Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [225]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [379]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [102]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [240]
Тюрки [76]
Саха [155]
литература [42]
здоровье [467]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2025 » Тохсунньу » 10 » Аардар суолталара.
Аардар суолталара.
12:51
Аардар суолталара.

Үрүҥ Айыы Тойон таҥара атын аата Аар дэнэр. Анараа дойду, чараас эйгэ олоҕун быһаарар таҥара. Аар диэн улахан, бастакы диэн суолталаах.

Аары үс сирэйдээн ааттыыллар.
Өскөтүн, киһи олоҕун Айыы суолугар, Айыы халлааныгар сыһыарбыт эбит буоллаҕына, Анараа дойдуга, чуолаан Айыы дойдутугар, кини удьуор күүһүнэн (төрүкү айыы аналынан) илпит салгын кута, Айыы таҥара дэнэр буолар. Ол аата, ийэ кута Үрүҥ Айыы Тойоҥҥо төннөр.
Оттон, Үрүҥ Аар диэн, Айыы таҥара, ол, эбэтэр, Айыы дойдутугар уонна Үөһээ дойду атын хаттыгастарын халлааннарыгар тиксибит киһи салгын кутун бэрийэр таҥара аата.
Үрүҥ Аар диэн – кини харыйар Айыы таҥара диэн тыына мэлдьи ырааһын, сырдыгын бэлиэтэ. 1823 сыллаахха атырдьах ыйын 28 күнүнээҕи докумуоҥҥа сурулларынан "Юрюн ар, то есть Сын Божий" диэн, нуучча суруксута Иисус Христоска чугаһатан суруйбут. Онон, Орто дойдуттан барбыт тыын хос төннөн кэлиитин (төлкө буолуу дэнэр) көрөр-истэр таҥара Үрүҥ Аар диэн ааты сүкпүт, сахаларга.
Оннук тыын ахсааннаах, төлкө мээнэ төрөөбөт, суоҕун кэриэтэ буолар. Ол эрээри, маны, хайа баҕар киһи, муҥура суох айар-тутар күүһүн туһанан, аан маҥнайгыттан үтүө тосхоллоох аналын тобулан кыайыан син. Кыайбатаҕына, алын 62 халлааннарга хаалан олохсуйар, онтон тардыылаах куттары биэрэр буолар.
Ол да буоллар, биһи бары чыпчаал уһугар дьулуһуохтаахпыт, үтүө-мааны өбүгэбит үрдүкү дойдуларыгар тиийэрдии олохпутун олоруохтаахпыт.

Үрүҥ Аар Тойон диэн Иччи таҥараны бэрийэр таҥара аата буолар. Иччи таҥара диэн киһи салгын кутун, тыынньа күүһүнэн (аналын тосхолунан) иччилэри кытта ситимнээн Орто дойдуга хаалан сылдьарын этэллэр. Салгын кута туох эмит эттиккэ иҥэн, ордук үүнэр-ууһуур окко-маска хорҕойон олохсуйан хаалар буолар. Ийэ кута үөһээ барымына сирдээҕитигэр хаалар, оннооҕор, кэмиттэн-кэмигэр буор кута хомуллан араас ол бу дьүһүннэнэн көстүөн, тыас таһаарыан, салгыны хамсатыан син. Бу, Үрүҥ Аардааҕар намыһах турар таһым.  

Аар Тойон диэн Мэҥэ таҥараны бэрийэр таҥара аата. Аан дойду хараҥа өттүгэр, урукку кэмнэрин диэки туһаайыылаах. Киһи тыына быһыннаҕына Анараа дойдуга киирэн кини дьүүлүгэр тиксэр. Мэҥэ таҥара быһаарыытынан, Аар Тойон уһук ыйааҕынан Үөһээ дойдуга көтүтүөхтэрин, Орто дойдуга хаалларыахтарын, биитэр Аллараа дойдуга утаарыахтарын син буолар (ол дойду эмиэ хаттыгастардаах, Үөдэн түгэҕэ онно баар). Эбэтэр, туох да кэлбэт-төннүбэт дойдутугар – Дьабыҥҥа ыыталлар.
Views: 116 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2025  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 1
Ыалдьыттар (гостей): 1
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2025