Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2024 » Алтынньы » 23 » Былыргы сахалар эмтэнэр ньымалар
Былыргы сахалар эмтэнэр ньымалар
13:49
Былыргы сахалар эмтэнэр ньымалара

— Сырааннаах оҕону эмтээрилэр сыраана сынньылыйан түспүтүн кыптыйынан быһа кырыйаллар.

— Төбөлөрө ыарыйдаҕына былаатынан бааналлар. Эбэтэр төбөтүн уһаты-туора кумааҕынан кээмэйдээн баран, хайа эрэ өттө кэлтэйдиир буоллаҕына, «мэйиитэ тахсыбыт» диэн баран, төбөтүн имэрийэн оннун буллараллар.

— Киһи «куйахата сыстан» ыарыйдаҕына ыалдьар сирин булан баран баттаҕын ыбылы эрийэллэр уонна тардыалыыллар.

— Эдэр киһи тараҕай буолан хааллаҕына, сэттэ саастаах ытык сылгы баһын уҥуоҕун уокка сырайан баран, ууллан тохтубут сыатынан төбөтүн оҕунуохтууллар. Оччоҕо тараҕай киһиэхэ сырдык өҥнөөх баттах үүнэр.

— Иһэ ыалдьыбыт киһиэхэ «мэккээһин» диэн от силиһин үүккэ оргутан баран иһэрдэллэр.

— Тымныйан сөтөллөр киһиэхэ итии миини, оргуйбут үүтү иһэрдэллэр.

— Сэллик буолбут киһиэхэ кыра баҕаны тыыннаахтыы ыйыһыннараллар эбэтэр эһэ сыатын сиэтэллэр. Сороҕор эһэ үөһүн ууга суурайан иһэрдэллэр.

— Сэллик буолбут киһиэхэ хатарыллыбыт эһэ тыҥатын мэлийэн баран арыыга булкуйан сиэтэллэр. Ыарыһах ону билиэ суохтаах. Өскөтүн кини үтүөрбүтүн да кэннэ ону кэпсээн биэрдэххэ иккистээн ыалдьыан, өлүөн сөп.

— Ыалдьан температурата тахсыбыт киһи халыҥ саҕынньаҕы кэтэн баран оһох суоһугар олорон эбэтэр сытан көлөһүнүн таһаарыахтаах. Ардыгар киниэхэ ымдааны иһэрдэллэр.

— Улахан сыстыганнаах дьаҥ турдаҕына ыалдьыбыт дьон, атыттары сутуйбат туһугар, киһитэ-сүөһүтэ суох сиргэ баран олоруохтаахтар.

— Тостубут уҥуоҕу анал идэтийбит уҥуоҕу тутааччылар көннөрөн баран чартыыллар. Ардыгар анал тыллары этэн баран силлээн үтүөрдэллэр.

— Бүлгүрүйбүт уҥуоҕу бастаан сылытыллыбыт отунан-муоҕунан угуттаан баран көннөрөллөр, чартынан эбэтэр туоһунан хам баайаллар. Сороҕор эмсэҕэлээбит сиргэ алтан аалыытын оргутуллубут силими кытта булкуйан сотоллор.

— Төрөөбүт дьахтар хаана бөлүөхсэн хааллаҕына (застой крови) бүүчээн ыытын арыыга булкуйан сиэтэллэр. Ол кыаллыбат буоллаҕына ньирэйи өлөрөн баран ол иһигэр дьахтары сылаастыы олордон угуттууллар.

— Төрөөрү гыммыт дьахтар оҕото тахсыбат буоллаҕына иһигэр туох эмэ түүлээҕи (холобур, куобах тириитин) уураллар.

— Төрөөрү хаана барбыт дьахтарга ньирэй эбэтэр кулун хаанын иһэрдэллэр.

— Модьуун буолбут дьон тыыннаах кукаакыны өлөрөөт сүрэҕин хостоон ылан ол сылаас хаанынан баастарын аҕыыллар. Модьууну сороҕор уматыллыбыт талахтан чаалыйан тахсар симэһини тимиргэ түһэрэн ылан баран сотоллор.

— Уос, дьабадьы бааһын сарсыарда уонна киэһэ оһох күлүнэн сотон эмтииллэр.

— «Ахсарҕа өлүү» (курдуур модьуун) диэн ыарыыга ылларбыт киһини сыгынньахтаан баран кыһыл сукунанан суулаан кэбиһэллэр.

— Кыһытар ыарыыны эмтиир туһугар «хотуолуур аба» диэн ааттаах оту сайын алтан олгуйунан күн тыкпатын, салгын киирбэтин курдук саба уураллар. Олгуйу от сиппитин кэннэ эрэ ылаллар. Ол кэнниттэн үс хонон баран ол отторун силистэри түөрэн ылан кымыска көөнньөрөн кыһыйар сирдэрин сотоллор. Кыһытар ыарыыны ардыгар ньургуһун отунан эмиэ эмтииллэр. Ньургуһун сибэккитэ бөҕөтүн хомуйан ылан улахан олгуйга ыбылы хаппахтаан баран оргуталлар. Ол кэнниттэн сылаастыы ол уутунан (сибэккилэри, сэбирдэхтэри сылдьар) ыалдьар сирдэрин сууйаллар. Оччоҕуна кыһытар бааһы кытта тирииҥ барыта соролонон түһэр. Кыһытар ыарыыны сороҕор сааскы халаан тымныы уутугар сытан эмиэ эмтииллэр.

— Сифилиһинэн ыалдьыбыт дьон кугас элэмэс аты миинэн баран 4 көс кэриҥэни, аттара тиритэн күүгэн аллыар диэри, айанныыллар. Ол кэннэ тохтотон баран ииктэтэллэр. Ииги иһиккэ түһэрэн ылыллыахтаах. Сылгы ииктээн бүтэн баран, тохтуу түһэн баран иигин тобоҕун (ол хойуу соҕус буолар) түһэрэр. Ону туспа иһиккэ ылыллар. Ыарыһах ол бастаан ылыллыбыт убаҕас иигинэн этин суунар, кэнники кэлбит иик тобоҕун иһэн кэбиһэр. Бу маннык «утахтан» ыарыһах итириэн, өйүн сүтэриэн сөп. Бу кэнниттэн кини үҥкүрүйэ сылдьан хотуолуур, ийэ-хара көлөһүнэ барыта тахсар, иһэ тоҕо баран аһаабыта-сиэбитэ барыта сүөкэнэр. Ону кытта кинини буулаабыт үөн-көйүүр, араас чиэрбэ барыта ыгыллан таска тахсар.

Ыарыһах сыыйа үтүөрэр.

— Эт быстыытыгар түөнү уматан уураллар. Ол көмөлөспөт буоллаҕына, ууга оргутуллубут көҥдөй суон мас тоһоҕоһунан «бааҥка» уураллар.

— Киһини уҥуоҕар диэри дьөлө сиир саанык, «көрөр», «хаары» ыарыыны эмтиир туһугар «түөрт харахтаах» хара ыты өлөрөн баран сүрэҕин, быарын сылаастыы хостоон ылан баастарын угуттууллар. Көмөлөһөр үһү.

— Дьүлэй буолан эрэр дьон кугас ат кур уҥуоҕун итии чоххо ууран баран, онтон ууллан тахсыбыт сыаны кулгаахтарыгар куталлар. Ол кэннэ сылы быһа кулгаахтарын бэркэ харыстаан, тымныппакка сылдьыахтаахтар.

— Сүһүөх иҥиирэ тардар буоллаҕына, ол сири тымтыкка анньыллыбыт иннэ төбөтүнэн таһыйан эмтииллэр.

— Иҥиир хоҥнуутун, эт быстыытын эмтииргэ, ол ыалдьар сиринэн силими сотон баран түүнү сыһыараллар. Үтүөрэр үһү.

— Тиис ыалдьар буоллаҕына, ол тиискинэн мас үөнүн илдьи ыстыахтааххын, ыалдьан бүппэтэҕинэ бэйэҥ курдук ааттаах өлбүт киһи уҥуоҕун эргитиититтэн мас куһуогун ылан ол тиискинэн ыстыыгын, ол да туһалаабат буоллаҕына, эһэ тииһин, кырынаас уҥуоҕун ыстыыгын.

— «Илии абааһыта», «көрөр» ыарыы тулутарыттан аастаҕына, баас хабыллар хаба ортотугар туртайан көстөр «ыарыы иччитин» кытарбыт бүргэһинэн дьөлө анньаллар. Таба астаххына ыарыыҥ үтүөрэр, сыыстаххына – бэргиир. Маннык ньыма туһалаабатаҕына, үүккэ оргутуллубут сардаана сибэкки хойуу хааһытынан сотон эмтиигин.

— Саһарардаабыт киһи иннигэр уулаах иһиккэ тыыннаах сордоҥу уган кэбиһэллэр. Ыарыһах ол иһитин кытта холбуу саһархай өҥнөөх туох эрэ таҥаһынан бүрүнэр уонна сордоҥун тонолуппакка көрөн олорон «мин курдук кыһыл көмүс дьүһүннэн, мин киэргэммитим курдук киэргэн» диэн саҥарбахтыыр. Маннык эмтээһин дьайдаҕына, сордоҥ өҥө ыыс-араҕас буолан хаалыахтаах. Оччоҕуна кинини өрүһүгэр төттөрү ыыталлар.

ЭБИЭС туһата

3 л ууга 9 нь. эбиэһи 1 чаас устата мөлтөх уокка буһарыллар. Ол кэнниттэн бу хааһы сарсыҥҥа диэри бэйэтин паарыгар турдун. Маннык бэлэмнэммит эбиэс уутун күнү быһа иһэ сылдьыахха сеп. Эбиэс буспут уута В битэмииннэрдээх, ферменнэрдээх, сыаналаах минераллардаах.  Ньиэрбэ систиэмэтин, сурэ5и, быары, куртах-оһоҕос куолаҕайын (трагын) эмтиир. Маны таһынан эбиэс уутун ваннаҕа кутан, онно сытан, олорон, баралыыс, ревматизм, о.д.а ыарыылары уонна үлүйүүнү эмтииллэр.

  Мин давлениеҕа эбиэһи ыстаан суох гыммытым. Эбиэһи сууйан баран биир чайнай ложканан айахпар ыстаан2 баран хаҕын силлээн кэбиһэбин. Күҥҥэ 3-4 гыммытын Күн бүгүҥҥэ диэри ыалдьа иликпин. Давлениены тэҥниир.
Быһа холоон 2-3 минуты ыстыыгын.

Эбиэс туһата

Эбиэс сылгы сиир бурдуга. Кинини ис органы ыраастыырга тутталлар. Сылга 3-4 ыраастаныахха сеп. Киһи иһэ араас шлактарынан бүрүллэн киһи араас ыарыыга ыалдьар. Ону маннык эбиэһинэн ыраастаатаххытына быаргытын, хааҥҥытын ыраастыыр.
Маннык састаабынан ыраастаныахха сеп.
 1. 2ст.л.ыраастаммыт эбиэһи ууга хоннорон баран 2 л. ууга 20 мүн.оргутаҕын. Оргуйа турар ууга 1 лимон согун ыгаҕыт. Уонна таһааран сиидэлээн баран уута сойуута 1 ст.л. мүөтү буккуйаҕыт. Сарсыарда аччык искэ иһиллэр. Ол кэннэ чаас аҥаара буолан баран аһыыгыт. (Иммунитеккытын үрдэтэр рецепт).
2.  1 ост.л. эбиэһи оргуйбутунан 0.2 л. ууга буккуйаҕыт. Термоска хоннороҕут. Сарсыарда тураат аччык искитигэр уутун иһэҕит. Бурдугун өр ыстаан сиигит.
3. 1 ыстакаан эбиэһи 3 л. ууга оргутаҕыт 30-40 мүн. уонна бу уугутун бүтүөр диэри күҥҥэ хаста да иһэҕит.
  Бу рецептан биирин эмэ талан оҥостон нэдиэлэ курдук иһэ сылдьыҥ. Ис органнаргытын ыраастаныҥ.
Чэгиэн буолуҥ.
Category: здоровье | Views: 502 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2024  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 11
Ыалдьыттар (гостей): 11
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024