕар анньынан,
Көҕөн кус баттаҕын
Тиирэ тарпыт курдук
Күндээрэн көстөр
Күдэриктээх күөх тунаар
Аартыгын тэлэйэн,
Олохсуйа кэлэр
Орто туйгун
Туруу дьаҕыл дойдуга,
Иэйэхситтээх
Илин халлаан анныттан
Ичигэс салгын тыал илдьиттэнэн,
Илгэ-быйаҥ самыыр ыһыахтанан
Илэ бааччы
Иэнигийэн түһэн кэллэ.
Ааттаах алаас сирдэрин
Арҕаа саҕатыгар
Айгырыы үүнэн турар
Арыы хатыҥ чараҥҥа
Ат сылгытын
Алыҥах мас гына
Тэбэн-хайаан кэбиһэн баран
Ача күөх от дэйбиирдэнэн,
Кэтэһиилээх ыал барахсан
Киэһээҥҥи уоттара
Бачыгыраччы умайа турдаҕына,
Бачыр оҕо
Баҕарчахтаах үүтэ
Үрүмэтийэ кыынньан эрдэҕинэ,
Бастыҥ дьоллоох
Тойон өһүөлэринэн
Баһынан кэлэн
Үс төгүл
Үрэн сирилэтэн кэбиһэн баран,
Били
Уллаах кыыс оҕотун
Куттарын-сүрдэрин
Хотун дьахтары
Кургумунан киирэн,
Куртаҕын курулатан,
Тааһын дьаралытан,
Абытайдаах халахайга түһэрэн,
Ааһан тахсар
Айан талыытын ухханыгар,
Икки эмиийин кэрэтинэн
Иҥэрэн биэрэн баран:
«Аал уоту оттуҥ,
Алтан сэргэни анньыҥ,
Аар баҕаҕы айгыһыннаран,
Араҕас чэчири тиирэн,
Арыы түһүлгэни төрүттээн,
Алаһа дьиэни тэринэн
Аҕа баһын тосту олоруҥ» – диэн
Ахтар Айыыһыт аҕаспыт
Алгыс алҕаабыта эбитэ үһү.

Айыыһыт
Кэриҥин кэмнээбэккэ эрэ
Киһи аайы
Кэскиллиир кэмэлдьи
Кэмэ суох.

Муус устар.

1.    Айыыһыт хотун дьэргэлгэҥҥэ үктэнэн түстэ.
2.    Бар атыырбыт барылаччы кистээтэ.
3.    Улар уотугар олордо.
4.    Биһиги алааспытыгар да күн тыгыа.
5.    Сааспытыгар саас эбилиннэ.
6.    Дьыл оҕуһун көҥдөй көхсө көҕүрээтэ.
7.    Таһырдьа тахсан таҥараҕа махтан.
8.    Сайын сыта билиннэ.
9.    Үс төгүл үөһэ көр.
10.     Сиҥэ уута киирдэ, сайыа уута сайда.
11.     Эҕир-дьаҕыл былыттар элиэтии көттүлэр.
12.     Толомон күммүт тоҕус садарахтанна.
13.     Үрүҥ былыт үрдүбүтүгэр тохтоото.
14.     От-ас ойуута уруйу оҕуста.
15.     Сахалыы таҥас санааны тарта.
16.     Оҥоһук уруйдаах, мал алгыстаах буолла.
17.     Кэрэни кэрэхсии сырыт.
18.     Сыккыс кылыргаата, долгун күлүмнээтэ.
19.     Айылҕаҕа тардыстыбыт, таһырдьа таҕыстыбыт.
20.     Дьол томторго, санаа айылҕаҕа.
21.     Хатааһын чолбоно харахтанна.
22.     Үрүҥ күн оҕото үнүгэс таҕыста.
23.     Үрүҥ күн үс өргөстөөх.
24.     Хомурах кумаара көттө.
25.     Тииккэ сымала түстэ.
26.     Туруйа турууктаата, элиэ кистээтэ.
27.     Хара сиргэ хаамтыбыт.
28.     Имэҥ уота түстэ, дьалыҥ уота таарыйда.
29.     Сасыарданы айхаллаа, сарыалы куус.
30.     Күөх түүн күөйэн кэллэ.

Айыыһыт баар кэмигэр этиспэттэр. Кыыһырсыы, этиһии сатаммат. Ол кыыһырсыы баар буоллаҕына, Айыыһыт Хотун уордайар. Хоргутан санаата төннөр бу дьоҥҥо. Кини санаата төнүннэҕинэ, бу ыал сүгүн олорботтор. Дьахтар эбэтэр оҕо ыалдьар, өлөр. Кини хоргуттаҕына, ол кини санаатын уйумуна ыалдьаллар.
Айыыһыт аттанарыгар ынах түөһэ эбэтэр сылгы саала буһар. Үс хонон баран Айыыһыт аттанар. Бу аһы Ньаадьыһыт эмээхсин түҥэтэр. Ньаадьы диэн ийэ буолбут диэн кэриэтэ. Кини дьахтар куһаҕанын, быртаҕын барытын ыраастыыр.

Имэҥ уонна Дьалыҥ
Сөпкө кэлэллэрин туһугар
Ытык маһыҥ чөл буолуохтаах,
Аар баҕаҕыҥ
Алгыстаах буолуохтаах,
Тиэргэниҥ
Ыраас буолуохтаах,
Дьиэҥ түөрт муннуга
Арчылаах буолуохтаах,
Оччоҕо Имэҥ Айыы
Тэллэххэр түһэр,
Имэҥ айыы
Суорҕаҥҥар олохсуйар,
Айылҕа кэмнэрэ эмиэ
Имэҥ уонна Дьалыҥ Айыыһыттар
Тыыннара түһэригэр
Улахан суолталаахтар,
Сырдык баһыйыаҕыттан,
Саҥа дьыл саҕаланыаҕыттан
Киһи көхсө ирэр,
Ириэрии буолуоҕуттан
Киһи иэнэ ирэр,
Күөх от үүҥүөҕүттэн
Киһи самыыта ирэр,
Ити курдук киһи
Имэҥи иҥэринэргэ,
Дьалыҥы ылынарга
Бэлэм буолар.

Имэҥ алгыһа.

Имэҥ уонна Дьалыҥ
Айыыһыттар,
Бэттэх көрөн
Мичик гыныҥ!

Имэҥ айыыһытым
Эҥээрдэстин,
Дьалыҥ Айыыһытым
Аргыстастын,

Үрүт күүһүм
Үксээтин,
Алын күүһүм
Элбээтин,

Иһим
Имэҥнэннин,
Таһым
Дьалыҥнаннын,

Иэним ирдин,
Самыым сылыйдын,

Аан дойдум
Айар күүһун ылан
Чалларыйыым,

Орто дойдум
Өҥүн-талатын ылан
Өҥсүйүүм,

Баҕарар ыралаах,
Умсугуйар суоллаах буолуум,

Көҕүлүүр күүстэниим,
Угуйар уохтаныым,

Киһи киһи буолар
Кэскиллээх суолун батыһыым,
Дом!

Дьалыҥ.

Киһи иһигэр имэҥ сайдар. Онтон тастан айылҕаттан дьалыҥ кэлэр. Бу икки дьүөрэлэһэн киһи кими эмэ таптыыр күүһүн үөскэтэллэр. Таптыыр күүс сороҕо тапталга бэриллэр. Сороҕо үөрэххэ бэриллэр. Сороҕо үлэҕэ бэриллэр. Манна балаансаны тутуһуохха наада. Сорох киһи элбэх күүһү тапталга биэрэр. Оччоҕо үлэҕэ мөлтөөн тахсар. Онтон сорох киһи үлэҕэ элбэх күүһүн ыытар. Ол түмүгэр кэргэннэммэт. Өссө имэҥ уонна дьалыҥ толору дьүөрэлэһиитэ диэн баар. Дьүөрэлэһии толору буоллаҕына, киһиэхэ күүстээх санаа үөскүүр. Киһи бу кэмнэ тугу истибитин, билбитин умнубат. Кини инсайт туругар киирэр. Ол куһаҕан да, үчүгэй да буолуон сөп. Ити кэмҥэ көстүбүт көстүүнү син биир ылынар. Бу кэмҥэ тугу эрэ гынарга быһаарынар. Ону ким да кыайан уларыппат, кубулуппат. Оччоҕо киһиэхэ сабыдыалыыр буоллахха биир суол хаалар – имэҥ уонна дьалыҥ толору дьүөрэлэһиитин таба тутуу (оҕо эмиэ бу кэмнэ үөскүүр).

Эр киһи уонна дьахтар.

Эр киһи Айыыһыттаах, дьахтар эмиэ Айыыһыттаах. Балар эр киһи уонна дьахтар кыттыстахтарына бүтүн буолаллар. Онуоха дылы Эр киһиэхэ Айыыһыт аҥаара баар. Дьахтарга эмиэ аҥаара баар. Онтон олор холбоһон бүтүн буоллахтарына, оҕо үөскүүр. Бу норуот кэпсээннэригэр кыайан ырытыллыбатах. Киһи Айыыһыттан оҕо кутун ыларын эрэ туһунан этиллэр.

Айыыһыт сыстыыта.

Айыы сыстан ылардаах. Оччоҕо киһи кимтэн эрэ оҕолонуон сөп. Этэр Айыыһыт киһиэхэ арахсыбат гына сыстар. Оччоҕо кэргэннээх олорор. Олоҕу былыргы сахалар оҕону атахха туруоруохха кэминэн ааҕаллар. Бэйэлэрин майыгыларын оҕонон сыаналыыллар. Куһаҕаны оҥорортон куттаналлар. Оҕобор итини куһаҕаным тиийиэ диэн. Үчүгэйи онорортон үөрэллэр. Оҕобор ити үчугэйим тиийиэ диэн.

Дьалыҥ айыы.

Дьалыҥ Айыы диэн дьон бэйэ бэйэлэрин көрсөн баран кыттыһар санааланалларын этэбит. Үөн диэн былыр сиэмэ диэн суолталаах этэ. Үөннээх киһи диэн дьээбэ тыллаах киһини этэллэр. Арыт үөннээх тыл киһи үөнүн хамсатыан сөп. Ол аата сиэмэ хамсыыр, атыннык эттэххэ сүмэһинэ сүүрэр. Оччого киһи хонтуруола кыччыыр. Кыттыһар санаата улаатар.

Эдэрдэр.
Эмньик эттээх-хааннаах
Эдэр чэгиэн барахсаттар.

Уһугунан дугуммут
Уһуу хааннах
Урааҥай бэртэрэ.

Таптаһыы.

Харах харахтарын көрсөн
Хайҕахтаах
Хара быардара хамсаата.

Сүрэхтээх бэйэлэрэ
Сөбүлээн
Сүрэхтэрэ өрүкүйдэ.

Ходьоҥ Айыы.

Ходьоҥ Айыы ити кэнниттэн кэлэр. Дьон кыттыһар санааларын толорон бараллар. Ол хас да түһүмэхтээх. Бастаан сүмэ сүүрэрин ситиһиллэр. Киһи ити кэмҥэ хонтуруола букатын сүтэр. Ону тарбахтан хонноххо тиийии дииллэр. Киһи эрогеннай зонатын тыыттаран үөнэ хамсыыра өссө ордук улаатар. Ити хамсааһын ходьоҥ диэҥҥэ тиийэр.

Чугасаһыы.

Тарбахтан ылан баран
Хонноҕор тиийдэ,

Тараһатын таарыйда,
Өттүгүн имэрийдэ.

Утуйар таҥаһы оҥостуу.

Баҕалаах санаалара
Батарыа баара дуо?!
Айар илбистэнэн
Аас тэллэхтэрин
Арыйа бырахтылар.

Үс саха
Үгэһэ буоллун диэн
Үүс киис тирииитэ толбоноох суорҕанын
Саҕах өттүнэн
Саба тартылар,
Бэдэр сыттыктарын
Бэрийэ астылар.

Таптаһар сири
Таллылар,
Оонньоһор сири
Оҥоһуннулар.

Имэҥирии.

Ис истэриттэн
Имэҥирэн кэллилэр

Тас өттүлэрин
Дьалыҥнара таһымнаата.

Бииргэлэһэр
Биир дьулуурданнылар,
Кыттыһар
Кыһалҕаҕа киирдэлэр.

Сүүлэрэ сүүрдэ,
Харахтара хараҥарда,
Эттэрэ иирдэ.

Сытыырхайан туран
Сыллаһан сыыбырҕастылар,
Оботуран туран
Уураһан субурустулар.

Сыгынньахтаныы.

Тас таҥастарын
Тарбахтарын төбөтүнэн
Тарыйан кэбистилэр.

Ис таҥастарын
Илиилэрин таһынан
Илгэн кэбистилэр.

Сыгынньах эттэринэн
Сыстыһар санааланнылар,
Итии эттэринэн
Даҕайсар өйдөннүлэр.

Күҥҥэ көрдөрбүттэрин
Көрүстүлэр,
Сырдыкка таһаарбаттарын
Таһаардылар.

Саатар таҥаһы устуу.

Түүлээх тиһэххэ тиийэргэ
Түөс симэҕэ төлөһүҋдэ,
Өттүк симэҕэ өһүлүннэ,
Өһүннэ,
Кыабака симэҕэ
Кылырҕаата,
Бытырыыстаах мыаннарык
Быстыах айыылаах буолла.

Кыттыһыы.

Дьахтар киһи
Таптатарын таптыыр.

Ымсыырыспыт барахсаттар
Ыксаласпытынан бардылар.

Бачыр оҕо саҕа
Дьалыҥ Айыыны
Дьалбайдылар.

Ис өттүлэригэр
Иккилээх оҕо саҕа
Имэҥ Айыыны
Иҥэрэ эҕэрдэлээтилэр.

Ойоҕос өттүлэригэр
Олорор оҕо саҕа
Ходьоҥ Айыыны
Холуу туойдулар.

Ахтар Айыыһыт күүһэ
Алыс да буолар эбит,
Иэйэхсит ийэ илбиһэ
Илэ да буолар эбит.

Илин Иэйэхситтээх халлаан
Дьиэгирэн-дьиэгирэн тэлэллибит,
Айыыһыттаах халлаан
Аппайан-ахчайан арыллыбыт.

Айыыһыттар
Үрүт өттүлэринэн үмүөрүйдүлэр,
Алын өттүлэриттэн ааҥнаатылар.
Түөрт өттүлэринэн төгүрүйдүлэр.

Сырбаҥ татай уотунан
Сыллаһан сыыбарҕатыстылар,
Сыстыһа оонньоотулар.

Уохтара харыар диэри
Умайа турар уотунан
Ууруһа сыттылар.

Сүрэхэйдэрэ өрүкүйдэ,
Сүһүөхтэрэ долгуйда,
Сүмэкэйдэрэ сүүрдэ.

Оҕо үөскүүр оонньуутун
Олохтообутунан бардылар.

Дьалыҥ Айыы баҕадьы
Татакайынан таарыйда,
Ходьоҥ Айыы обургу
Ходьороҥунан холбосто.

Имэҥ Айыы бэйэлээх
Илэ-бодо
Эттэрин сааһынан
Иҥэн киирэн,
Ирбинньик илиилэнэн
Эт сүрэхтэрин
Ибигитэ оонньотто.

Дьоҕойдук куустуһа түстүлэр,
Хапсаҕайдык хатыйса түстүлэр,
Ымсыылаахтык ыксарыта ылыстылар.

Бүтүү.

Үөн хамсыыра диэн бутэһигэр киһиттэн букатын арахсар. Ол аата сиэмэ киһиттэн арахсар. Дьэ, ол туһугар үөн хамсыыр.

Түһэрии.

Айыылар
Оҕо кутун
Иккилээх харчы саҕа
Иһэгэйгэ иҥэрэн
Илдьэ киирбиттэрин
Иҥэрэн кэбистилэр.

Салгынтан санааланнын диэн
Салгын куту
Самсаан биэрдилэр.

Буортан тутулуктаннын диэн
Буор куту
Холбоон биэрдилэр.

Дьахтар киһи баара
Дьар гынан түһүөр дылы
Таптаспыт күүһүттэн
Киһи буолбут
Киэҥ киэлитин иһигэр
Уулаах удьаа баһын саҕа
Оҕо куттаах сүрэ
Кутуллубутун курдук
Буом оһоҕоһун төрдүгэр
Булдьугуруу тэппитинэн барда.

Муус устар.

Орто кыраадыс -7°С.

5-с диэки. Холлоҕос көтөрө. Кыһыҥҥы хаһаас бүтэр. Холлоҕос диэн тирии буочука. Онно астарын хаһааналлар. Кулун тутартан ыла күн уота аһы сиир буолар. Холлоҕоско хаһааммыт ас бүтэр. Ону холлоҕос көтөрө дииллэр. Дьэ бу кэнниттэн сайыы балыга тахсыар диэри эбэтэр бастакы лыах төрүөр диэри аччыктааһын буолар.

13-с. Бэлиэтиирэ. Бастакы таммах түһэр. Бастакы бэлиэтээһин олунньу ыйга буолар дииллэр. Ити күн ылааҥы бэлиэтэнэр. Онтон иккис бэлиэтээһин кулун тутар ыйга буолар. Бу кэмҥэ дьиэ сарайыттан таммах уу түһүөн сөп. Онтон үһүс бэлиэтээһини ириэрии дииллэр.

Тот салгын туһэрэ. Сааскы салгыны араастык ааттыллар. Аһы сиир салгын, күөх салгын, тот салгын. Былыргылар этэллэринэн бөрө аһаабакка да сылдьыан сөп. Салгыны сиэн сылдьар. Бу салгын киһи этин сиэн сирэйин хараардан барар. Быраастар этэллэринэн күн уота киһиэхэ митэмиини үөскэтэр.

Сайыы собото тахсар, мууһу уу тоҕо охсон сайыы тахсар. Онно балык мустар идэлээх.
Дьон итиннэ балыктаан аччыктаабыттарын аһараллар. Онтон сотору буолан баран ынахтара төрөөн барар. Ас-үөл эбиир.

Билгэ.

Муус устар 7 күнэ дьылдьыт күнэ дэнэр. Мантан ыла сылы быһа күнү-дьылы кэтээһини суруйабыт.

Абрамов А.Ф., Дьяконов И.Г. «Саха сирин күнэ-дьыла уонна сылгы иитиитэ». Якутск: 1990 кинигэтигэр олоҕурабыт, онно Чурапчы билгэһиттэрин этиилэрэ, Худяков үлэтэ уонна Пекарскай суруйуулара киирэллэр.

– Саас хаар сыһыыттан хараардаҕына, уу кэлэр. Тыаттан хараардаҕына, уу кэлбэт.
– Кыраабыл, атырдьах уга сааһыары кыһын кырыарар буоллаҕына, өҥ сайын буолар.
– Илинтэн олооһун буолаҕына, ардах, хаар түһэр.
– Күн анныттан тыаллаах буоллаҕына, үчүгэй дьыл битэ дииллэр.
– Хатааһын тыала – хотугулуу арҕааттан тыал.
– Күн дьиэлэннэҕинэ, хаар, тыал буолар.
– Чалбах томтойон тоҥноҕуна, оччоҕо угут дьыл буолар.
– Муус устартан саас таҥара күүскэ умайдаҕына – угут тардыыта.
– Үргэл Чолбону кытта хатыстаҕына, тыал, тымныы буолар, дьыл уһуур.
– Хаары сахсатар тыал – муус устар ый бүтүүтэ.

Ыйы атахтаһыннарыы.

Алтынньы ыйы муус устар батыһар.

Тымныы оҕуһа.

Көҥдөй көхсө ирэн хаптайан барар. Хаар хаптайыытын этэллэр.

Алтыы.

Алтыыны  муус устар 1 күнүгэр кэтииллэр. Мантан ыла халлаан сулустара кыайан көстүбэттэр. Алтыыны кэтээһин сүтэр.

Бастакы тыал.

Суолу томтотор тыал. Суол хаара тэпсиллибит буолан ирэн биэрбэт. Онон суол томтойон тахсар.

Дьылдьыт күнэ.

Муус устар 7 күҥэ дьылдьыт күнүнэн биллэр. Дьылдьыт хайдах сайын буолуон таайар уонна ол күнү хайдах туһанарга сүбэлээн барар.

Иэн ириитэ.

Киһи ириитэ улаатар. Аны иэн ирэн барар. Кини кэрэни сөбүлүүр буолар, ырыаҕа, үҥкүүгэ дьулуһар.

Иккис тыал.

Ый ортотуттан ааһыыта тураах хаара түһэр. Бу кэмҥэ тураах кэлэр.

Моҕотой тахсара.

Хаар ирэн бардаҕына моҕотой хороонуттан тахсар. Уйатыгар уу киирэр. Бу кэмҥэ эһэ эмиэ арҕаҕыттан тахсар.

Үһүс тыал.

Хаар барбытын кэннэ буолар сири куурдар тыал түһэр.

Төрүүрэ.

Муус устар ый таба төрүүр ыйа дэнэр. Туундараҕа эбэтэр чыыстайдарга чугаһыыллар. Тыал охсубат сирин булаллар. Бу кэмнэ үөрү күн аайы көрөллөр. Хаартан тугуттары булаллар. Таба оҕотун бырахтаҕына, маамыкталаан туталлар уонна оҕотун аҕалан сыллаталлар. Оҕотун быраҕар идэлээх таба тугутун чуумҥа иитэллэр. Ол туһугар туом толороллор. Тугуту хаарҕа угаллар уонна уот буруотун нөҥүө аһараллар. Буурга, хаар кэмигэр элбэх тугут өлөр. Ол буолбатыгар кыһаналлар. Үөргэ икки бостуук үлэлиир. Биир бостуук бастыҥ табалары көрөр. Иккис бостуук төрөөбүт табалары уонна тугуттары көрөр. Ыттары үрбэтиннэр диэн томторук кэтэрдэллэр. Булчут ыты баайан тураллар. Биир сиргэ өр тохтууллар. Көһөллөрүгэр тугуттар хаалбаттарыгар кыһаналлар.

Үүт.

Бу кэмҥэ табаны ыыллар. Үүтэ олус хойуу буолар.

Таба үүтүн быраҕыллыбыт тугуттары аһатарга тутталлар. Үс ыстакаан үүт ылыллар.

Сайыҥҥы малы хаһааныы.

Муус устарга, ыам ыйыгар табаһыттар таҥастарын, малларын, эмтэрин сылдьар баасаларыгар тиэрдии ыытыллар.

Тоҥокко.

Саас тоҥот саҕана таба ыраах барбат. Хаар кытаанах буолан атаҕын быһа анньар. Дьэ бу кэмҥэ былыр табаны хото бултуу сатыыллара.  Булчуттар туут хайыһарынан сырсаллар. Биир тайахтаах буолаллар. Билигин маннык бултааһын биһирэммэт. Кыыл ыарахан кэмин туһанан бултаан ылыы эһиигэ тиэрдиэн сөп.

Бүүтэхтээһин.

Бүүтэх – иэҕиилээх, икки өттүнэн биилээх иннэ. 120 миллиммиэтирдээх. Ити кэннигэр кыра сап иилиллэр. Көмөгөйүгэр анньыллар. Ириҥэ, уу-хаар сүүрэр. Бүүтэх туттуллуута:

– Уруттаабыт акка.
– Сүөһэхтэригэр уу киирбит акка.
– Арҕаһа бааһырбыт акка.
– Сиһэ бааһырбыт акка.

Муус устар ортотуттан бүүтэхтииллэр.

Аты баайааччылар.

Манчаары аҕатын инитэ Бээтий Дьаакып Нөнөн Сэмэн Бээтий Көҕөччөрө диэн сүүрүк аттааҕа.

Чылбыан Хабырыыс уолаттара Өлөксөй уонна Сомсуон аатырбыт ат баайааччы этиилэр. Олотон Чылбыан Көҕөччөрө аатырбыта.

Сободчиков Николай Петрович – Бытык Ньулкулай Тардыас Хара диэн ата 1946 сылтан аатырбыта. Ити аты Бытык Атыыра дииллэрэ.

Герасим Миитэрэй – Суударай элбэх аты сыымайдаабытын иһин Суударай диэн ааттаммыта. Кини бэл диэтэр ойбоҥно баран иһэн ханна эрэ үчүгэй ат баарын истэн онно баран хаалара.

Маҕан Уола Уйбаан (Көлөт Нөөрүктээйитэ) – аатырбыт ат баайааччы.

Федотов Дмитриевич – Оһуокай Уйбаан – ат баайааччы.

Свинобоев Иннокентий Саввич – Тыыннаах. Ат баайааччы. Чох Хара диэн мөҥөр аты миинэригэр: «Тыыннаах хааллым» – диэн этэр. Онтон ыла Тыыннаахап буолар. 1968 сыллаахха үтүөлээх тириэнэр аатын ылар.

Ат дьүһүнэ.

Сур:
– Сырдык сур (маҥан кэриэтэ).
– Күөх сур – кутуйах өҥнөөх.
– Хараҥа сур.
– Хара сур.
– Саһыл сур.
– Кыһыл сур.

Сылгы сыата.

Сылгы сыатын буһаран баран тоҥорон кэбиһэллэр. Муус устарга киллэрэн сииллэр.

Ойбон.

Киһи ойбоно ытык этинэн түбэһэр. Мааны ыал буолар, оҕолонор урууланар алгыс киирэр. Киһи аал уот уматан, сэргэ анньынан айыы киһитэ буолар.

Саһыл тумса.

Муус устарга Саһыл Тумса сулус көстөр. Кини Овеҥҥа сөп түбэһэр. Овен туһаайыытынан Үс муннук уонна Персей бөлөх сулустар бааллар. Халлаан сиигин таһынан түөрт улахан сулус көстөр. Ити сулустар Саһыл тумсун маарынныыллар.

Былыр сахаларга саһыл тумса улахан суолталаах этэ. Кэргэн барар кыыска хайаан да саһыл тумса ымыыны биэрэн ыыталлара. Кини баайдык-дуоллук олордун диэн. Дьэ ити малбыт халлааҥҥа тахсар. Биһиги бары баайдык-дуоллук олорорбутун хааччыйар.

Сурукка киирбитэ.

– Кийиит куругар саһыл тумса диэн ымыы ыйанар.

Айыыһыт хотун.

Дьаралык, дьаралык, дьаралык!
Үөскүүрү төрүттээччи,
Кэскили тэрийээччи,
Уол оҕо кутун
Ох оҥорон
Уҥа хонноҕор кыбыммыт,
Кыыс оҕо кутун
Кыптыый оҥорон
Хаҥас хонноҕор кыбыммыт,
Тэллэҕэр имэҥнээх,
Суорҕаныгар дьалыҥнаах,
Биири биэс гынааччы,
Биэһи биэс уон гынаааччы,
Иэримэ дьиэни тэрийээччи,
Көмүс ньээкэ уйаны олохтооччу,
Таптал таҥарата,
Дьиэ-кэргэн төрдө,
Айыыһыт ийэ хотун,
Бэттэх көрөн
Мичик гын!
Дом!

– Айыыһыты аҕалыы (ыйдааҕы туом). Бу туом муус устар былаһын тухары оҥоһуллар. Айыыһыт хайдах кэлэрэ кэпсэнэр. Кини дьэргэлгэҥҥэ үктэнэн түһэр. Кини хайыһан көрбүт сирин аайы дьалыҥ олохсуйар. Ол аайы киһи үөһэттэн ирэн иһэр. Маҥнай саннын ириитин, оттон түөс ириитин, тиһэҕэр самыы ириитин араараллар. Оттон алгыс этиллибитин кэннэ эр дьон уонна дьахталлар сылгыны үтүктэллэр.

– Дьылдьыт күнэ. Муус устар 7 күнүгэр ыытыллар. Күннээҕи туомҥа киирэр. Үгэс быһыытынан бу күн дьылдьыттар мустан быйылгы сааһы, уу кэлиитин, сайын хайдах буолуон быһаараллар. Аналлаах алгыс этиллэр.

– Таҥараҕа үҥэр күн. Муус устар 7 күнүгэр киһи таһырдьа тахсар. Күннээҕи туомҥа киирэр. Күн диэки хайыһар, халлаан былыттаах буоллаҕына да күн диэки хайыһар. Уонна: «Үрүҥ күнүм, айхал!» – диэн баран быар куустан туран күҥҥэ сүгүрүйэр. Туом итинэн бүтэр. Маннык туом былыр эмиэ оҥоһуллара.

– Духуобунай иитии туһунан. Кини түөрт түһүмнээх (айыы быатын тутуу, сурэхтэнии, тылы ылыы, күҥнэ хайыһыы).

Саас:
– 17 саас. Айыы суолун туттарыы.
– 17 сааһы бэлиэтээһин-оскуоланы бүтэрии. Муус устар 14 күнүгэр ыытыллар. Күннээҕи туомҥа киирэр. Айыы Суолугар туттарыы дэнэр. Киниэхэ олоҕун бырагыраамата барыта этиллэр. Алгыс итинник ис хоһоонноох.

Оҕолорго туомнар:
– Кыыска сыһыан. Уолга сыһыан (сиэр).
– Айыыһыттан кэс тылы ылыы (өйдөбүл).
– Содуру утарыы (9 моһол).

Бөлөҕунэн туомнар:
– Ийэ алгыһа. Бөлөҕүнэн алгыс. Ийэлэр ыҥырыллаллар. Кинилэргэ анаан алгыс этиллэр. Оҕону иитиигэ ийэ суолтатын туһунан кэпсэтии буолар.
– Артыыс алгыһа. Бөлөҕүнэн алгыс. Ханнык эрэ күн артыыстар ыҥырыллаллар. Кинилэргэ анаан алгыс этиллэр. Ол кэнниттэн итэҕэл туһунан кэпсэтиллэр.

– Кими эрэ таптыыры биллэрии (этинии).

Барыта 12 туом.
Views: 3279 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2024  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
2930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 100
Ыалдьыттар (гостей): 100
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024