News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1208]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[225]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[672]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[379]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[102]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[105]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[241]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[156]
|
литература
[42]
|
здоровье
[467]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2025 » Тохсунньу » 21 » СУНТААР - ОЛОҤХО ДОЙДУТУГАР "УОЛ ДУОЛАН БУХАТЫЫР" СҮРЭХТЭННЭ!
СУНТААР - ОЛОҤХО ДОЙДУТУГАР "УОЛ ДУОЛАН БУХАТЫЫР" СҮРЭХТЭННЭ! | 12:00 |
СУНТААР - ОЛОҤХО ДОЙДУТУГАР "УОЛ ДУОЛАН БУХАТЫЫР" СҮРЭХТЭННЭ!
"Сунтаарга буолбатах көстүү", "Дьоммут талааннаах да буолар эбиттэр", "Олоҥхо тылын манна кэлэн иһиттим...", - бу курдук кынаттаах тыллар Сунтаарга УЛАХАН ОЛОҤХО КҮНҮН кэннэ дэлэйдэ.
Бу күнү икки сыл устата күүттүбүт. Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинэ Митрофан Мартынов - Бөөдөс Уола "Уол Дуолан бухатыыр" диэн Сунтаар баар-суох сурукка толору киирбит, чинчийиллибит сүдү айымньытын туруорабыт диэн бигэ санаа ылыммыттара, онтон бэттэх үлүскэн үлэ ыытыллан Олоҥхо сүрэхтэннэ!
Сунтаарбыт айылҕаттан айдарыылаах, кылыһахтаах ырыалаах, сахалыы тыыннаах, уран тарбахтаах, тыаска-ууска, уокка, тэрээһиҥҥэ туруу үлэһит дьону бүттүүн түмэ тардан туруорааччы Антон Ботаков, хамнаныылары туруорааччы Ева Шамаева, худуоһунньук Екатерина Шапошникова курдук ааттаах дьон биһиги дойдуга кэлэн айымньылаахтык үлэлэһэн бу баараҕай үлэ ситиһиилээх буолла.
Олоҥхо саҕаланыаҕыттан түмүктэниэр диэри көрөөччү барыта Уол Дуолан хараҥа күүһү кытта охсуһарыгар бииргэ буолла, бииртэн биир абааһы тахсыыта кэнники олохпут көстүүтүн санатта. Биир бэйэм Бүлүү Эбэбит киртийиитин, хоруона хамсыга өрө туруутун, дойдубут дьалхаанын, тулалыыр эйгэ алдьаныытын, онтон эйэлээх олохпутугар сэрии кимэн киириитин барытын ситимнээн ойуулаатым... Онно барытыгар Уол Дуолан бухатыырбыт барахсан кыайыылаах тахсан истэҕин аайы көрөөччү саалата өрөгөйдүүрэ бу буоллаҕа ОЛОҤХО ОМУНА, ОЛОҔО, ОМООНО, ОРОЙО!
Уол Дуолан кэннэ элбэх тылынан сыппатан кэбиспэккэ СУНТААР - ОЛОҤХО ДОЙДУТУГАР - ОЛОҤХО ТУРДА! БАР ДЬОҤҤО ОЛОХХО ЭРЭЛИ БИЭРДЭ!
Үлэлэспит бары дьоҥҥо барҕа махтал, үгүрү-сүгүрү!
Кыыл Уолун сыла ОЛОҤХОНОН арылынна!
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Тохсунньу 18 күнэ, 2025 сыл.
|
Views: 76 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 14 Ыалдьыттар (гостей): 14 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|