News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2024 » Балаҕан ыйа » 11 » КЫРДЬЫКТААХ ИНТЕРВЬЮ
КЫРДЬЫКТААХ ИНТЕРВЬЮ | 08:00 |
КЫРДЬЫКТААХ ИНТЕРВЬЮ
“Кыым” (05.09.24) “Михаил Николаев: “Саха буоларгытынан киэн туттуҥ” диэн төбөлөөх М.Яковлев интервьютын таһаарда. Маны В.Степанов бэккэ сааһылаан, тоҕоостоох ыйытыылары биэрэн, онно кырдьыктаах хоруйдары ылан бэттээхэй матырыйаалы оҥорбут.
Макар Яковлев тоҕоостоох кэмҥэ тоҕоостоох интервьюны биэрбит. Кини саҕа өр сылларга Михаил Ефимовиһы кытта алтыспыт аҕыйах. Хайдах ирдэбиллээҕин, сороҕор уолҕамчытын, ол иһигэр сэмэйин, сиэрдээҕин, киһини ытыктыырын эҥин барытын сырдаппыт. Макар Макарович урукку да ахтыыларыгар үгүс баар, олору хатылыы барбатах. Холобур, көмөлөһөөччүнэн сылдьан элбэх баҕайы “көтөх муҥунан” чиновниктар суруйбут кумааҕыларын киллэрбитигэр киһитэ кыйаханан төттөрү бырахпытын хабан ылан баран бэйэтигэр төттөрү быраҕар киһи буолбут. Үлэтиттэн уураппатах ээ, эйэлэһэннэр салгыы сүүрбэ сылы бараатахтара. Үрдүкү Сэбиэт ыһыллыыта, сопхуостары сабыы, ГКЧПга сыһыан курдук уустук боппуруостары өйдүүргэ оччотооҕуга уустуга да, итиннэ барытыгар сөптөөх быһаарыныылар ылыллыбыттар эбит. Ельцины кытта, кинини күннээн үөҕэр кэмнэригэр, доҕордоһуутун, ол үтүө түмүктэрин норуот оччоҕо да билэрэ уонна өйдүүрэ, төһө да кэлиилии-кэбээччилэр, өйдөөбөтөҕө буолааччылар оччоҕо да, билигин да баалларын үрдүнэн. Туох да диэбиттэрин иһин, ити үлүгэрдээх элбэх: 301 дьоһуннаах тутуулар, ол иһигэр медцентр, о.д.а. аҕыйах сыл иһигэр, экономическай кризис муҥутаан турдаҕына, олоххо киириилэрэ Ельцина суох бука кыайтарбата буолуо. Ельцин “суверенитеты төһө кыайаргытынан ылыҥ” диэн регионнарга эппитин, төһө да судургутун иһин, өйдөөбөттөрө, бэлэстэринэн күлэллэрэ. Итиннэ киһи өйдөөбөтө суох: “Арассыыйаҕа экономическай турук мөлтөх, регионнар кытаатыҥ, бэйэҕитин көрүнэ сатааҥ”, - диэбит тыллара ити. Михаил Ефимович ити тыллары иилэ хабан туһана сатаабыта биллэр. Медцентр тутуллуутун хомуйуус А.Алексеев төһөлөөх утаран араатардаата этэй? Кэлин онно бэйэтэ эмтэнэр сурахтааҕа. Ельцин күннээҕини баары-баарынан этэрэ, итэҕэһи ыйара, билиги курдук сайдыыбыт оччо-бачча диэбэтэ, өрүкүнэйбэтэ, регион салайааччыларыттан кытаанахтык ирдиирэ. Соторутааҕыта, кини саҕана Тас дойдулар миниистирдэринэн үлэлээбит, билигин Америкаҕа олорор, Андрей Козырев интервьюта бэчээттэннэ. Кини: “Ельцин кэлин былаһын тухары ыалдьыбыта, араас эппэрээссийэ бөҕөтүн ааспыта, иккис болдьоххо барар туруга суоҕа, ону олигархтар күһэйбиттэрэ, “барытын бэйэбит салайыахпыт, утарааччылары, ол иһигэр КГБны, барыларын атыыласпыппыт” диэн миэхэ сирэйбэр күлэллэрэ” - диэбитэ баар.
М.Яковлев интервьютугар барытын биирдэ тоҕо тэбээн кэбиспэтэ биллэр, хайа да хаһыат кээмэйигэр баппат буоллаҕа. Сорох түгэннэри билбэт да буоллаҕа, хайдах барытын билиэй. Миша Николаев Омскайга бииргэ үөрэнэр доҕорун В.Орловы сайыҥҥы каникул кэмигэр батыһан Уус-Алдан Хоротугар Майаҕаска кэлэн өр баҕайы буолбут. Суорат бөҕөнү сиэбит, күлүккэ сытан наар кинигэ ааҕара үһү. Бөһүөлэк библиотекатын бараатаҕа. Нөҥүө сылыгар практикатыгар эмиэ Бороҕоҥҥо тахсыбыт, онно Дората үөрэҕин бүтэрэн үлэлии сылдьарыгар тиийбит. Ол сайын Уус- Алдан штангистарын хамаандатыгар киирсэн Республика спартакиадатыгар кыттыбыт. Уус-Алдан спортсменнарын кытта хап-хара куудара баттахтаах уол турар хаартыската баар. Кэлин “Лена-Мүрү” уу турбатын тартаран Мүрү күөлүн уолууттан быыһыы сатаабыта да, ол турба билигин аналынан үлэлээбэт. Кини үлэлээн бүтэн баран “Якутия сегодня продала свое последнее богатство” эбэтэр “Тимир суолу Томмотунан тохтотуохха” диэбитэ баар. Республикатын, кини инники кэскилин туһугар туһалаах баайы көмүскүү сатаабытын, ону талбыттарынан айбардаабыттарыттан хомойдоҕо. Макар Макарович академиктарга куорат ортотугар ханна да суох үчүгэй дьиэни (бэйэтигэр оннук дьиэни туттубатах) туттарбытын сөпкө бэлиэтээбит. Ол академиктартан, мин тус бэйэм эмиэ, туох туһа тахсыбытын билбэппин, арай кинилэргэ Михаил Ефимович үһүс болдьоххо барарын утарбыттар, Штыров талыллыбытыгар үөрбүттэр бааллар ини.
М.Яковлев интервьютыгар М.Николаев айылҕа харыстабылыгар үлэтэ ахтыллыбатах. Кини саҕа аһаҕастык дойдутун туругун (айылҕатын) туһугар туруммут киһи суох. “Ураты харыстанар сирдэр”, “Резерваттар” о.д.а. үгүс дьаһаллар кини саҕана тахсыбыттара. Дэлэҕэ “Алмазный Чернобыль Якутии” диэн (“промышленный терроризм” курдук тыллардаах) ыстатыйаны киин бэчээккэ таһаарыа дуо? Итинник салайааччыны билигин булбаккын. “Республиканы ядернайа суох зонанан биллэрии”, о.д.а. дьаһаллары, уураахтары таһаарталаабыта. Арассыыйаҕа суох “Радиация дьайыытын суох оҥорор управление” эмиэ кини ыйааҕынан тэриллибитэ, ол Штыров саҕана сабыллыбыта. Ленскэй ууга барыытын кэмигэр миигин уонна миниистир В.Алексеевы ыҥыртаран ылбыта. Киирэрбитигэр киһим чугуруҥнуур, бэйэбин инники анньа сатыыр. Сэкиритээр дьахтар “тоҕо тураҕыт киириҥ” диир. Киирбиппитигэр: “Дьэ, радиация диэн айдаараргыт бэрт, Таас Үрэхтээҕи эһиилэр Ленскэй диэки дьайаллар дуу, суох дуу. Итиннэ научнай төрүккэ олоҕуран санааҕытын суруйуҥ”, - диэн буолла. Михаил Ефимович наһаа илистибит, сылайбыт көрүҥнээҕин өйдөөн хаалбыппын. Василий Гаврильевич тахсааппытын “ити эн дьарыктанар дьыалаҥ” диэт баран хаалбыта. Мин Геология институтгар үлэлиир наука доктора К.И.Микуленконы буламмын балачча уһун ырытыылаах санаабатын суруйбуппут. Итинник сорудахтары ирбэт тоҥу, биологияны үөрэтээччилэргэ, сейсмиктарга о.д.а. барыларыгар биэртэлээбит этэ. Ол үлэлэр туох көдьүүһү биэрбиттэрин билбэтим. Науканы итэҕэйэр, кинини туһана сатыыр эбит. Михаил Ефимович сэкиритээрдэрин санаан кэлэбин: ол түгэҥҥэ “тоҕо тураҕыт, киириҥ” диэбит холку бэйэлээх Валентина Степановнаны эбэтэр Москваҕа постпредствоҕа үлэлээбит Наталья Николаевна Колодезникованы. Чахчы да тулуурдаах, грамотнай уонна Михаил Ефимовиһы өйдүүр, өйүүр дьон эбиттэрэ буолуо. Биир түбэлтэ: туох эрэ кыаллыбатаҕар Михаил Ефимовичка киирэ сылдьарга күһэлинним. Приемнайга Валентина Степановна олороро, эмиэ чугуруҥнааһын буолбутугар, кэлэн көхсүбүттэн үтэйбитэ, “тоҕо кэллиҥ, туох наада” диэн доппуруос суох. Ити ураты эппиэттээх уонна уустук үлэни толорбут үтүө дьоммут туһунан санаан ааһыы суоҕа хомотор. Үөһээ Бүлүүлэр Валентина Степановнанан, Уус- Алданнар Наталья Николаевнанан киэн тутта ахтыахтарын сөп эбит.
Кадрдары талара ураты эбит. Холобур, А.Чомчоевы төрөөбүт улууһугар баһылыгынан ыытыыта. Сотору республикаҕа Гражданскай Оборонаны бэрт наадалаах ГКЧСка кубулутар Ыйааҕа тахсыбыта, онно саамай сөптөөҕүнэн ааҕан А.Чомчоевы тойонунан анаабыта. Онно кини өр үлэлээбэтэҕэ туспа кэпсээн. Эдэрдэри таһаара сатаабытын мэлдьэһэр киһи суох ини. Киһи быһыытынан бэрээдэктээх, киэҥ өйдөбүллээх, билиилээх М.Мучины үлэлэтиитэ, оҕо бөҕөнү кыраныысса таһыгар тиийэ босхо үөрэттэриилэрэ умнуллубат. Матвей Матвеевич 200 оҕо үөрэнэн баран Америкаҕа хаалан хаалбыттарын, онно үлэлииллэрин туһунан ахтыбыта. Олор төннүөхтэригэр, үтүө кэм кэллэҕинэ саҥа Саха сирин тутуохтарыгар эрэмньи баар.
Билигин ветераннар М.Николаев курдук ферма хотонугар тиийэн сүөһү сааҕын кэһэ сылдьар миниистир суох дииллэр. Мин аармыйатааҕы доҕорум П.Т.Тумусов республика Госпланын солбуйааччы дуоһунаһыгар олордоҕуна кабинетыгар киирбитим. Платон Терентьевич Миниистирдэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ С.Маркин араадьыйанан ыытар мунньаҕын истэ олороро. Сергей Николаевич хайа эрэ миниистирэ сыыппара эппитин сонно тута көннөрбүтэ, итинник буолбатах диэн. Мин “наһаа да памяттаах киһи быһыылаах” диэбиппэр Платон Терентьевич: “Кинитээҕэр өссө памяттаах киһи баар, кини билигин Үөһээ Бүлүү райкомугар сэкиритээр”, - диэбитэ. М.Е.Николаев туһунан эппит эбит.
Мин билигин Казахтар саҥа президеннэрин Ж.Токаевы Михаил Ефимовичка ханыылыы саныыбын. Казахстан Семипалатинскай полигоны саппыта, атомнай станцията суох, ону туттарыахха диэччилэр баар буоллулар быһыылаах. Президеннэрэ референдум эрэ кэнниттэн быһаарарга Ыйаах таһаарда, норуот бэйэтэ быһаардын диэтэҕэ. Биһиэхэ курдук, күүһүлээһин, норуоту аанньа ахтыбат буолуу суох.
М.Яковлев интервьютыгар эбии, атыттар быстах ахтыыларын хомуйан дьон билиитигэр таһаарар наада, Михаил Ефимовиһы кытта алтыһыы өрүү туох эрэ ураты өйдөбүлү хаалларарын учуоттаан.
Иван БУРЦЕВ. 09.09.24 с
|
Views: 1123 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 101 Ыалдьыттар (гостей): 101 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|