Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [225]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [379]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [100]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [240]
Тюрки [76]
Саха [155]
литература [42]
здоровье [466]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2024 » Ахсынньы » 30 » Сэбиэскэй былаас саҕана «сахатытыы» бэлиитикэтэ.
Сэбиэскэй былаас саҕана «сахатытыы» бэлиитикэтэ.
05:54
Сэбиэскэй былаас саҕана «сахатытыы» бэлиитикэтэ.
Таҥ Бүө
Өссө 1917 с. «Саха сирэ» общество көҕүлээһининэн аан дойдутааҕы фонетическай латинскай транскрипцията ылыллыбыта, Саха тылыгар Саха лингвиһинэн, 1923 с. Ленинградтааҕы Илиҥҥи тыллар институтун сахалартан бастакынан бүтэрбит Семен Андреевич Новгородов буолбута.

1917 с. балаҕан ыйыгар Дьокуускайга бэчээттэммит 4000 экземплярынан «Сахалыы сурук-бичик» диэн саха алфавитын бастакы үөрэҕин пособиета тахсан уобалас оскуолаларыгар төрөөбүт тылы үөрэтиини саҕалаабыттара. Холобура, Бүлүү уокуругар саха тылын энтузиаст учууталларын көҕүлээһининэн начальнай оскуола бары кылаастарыгар киллэриллибитэ. Дьокуускайга учительскай семинарияҕа уонна «Саха аймах» культурнай-сырдатар обществоҕа грамотанан дьарыктаммыттара. Саҥа буукубаары үөрэтии Дьокуускай уонна Өлүөхүмэ уокуруктарын оскуолаларыгар саҕаламмыта.

Саха өрөспүүбүлүкэтэ аптаныамыйа ылыныаҕыттан, Бырабыытылыстыбатын политическай үлэтин биир сүрүн боппуруоһунан былаас органнарын сахатытыы буолбута.

XX үйэ 20-с сылларыттан саҕалаан араас докумуоннарга саха култууратын сайдыытыгар сыһыаран «сахатытыы» диэн термини киэҥник туһанан киирэн бартара. Сахатытыы бэлиитикэтэ Саха тылын уонна культуратын чөлүгэр түһэриигэ, киин уонна олохтоох былааһы нэһилиэнньэҕэ чугаһытыыга, национальнай кадрдары үүннэриигэ, сэбиэскэй аппарааты төрүт олохтоох нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын, кыһалҕаларын дириҥник билиитигэр сүҥкэн оруоллааҕа.

Саха норуотун биир биллэр судаарыстыбаннай деятеля М.К. Аммосов, сахатытыыны уонна норуоттар национальнай культураларын сайдыытын –Саха сирин национальнастарын тэҥ бырааптаныытыгар сабыдыаллаах бэлиитикэтин быһыытынан сыаналаабыта. Онуоха, национальнай боппуруос региоҥҥа быһаарыллыытын – сахатытыыны кытта, оттон сахатытыы бэлиитикэтин түмүктээһинин – дойду бары норуоттарын национальнай культураларын сайдыытын кытта сибээстиирэ.

Оттон, «коренизация», ол, эбэтэр, олохсутуу диэн термини ылан көрөр эбит буоллахха, Саха сирин нэһилиэнньэтин араас тылларын, ол иһигэр саха тылын культууралара сайдыытын кэмин кытта силбиир тоҕоостоох.

Дьэ, ити сахатытыы бэлиитикэтэ олоххо киириитэ туох-ханнык хардыылартан саҕаламмытын бэлиэтээн ылыахха.

Биллэрин курдук, сахатытыыны киллэрии, саха тылын норуот үөрэҕириитин өттүнэн сайыннарбакка эрэ сылдьан оҥоһуллара бэрт күчүмэҕэй этэ. Ол иһин, 1920 с. Саха сиринээҕи норуодунай үөрэхтээһинин губернскай отдела (ЯкутгубОНО) «Үөрэх кыһаларыгар саха тыллаах оҕолор бастакы бөлөхтөрүгэр төрөөбүт тылларынан үөрэтиини киллэрэр туһунан» уурааҕы бэчээттэппитэ бэрт дьоһуннаах түгэн буолта. Бастакынан сахалыы тылынан үөрэтэр учебнай былааны Бүлүү уокуругун учууталлара киллэрбиттэрэ.

Национальнай сурук-бичик сайдыытыгар боччумнаах суолталааҕынан С.Н. Донской-II, кэккэ кыһалҕалары туруорбут үлэлэрэ буолаллар. «Бүлүү уезднай норуот үөрэҕириитин отделын үлэтин 1920-с сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн - алтынньы 20 күнүгэр диэри отчуотугар» автор суруйбута: «Бүлүү уеһыгар ордук сахалар олороллор, ол иһин оскуола үлэтэ ордук кинилэр ыккардыларыгар оҥоһуллар». Кини этэринэн, саха тылын үөрэтэргэ саха тылыгар учебниктары уонна үөрэх пособиеларын таһаарыы күүһүрүөн наада эбит. Салгыы этэр эбит буоллахха, 1922 с. Дьокуускайга 3300 экземплярынан Семен Новгородов «Бастааҥҥы сурук-бичик» диэн кинигэтэ бэчээттэммитэ. Бу буукубаарга ааҕарга аналлаах матырыйааллар киллэриллибиттэрэ: кылгас кэпсээннэр, остуоруйалар, хоһооннор, ырыалар. Эмиэ ити сыл Саха АССР Народнай Комиссардарын Сэбиэтин уурааҕынан республика оскуолаларыгар саха тыла киллэриллибитэ.

1923 с. Новгородов көҕүлээһининэн, төһө да араас олбу улахан ыарахаттар баалларын үрдүнэн – экэниэмикэ урусхала, сыана үрдээһинэ, гиперинфляция уо.д.а. буолтарын иһин, Петроградка саҥа сахалыы шрифтэр кутуллан оҥоһуллубуттара.

Бу кэмҥэ Петроградка 5000 экземплярынан «Сурук-бичик» диэн үһүс сахалыы буукубар уонна «Ааҕар кинигэ» диэн хрестоматия тахсыбыттара. Манна А.Е. Кулаковскай, Анемподист Иванович Софронов хоһоонноро, олоҥхоттон быһа тардыылар, остуоруйалар, таабырыннар бааллара. Кыра очеркалар оҕолору тулалыыр эйгэни кытта билсиһиннэрэллэрэ.

Ити курдук, былаастар сахатытыыга бастакы олугу уурбуттара.

Үөрэх тэрилтэлэригэр саха тылын үөрэтиигэ бастакы дьарык саҕаламмыта. Бүлүү, Дьокуускай уонна Өлүөхүмэ уокуруктарыгар начальнай оскуолалар бары кылаастарыгар киллэриллибитэ. Уобаластааҕы земскэй самоуправление кэмигэр саха тыла сорох оскуолаларга эксперимент эрэ быһыытынан үөрэтиллибитэ.

Ити сахатытыыга бастакы холонуу, үөрэх кыһаларыттан уонна тэрилтэлэриттэн саҕалааһыннара этэ. Оттон, автономияны ылыммыппыт кэннэ үлэ ханнык халыыбынан ордук барбытын, үөрэҕирии өттүнэн үлэ өссө эбии сайдыбытын аҕыннахха маннык.

Бастатан туран сахатытыы оскуолалартан икки үөрэҕирии тэрилтэлэриттэн саҕаланыахтааҕа, тоҕо диэтэргит, саҥа олоҕу тутааччылар, саҥа үүнэр көлүөнэ үксүлэрэ ити эйгэҕэ бааллара.

Биллэрин курдук, 1922 с. муус устар 27 күнүттэн Саха автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтэ үөскээн, государственнай былаас уонна салайыы органнара тэриллибиттэрэ. Норуот комиссардарын Сэбиэтигэр 11 норуот комиссариата уонна управлениелар, ол иһигэр Наркомпрос киирбиттэрэ этэ. Үөрэх бастакы комиссарынан С.Н. Донской-II анаммыта.

1922 сыл атырдьах ыйын 12 күнүгэр улахан суолталаах докумуон тахсыбыта – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Норуот Хамыһаардарын Кэмитиэтин өрөспүүбүлүкэ бары оскуолаларыгар уонна үөрэҕирии тэрилтэлэригэр саха тылын киллэрии туһунан уурааҕа. Ити уураахха олоҕуран, I ступеннаах оскуолаларга 2-с кылаастан, оттон II ступеннаахтарга бары кылаастарга саха тылынан саҥарар өттүгэр киллэрбиттэрэ, оттон педагогическай техникумҥа, фельдшерскэй уонна тыа хаһаайыстыбатын оскуолаларыгар омугуттан уратыта суох үөрэтэллэригэр предмет быһыытынан киллэриллибитэ. Маны таһынан үөрэх народнай комиссариатын уонна оскуолалар икки ардыларыгар официальнай өттүнэн сахалыы кэпсэтии-суруйсуу сыыйа-баайа киирэригэр дьулуһууну олохтуур сабаҕаланара.

Саха сиригэр автономияны киллэрии, гражданскай сэрии усулуобуйатыгар буолбут буолан, кыраайга норуот үөрэҕириитин сайыннарыытыгар улахан мэһэйдэри үөскэппитин бэлиэтиэхтээхпит. Ол иһин, саха тылын бары оскуолаларга уонна үөрэх комиссариатын органнарыгар киллэрии туһунан уураах ураты суолталаммыта, региоҥҥа саха тыла сайдыытын бөҕөргөтөрө.
1922 с. алтынньы 22 күнүгэр буолбут Дьокуускай куорат үөрэҕириитин үлэһиттэрин кэмпириэнсийэтигэр «Саха АССР Наркомпроһун үлэтин туһунан» С.Н. Донской-II дакылаат оҥорто. Онно, кини саха тылын үөрэтиини булгуччулаах үөрэтиигэ кубулутар уонна национальнай оскуоланы тэрийэр туһунан эппитэ, «для якутов изучение своего языка обязательно» диэн ураты суолтаны биэрбитэ.

Бу этиллибит докумуоҥҥа С.Н. Донской-II Саха сиригэр национальнай оскуола сайдыытын интэриэһин бигэргэппитэ уонна кыраайга үөрэх сайдыытын мөкү содулларын – оскуолалары алдьатыы, материальнай база мөлтөөһүнүн, учууталлар наадалаах ахсааннара суоҕун ахтыбыта.

Оруобуна бу кэмҥэ, саха тылынан үөрэх программатын оҥорор хамыыһыйа үлэтин-хамнаһын түмүктээбитэ; иккис сахалыы буквары уонна разрезной саха азбукатын таһаарыы эмиэ ситэриллибитэ.

1922 сыл ахсынньытыттан 1923 г. тохсунньутугар тиийэ Бүтүн Арассыыйатааҕы Сэбиэттэрин I-кы Учредительнай сийиэһэ ыытыллыбыта. Саха сирин норуотун үөрэҕириитин сайыннарыыга кини резолюцията «Наркомпрос үлэтин-хамнаһын туһунан» резолюцията этэ. Съезд үлэтин түмүгүнэн: национальнай культураны өрө көтөҕөр сыалтан республика үөрэҕин Комиссариатын Саха сиригэр үөрэх үлэһиттэрин командировкалыыр; оскуолалар үөрэтэр-материальнай базаларын тупсарар; ордук тыа сирин педагогтарыгар быстах кэмнээх төлөбүрү олохтуур; оскуолаларга төлөбүрдээх үөрэх туһунан боппуруоһу уһулар уо.д.а. быһаарыныылары ылыммыта.

1923 г. муус устарыгар Москваҕа РКП(б) ХІІ съеһэ буолбута. Мустубут дьон И.В. Сталин дакылаатын «партийнай уонна государственнай тутууга национальнай түгэннэр" туһунан истибиттэрэ. Сталин дакылаатын дьүүллэһии уопсай түмүктэринэн уонна, съезд кыттыылаахтарын тыл этиилэринэн сирдэтэн «национальнай боппуруоска» резолюция ылылыбыта. Съезкэ элбэх национальностаах судаарыстыбаны тэрийэр чопчу хардыылар оҥоһуллубуттара. Онуоха ураты болҕомто регионнарга ууруллубута. Партия национальнай программата «босхолонуу» курдук квалификацияламмыта, олохтоох нэһилиэнньэ туруорсуута уонна Советскай былааһы бөҕөргөтүүгэ оруола бэлиэтэммитэ; ол быһыытынан норуоттар культураларын уонна хаһаайыстыбаларын өрө көтөҕүү ааттаммыта. Съезд сүрүн болҕомтотун регионнарга төрөөбүт тылы киэҥник туһаныы, олохтоох нэһилиэнньэ бэрэстэбиитэллэрин таһымыгар туруорсуу, партия салалтатын уонна хонтуруолун олохтооһун туһунан боппуруоска уурбута.

Ол сыл бэс ыйын 9-12 күннэригэр хомуньуустар Киин Кэмитиэттэрин IV мунньаҕа национальнай республикалар уонна уобаластар эппиэттээх үлэһиттэрин кытта ыытыллыбыта. Мунньахха национальнай боппуруоска партия ХІІ съеһин уурааҕынан олохтоох нэһилиэнньэни партийнай, профессиональнай уонна сэбиэскэй былааһы бөҕөргөтүүгэ үлэ элеменнэрин тардыыга практическай дьаһаллар программалара оҥоһуллубуттара; сыыйа-баайа олохтоох нэһилиэнньэ тылыгар-өһүгэр уонна эппиэттээх үлэһиттэринэн саха тылын туһаныы; олохтоох нэһилиэнньэ кулууптарын уонна атын культурнай-сырдатар тэрилтэлэр үлэлэрин тэрийии; үөрэх тэрилтэлэрин ситимин кэҥэтии; олохтоох төрүт омуктар учууталларын үлэҕэ тардыы; үөрэҕи тарҕатыыга, кинигэ кыһатын, издательство дьыалатын тэрийии; республикатааҕы уонна уобаластар үбүлээһиннэринэн анал фонда тэриллиитэ уо д.а.


1923 с. кулун тутар 10 күнүгэр Саха сирин Киин Ситэриилээх Кэмитиэтин Президиума улуус тэрилтэлэрин, Саха сирин гражданнарыгар сахалыы тылынан официальнай сыһыаны олохтообута.

1924 с. олунньу 18 күнүнээҕи уурааҕынан сахалыы транскрипцияны уонна тылы научнай-чинчийэр сыаллаах сахалыы сурук-бичик Сэбиэтэ тэриллибитэ.
Эмиэ бу дьыл кулун тутар 30 күнүгэр Саха сирин Киин Ситэриилээх Кэмитиэтин иккис ыҥырыылаах сессията, нэһилиэнньэ ортотугар үөрэҕэ суох буолуутун суох оҥоруу туһунан дакылааты истэн, 18-тан – 35-гэр диэри саастаах 1932 с. диэри төрөөбүт оҕолору үөрэтэр уонна справочнай литературанан хааччыйарт туһунан быһаарыныы ылта. Оттон муус устар 11 күнүгэр, Саха сирин Киин Ситэриилээх Кэмитиэтин иккис ыҥырыылаах 3-с сессиятын кыттыылаахтара Саха сиригэр үөрэҕэ суох буолууну суох оҥоруу туһунан ыҥырыылаах дойду нэһилиэнньэтигэр эргиллибиттэрэ. Автордар «норуот үөрэҕириитэ туругурдун» диэн суруйбуттар.

Бу дьыл муус устарыгар Москваҕа Бүтүн Арассыайатааҕы Киин Ситэриилээх Кэмитиэт Президиума олохтоох тыллары автономнай республикаларга уонна уобаластарга киллэрии туһунан уурааҕы ылыммыта. Докумуон быһыытынан, «бастакы уочараттаах» олохтоох үлэһиттэри бэлэмнээһин уонна анал курстары тэрийии, практиканнары хомуйуу соруга быһаарыллыбыта. Дьыалабыай сыһыаннаһыыларга олохтоох тылларга көһүү, наадалаах матырыйааллары тылбаастааһынтан саҕалаан «параллельнай делопроизводствоны» туһаныынан нэһилиэнньэ киэҥ араҥатын хабар наадатын учуоттааһын киирбитэ.

1924 сыл балаҕан ыйыгар Дьокуускайга иккис ыҥырыылаах Саха сирин Киин Ситэриилээх Кэмитиэтин төрдүс сессията үлэтин саҕалаабыта. Сүрүн боппуруоһунан «автономнай республикаларга уонна уобаластарга олохтоох тыллары киллэрии туһунан» Бүтүн Арассыайатааҕы Киин Ситэриилээх Кэмитиэт Президиумун уурааҕын дьүүллэһии буолта. Үөрэҕирии, доруобуйа харастыла уонна социальнайц сайдыы хамыһаарын Алексей Федотович Бояров дакылаатын истэн бараннар уураах ылыммыттара: өрөспүүбүлүкэҕэ нуучча тылын билбэт нэһилиэнньэ 95% үлэлиирин быһыытынан, 1925 с. ыам ыйын 1 күнүттэн саха тылыгар олоччу көһөргө, оттон нууччалыы киини кытта сурутуу ыытарга эрэ.

Сахатытыы болдьоҕо эмиэ ааттаммыта: Саха тылын государственнай органнара олунньу 1 кунугэр диэри улэлиэхтээхтэрэ; Саха үөрэҕэ суох буолуутун суох оҥоруу оскуолаларыгар 4 ыйы биэрэллэрэ; сахатытыы ороскуотун Кинн былаастар уйунуохтаахтара.

1924 с. былаһын тухары нууччалыы суруйар, ол эрээри сахалыы саҥарар сахалыы тылга грамотнайа суох сулууспалаахтары суох оҥоһуллуохтааҕа, ол, эбэтэр, үөрэтиллиэхтээҕэ. Ону таһынан сахатытыыны ыытааһыны анал боломуочунайдар, бэрэбиэркэлиир хамыыһыйалар уонна тэрилтэлэр салайааччыларын хонтуруоллааһыныгар киллэрэр туһунан быһаарыныы ылыныллыбыта. Сахалыы тылы билбэт буолууну суох оҥорор оскуолаларга «максимальнай» программалары ырытан оҥоруу, тылбаастааһыҥҥа үлэһиттэри бэлэмниир аппараты, бэлэмниир пууннары уонна курстары тэрийии көрүллүбүтэ. Ыксаллаах быһыы-майгы үөскээбитинэн сибээстээн, «бары тылбаас матырыйаалларын» тиһигин быспакка таһаарыы, сурунааллары сахалыы тылынан таһаарыыга субсидиялааһын, саха тылын учууталларыгар анал төлөбүр; сахалыы тылынан суруйууга көһүүгэ наадалаах үп-харчы көрүллүүтэ; сахатытыыны кыайан ааспатахтары үлэлэриттэн уһулуу киириэхтээхтэрэ. Бары тэрилтэлэргэ техническэй средстволары (сахалыы шрифтээх суруйар массыыналары), сахалыы шрифтээх типография дьыалатын сөптөөх таһымҥа туруоруу; тэрилтэлэри сахатытыы, схалыы тылы билбэт буолууну суох оҥоруу, саха тылын уөрэтиитигэр саха интеллигенциятын уонна учууталарын кыттыһыннарыы, саха тылын дойду культурнай өттүнэн сайдыытын биир сүрүн хайысхатынан буоларын билинии киллэриллибиттэрэ.
Тэрилтэлэри сахатытыы туһунан, сахатытыы идеяларын нэһилиэнньэ ортотугар пропагандалыырга, тарҕатарга, сахалыы тылынан улахан официальнай докумуоннары (аактары, уураахтары) таһаарарга уураахтаабыттара.

Саха Сирин Бүтүн Сэбиэттэрин III сийиэһэ 1924 сыллаахха партийно-советскай тэрилтэлэри сахатытыытыгар ыытыллар бырабыытылыстыба бэлиитикжэтин өйүүрүн биллэрбитэ.

1925 с. тохсунньу 25 күнүгэр  Саха сирин Киин Ситэриилээх Кэмитиэтин Президиума өрөспүүбүлүкэ бырабыытылыстабын, Наркоматтары, сэбиэскэй, кооперативнай тэрилтэлэри уонна тэрилтэ аппараатын 1926 с. кулун тутар 1 күнүттэн делопроизводстваны нуучаалыы уонна сахалыы ыытылларын туһунан уураахтаабыта. Итини барытын Рабочай-бааһынай инспекция наркомата икки Норуот үлэтин наркомата оҥоруохтаахтара.

Саха тылын билбэт дьону Саха сирин Киин Ситэриилээх Кэмитиэтин Президиумун эрэ чиэрэс үлэҕэ ылалларын ситиспиттэрэ.

Дьокуускай, Бүлүү, Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Булун, Өлүөхүмэ уокуруктарыгар делопроизводстваны судаарыстыбаннай тэрилтэлэргэ сахалыы ыытыллыахтааҕа. Нуучча сэлиэнньэлэрэ сахалыы тыллаах делопроизводстваҕа көһүүлэрин көҥүл оҥорбуттара, «на работу следует принимать тех, кто знает якутский язык, а переписку с центральными учреждениями вести на русском языке» диэн тоһоҕолоон этиллибитэ этэ.

Сахатытыы бэлиитикэтин сайдыытын туһунан М.К. Аммосов 1926 сылга буолан ааспыт Саха Сирин Бүтүн Сэбиэттэрин IV сийиэһигэр ыйбыта.

1926 с. олунньу 9 күннүгэр Саха сирин Киин ситэриилээх кэмитиэтэ «О якутизации», ол, эбэтэр, сахатытыы туһунан уурааҕа тахсыбыта. Онно барыта чопчуламмыта, бигэргэтиллибитэ, туох баар тэрилтэлэр барылара нууччалыыттан ураты сахалыы тылынан делопроизводстваҕа көһүөхтээхтэрэ, буолас уонна сельскай уоспустубаларыгар олорооччу нуучаалар бэйэлэрэ икки тылтан талбыттарынан суруйсуохтарын сөбө.

Дьэ, бу мантан, элбэх үлэ түмүгүнэн сахатытыы бэлиитикэтэ ыытыллыбыта көстөр.

Корякин Петр Иванович
СӨ Национальнай архыыбын
туһаныыга отделын начальнига



Языковое строительство в Якутии проходило в весьма трудных условиях. Тем не менее работа про­водилась большая. Так, в феврале 1924 г. при ЯЦИК был учрежден Совет якутской письменности под председательством П.А. Ойунского. В марте 1929 г. новый унифицированный якутский алфавит был принят, он применялся в течение 10 лет до 1939 г. В целом функции якутского языка значительно расширились. Он стал языком государственных уч­реждений, обслуживал потребности общественно­политической и культурной жизни того времени. С 1923 г. начал выходить журнал «Кыым» («Искра»), впоследствии реорганизованный в областную пар­тийную газету, с 1924 г. – газета «Молодежь Севе­ра» («Хотугу ыччат»). С созданием в 1926 г. Якут­ского государственного издательства значительно увеличились количество и тираж изданий на якут­ском языке. В 1937 г. в Якутии печаталось четыре республиканских, восемь районных и четыре отрас­левых газеты (из них девять на якутском языке), а также два журнала с годовым тиражом 8014 тыс. экз. [История Якутской АССР, 1963, С. 190].

Первые шаги в создании письменности для наро­дов Севера были предприняты еще в середине 1920-х годов. В 1925 г. Я.П. Кошкин составил алфа­вит для тунгусского (эвенкийского) языка, по кото­рому обучали студентов в Ленинграде. После разра­ботки письменности стали создаваться буквари. Первый «Букварь для северных народностей», со­ставленный В.Г. Богоразом и С.В. Стебницким, вы­шел в свет в 1927 г. Однако первые алфавиты боль­шинства малочисленных народов были разработаны только в начале 1930-х годов. Положение осложня­лось тем, что в языках этих народов существовали значительные диалектные различия, часть из кото­рых сохраняется до сих пор. В результате литера­турные языки, создававшиеся с 1930-х годов на базе одного из диалектов, были непонятны носителям других диалектов...
 
Category: История, философия | Views: 117 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2024  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 11
Ыалдьыттар (гостей): 11
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2025