News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[225]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[379]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[100]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[240]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[155]
|
литература
[42]
|
здоровье
[466]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2024 » Ахсынньы » 30 » Сахалар хантан хааннаах дьоммутуй?
Сахалар хантан хааннаах дьоммутуй? | 05:45 |
Сахалар хантан хааннаах дьоммутуй?
05.11.2013 16:19 | АВТОР: АЛЬБЕРТ КАПРЫНОВ
Билигин кимтэн эмэ “сахалар хантан хааннаах, туохтан тууралаах омуктарбытый?” диэн ыйыттахха, киһи эрэ барыта тута “түүрдэрбит” диэн хоруйдуура буолуо. Кырдьык, ону тылбыт да туоһулуур курдук. Тыл үөрэхтээхтэрэ этэллэринэн, анал литэрэтиирэҕэ да суруйалларынан, саха тылын быһа барыллаан 30-ча %-на – монгуол, 3-5 %-на – тоҥус-маньчжур, 5 %-на – биллибэт төрүттээх тыл, онтон атына, баһыйар үгүс өттө түүрдүү диэн буолар. Онуоха эбии, грамматикабыт эмиэ дьиҥ түүрдүү. Онон биһиги бэйэбитин хаһан эрэ монгуоллары кытта адьас ыкса алтыһа сылдьыбыт, кэлин, Саха сиригэр кэлэн баран, тоҥус-маньчжур тыллаах омуктары кытары булкуһан олорбут түүр омугунан ааҕынабыт.
Ол эрээри, генетика диэн билим салаата ону билиммэт. Кини киһи тылыттан-өһүттэн, көстөр дьүһүнүттэн, бэйэтин ханнык омугунан ааҕынарыттан тутулуга суох, ДНК анаалыһын көмөтүнэн, киһи төрдүн-ууһун, хантан силистээҕин-мутуктааҕын тута быһааран ыраас мууска ууран биэрэр.
Билигин тылы биология билимин дуоктарыгар, Вашингтон университетын (АХШ) Биологияҕа департаменын ДНК-лабораториятын генетик-учуонайыгар Зоя Ивановна Ивановаҕа биэриэҕиҥ (генетика – уустук үөрэх, онон урут хаһан да истибэтэх тиэрминнэргитин-тылларгытын иһиттэххитинэ -- соһуйумаҥ).
Секвенирование уонна амплификация туһунан
- Оскуоланы Сангаарга бүтэрбитим. СГУ-га биология факультетыгар үөрэммитим. Ол кэннэ Москубаҕа Уопсай генетика институтун аспирантуратыгар үөрэнэн (1981 с.), “Киһи хромосоматын мутацията” диэн тиэмэҕэ хандьыдаат истиэпэнин көмүскээбитим. Онтон 1997 с. “Саха сүөһүтүн иммуногенетиката” диэн үлэнэн дуоктар буолбутум.
2000 сс. биэнсийэҕэ тахсыбытым уонна ыал буолан АХШка көспүтүм. Онно тиийээт, Вашингтон университетын Биологияҕа департаменын ДНК-лабораториятыгар үлэҕэ киирбитим.
-- Зоя Ивановна, АХШка тиийбитиҥ кэннэ, маннааҕы учуонай истиэпэҥҥин ким да саарбахтаабата, тута ылыннылар дуу?
-Суох. Мин туспар инньэ гымматахтара. Тута университекка барбытым. Хас даҕаны лабораторияҕа сылдьыбытым. Онно биир күн иһигэр бэйэм идэбинэн түөрт сиргэ үлэҕэ ыҥырбыттара.
Биллэн турар, бастаан докумуоммун ылан ааппын-суолбун, үлэбин-хамнаспын барытын бэрэбиэркэлээбиттэрэ. АХШ дуоктарын истиэпэнин ылыаххын наада дии сылдьыбыттара да, ону сэҥээрбэтэҕим. Мин генетическэй анализаторга үлэлиэхпин баҕарар этим. Онно ДНК-ны чаас чааһынан арааран баран (ол “секвенирование” дэнэр), араарыллыбыт сүһүөхтэрин туспа-туспа ырыталлар, үөрэтэллэр. Судургутук эттэххэ, ДНК өлүүскэлэрин “ааҕаллар”. Оттон ол – билиҥҥи генетика муҥутуур чыпчаала.Үөрүөм иһин, хата, тута ылбыттара.
Биллэн турар, билбэт сириҥ, туора тыл, атын култуура, туспа дьон буолан бастаан утаа үлэлииргэ уустук этэ эрээри, кэлин ылсан барбытым. Гены ыраастааһынтан саҕалаан амплификациялааһыҥҥа тиийэ.
Биһиги ДНК генын Африка слонун уҥуоҕуттан, гризли эһэ сааҕыттан кытта арааран ылар этибит. Кылаабынайа, кыыл-сүөл генын кинини бэйэтин куттаабакка, туппакка-хаайбакка, уйулҕатын хамсаппакка ыларга дьулуһарбыт. Холобур, гризли эһэ генотибын кини төһө киэҥ сиринэн тарҕанан олохсуйарын, стресс-гормон көмөтүнэн стресскэ төһө бэринимтиэтин билээрибит үөрэтэрбит.
Уопсайынан, бастаан ДНК-ны, холобур, уҥуохтан арааран ылан баран, анал технологиянан ыраастыаххын наада. Инньэ гымматахха, туора кыыл-сүөл, харамай, от-мас ДНК-та киирэн мэһэйдэһиэн, үлэ түмүгүн буортулуон сөп.
Араарыллыбыт, ыраастаммыт ДНК-ттан аны гены туспа арааран ылан, интэриэһиргиир өлүүскэлэргин элбэтиэххин наада. Ону “амплификация” дэнэр. Онтон элбэтиллибит геннэрдээх ДНК-ны салгыы генетическэй анализаторга уган үөрэтэбит. Онно ДНК тиһигин чопчу сүһүөхтэрин көрөҕүн, көрүҥ иһигэр араастаһыытын быһаараҕын. Чэ, ити бастаан истэргэ бука уустук соҕуһа буолуо. Быһата, ити барыта аныгы генетика үөрэҕин муҥуутуур чыпчаала, билим сайдыытын бүгүҥҥү тиһэх түһүмэҕэ. Мин онно үлэлиир дьолго тиксибит киһинэн ааҕынабын.
Саха ынаҕын уратыта
Мин саха сүөһүтүн боппуруоһугар финн учуонайдарын кытта үлэлии сылдьыбытым. Дуоктар истиэпэнин көмүскээн баран, 1997 с. саха ынаҕын геномун боппуруоһунан Непалга норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыбытым. Кэмпириэнсийэ кэмигэр Юха Кантанен диэн финн генетик-учуонайа кэлэн “биһиги эмиэ төрүт боруода ынахтаахпыт, бииргэ үлэлэһиэххэ” диэбитэ. Ханна да сылдьыбыт иһин, саха ынаҕын мэлдьи сэргииллэр, үөрэтиэхтэрин баҕараллар. Бииргэ үлэлэһэргэ ыҥырыы элбэх буолар. Онон лаппа толкуйдаан баран сөбүлэспитим. Кырдьык, туох да булкааһа суох манна ойдом үөскээбит саха ынаҕын генома тымныы, тыйыс усулуобуйаҕа үөрүйэх, ону таһынан лейкоз, сэллик, мастит курдук ыарыыларга бэриммэт айылгылаах. Ол гынан баран, ааспыт үйэ 30-с сылларыттан саҕалаан араас кэлии семментал, холмогор боруодаларын кытта туох да кэрээнэ суох булкуйан, аан дойдуга ханна да суох ураты саха ынаҕын хас эмэ сүүһүнэн, тыһыынчанан сыл устата чочуллубут генома букатын симэлийэ, сүтэ сыспыта. Билигин баара-суоҕа 800-чэкэ эрэ сүөһү ордон сылдьар буолуохтаах.
Иккиһинэн, саха ынаҕын этэ-үүтэ, айылҕа биэрбитинэн ыраас, минньигэс, амтана туохха да тэҥнэммэт, күндү. Холобур, арҕааҥҥы дойдуларга сүөһүттэн элбэх эти-үүтү ылар туһугар араас таһымнаах селекция үлэтин ыыталлар. Ол түмүгэр, ити туох да амтана суох кумааҕы курдук эттээх, дьиҥ айылҕатыттан туга да хаалбатах, генетика өттүнэн сыаннаһа суох сүөһүлэр дэлэйдилэр.
Үсүһүнэн, саха ынаҕын устуоруйаҕа уонна этнографияҕа суолтата олус улахан. Мин ийэм бэйэтин төрүттэрин туһунан кэпсээннэригэр олоҕуран, “Сэргэ: мегалит народа Саха” диэн үлэ суруйан “Бичик” кинигэ кыһатыгар биэрдим. Мин төрүттэрим уруккунан Тааттаҕа, билиҥҥинэн Томпо улууһун Кириэс Халдьаайытыгар, Эбэ уонна Сүрэх Иһэ диэн сирдэргэ олорон ааспыттар эбит. Кинигэбин суруйан бүтэрэн баран кэргэммэр Ричард Кэнделгэ көрдөрбүппэр, кини тута: “Кинигэҕэр саха култуурата диэн тугун быһааран суруйбатаххына, атын култууралаах, үгэстээх дьон бу кэпсээннэри өйдүөхтэрэ суоҕа”, -- диэбитэ. Онтон кинигэбин манна Саха сиригэр аҕалан аймахтарбар көрдөрбүппэр: “Кинигэни ааҕан баран өбүгэлэрбит барахсаттар олорбут ыарахан олохторун эппитинэн-хааммытынан билбит курдук сананныбыт, чугастык ылынныбыт. Олус итэҕэтиилээхтик суруллубут. Киһи ааҕан хараастар. Онон, эн аҥаардас ийэҥ эрэ кэпсээнин буолбакка, хас биирдии кэпсээҥҥэ бэйэҥ санааҕын, сыһыаҥҥын эмиэ суруй. Быһааран биэр. Оччоҕуна ааҕааччы ордук ылыныа, ааҕарга чэпчэки буолуо”, -- диэбиттэрэ.
Ол кэнниттэн, төһө даҕаны историк, культуролог, этнограф буолбатарбын, арҕааҥҥы ааҕааччыга Саха култууратын хайдах тиийимтиэ, өйдөнүмтүө буолар гына билиһиннэрэрбин толкуйдаан барытым. Тиһэҕэр, генетик буоларым быһыытынан, генетикэни кытта ситимнииргэ быһаарыммытым. Онон, кинигэм бастакы баһыгар Саха омук хантан үөскээбитин туһунан суруйбутум. Иккиһигэр – Айыы итэҕэлин төрдүн-төбөтүн туһунан.
Саха ынаҕа генетика хараҕынан
Кинигэбин аан бастаан саҕалыырбар Саха төрүт сүөһүтэ олук, төһүү буолбута. Ол иннинэ финн генетигэ Юха Кантанены кытта саха ынаҕын ДНК-тыгар үлэлэһэ сылдьан, саха ынаҕа букатын ыраахтан хаан-сыдьаан тардыһарын быһаарбыппыт. Саха ынаҕын ДНК-та былыргы Анатолияҕа (билиҥҥи Турция сиригэр) киһи аймах аан бастаан дьиэтиппит сүөһүтүгэр – Тур оҕуска үүт-маас дьүөрэлэһэрэ.
Тур туһунан 2012 с. Улуу Британия, Франция уонна Германия молекулярнай генетиктэрэ биир дьикти чахчыны арыйан тураллар. Учуонайдар, Анатолияҕа археология хаһыыларын кэмигэр көстүбүт Тур оҕус уҥуоҕун ДНК-тын үөрэтэн көрөн баран, “былыр, бу сүөһүнү Анатолия баара-суоҕа Чаяню уонна Да-дже диэн икки эрэ дэриэбинэтигэр (ону даҕаны 80 эрэ кыылы!) дьиэтитэ сылдьыбыттар” диэн түмүккэ кэлбиттэр. Биһиги сахабыт ынаҕа ол дэриэбинэлэртэн төрүттээх эбит. Дьикти буолбатах дуо!
Уопсайынан, генетика диэн мындыр уонна уустук үөрэх. Кини ДНК анаалыһын түмүгүнэн оннооҕор б.э.и. 10-9 тыһ. сыл анараа өттүгэр хас сүөһүнү, ханна-ханна дьиэтиппиттэрин кытта быһаарар кыахтаах.
Арийдартан хааннаахпыт дуо?
Итинтэн сиэттэрэн, “баҕар, сахалар бэрт былыргы төрүттэрин устуоруйата ханнык эрэ кэрдиис кэмҥэ, холобур, б.э.и. 10-9 тыһ. сыл анараа өттүгэр, Анатолияттан саҕаламмыта буолаарай?” диэн ыйытык үөскүүр.
Ити курдук араас толкуй кэнниттэн, генетика саха төрдүн-ууһун туһунан тугу кэпсиирин, тугу суруйарын үөрэппитим. Оттон генетика: “Саха омуга сайдан кэлбит хронологиятынан да, географиятынан да, биир төрүттээх, биир силистээх омук”, -- диэн эрэллээхтик этэр.
“Хронология” диэни “омук түҥ былыргыттан бүгүҥҥэ диэри сайдан кэлбит кэрдиис кэмэ” диэн өйдүөххэ сөп. Билигин үрдүттэн саба быраҕан “сахалар бу уһук хоту сиргэ соҕурууттан көһөн кэлбит араас түүр, монгуол уонна олохтоох омуктар булкаастарын түмүгэр үөскээбит норуот” дииллэр эрээри... Генетика билимэ саха омуга туох да булкаас хаана суох, былыр биир төрүттэн үөскээбит адьас биир көһөҥө, сомоҕо төрдүлээҕин-уустааҕын ырылыччы дакаастыыр. Төрүттэрбит онно-манна көһө, кэлэ-бара сылдьыбакка, Өлүөнэ орто сүүрүгэр бэрт өрдөөҕүттэн олорбут кырдьаҕас омук эбиттэр. Ол эрээри, этнос быһыытынан сайдыыбыт бастакы түһүмэҕэ, неолит эратын саҕана, били этиллибит Турция сирин кытта ситимнээх курдук.
Киһи аймах тыһыынчанан сыллаах улуу көһүүлэрин (миграция) билэбит. Ол да буоллар, өбүгэлэрбит төһө даҕаны тыһыынчанан сыллар усталарыгар көһө сылдьыбыттарын иһин, хас да сиргэ тохтоон-аараан, төһө эмэ өр олорон, холбоһон-арахсан ааһытаалбыт сирдэрэ бааллар. Ону генетика да, устуоруйа да туоһулуур.
Биология билимин дуоктара, генетик В.В. Фефелова былырыын күһүн баччаларга ГЧИ-гэ саха төрдүн-ууһун хайар кэмпириэнсийэҕэ кэлэ сылдьан, билиҥҥи Кытай сирин хотугулуу-арҕаа өттүгэр баар Тарим өрүс намталыттан көстүбүт мумиялар европеоид хааннаахтарын эппитэ. Оттон ол мумиялар геннэрэ ордук хото хинди (индус) уонна саха омук хааннарыгар баара дакаастаммыта. Билим бу арыйыытыгар тирэҕирэн, В.В. Фефелова “сахалар монголоидтыы буолбакка, индоевропалыы хааннаах омук эбит” диэн аһаҕастык эппитэ. Быһата, кини сахаларга Индия арийдарын кытта атылыы геннэр баалларын эппитэ.
Холобур, мин ити этиигэ сөбүлэһэбин. Ол эрээри... Саха омук -- киһи аймах устуоруйатын феномена. Бачча үлүгэрдээх тыйыс дойдуга ынаҕын-сылгытын туппутунан кэлбит, нуучча кэлиэн 500 сыл иннинэ уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ сири толору баһылаабыт уонна, ол тухары, бэйэтин төрүт култууратын ыһыктыбатах омук -- аан дойдуга ханна да суох. Уопсайынан, быдан былыр дьылларга Саха сиригэр аан бастаан ат миҥэлээх саха эр дьоно тиийэн кэлбиттэр...
Хаан тардар халыҥ аймах
Генетика көрдөрөрүнэн, саха төрдө букатын аҕыйах киһиттэн турар эбит. Ол ордук эр дьонунан эрэ утумнуур Y-хромосомаҕа көстөр. Оттон бу хромосома N1 C1 гаплогруппата (гаплогруппа диэн, судургутук эттэххэ, ДНК Y-хромосоматын өлүүскэтэ, биир кэрчигэ. Оттон Y-хромосома паарата суох буолан, хаан утума эр киһиттэн эр киһиэхэ эрэ бэриллэрин курдук -- кубулуйбат, туораттан дьайыыга бэриммэт, суураллан хаалбат) саха эр дьонун бука барыларыгар, ол эбэтэр 100-чэ %-гар баар. Аан дойдуга маннык көстүү биир даҕаны омукка суох. Атыннык эттэххэ, хотугу-соҕурууҥҥу, Бүлүү, илин эҥээрдээҕи сахалара бука барылара быдан былыр биир киһиттэн төрөөн-ууһаан тэнийбит дьоммут. Ону, бэл, генетик учуонайдар кытта сөҕөллөр.
Арай, биһиэхэ ханыылыы буолан баран, арыый даҕаны намыһах, 50-60-ча % араастаһыылаах (частоталаах) гаплогруппалаах финнэр, саамнар, балт омуктара бааллар. Ол омуктар былыргы биллэр-көстөр бэрэстэбиитэллэрэ: нуучча судаарыстыбатын төрүттээбит Рюрик уонна былыргы Литва кинээстэрэ. Судургутук эттэххэ, ол биһиги хаан уруу аймахтарбыт.
Эппитим курдук, саха эр дьоно бары биир эр киһиттэн төрөөн-үөскээн тахсыбыттар, бары биир геннээхтэр. Онон саха номохторугар “сахалар бары биир киһиттэн – Эллэй Боотуртан төрөөн-ууһаан тэнийбиттэрэ” дэнэрин генетика бигэргэтэр. Аны туран, биһиэнигэр ханыылыы 50-60 % араастаһыылаах, Скандинавияттан саҕалаан, Евразияны уҥуордаан, Саха сиригэр тиийэ тарҕанан олорор омуктар үгүстэрэ сэргэлээхтэр (коновязь). Гаплогруппа эмиэ ол курдук финнэр, саамнар, балтар олорор сирдэриттэн биһиэхэ тиийэ кэлэр. Бу эмиэ таабырын.
Бригитта Пакендорф диэн биир бастакынан саха омук төрдүн-ууһун молекула-генетика таһымынан үөрэппит ньиэмэс дуоктара суруйбута баар: “Сахаларга баар үрдүк частоталаах гаплогруппа хантан кэлбитэ -- таабырын”, --диэн.
Уопсайынан, этногеномика билигин тохтоло суох сайда турар. Онон ити мин үөһэ эппитим барыта “100 % бигэргэтиллибит чахчы, хайаан да оннук буолар” диэн бүтэһик туочуканы туруорбат. Билим сайдан, генетика саҥа суоллары тобулан истэҕин аайы, ити чахчылар ситэриллэн-хоторуллан, чопчуланан иһиэхтэрэ. Уопсай хартыына толору буоларын наадатыгар генетиктэр, историктар, тыл үөрэхтээхтэрэ, энтографтар, археологтар бары бииргэ кыттыһан үлэлиэхтээхтэр.
Хаан суураллыбат
“Сэргэ: мегалит народа Саха” кинигэбэр аҥаардас молекула-генетика ырытыыларын, түмүктэрин эрэ буолбакка, историктар, тыл үөрэхтээхтэрин, этнографтар, археологтар үлэлэрин эмиэ киллэрдим. Кинигэни нуучча уонна англия тылларынан суруйдум. Саха омугун уонна сирин-уотун туһунан аан дойду ааҕааччыта уопсай өйдөбүллээх буолуон баҕарабын. Биһиги устуоруйабыт – киһи аймах бүттүүн устуоруйатын сорҕото.
Киһи аймах тыһыынчанан сыллардаах улуу көһүүтүн санаан көрүҥ ээ. Сөҕүмэр дьыала. Биһиги төрүттэрбит Африкаттан көһөн, былыргы Анатолия сиригэр кэлэн, онно туспа итэҕэллээх, култууралаах омук, этнос быһыытынан сайдан, атахтарыгар туран, Кытайга Тарим намталыгар суолларын-иистэрин хаалларан, Тянь-Шань, Памир хайаларын уҥуордаан, улуу судаарыстыбалары төрүттээн, Алтаай сиригэр тиийэн кэлбиттэрэ.
Молекулярнай генетиктэр биһиэхэ саамай чугас омуктарынан монгуоллары, чукчалары, юкагирдары уо.д.а. буолбакка, ала-чуо тувалары, хакаастары уонна эбэҥкилэри ааҕаллар. Ол дакаастаммыт суол диэххэ сөп.
Эбэҥкилэри кытта сыһыаммытын генетик Бригитта Пакендорф эмиэ быһааран турар. Кини этэринэн, саха эр дьоно бары биир индоевропалыы хааннаах эбит буоллахтарына, дьахталларбыт кытайдарга, монгуолларга уонна эбэҥкилэргэ чугастар.
-Зоя Ивановна, оттон хаан, ген суураллан хаалбат дуо?
-Кырдьык, араас булкуһуу элбэх буоллаҕа. Ол эрээри, өссө төгүл тоһоҕолоон уонна анаан бэлиэтээн этэбин, аҕа уолугар, ол эбэтэр эр киһиттэн эр киһиэхэ бэриллибит Y-хромосома, хайдахтаах да булкуллуу-ытыллыы буолбутун иһин, суураллыбат. Холобур, саха эр киһитэ төһө даҕаны эбэҥки (нуучча, кытай) дьахтарын ойох ылбытын иһин, өскөтүн кини уолланна да, кини индоевропалыы Y-хромосомата уолун сыдьааннарынан бара турар (син биир ол тэҥэ, саха дьахтара ханнык эрэ туора омук киһититтэн уолланнаҕына, ол уолун генэ сахалыы буолбат).
Өссө биир дьикти суол баар. Б.Пакендорф сахалар геннэрин чинчийэн баран “саха дьахтара хаһан даҕаны атын омук киһитигэр эргэ тахсыбат эбит” диэн түмүккэ кэлбитэ. Ол этии төһө олохтооҕун билбит суох эрээри, кини хайаан даҕаны бэрт элбэх генетическай анаалыс түмүгэр олоҕуран инньэ диэбитэ буолуо дии саныыбын.
Уопсайынан, кэнэҕэски өттүгэр генетика сайдыыта киһи аймах саамай кырдьыктаах устуоруйатын хайаан да арыйыа, барытын сааһылаан биэриэ диэн эрэнэбин. Биллэрин курдук, билигин устуоруйаны кыайбыт дьон суруйаллар. Ол түмүгэр, кыралар-кыайтарбыттар кырдьыктара туора сотуллуон, суох -- баар оҥоһуллуон, кыра -- улаатыан, улахан -- кыччыан сөп.
Мин саныахпар, ханнык баҕарар устуоруйаҕа саамай тиһэх туочуканы дьиҥнээх билим: устуоруйа, тыл үөрэҕэ (лингвистика), этнография уонна генетика -- туруораллар.
Ырытыылар
#1 Мэхээс 05.11.2013 21:39
Кырдьык, ол-бу азердарга, татаардарга, киргизтэргэ эҥин тардыһан кэлтэйдии аймахтаһа сатыыбыт да ол дьон ону оччо ылыныах быһыылара биллибэт, менталитеттара да тосту атын. Олох атын хааннаах биистэр. Хата Үрүҥ ААР Тойон таҥаралаах, ААР лууп мастаах, ААР баҕах сэргэлээх ААР-саарга аатырбыт ААР омук ААРЫЙДАР буолуохпутун сөп эбит.
| Хоруйдаа
#2 вау 06.11.2013 05:03
Саха диэн омук суох этэ, "Саха сирэ", диэн ааттыыр сирбитигэр Чингис Хаантан куотан кэлэн баран Сахаларбыт диэммиппит, олохтоох эбээннэргэ. Сирэйбитин, да ылан коруц, сорох ма5ан, сорох хара, сорох арацас, сорох сирэй тогурук, сорох сирэй ньолбо5ор. Саха "омукка" элбэх хаан баар, ол и4ин суор тураах курдук сылдьабыт
| Хоруйдаа
#3 тимирхан 06.11.2013 19:07
Саха Дархана улууьун эрэ ере тутуо5унаа5ар Бу аныгы сайдыылаах технология уйэтигэр Генетическай чинчийиилэргэ угуеру уп угуо этэ) Чинчийэр институт тэрийэн) Араас ыарыыбыт да элбэх: энцефалит, мэнэрийии, хаан, тымыр да ыарыылар( олус кемелеех буолуо этэ))Чыныс хаантан куотуу диэн сымыйа((( дирин итэ5эллээх омук атын миссияны толоро кэлбит буолуохтаахпыт) ЧХан гробницатын кердееьуннэ эмиэ угуеру убу керуе этэ)Ол кестере буоллар ессе тегул этэбин: Биьиги Куммут тахсыа этэ))
| Хоруйдаа
#4 Мария 06.11.2013 19:08
Ол иһин былыргы гректэр тутууларыгар балаҕаннарбыт,х отоннорбут, сэргэлэрбит майгынныыллар эбит. Остуолба тутуулар буоллаҕа.Итэҕэлбит майгынныыр өрүттэрэ эмиэ баар. Фаллическай символикабыт эмиэ майгынныыр. Былыргы киһи уҥуохтарын көрөөрүҥ эрэ. Ханна дьахтар, ханна эр киһи сытара биллэр. Онтубут аны абааһыттан көмүскүүр эбит. Былыр Помпея вулкана эстиэн иннинэ оннук символларынан көмүскэнэ сатыыллар эбит. Хокуоска биэрии ону кытта эмиэ ситимнээх эбит.
| Хоруйдаа
#5 platona 06.11.2013 20:30
дьэ кырдьык эбит
| Хоруйдаа
#6 туур 06.11.2013 21:44
а5ыйах сылла5ыта генетическай чинчийиини Саха сиригэр ыытан испиттэрэ дии, онтукабыт ханна тиийдэ, кистээтилэр дуу?
|
Category: Саха |
Views: 117 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 4 Ыалдьыттар (гостей): 4 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|