Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [225]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [379]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [102]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [240]
Тюрки [76]
Саха [155]
литература [42]
здоровье [467]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2025 » Тохсунньу » 10 » МАНЧААРЫ ОЛОҤХОТО
МАНЧААРЫ ОЛОҤХОТО
12:57
МАНЧААРЫ ОЛОҤХОТО

Хас даҕаны сыллаҕыта Дьокуускай куоракка Арчы дьиэтэ духуобунас киинигэр Олоҥхо күннэригэр аналлаах тэрээһин буолбута. Ол тэрээһиҥҥэ, Манчаарынан дьарыктана сылдьан кини чугас табаарыһа Силип Булуукалыын олоҥхоһоллорун туһунан аахпыппын өйдөөн, ити тэрээһиҥҥэ баар олоҥхонон дьарыктанар бэрэпиэссэр Василий Илларионов, Мэҥэ Хаҥалас олоҥхоһута Петр Тихонов уонна олоҥхоһут Валентин Исаков ол олоҥхолоруттан билигин биир эмэ олоҥхо тиийэн кэлбитин билэллэрэ буолуо диэн ыйыппытым даҕаны, сөптөөх хоруй ылбатаҕым. Манчаары Булуукалыын, сүрэхтэммит аатынан Филипп Порядин диэн Суола Мооругар олохтоох киһилиин доҕордууларын уонна олоҥхолуулларын туһунан Иннокентий Сосин 2012 с. таһаарбыт «Суон сурахтаах Суола үрэх» кинигэтин иккис чааһыгар 1995 с. тохсунньу 25 күнүгэр Манчаары Баһылайга аналлаах «Бар дьонум хоһоон-ырыа гыныа» диэн Майаҕа буолбут научно-практическай кэмпириэнсийэҕэ Петр Дмитриев-Туутук тыл этиитигэр олоҕуран суруйбут. Интернет ситимигэр Бикипиэдийэҕэ манныгы булан ааҕыахха сөп: «Сохранилась информация, что Манчаары также исполнял олонхо, то есть был олонхосутом или сказителем. По устным данным среди исполняемых Василием Фёдоровым олонхо были «Күн Эрили», «Улдьаа Боотур», «Кыыс Дьурайа Куо», «Бэриэт Бэргэн», «Оҕo Ньургун», «Алаатыыр Ала Туйгун».

Итини бигэртэрдии Манчаарыны дириҥник үөрэппит уонна кини ыллаабыт ырыаларын мунньан 1995 с. «Ырыалар-тойуктар» диэн кинигэни таһаарбыт наука хандьытаата Гаврил Попов төрөппүт уола, билигин хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар уонна гуматинарнай чинчийии институтун научнай үлэһитэ Владимир Попов 2023 с. сэтинньи 3 күнүгэр «Якутск вечерный» хаһыакка таһаарбыт «В поисках головы Василия Манчаары» ыстатыйатыгар Манчаары толорбут олоҥхолорунан манныктары ыйар: «Күн Эрили», «Кыыс Дурайа Куо», «Оҕо Ньургун». Аны «Чолбон» сурунаал 2024 сыллааҕы 1 нүөмэригэр Мэҥэ Хаҥалас Харатыттан төрүттээх аатырбыт олоҥхоһут, ырыаһыт Николай Иванович Степанов-Ноорой сиэнэ Ольга Степанова «Манчаары Баһылай олоҥхоһут Ноорой номохторугар» диэн ыстатыйата таҕыста. Онно суруллубутуттан көрдөххө, Ноорой фольклорист-учуонай П.Н. Дмитриевкэ 1967 сыллаахха үбүлүөйдээх ыһыах тэрийэр сорудаҕынан тахса сырыттаҕына, Арыылаах алааска баараҕай мас күрүөтүн аттыгар кэпсээбит. Онно Манчаары хорсун-ходуот эрэ буолбатаҕын, кини сытыы тыллаах-өстөөх, бэргэн тылынан-өһүнэн дьону тута-бааччы туттан салыннартыыр эбитин, биһи эргин чээчэйиллэн тарҕаммыт «Эр Соҕотох», «Бэриэт Бэргэн», «Оҕо Ньургун», «Дьырайа Куо», «Күн Куо» олоҥхолору үс киэһээни быһа олоҥхолуура үһү диэн кэпсээбит. 2012 сылга Ньурба улууһа «Күөх Ньурба олоҥхото» диэн үс «Хорула Боотур», «Оҕо Дьулаах», «Уол Эр Соҕотох» олоҥхолортон турар хомуурунньугу «Бичик» кинигэ кыһатыгар таһаарбыта.

Бу хомуурунньугу 2012 сылга буолбут «Ньурба күһүнэ» тэрээһиҥҥэ кэргэним Светлана Кирилловна Аржакова суруйталаабыт «Якутия удивительная и загадочная», «Иллюстрированный атлас Республики Якутии» кинигэлэрин улуус бибилэтиэкэтигэр бэлэхтээбиппэр утары бэлэх ууммуттара. «Чолбон» сурунаалга Ноорой Манчаары олоҥхолорун туһунан ыстатыйаны ааҕан баран Ньурбалар таһаарбыт «Уол Эр Соҕотох» олоҥхолорун кытта билистим. Кинигэ киириитигэр В.В. Илларионов уонна Е.С. Сидоров суруйууларыттан көстөрүнэн, «Уол Эр Соҕотох» уонна «Эр Соҕотох» биир олоҥхолор. «Уол Эр Соҕотох» олоҥхону Николай Григорьевич Тагров диэн Ньурба 1-кы Бордоҥ нэһилиэгин олоҥхоһута толоруутун Дьокуускайдааҕы научнай киин архыыбыттан П.Е. Ефремов уонна М.С. Александров илиинэн суруйбуттарыттан бэчээккэ бэлэмнээн таһаарбыттар. Олоҥхо ис хоһооно маннык: олоҥхоҕо аҕыс уонун туолбут Хоруолаах Төҥүргэс ийэлээх омуннаах-төлөннөөх Уол Эр Соҕотох бухатыыр киһи туһунан хоһуйуллар. Бу киһи ийэтэ «сааһыҥ да ыраатта, мин өлүөм иннинэ ойохто булун» диэбитигэр уола төттөрү этэр. Онуоха ийэтэ хайдах угаайылаан уолун ойохтуоҕун толкуйдаан «аллараа дойду абааһытын уолун Таас Лоппуна бухатыыры миэхэ аҕалан кулу» диэн соруйар. Уол Эр Соҕотох ол бухатыыры көрдүү айанныыр. Аара баран истэҕинэ оонньоон, оһуохайдаан көрүлүү сылдьааччылартан Сыркыстаан Куо дьахтар ыҥырбытын, сорудахха баран иһэбин диэн туора садьыйбытыгар ойоҕосторун тоһуттаран, бырааттарын Үрүҥ Уолан бухатыыры уонна Сырдык Чочубуойу түүнүктээх түрмэҕэ уктара ыҥырар.

Олору, айан киһитигэр мэһэй-таһай буолумаҥ диэн баран туора садьыйталаан, Буор Молдьоҕоно диэн Таас Лоппуйа дойдутугар тиийэн кэлэр. Абааһы уолун охсуһууга кыайан Байҕал эбэ хотуҥҥа тимирдэригэр Таас Топпуйа Уот Кудулу байҕал иччитин Эҕилдьи Куо удаҕаны көмөҕө ыҥырар. Уол Эр Соҕотох удаҕан дүҥүрүн илиилэри дьөлө ыппытыгар удаҕан Уот Кудулу байҕал түгэҕин диэки түһэ турбут. Өстөөхтөрүн кыайталаан баран дойдутун көрдөөн мунар-тэнэр моһоллордоох суола ойууланар. Ууга күлүгүн көрүнэн баран кырдьыбытын билинэр, бачча тухары соҕотох сылдьыбыт олоҕун муҥатыйан баран хоонньоһор ойох көрдүү хаһан эрэ көрбүт дьахтарын диэки айанныыр уонна онно тиийэн эр-ойох буолан олохсуйар. Олоҥхо хоһуйуллар кэмэ, сирэ-уота, тыла-өһө, Уол Эр Соҕотох мүччүргэннээх сырыылара уонна олорон ааспыт олоҕун туһунан муҥатыйыыта, итиэннэ кырдьан баран олоҕун оҥостунуута тоҕо эрэ бу олоҥхону Манчаары Баһылай бэйэтин олоҕун хоһуйан айбыт быһыылаах диэн санааны үөскэтэр. Өскөтүн олоҥхолорго сирдэрин-уоттарын өйтөн оҥорон көрөн ойуулаан хоһуйар буоллахтарына, бу олоҥхо сирдэрин-уоттарын ойуулааһына түҥ былыргы буолбатах, XVIII—XIX үйэтинээҕи Саха сирэ ойууланар.

Ол курдук сиргэ биэдэмэс, дуогабар баара сирдэри ойуулууругар хаста даҕаны ахтыллар. Саха сиригэр 1780-ус сылларга сир үллэһигэр Мөрүөн хамыыһыйата диэн үлэлээн «Күөх биэдэмэс» диэн өйдөбүл киирбитэ. Онон сиэттэрдэххэ олоҥхо ол кэннинээҕи кэмҥэ айыллыбыт, эбэтэр Манчаары олорон ааспыт кэмин хабар. Дьокуускай куорат баара ахтыллар уонна Киристиэс таҥара итэҕэлэ олохсуйбута көстөр. Ол курдук Ньукуола таҥаратын дьиэтэ, чочуобуна бааллара ойууланар. Илин эҥээр баар Таатта уонна Бүлүү эҥэр Марха, Өлөөн өрүстэр ахтыллан ааһалларыттан сылыктаатахха балар бары Манчаарыга сыһыаннаахтар. Ол курдук Тааттаҕа «ыалдьыттаан» турар, Марха үрдүгэр турар Малдьаҕарга олоҕун бүтэһик сылларыгар сыылкаҕа олорбута, Өлөөн даҕаны итинтэн чугас. Гаврил Попов хомуйан таһаарбыт «Ырыа-хоһоон» кинигэтигэр Манчаары ырыаларыгар үрдүкү суутунан үгүстүк таҥараны эрэ ааҕара кини өйүгэр-санаатыгар итэҕэл дириҥник иҥмитин туоһулуур. Ити туһунан мин бэйэм суруйбут «Манчаары мөккүөрдэрэ» кинигэбэр «Манчаары дириҥ итэҕэллээх буолан таҥара иннигэр айыыга кииримээри биир хааппыла киһи хаанын тохпотоҕо» диэн түмүккэ кэлбиппин суруйбутум, ону бигэргэтэн Арыылаах алааска баар Манчаарылаах былыргы өтөхтөрүттэн булбут кириэспин көрдөрбүтүм. Аны ырыаларыгар үгүстүк түүнүктээх түрмэ, хаппахчылаах хаайыыны хоһуйбута бу олоҥхотугар эмиэ хаста даҕаны ахтыллан ааһаллар.

Манчаары үгүс сыл хаайыыга, хаатыргаҕа олорон нууччалыы үчүгэйдик билэр буолуохтаах. Онтуката бу олоҥхотугар элбэх нуучча тылын сахатынан туттубутугар көстөр, холобур, солуотунньук, сокууска, буорсуйа, аҕараада, бырасаай, хааппыла, ороскуот, күлүкээн, сэлээппэ уо.д.а. тыллар. Манчаары Охотскай, Нерчинскэй хаатыргаларыттан куотан кэлэригэр төһөлөөх мунан-тэнэн, өргөстөөх хайалары, дохсун сүүрүктээх өрүстэри уҥуордаан дойдутун булаттаабыта эмиэ олоҥхотугар Дьааҥы хайаларыгар мунарын-тэнэрин хоһуйуутугар баар. Манчаары ырыаларыгар ардыгар быдьар соҕус тыллары туттааччы. Холобур, Бэрт Маарыйаттан тутуллан киирэн иһэн Даркылахха көрсөр дьоҥҥо «хааһына хааһытын сиэн биэдэрэнэн саахтыам...» диэн тыллара. Оннук тыллары бу олоҥхоҕо «эмэһэ үүтэ», «саахтаах эмэһэ» диэннэри хаста даҕаны туттубут. Үһүйээннэргэ Манчаары Баһылай Ньурба Малдьаҕарыгар сыылкаҕа олорон айылҕа маанылаан биэрбит көмүрүө сөҥ куолаһынан ыллыыра-туойара, бэйэтин мүччүргэннээх сырыыларын туһунан дьону уйадытар турукка киллэрэн кэпсиирэ ахтыллар. Бука санаатахха эрдэ айбыт «Эр Соҕотох» олоҥхотун сыылкаҕа тиийэн баран тупсаран «Уол Эр Соҕотох» диэн олоҥхолуура дьон сэргээн уостан-уоска бэриллэн, Н.Д. Тагров олоҥхолоон сурукка киирэн Манчаары Баһылай олоҥхоһут быһыытынан үйэтитилиннэҕэ

Н.Аржаков - Боло Уус "Омоҕой омоонунан” кинигэтиттэн
Views: 119 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2025  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 1
Ыалдьыттар (гостей): 1
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2025