Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [225]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [379]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [102]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [240]
Тюрки [76]
Саха [155]
литература [42]
здоровье [467]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2025 » Тохсунньу » 10 » "Өбүгэ күнүн" туһунан.
"Өбүгэ күнүн" туһунан.
12:49
"Өбүгэ күнүн" туһунан.

Тохсунньу 7 күнүгэр социальнай ситимнэргэ "Тохсунньу 7 күнэ. Өбүгэ күнэ" диэн фотоколлаж Саха сирин үрдүнэн бүтүннүү тарҕанна. Сонумсахпыт да бэрт, статустарыгар туруора охсубуттар да аҕыйаҕа суохтар.
Тута этэбин, бу фотоколлажка киирбит кинигэ уонна уруһуй ааптара бу манна туох да сыһыаннара суох.
Сахаларга Өбүгэ күнэ диэн төрүкү суоҕа. Тохсунньу 7 күнэ - аан дойдуга билиниллибит Ороһооспо күнэ. Онуоха туох эрэ санааттан маннык саҥа күнү тарбахтан эмэн таһааран бүттүүн норуокка соҥноон тарҕатыы - күлүүгэ барар дьыала. Ким да туохха да наадыйбат кэмигэр норуот ыйыстан кэбиһиэ дии санаатахтара. Эһиилигэр эмиэ ыытыахтара, онтон устунан нуорма буолан хаалыахтааҕа...
Дьэ, ол эрээри, ис иһигэр киирдэххэ, бу күн мээнэҕэ соҥнонуллубат. Кэлиҥҥи кэмҥэ биһиэхэ монголлуу-бүрээттии үгэһинэн ойуун-удаҕан буолбуттар олус элбээтилэр, олорго Өбүгэ темата аһыыр-таҥнар суолталаммыта ыраатта. Хайаан да Өбүгэ ситимин оҥоттордоххуна эрэ киһи-хара буолуохтааҕыҥ курдук этэллэр... Бу күнү ким "айан таһаарбыта" кытта сэрэйиллэр, дьиҥинэн...
Айыы Үөрэҕинэн, саха киһитэ анаан-минээн Өбүгэлэргэ сүгүрүйбэт этэ. Кини Айыыларга уонна иччилэргэ сүгүрүйэрэ. Бу мээнэҕэ буолбатах. Ол саха өбүгэлэрин суолталаабатыттан, ытыктаабаттарыттан буолбатах. Саха итэҕэлэ бу таһымы ааһа сайдыбытын бэлиэтэ уонна өбүгэнэн олус үлүһүйүү сэрэхтээҕин быһыытынан бу туһунан билии сабыылааҕын туоһута. Онто да суох күннээҕи олоҕор-дьаһаҕар саха киһитэ куруутун Өбүгэлэрин ахтан-санаан сырыттаҕа. Саамай ытык тэрээһинин Ыһыаҕы төһө да Айыыларга анаатар, син-биир Өбүгэлэрин кытта алтыһар биир ытык түгэн быһыытынан эмиэ билинэрэ, өйдүүрэ.   
Сахаларга оннооҕор Өбүгэлэр мэҥэлэригэр сылдьыы суох. Арай күһүн, Улуу Суорун ордук чугаһыыр кэмигэр балаҕан ыйыгар Өбүгэлэрин өтөхтөрүгэр сылдьыан сөбө. Саха киһитигэр анал күнэ да суох Өбүгэлэрэ өрүү сүрэҕэр бааллар...

Бу тухары саха итэҕэлин түсчүттэрэ ким да тугу да саҥарбат. Тэрис барыаҕыттан Айыы үөрэҕэ түмсүү икки аҥыы арахсан баран күн бүгүҥҥүөхэ диэри өрүттэ илик.  Дабыл, Тэрис суруйан хаалларбыт нэһилиэстибэтин, төһө да барыта архыып докумуоннарыгар олоҕуран оҥоһуллубутун үрдүнэн таптаабытынан уларыппыта-тэлэриппитэ, тиэрэ эргиппитэ ыраатта, быйылгы Иэйэхсиппит сыла киниэхэ Одун сыла диэн үһү...
Туох санааттан бу маннык үлэни ыытарый? Ханна бааргытый, саха норуотун итэҕэлин түсчүттэрэ - Ухханнар, Тэрчилэр, Афанасий Федоровтар? Эһиги саҥата суох көҥүлгүтүнэн маннык "Өбүгэ күннэрэ", "Сүллүүкүн нууччалартан киирбитэ",  "Айыылар Таҥаралар буолбатахтар" уо.д.а. күлүүгэ барар сүөргү көстүүлэр баар буола туруохтара. Киһи сонньуйуох, "Өбүгэ күнүн" Итэҕэл Сүбэтэ диэн тэрилтэ дьоно бэйэлэрэ ыыталыы олороллор, ол аата истэриттэн тахсар...

Тулуйумуна-тэһийиминэ тууйуллубут, тохсунньу киэһэтигэр санаабын үллэһинним
С. Григорьев.
08.01.2025 сыл
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 116 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2025  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 5
Ыалдьыттар (гостей): 5
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2025