Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2024 » От ыйа » 21 » БАРЫТЫН ИТЭҔЭЙЭН ИСПЭККИТ БУОЛЛАР
БАРЫТЫН ИТЭҔЭЙЭН ИСПЭККИТ БУОЛЛАР
16:53
                                                                                                                                                         БАРЫТЫН ИТЭҔЭЙЭН ИСПЭККИТ БУОЛЛАР

              Дьон санаатын буккуйарга анал суруйуу элбээн иһэрэ сөхтөрөр. Баары суох оҥоруу, суоҕу баар оҥоруу, дьаныһан туран дьону сонордоһуу ыытылла турар. Ону сорох итэҕэйэр, ылынар, ырыта, ыйааһынныы сатаабат.
            Кыһын Матвей Евсеевка холуобунай дьыала тэрилиннэ диэн интернет ситимиттэн ылан суруйуу тахса сылдьыбыта. Матвей Николаевич үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьарыттан көрдөххө, ол сымыйа сураҕы тарҕатыы кыаллыбата эрээри, ким эрэ санаатыгар туох эмэ син биир хааллаҕа...

              Егор Жирковы утары “үлэ”  арахпакка ыытыллара чуолкай буолла. Араас саба түһэр суруйуулары интернет ситимиттэн ылан бэчээттииллэрин ааҕа олоробун. Куораппытыгар кус төрүүр ууларын бөҕүнэн толоро-толоро дьиэ, объект тутталларын көрөн олорон кыһаммат, ол аата биһириир прокуратура Егор Петрович Алдаҥҥа базальт хостоон эрэр диэн буруйдааһына баара. Онно ханнык да базальт суоҕун дакаастаан суруйбуппар айахха бэрдэрэн, аны диопсид хостуурунан киирдилэр.

Туһалаах баай үөскээн сытар сирэ (месторождение полезных ископаемых) бүтүн Арассыыйа үрдүнэн учуокка ылыллан компьютерга угуллан турар. 1 гектар сири ылаары гыннаххына туһалаах баайдаах буоллаҕына компьютер тута аккаастыыр, ити сири биэрбэт. Прокуратура итини билбэтэ кэлиэ дуо, ол үрдүнэн соруйанныыра көстөр. Аны “РосНедра” итиннэ ханнык да туһалаах баай суоҕун туһунан справката баар. Ол аата лицензия туһунан кэпсэтии да барыа суохтаах. Ким эрэ сорудаҕын толорор инниттэн тугу туттуохтарын, тугунан буруйдуохтарын бэйэлэрэ да ситэ ырыҥалаан өйдөөбөттөр курдук. Онно туһалаах баай үөскээбит сирэ  суох! Сүлүүдэни хостуулларыгар арааран өрөһөлөөбүт диопсид былаастаах ким да наадыйбат бөҕө баар.

Муҥ саатар хромдиопсид диэбэттэр, инньэ диэтэллэр кырыылаан сувенир оҥорор таас буолуо этэ. Ити “Безымяннай” Алдан куоратыттан 115 км илин сытар. Оттон дьиҥнээх туһалаах баай - хромдиопсид үөскээн сытар сирэ (месторождение) Алдан куоратыттан тус арҕаа 30 км сиргэ баар. Инагли диэн Алдан өрүс уҥа салаатыгар геологтар 1960 сыллаахха булбуттарын билигин “Восток” ООО хостуур. Бу туһунан наука доктордара В.Маршинцев уонна В. Гадиятов 2020 сыллаахха таһаарбыт “Богатства недр Якутии.

Полезные ископаемые, минерально-сырьевая база” диэн бэртээхэй кинигэлэригэр сурулла сылдьар. Кинигэ ити кэмтэн (2020 с.) “Айар” кинигэ кыһатын маҕаһыыннарыгар атыыланар да ким да наадыйбат курдук. Кэтээн көрөбүн. Оскуолаҕа да туһаныахха сөптөөх бэртээхэй кинигэ.   Онон Е.Жирков туһунан интернеттэн ыла-ыла суруйууларын барытын ылынан иһэртэн туттунуохха баара.


Аны “Жизнь Якутска” хаһыакка А.Максимов туһунан интернет ситимиттэн ылан уочараттаах суруйуу таҕыста. “Московский горсуд поставил точку в деле экс-президента Якутии” диэҥҥэ былыр үйэ дакаастаммыт дьыаланы баһыттан атаҕар таҥнары туруоран суруйбуттар. Штыров баҕа санаатын таба таайа сатыыллар курдук. Баҕа санаа биир, оттон баар чахчы – атын. “Туочука” туруорулла илик, суут салҕанар, төһө уһуннук барыа биллибэт. Урут эппитим курдук, халыҥ харчылаах олигарх киһини сууттаан кыайар бу үйэҕэ уустуктан уустук дьыала. Ол эрээри сымыйа сураҕы тарҕатыыга тиийбит буоллаҕына уйатыгар уу киирбит буолуон  сөп.

Арай Арассыыйаҕа саҥа сүүрээн киирэр курдук, Оборуона министерствотын сүрүн дьоно тутуллаллар. Кинилэртэн  биһиги Штыровпыт итэҕэһэ суох киһи буолуохтаах. Хаһыаттар үгүс-элбэх суруйууарыттан биир эрэ түгэни холобурдуум. Арассыыйа Президенин Администрациятын Кылаабынай хонтуруоллуур управленията 2001 сылга көрдөрбүтүнэн, 1998 сыллаахха Штыров быһаарыытынан “АЛРОСА” үлэһит коллективын 1621 акциятын номинальнай сыанатын 4-5 төгүл аччатан хампаанньаҕа атыылаһан ылан биэрбиттэр. Итинтэн 280 акция Штыров бас билиитигэр тиксибит. Бэрэбиэркэ итилэри аһара кыра сыанаҕа атыыласпыт диир эбит. Ити кэнниттэн “АЛРОСА” биир акцията мөлүйүөҥҥэ чугаһыыр солкуобайга турар буолбут...

Алмаас үлэһиттэрин ити 1621 акцияларын урут алмааска үлэлээбит, 90-с будулҕаннаах сылларга Мирнэйгэ “Народнай фронт” диэн хамсааһыны тэрийбит “буруйдаах” оппоненнара Юрий Даниловынан атыылаппыттар диэн баара. Штыров атын илиинэн ону-маны оҥотторорун туһунан сымыйа сурах буолбатах быһыылаах. Алмаас көннөрү үлэһиттэрин акцияларын ыттыы былдьаан ылан атыылаттарыы, онтон тус бэйэҕэ иҥэринии, ойоҕор 2 миллиард суумалаах акция пакета тиксиитэ, кыыһыгар “АЛРОАС-Ньурба” 658 акциятын биэрии тустарынан суруйуулар сымыйалар диэн ким да төттөрү дакаастаабата.

Итилэргэ барытыгар Штыров суут иннигэр хоруй биэриэхтээх. Ити үгүстэртэн, суут тылынан эттэххэ, биир эрэ эпизод. Түөкүн Магомедовтар дьыалаларыгар, онтон да үгүскэ дьиҥ кырдьыктаах быһаарыы баар буолуо.  Онон “туочука” туруоруллуо өссө да ыраах, суут салҕанар. “Түмүктэммитэ” диэн сымыйа сурахха дьону  итэҕэтэ сатыылларын ылынымаҥ.


                                           Иван БУРЦЕВ.   2024 с. от ыйын 14 к.           
 
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1757 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  От ыйа 2024  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 19
Ыалдьыттар (гостей): 19
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024