Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [225]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [378]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2024 » Алтынньы » 15 » Былыр өбүгэлэрбит уһун үйэлээх этилэр.
Былыр өбүгэлэрбит уһун үйэлээх этилэр.
16:01
Былыр өбүгэлэрбит уһун үйэлээх этилэр.


Тоҕо диэтэххэ, барыта дьиҥнээх Ийэ айылҕа биэрбит отунан-маһынан аһыыллара. Аллараа суруллубут ас ырысыабын көрдөххө, олох судургутук да астыыллар эбит.
 Билиҥҥи курдук кыайа-хото арыыга ыһаарылаабаттар.

Онон саха омук буоларбыт быһыытынан, эппитигэр-хааммытыгар өбүгэлэрбит төрүт астара доруобуйабытыгар, ис турукпутугар туһата улахан. Кэлии аһынан наһаа үлүһүйбэккэ, саха төрүт аһынан аһаан үйэбитин уһатыаҕыҥ.

ХОЙДУБУТ ҮҮТ

Буор көһүйэҕэ эбэтэр чугуун иһиккэ ыаммытынан үүтү оргуталлар. Ол үүттэрин оһох холумтаныгар таһааран баран, кыратык сойуталлар. Ити кэннэ 3 киилэ үүккэ 300 кыраам кэриҥэ сүөгэйи улахан мас хамыйаҕынан кутан, муос ытыгынан ытыйаллар. Үүттэрэ хойуу буолар. Үүт төһө өр сойор да, соччонон хойдор. Бу – олус тотоойу ас. Былыр өбүгэлэрбит барахсаттар маннык аһаан сылдьыбыттарын, сэрии сут сылларыгар хойдубут үүт сүрүн аһылыктара буоларын 91 саастаах ийэм мэлдьи кэпсиир.

СИБИИН СҮӨГЭЙ

Ыаммыт үүтү сөрүүн буор оҥкучахха, туос чабычахха кутан баран, 2-3 хоммутун кэннэ сүөгэйин хамыйаҕынан ылан сибиэһэйдии эбэтэр оргутан баран иһии – сибиин сүөгэйи иһии дэнэр. Бу аһылыгынан былыргы сахалар мааны ыалдьыттарын күндүлүүллэрэ.

КЫЫННЬЫБЫТ СҮӨГЭЙ

Сибиэһэй сүөгэйи холбуйан ылан, туой көһүйэҕэ оргутан баран сииллэрэ. Билигин ити бүлүүдэни умнубуттара ыраатта. Аныгы саха билбэт даҕаны. Сүөгэйгэ отон арааһын – отону, хаптаҕаһы, моонньоҕону, дьэдьэни, киис тиҥилэҕин, сугуну, о.д.а. аар тайҕабытыгар хото үүнэр сир аһын кутан сиир ордук минньигэс буолар.

ДЬУУХАЛА

Саас, сайын алыһар, сордоҥ, кыһыыдай, быйыт, тэҥили уонна бил балыктары илиминэн бултууллара. Онтуларын иһин, төбөтүн ылан, этин тириититтэн араарбакка эрэ хайытан, халыҥ этин туора-маары үөрэҕэстээн, кыратык тууһаан, маһынан сараччы тэптэрэн күн уотугар, тыал охсор сиригэр быаҕа ыйаан хатараллара. Оччоҕо балык сибиэһэйдии хатан, хаачыстыбатын сүтэрбэт. Маннык хаппыт балык чэпчэки, сииргэ тотоойу уонна өр хаһаана сылдьарга табыгастаах. Балык маннык көрүҥүн сөбүлээбэт саха суоҕа буолуо, ордук хоту дойду олохтоохторо сөбүлээн сиир аһылыктара. Билигин бааһынай ырыынагар дьуухала 800-900 солкуобайга атыыланар.

ХОХТУ

Сайын мундуну күөлтэн таһаараат, сибиэһэйдии ыраастыыллара уонна күн уотугар хатараллара. Сэппэрээги үргээн аҕалан, мунду үрдүгэр уураллара. Ол үөнү, сахсырҕаны чугаһаппат этэ. Оннук хаһааммыт хохтуларын кыһын мас үтэһэҕэ үөлэн, уокка кыратык буһаран баран, ымдааны эбэтэр быырпаҕы кытта иһэллэрэ.

Дьаҕаһа

Сайын тыаллаах күҥҥэ сылаас күн уотугар илим соботун иһин ылан баран, быаҕа ыйаан, кыратык туустаан хатараллар. Итини дьаҕаһа диэн ааттыыллар. Дьаҕаһа соботун күөлтэн тахсыбытынан сиикэйдии хатараллар. Ону аһыы быырпаҕы эбэтэр ымдааны кытта сиэтэххэ, айаххар киирэн, ууллан хаалар ураты минньигэс амтаннаах.

ХАЧЫМААС

Сайын хатыыс балыгы төбөтүн быһан, иһин ыраастаан, кутурук лапчааныгар диэри хайытан баран, өрүс кытыытыгар, тыал хамсата турар сиригэр, күн уотугар быаҕа ыйаан хатараллар. Онно балык таһа эрэ хатар, ис өттө инчэҕэй буолар. Ол эрэн илдьэ сылдьарга чэпчиир, өр кэм устата сытыйбат. Бу балыгы хобордооххо ыһаарылаатахха, этэ тиллэр, сибиэһэй балык этин курдук буолар.

БАРЧА

Сайын мундуну буһаран баран иэһэр оҥорон, ол анныгар уот оттон, иэһэр үрдүгэр маһынан сис ууран баран, чааста сибиэни тэлгэтэн, онно буспут мундуларын кутан, күн уотугар көмөлөһүннэрэн уокка хатараллар. Итини иэһэргэ хатарыы дииллэр.

Буспут балыгы хата турдаҕына, мас лаппаакынан эргитэн-урбатан биэрэллэрэ. Оччоҕо балыктара үлтүрүйэрэ, ону барча диэн ааттыыллара. Уот буруота уонна күн уота сахсырҕаны чугаһаппата. Ойууртан сэппэрээги тоһутан аҕалан, балыктарын үрдүгэр уураллара. Ол эмиэ үөнтэн, сахсырҕаттан көмүскүүрэ. Бу сайыҥҥы бултуур бириэмэҕэ балыгы сытыппакка хаһаанарга уонна өр илдьэ сылдьарга табыгастаах ньыма. Өбүгэлэрбит барахсаттар муударай да толкуйдаахтар эбит.

БУОССА

Саас өрүстэр, үрэхтэр халааннаан, уулара хонууга тахсан күөллэри толорор. Онно кыра балыктар бастаан аһаан уойаллара. Ону балыксыттар сыа балыгы (ньоҕору), майаҕаһы бултаан, ууттан таһаардылар да, түргэнник буһаран, хоргунун баһан ылан мунньаллара.

Онтон этин маһы тыыран баран, сутуканан өрөн сибиэ диэни оҥостубуттарыгар кутан, күн уотугар хатаран буосса диэн ас оҥостоллоро. Кыра да буоллар, олус тотоойу буолара.

Былыргы көс сахалар бултаах сири буллахтарына, тохтоон, бултаан аһыыр үгэстээхтэрэ. Көһөллөрүгэр буоссаны ханнык баҕарар тирии халаабыска, матаҕаҕа кутан илдьэ сылдьаллара. Буосса ыйааһына да чэпчэки, хаһаанарга да табыгастаах, хаачыстыбата да өр сүппэккэ сылдьар.

Бассаапп нөҥүө кэллэ.
Category: Саха | Views: 825 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2024  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 2
Ыалдьыттар (гостей): 2
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024