Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [225]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [378]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2024 » Сэтинньи » 10 » “ САЛЛААТ АҔАТА”
“ САЛЛААТ АҔАТА”
11:47
                                                                                                                                                   “ САЛЛААТ  АҔАТА”

Итинник ааттаах кинигэ бу сылга күн сирин көрбүтэ. Ааптара – Иван Александров. Муҥар, бу иннинэ бэйэм “Эйэни баҕарабын!” диэн кинигэ таһаараммын, ааҕарга интэриэһим улахан этэ.
         Украинаны утары саҕаламмыт сэриигэ Саха сириттэн баран кыттыбыт дьон дьылҕата ойууланар. Кинигэни ситэ аахпакка “кэлиҥҥигэ” ууран кэбиспитим. Хайдах эрэ ситэ сааһыламматах курдуга, ол мин тус бэйэм санаам буоллаҕа, тоҕо диэтэххэ, ылан аахпыттар, кэрэхсээбиттэр бааллар.

          Урут “Дьоҕур” диэн суруйуулаах этим, онно Алексей Амбросьев - Сиэн Мунду уонна Виталий Иванов – Сур чахчы талааннаахтарын биһирээн бэлиэтээбитим. Ааспыт сылга Сиэн Мунду аарыма бөрө туһунан романы тылбаастаабытын аахпыттаахпын. Сахалыытын аахпыт, биһирээбит бэйэм тылбааһыттан ордук астыммытым, роман өссө тупсубут, ааҕыллымтыа буолбут этэ.  Ол иһин буолуо, Сиэн Мунду үөһээ ааттаммыт “Саллаат аҕата” сэһэни нууччалыыга тылбаастаабытын биир тыынынан ааҕан кэбистим. Киһи илиитигэр ылбыт кинигэтин барытын тута таттаран аахпатын билэбит, соһуу-сыһыы, кэнникигэ ууруу буолааччы. Сиэн Мунду бу да сырыыга тылбааһын кыайа-хото туппут, кинигэни тупсарбыт дии санаатым.

         Кинигэҕэ араас дьылҕалаах уолаттар сэриигэ тиийэн буһаллара-хаталлара кэпсэнэр. Валерий Попов, Алексей Игнатьев, Гаврил Терентьев, Александр Уваровскай, о.д.а. буойуннар кэпсээннэригэр кинигэ олоҕурбута уонна буойуннар хаартыскалара баара суруйууну документальнай ис хоһооннообут. Бу уолаттартан 10 мөлүйүөн солкуобайы лотереянан сүүйэн мүччүргэннээх сырыыламмыт, ыанньыксыт Гавриил Терентьевы хаһыат барыта сырдаппыта. Оттон атыттары кинигэттэн эрэ билэҕин. Валерий Попов 60-лаах киһи сэриигэ барбыт уолун аттыгар буолаары Запорожьеҕа аттаммыт. Валерий бэйэтэ урут хаайыыга сылдьыбыт, эрэйи-муҥу эҥээринэн тэлбит. Атын да дьоруойдар үксүлэрэ холуонньа, хаайыы диэн тугун билбит, сэрии ыарын тулуйар, буспут-хаппыт араас омук дьоно. Биир дьоруой “уоппуска кэнниттэн сэриигэ иккиһин эргиллиэм, дойдубар маннык элбэх харчыны өлөрбөккүн” диэн тыллаах;   Бааһырбыт табаарыстарын ыла киирбит биэс уол төннүбэтэх; хас да ый устата бронежилета, кааската суох сэриилэспиттэр, кэлин бааһырбыттартан устан ылан түҥэппиттэр; биирдэ саата суох саллааттар үрдүлэригэр өстөөх дрона кэлэн баран өлөртөөбөтөх, утарылаһар кыаҕа суох дьон диэн аһыммыт, тыыннаах хааллартаабыт; “Шаман” диэн позывнойдаах Алексей Игнатьев суруйар: ”Изначально было ясно, что началась тяжелая, кровопролитная война с многочисленными жертвами. Я еще тогда подумал, что людей в армию, несмотря на возраст и состояние здоровья, будут завлекать самыми разными способами, в том числе и деньгами. Нельзя судить о войне по тому, что показывают по телевидению или говорят по радио. Это все для успокоения наших бабушек, дедушек, чтобы не волновались...”.

         Читаттан тиийэн сэрии саҕаланыаҕыттан сылдьар Саня диэн нуучча уолун кэпсээнин хайаан бэчээттээбиттэрэ буолла дии саныыгын. Онтон быһыта тардан аҕаллахха маннык:
-  Хохлы в Изюме отделали нас по полной программе, а окружение нашей группировки было бы настоящей катастрофой. За три месяца боев мы там потеряли не менее десяти тысяч бойцов. Беспилотники хохлов, начиная с четырех утра, корректировали огонь артиллерийских орудий. Они били по нам беспощадно. И мы не могли даже головы поднять. Пытались спрятаться в любых щелях, ямах, впадинах. Кругом трупы, которые на жаре разлагаются очень быстро. От них невыносимого запаха ничто не спасает, он проникает всюду. У меня от прогорклого запаха вскоре нос распух и заболел.

-  Был у меня товарищ с позывным “Рыжий”, - продолжает Саня. – И после одного жестокого боя, где мы потеряли много бойцов, он весь поседел. Мы сначала подумали, что он весь в пыли, пытались отряхнуть. А оказывается, он поседел от стресса. Грешным делом, я иногда думал, что тронусь умом от этого ужаса. Слава Богу, пронесло.
Вот так мы и начинали войну: не умеющие стрелять, прятаться, маскироваться. И это против хохлов, которые готовились воевать, начиная с 2014-го года. А может и еще раньше. Не удивительно, что в 2022-м мы потерпели под Изюмом сокрушительное поражение и были вынуждены бежать. Надо честно признаться, что мы не были готовы к войне.         
“Енот” диэн позывнойдаах наркоман хамандыырдарын туһунан уолаттар маннык суруйбуттар:  “...Как можно верить “Еноту”, который однажды отправил на передок бойцов, сказав, что их заменят через три дня, а потом забыл о них на целый месяц!”

Кинигэҕэ сэриини хайгыыр тыл туттуллубатах, дойдубутун көмүскүүбүт, Путин сөпкө дьаһайар, онон кыайыахпыт диэн өйдөбүл баар.

Евгений Пригожин бууннааһына ахтыллыбат, сабыытыйалар ити иннинээҕилэр быһыылаах. Пригожин “Пока у элиты дети мажут себя кремами и показывают себя в соцсетях, у обычных людей дети приходят в цинке, разорванные на куски” диэһинэ кинигэҕэ суох. Кинигэ салгыыта тахсыа дэммит. Уонна эмиэ нууччалыыга тылбаастаныа турдаҕа. Аармыйаны хоро таспыт генераллар тутуллуулара, Сердюков ойоҕунаан Васильевалыын кыраныысса таһыгар баран эрэллэрэ суруллубута, Арассыыйаҕа холбоммут (сэрии төрүөтэ буолбут) уобаластар Украина сирин 20% ылаллара, онно таас чох 60%, гаас саппааһа 20%, металлаах баай 40%, промышленность уонна тыа хаһаайыстыбатын 5000 предприятиялара бааллара, 2022 сыл олунньу 24 күнүгэр аармыйабыт Белоруссия сириттэн Киевы үс күн иһигэр ылабыт диэн сэрэппэккэ киирбитин хаһыаттар суруйбуттара, бэйэбит республикабыт олоҕун таһымынан Арассыыйа 85 регионуттан 71-с миэстэҕэ сылдьара, сэрии содулуттан ыарахан ноҕуруусканы сүгэрэ, о.д.а. үгүстэр саҥа кинигэҕэ ахтыллыахтара дуо? Бу күннэргэ Саха сириттэн 8000 киһи Украинаҕа сэриилэһэ сылдьарын туһунан суруйдулар. Ол иннинэ 2000 эмсэҕэлээбит саллаат эмтэммитин телевидениебит кэпсээбитэ. Сэрии историятын үөрэтээччилэр сэриигэ эмсэҕэлээбит ахсаана өлбүттээҕэр икки бүк элбэх буоларын этэллэр. Ол аата өлбүппүт ахсаана 1000 кэриҥэ буолар дуо? Наһаа элбэх сүтүк буолбатах дуо, бу?  Итинтэн үөрбүттүү, күн тура-тура үҥкүү-битии, ырыа-тойук сытайан туран элбээбитин аччата түһэргэ кинигэ салгыытыгар этиллиэ дуо?    

Тахсыбыт кинигэҕэ украинецтар буолбакка “хохоллар” ахтыллаллар, кинилэри утары аҥар кырыы өһү-сааһы (ненависть) иҥэрии, күөдьүтүү баар. Урут Украина Тарас Шевченко курдук улуу поэттааҕа, Иван Кожедуб курдук 62 немец самолетун суулларбыт ас летчиктааҕа, Сидор Ковпак курдук аатырбыт партизаннааҕа, уоллуу-аҕалыы Борис уонна Евгений Патоннар курдук аан дойдуга аатырбыт улуу учуонайдардааҕа кинигэ салгыытыгар  ахтыллыа дуо? Аныгы оҕо үксэ урукку историяны билбэт, кинилэргэ итини ким да кэпсии сатаабат. Степан Бандера төрөөбүт дойдута (Арҕаа Украина диибит) Румынияттан күүс өттүнэн ССРС-ка холбоммутун сөбүлээбэккэ утары турбутун оҕолор билбэттэр. Ити барыта ыччакка, дьоҥҥо кырдьыгынан тиэрдиллиэн иннинэ Эйэ олохтоноро саарбах буолуо.

Онон, кинигэ салгыытын уонна ол бэртээхэй тылбааһын күүтэбит.

                      Иван  БУРЦЕВ.      2024 с. Сэтинньи 9 к.
Category: литература | Views: 502 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2024  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 1
Ыалдьыттар (гостей): 1
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024