Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [399]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [554]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [223]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [669]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [376]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [92]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [237]
Тюрки [76]
Саха [152]
литература [41]
здоровье [464]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [121]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2024 » Балаҕан ыйа » 16 » Эйэлээх кэргэннии олоруу.
Эйэлээх кэргэннии олоруу.
10:58
“ЭЙЭНИ, ЭЙЭНИ  КӨМҮСКҮҮ!”
            Үчүгэй даҕаны бу сиргэ                                                                                               Эйэлээх кэргэннии олоруу.
           Норуоттар турунуҥ биир сыалга –
           Эйэни, Эйэни көмүскүү!
(Дмитрий Михайлов бу аатырбыт ырыатын төһөтө ыллаатыбыт этэй?)

            “Кыымҥа” Арассыыйа Дьоруойа Дмитрий Егоров аҕата уолун туһунан ахтыыта тахсыбатаҕар хаһыаты буруйдаабытын, ол сыыһатын туһунан суруйуу тахсыбыт. Бу хаһыакка Дьоруойдар, сэрии  тустарынан олус элбэхтик тахсар. Өссө сиэри таһынан да диэххэ сөп. “Кыым” суруйуута көннөрү иһитиннэрии буолбат, пропаганда дьиҥнээҕэ. Бу чааһыгар киниэхэ тэҥнэһэр хаһыат Арассыыйа да үрдүнэн аҕыйах ини. “Бурхаат аймаҕы аар-саарга аатырта!” диэн хаһыытыыр төбөлөөх суруйууну да ылан көрүҥ. Аар-саарга да аатырбатар уол төрөппүттэрин, аймахтарын тыыннаах эргиллэн  үөртэҕэ.  Суруйуу “Бурхааты үтүктүҥ, сэриигэ барыҥ, кини курдук дьоруой буолуоххут” диир ис хоһооннооҕо, сэриини сэргиирэ көстө сылдьар. Онон,  “Кыым”, ама, сэриини аҕыйахтык кэпсиир диэн буруйданнаҕай.  Кини суруйууларын ааҕан төһөлөөх уол сэриигэ аттаммыта, онтон төһөтө төннүбүтэ биллибэт.   
    

            В.Степанов  “Монголия Путины Гаагаҕа тутан биэрбэтэ” диэн үөрэн суруйуута тахсыбыта. Манна быһаччы этиэххэ наада, В.Степанов суруйуута, бу – Италияҕа виллатын былдьаппыт ханнык эрэ В.Соловьевы үтүктүү. Эрдэ үлэ бөҕөтүн ыытан, гааһы уонна чоҕу босхону эрэ үрдүнэн (на льготной основе) биэрэри эрэннэрэн эрэ баран Путин Монголияҕа бардаҕа. “Сила Сибири” турбаттан салаа оҥорон Монголияҕа ыытыахха” диэн киин телевидение хайы-үйэҕэ эттэ. Монголлар чугас сытар Саха сирин баайын босхо кэриэтэ ылар оннугар Путины тутан Европаҕа атаарыахтара дуо? “Сердюковтан саҕалаан аармыйаны садаҕалыы олорбуттарын чекис - Путин билбэккэ олорбута” диэн кинини хайгыыр, көмүскүүр быһыылаах В.Степанов.     
“Собеседник”  2022 сыл олунньу 24 күнүгэр аармыйабыт сэрэппэккэ, соһуччу Белоруссия сиринэн киирбитин урут суруйан турар. Үрдүк сололоох байыаннай экспердэр: Василий Дандыкин уонна  Байыаннай, политическай иирсээннэри үөрэтэр Киин баһылыга Андрей Клинцевич    итини  хатылаан кэпсээтилэр.  ЛНР Сэбилэниилээх күүстэрин хамаандалаабыт Игорь Стрелков “оломун билбэккэ эрэ киирбиттэрэ” диэбитэ баар. Атыннык эттэххэ, Марат Шишигин кэпсээнин бигэргэтэллэр.

“Собеседник” бу сыл 28 нүөмэрдээх таһаарыытыгар:  - Как человек военный, отвечаю: за все свои 80 лет я не встречал ни одного полностью здорового человека, вернувшегося домой с военных действий, - говорит доктор исторических наук, профессор, генерал-полковник в отставке Леонид Ивашов. – меня лично потрясла трагедия, произошедшая в канун второй годовшины СВО. В поселке Кутана, что в Сунтарском районе Якутии, 35-летний помилованный личным указов Владимира Путина особо опасный рецидивист Виктор С., вернувшийся со спецоперации, жестоко убил двоих человек, в том числе победительницу конкурса “Лучший учитель России” – 64-летнюю Валентину Федорову, учительницу начальных классов с 40-летним стажем, отличника образования Якутии... Если такие ужасы происходят сегодня, пока спецоперация вовсю идет и подавляющее большинство ее бойцов еще там, то что же будет с нами, когда они все вернутся сюда!   Хайдах суруллубутунан, биир да тылы, сурук бэлиэтин уларыппакка аҕаллым. 

Оҕолорбут тыыннаах да эргиллэн сору-муҥу көрөллөрүн, ыар таһаҕастан тута босхоломмотторун республика да хаһыаттара элбэхтик сырдаттылар.  “Комсомольскай Правда” маннык суруйбутун эбии аҕалабын: “Один из пациентов, вернувшись с СВО, несколько месяцев просидел взаперти дома с тяжелой психологической травмой. Только в ручном режиме удалось устроить его на лечение”.  Ыар буруйу оҥорон хаайыллыбыты болдьоҕун иннинэ босхолоон Украина сэриитигэр кытыннарбыты  Путин анал Ыйааҕынан “бырастыы” гыммыттарын элбэхтэрин суруйаллар. Суруналыыс Анна Политковскаяны өлөрүөхсүт, оскуола оҕотун муомахтаабыт, эдэр ийэни сэймэктээбит (эттээбит), кыыһы битанан охсон өлөрбүт уонна күүһүлээбит кыыл буолбуттары “бырастыы” гыммыттар.  Итини таһынан, хаһыат 23 саастаах Вера Пехтелеваны өлөрбүт Владислав Канюс Украина сэриитигэр сылдьан кэлэн дьоруой курдук тутта сылдьарыттан дьон кэлэйэрэ суруллар. Кыыс ийэтэ Оксана Пехтелева: ”Я лишена жизни – мой ребенок лежит в земле. Я лишена жизни. Это плевок в мой адрес, в адрес матерей убитых детей”, - диир эбит кини, ол Ыйаах туһунан.

Генерал-полковник Леонид Ивашов үөһээ этиилэрин ким да сымыйа диэбэтэҕэ. Кини өссө: ”Армия, в которой правят жулики и воры, никогда не победит”, –диэбитэ баар. Бу уонча генерал тутуллуохтарын иннинэ этии. Киин ханаал (РБК, 03.09.24) “Правоохранительные органы: по делу о поставках некачественных бронежилетов для нужд Минобороны на 2 млрд. рублей обвиняются 9 человек”, - диэн кэпсээтэ. Саат-суут буолбатах дуо?! Мин ити үрдүнэн, түөрүйэ да быһыытынан, “ядернай буомбалаах Арассыыйа сэриини кыайыа суоҕа” диэни итэҕэйбэппин. Байыаннай эксперт Игорь Коротченко  телевизорга үгүстүк тахсарын көрөбүт.

Кини: ”Война – вещь непредсказуемая. Никто не может сказать, из-за чего может начаться конфликт. А что касается использования ядерного оружия в случае агрессии против РФ с использованием обычных вооружений, тут все решает личность главы государства: “кнопку” нажимает именно он. К примеру, уверен, что Горбачев не смог бы отдать такой приказ. А Путин сможет...”. Бу  “Собеседник” (№41.2014) “Путин сможет использовать ядерное оружие” диэн суруйуутугар баар. Эксперт “СВО” диэбэтэх, “сэрии” диэн тылы туттубут. Итиннэ эбии “РИА-НОВОСТИ” суруйуута бэчээттэннэ. “После распада СССР Киев унаследовал значительный ядерный арсенал. Однако в 1994 году Украина, Россия, США и Великобритания подписали Будапештский меморандум, который служил международным соглашением о гарантиях безопасности в связи с присоединением Украины к Договору о нераспространении ядерного оружия. В соответствии с договором ядерный арсенал на территории Украины был ликвидирован, а ядерные державы обязались гарантировать Киеву безопасность”.

Ол “гарантия” тутуһуллубатын туһунан Владимир Зеленскэй эппиттээх эбит. Онон буоллаҕа дуу, Польша Оборонаҕа урукку миниистирэ Радослав Сикорскай “Арҕаалар Украинаҕа ядернай сэрии сэбин биэрэр бырааптаахтар” диэбит. Оттон АХШ урукку президенэ, ол меморандумҥа илии баттаан Украинаттан ядернай арсеналы былдьаабыт,  Билл Клинтон кэмсинэрин биллэрбит. Украинаттан ядернай арсеналын былдьаабатахпыт буоллар бу иэдээннээх сэрии барыа суоҕа, куораттар урусхалланыа, икки өттүттэн хаан тохтуо суоҕа этэ диэтэҕэ.


Билигин халыҥ хааны тоҕон, атомынан уматан Украинаны кыайыы  муҥа баар.  Итиннэ “бэл биһиги пенсионеркаларбыт  таҥаһынан, өйүөнэн көмөлөһөн кыайыыны уһансыбыттара” диэхтэрэ буолуо. Атын суол суоҕун кэннэ хайыахтарай?  Айыл Дьулурҕа хомуйбут 13 000 буоппуһа туһаны аҕалбатаҕа. Тоҕо, туох иһин хаарыаннаах  куораттар урусхал буолалларын, аҕа ууһун төрүттүөхтээх биһиги оҕолорбут (олор истэригэр төһөлөөх талаан) баран умсалларын арай мин өйдөөбөппүн, өйүм-санаам ылыммат.   Сэриини сэргээччилэри, сэриигэ угуйааччылары эмиэ. Итэҕэһим оччо буоллаҕа.

Тоҕо, туох иһин сэриигэ тылланан бараллар эбэтэр дьахталлар эрдэрин сэриигэ үүрэллэр? Арай ити уустук ыйытыкка хомуньуустар лиидэрдэрэ В.Губарев 2022 сыллаахха биэрбит интервьюта тугу эмэ дьэҥкэрдэрэ дуу? Кини: ”Якутия с населением чуть менее 1 миллиона человек, добывающая алмазы, золото, нефть, газ, уголь и прочие элементы из таблицы Менделеева в мировых масштабах, находится на 73 месте (Арассыыйа 85 регионуттан – И.Б.) по качеству жизни. У нас 16% бедных – людей, живущих на грани нищеты, это – 163 тысячи жителей, из которых 40 тысяч дети...”. “Байдыбыт-тоттубут” диэн түөспүтүн кырбана, оһуохайдаан ойо-тэбэ сырыттахпытына тахсыбыт интервью миигин уолуппута. Ол “нищейдарбыт” бэйэлэрэ, кинилэр оҕолоро тылланан баран умсан эбэтэр илиитэ-атаҕа суох кэлэн эрдэхтэрэ дуу?

Мунчаардар ыйытык хоруйа дьадаҥыбытыгар, тиийиммэппитигэр, кредит, ипотека хабалатыгар ылларбыппытыгар сытара буолаарай?! Холоон да туруктаах республика эрээрибит оччо-бачча буолабыт дуу, хайдаҕый? Бу кэбилэнэн олорон киһиргээн кирсибит быстаарай?  Бу ыйытык В.Степанов курдук суруналыыстарга ананар. Араас Соловьевтар, Скабеевалар, Симоньяннар, о.д.а. пропагандистар харчыга үлэлииллэр. Кинилэри үтүктэр кэскиллээх буолуо дии санаабаппын. Бу сылга Арассыыйаҕа “Патриотическай иитиигэ” бюджеттан 45,85 млрд. солкуобай анаммыта. Онтон кыраҕа эмит тииһинээри пропагандист буола сатыыр биһиэхэ, сахаларга барсыбат. Эйэни ыраланар, чугаһата сатыыр, төһө да уустугун иһин, ордуга буолаарай.   


                                                   Иван БУРЦЕВ.         14.09.24 с 
   
 
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 408 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2024  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
30
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 3
Ыалдьыттар (гостей): 3
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024