Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1208]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [225]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [672]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [379]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [102]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [105]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [241]
Тюрки [76]
Саха [156]
литература [42]
здоровье [467]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2025 » Тохсунньу » 21 » Былыр аатырбыт Угут күөл ыһыаҕар кэпсээҥҥэ сылдьар ат сүүрүүтэ 2
Былыр аатырбыт Угут күөл ыһыаҕар кэпсээҥҥэ сылдьар ат сүүрүүтэ 2
12:05
Былыр  аатырбыт Угут күөл ыһыаҕар кэпсээҥҥэ сылдьар ат сүүрүүтэ 2

Ыһыахха ат сүүрүүтүн программата маннык этэ. Ат сүүрүүтэ киэһэ алта чаастан буолар. Бастакы күн 1600 уонна 4800 миэтэрэҕэ, иккис күн сүүрүү 3200 уонна 6000 миэтэрэҕэ диэн. Хас сүүрүү ахсын бастакы миэстэҕэ алта очукуо, иккис миэстэҕэ түөрт очукуо, үһүскэ икки очукуо бэриллэр. Түөрт сүүрүү түмүгүнэн элбэх очукуолаах хамаанда бастакы миэстэни ылан сыл ахсын көһө сылдьар кубогу, чороон ылыахтаах уонна биир мөһөөк харчы бириис. Ону таһынан бастаабыт ат сүүрүкчүтүгэр уон икки, иккис миэстэҕэ уон, үһүс миэстэлээх сүүрүкчүт аҕыс солкуобай бириис ылар. Ити кэмҥэ бу дьиҥэр элбэх харчы этэ.

  Сүүрүк аттаахтары таһынан нэһилиэктэртэн баһаам элбэх, дьоһуннук туттан аа-дьуо хаамсыбыт  ат атаҕар уксааччылар, улахан хаартыһыттар тоҕу анньан кэлбиттэр. Улахан үҥкүү тылын этээччилэр Кыыл уола баар, Далаҥхас Мэхээлэ Түбэйтэн кэлбит. Ыһыах аһыллыан иннинээҕи күн киэһэттэн ыһыах саҕаланан, ыһыахтыыр сир оһуокайдьыттарынан биир кэм оһуокай да оһуокай, эһиэкэй да эһиэкэй диэн оргуйан олорор буолла. Улахан хаартыһыттар: Элгээйиттэн Бассабыык, Кутанаттан Чаанньык, инньэ Мииринэйтэн кэлбит Ынах хаартыһыт, Угут Күөллэр улахан хаартыһыттара Эһэ Кэтэх, Мас Сэмэн курдук улахан хаартыһыттар хамаандалаах өтөххө тахсаннар балааккаланан сытаннар оонньоон ниһийбиттэрэ ырааппыт. - Баар! - диэн хаһыыны кытары ыарахан сутуругунан охсуллан, эрдэ хаартыһыттарынан анаан, хаптаһынынан оҥоһуллубут остуол ньиргийэ түһэр. Ол биэс уон икки күлэр эмэгэккэ баарда таппыт, баан туттарбыт дуу?, таайан ылбыт дуу?, киһи хаһыыта мэктиэтигэр тэйиччи турар ыһыахтыыр сиргэ кытары иһиллэргэ дылы гынар. Хаарты маатыска барахсан хаартыһыттарга туһунан үөрүүлэ-көтүүлээх, сүрэх-быар күүскэ тэбиилээх туһунан дьарык буоллаҕа. Дөрүн-дөрүн Элгээйи участковай милиисийэтэ, Павлов милиисийэ хаартыһыттары тутаары кэлэн барар да ким туттарыай. Павлов милиисийэ кэлиэ диэн кэтээн көрө, маныы сылдьааччылар, хаартыһыттартан торуой ылааччылар милиисийэ иһэр диэн сибис гына охсоллор да хаартыһыттар ойуурга түһэ охсон өтөххө киим да суох буолан, уу чуумпу буола түһэр.     

  Онон ыһыах саҕаланыан биир күн инниттэн саҕаланан, ыһыахтыыр сиргэ ыһыах ыһыаҕынан буола түстэ. Хорчуоппалар үлэлээн, ас-үөл бөҕө буһарыллан ыһыахтыыр сир минньигэс ас сытынан туолла, буруо-тараа, уот-күөс ыраатта.
   Сүүрүк аттар сэргэҕэ бааллан хантаһан турар күрүөлэрин тула ат атаҕар уксааччылар тулалаан хаамсаннар, сарсыҥҥы сүүрүүгэ ким ханнык аты ыларын  кэпсэтиилэриттэн бу сир эмиэ биир кэм күйгүөрэн олорор.
  - Оо, Матасыыкыл турар эбит. Быйыл хойутаан тутуллубут сурахтааҕа, аҕыйах хонук бааллыбыт диэтэххэ чылбыйан тоҕо сүрэй - диэн сөҕөөччүлэр, Малыыһы пахаай, бу сордооҕу эмиэ тоҕо аҕаллылар, кыратыан - дэһээччилэр да бааллар, ол быыһыгар сэлиик атыыры көрөн, сөҕөн, - Айбыын доҕоор, бу үлүгэр улахан сылгыны кытары туох ата сырсар - диэн саллааччы да баар.
   Дьэ сайыҥҥы сырдык түүн сорохтор сүүрүк аттаахтар аттыларыгар ат атаҕар уксаннар, сорохтор хаарты маатыскаҕа бырахса түһэннэр айманан-сайманан, сорохтор аһаан-сиэн буккулланнар ааста.

Сарсыарда буолан, күн кылайан-кылбайан, аргыый мөлбөйөн тахсан кэллэ, ол тухары оһуокай тохтообот, өссө тэтимирэн, күүһүрдэр күүһүрэн иһэр. Ыһыахтыыр, тумустуу анньан киирбит арыы сир ортотугар баар ырааһыйа сир толору дьуохардьытынан туолан биир кэм муора чуумпу долгунун курдук хотолдьуйа турар буолла.  Тугу хоһуйалларын туох билиэй, быһа сэрэйдэххэ үтүө, уйгу-быйаҥ олоҕу аҕалбыт сэбиэскэй былааһы, самаан сайыны уруйдаан-айхаллаан эрдэхтэрэ буолуо.
  Сарсыарда уон бииртэн дьэ ыһыах аһылынна, үлүгэр элбэх кыайыылаах-хотуулаах тыл этилиннэ.
  Хансыарт, ырыа-тойук, үҥкүү-битии бөҕөтө тоҕу тардылла таҕыста. Ити кэмҥэ сүүрүк аттаахтар мунньахтара саҕаланна, ким атын ханнык дистанцияҕа сүүрэрин сайаапкалаһан түһэристилэр. Били улахан сэлиик боруода атыыры туоратыахха, ити боруода аты кытары биир да тулуһар ат суох диэн туруорсуулар киирдилэр онон атыыры аттар биэрэстэ аҥаара барбыттарын кэннэ ыытар буоллулар.
  Дьэ инньэ гынан элбэх өрө таҥнары буккуллуу, мөккүөр кэннэ бастакы күн тыһыынча алта сүүскэ тоҕус ат, түөрт тыһыынча аҕыс сүүскэ алта ат, ону таһынан сэлиик боруода атыыр сүүрэр буоллулар.
  Тыһыынча алта сүүскэ Тойбохойтон Бааска сиэрэ, Күндэйэттэн Ландыш, Хороттон Адаарыс уонна Быччаҕар, Кутаналартан үс маҥан ат, Сиэйэлэртэн Усталаах, Угут күөллэртэн Кубалыыр.
 Түөрт тыһыынча аҕыс сүүскэ Мас Хара, Чуоҕурка, Кыанаайык, Матасыыкыл, Малыш, Хамдьыык уонна сэттиһинэн Сэлиик атыыр.
  Иккис күнүнээҕи сүүрүүгэ үс тыһыынча икки сүүскэ Матасыыкыл, Бааска Сиэрэ, Адаарыс, Быччаҕар, Кубалыыр, Ландыш, эмиэ үс Кутана маҥан ата сурулуннулар.
Алта биэрэстэҕэ cүүрүүгэ Мас хара, Чуоҕурка, Ландыш, Кыанаайык, Хамдьыык уонна Малыш киирдилэр.
   Сайыҥҥы күн уһун, оҕонньоттор уһун тыыннаах, хастыы да чаас араас эгэлгэни хоһуйан үҥкүү тылын этэр, аатырбыт Кыылларын Уола дуу, Далаҥхас Мэхээлэ дуу, этэн-тыынан бардахтарына онно сүүрэн, онтуларын быыһыгар сүүрүк аттар аттыларыгар сылдьан харахтарын сымнатан бокуойа суох сылдьаллар. Ол быыһыгар улахан хапсаҕайдьыттар тустуулара буолан ылла.
 - Туста финалга киирэллэр, аҥаардастыы кыайан кэлбит Күүстээх Онтуосканы кытары Чөккөөкү Бөҕө - диэн араадьыйа айманарын истээт аны дьэ икки улуу бөҕөс тустарын көрө ыстаналлар. Оҕонньоттор ат атаҕар харчы бөҕөҕө уксаннар сирэйдэрэ-харахтара туран, тыыннара кылгаан сылдьар. Дьэ тустар сиргэ икки аатырбыт тустууктар, Күүстээх Онтуоска уонна Чөккөөкү бөҕө утарыта киирэн турунан кэбиһэллэр. Саһаан үрдүктээх, сымара тааһы өрө тутан кэбиспит курдук көрүҥнээх, хамсаатаҕын ахсын эриллэ сылдьар быччыҥ буолбут сырдык хааннаах Күүстээх Онтуосканы утары арыый кыра, толору эттээх-сииннээх Чөккөөкү бөҕө утары кэлэн илии тутуста. - Ээ Онтуоска тулуппат - диэн саҥалар иһиллэн ааһаллар ол быыһыгар сорохтор - Чөккөөкү өттүктүөн сөп, өттүккэ киллэрдэ да кыайар, интиҥ аатырбыт өттүкчүт - дэһэллэр.
  Дьэ икки күүстээх киһи тарбахтарыттан тутуһан ылбыттара чуумпуран көрөн олорор дьон санаатыгар  тарбах тыаһа лаһыгыраһа түстэ, тутуһан хачыгыратыһыы буолла, Күүстээх Онтуоска киһитин түөһүгэр хам тардан ылаары харса суох харбыалаһан киирдэ. Чөккөөкү Бөҕө Онтуоска хам тутуутугар киирдэ да кум-хам тутуллан иэдэйэрин, сири буларын билэн бөҕө буоллаҕа чугурус гынан биэрдэ.
  Онтуоска бу күһүн Мончуор Ньукулай - Күүстээх диэн аатырдаллар аҕай, дьэ тутуһан көрүөх - диэн Тириэтэйгэ муҥха саҕана үлүгэр элбэх киһи баарыгар хаай да хаай буолбутун - Суох - диэн куота көтө сатаан баран калгайа сылдьар ыстаанын эмэһэтиттэн харбаан ылан тарбыйаҕы соһор курдук соһон аҕалан ампаар дьиэ быган турар муннугуттан уҥа илиитинэн чэпчэкитик өгдөтө көтөҕөн баран ыстаанын эмэһэтин кыбыта анньаат түһэрэн, баттатан кэбиспитэ. Дьээбэҕэ-дьиибэҕэ тиллэр бэтиринээр Һуркуоп Мэхээлэ - Нокоо ыыт - диэн хаһыытыы турар Мончуор ыстаанын эмэһэтин куругар иилинэ сылдьар сахатын быһаҕынан элийэ сотон муҥха тойонун ыстаана суох гыммыт, улахан муҥха онон тохтуу сыспыта - диэн кэпсээн дойдуну толорбута. Күһүөрү сүүрбэччэ араас күүһүмсүйбүт эдэр дьон кытыыга соһо сатаан кыайбатах, ынаҕы- сүөһүнү, дьону-сэргэни, бүлүү өрүһү туоратар баркаас тыылара өрүскэ сыппыта биир сарсыарда үөһэ, кытыыга тардыллан хаалбыт. - Ол хайаан да Күүстээх Онтуоска үлэтэ буолуохтаах - диэн сабаҕалыыллар. Биир кэпсээҥҥэ арҕахтаах кырдьаҕаһы булан бултуурга сананаллар. Дьэ кырдьаҕаһы уһугуннаран баран быгыалаабытыгар саалара эстибэт, эргэ ботуруон эбитэ дуу, бөстүөнэ сиигирбит да буолуон сөп, хайа эрэ түгэҥҥэ сабырҕаҕыттан умса баттаан өрө хаһыытата сылдьан бэт холку куолаһынан иэдээн буолла диэн куотан эрэр киһитигэр
- Нокоо, быһахта аҕал эрэ - диэбит диэн эмиэ баар.
  Дьэ өрө баһыгыратан киирбит Онтуоскаттан чугуйан иһэн Чөккөөкү эмискэ иннин диэки үктээн анныгар киирэн иһэн Онтуоскатын өттүктээн бурҕатта. Модун күүһүгэр эрэнэн хам тутан ылаары харса суох киирэн испит Күүстээх Онтуоска Чөккөөкүтүн үрдүнэн көтөн, үлүгэрдээх элбэх киһи тустан хара буор буолбут сиригэр сүр ыараханнык лис гына түстэ. Ол түһүүтүгэр мэктиэтигэр ыһыахтыыр сир бүтүннүү титирээн ыларга дылы гынна. - Оо- диэн сөхпүт да, махтайбыт да, дьон саҥата ыһыахтыыр сир үрдүнэн дуораһыйа көтөн бара турда.
  Дьэ алта чаас чугаһаата, дьон-сэргэ, кыралыын-улаханныын аны ат сүүрүүтүн көрө сыһыы кытыытыгар дьэргэйэн турар сабыс саҥа сүүрүк аттар фиништиир трибуналарын диэки субуста. Дьэ икки күн харахтарын сымнаппыт көтөр кыната эрэ суох сүүрүк аттара илин-кэлин түсүһэллэрин көрөр  дьоллоох түгэннэрэ кэллэ.  
  Дьэ аттаахтар аттарын акка холбонон аттар түһэр сирдэрин диэки субуруһа турдулар. Бу кылгаска түһүөхтээх тоҕус ат тоҕус акка холбонон барар буолан туох да хотоҕос курдук элбэх ат субустулар.
  Дьон-сэргэ күйгүөрэ үлүгэр улахан улуу сыһыыны ылан кэбистэ. Трибуна үрдүгэр турар киһиэхэ микрофон холбонон бу дистанцияҕа ханнык аттар сүүрэ киирбиттэрин, урут ханнык сүүрүүгэ ханнык ат куоппутун, бу сүүрүүгэ ким куотуо сөбүн кэпсээн чоргуйан олорор. Аттар атахтарыгар уксубут дьон бу уопсай хомуур турар дьонтон арыый туора кэккэлээн, хайгыыр аттарын көрөн дьэ эмиэ туһунан үөрүү-көтүү, кэпсэтии-ипсэтии бөҕөтө саҕаланна. Аттар бу дистанцияҕа сөмөлүөт түһэр сирин аттынан, урукку ыһыахтыыр сиринэн баран Мэчэкэ пиэрмэтин бэтэрээтиттэн түһэллэр. Барыта тэйэр таас сир, ол эрээри урукку ыһыахтыыр сир тумуһа бүөлээн биэрэстэ аҥаарын курдук сири аттар бастакы мэник атахтарыгар баран күлүмнэтэллэрэ көстүбэт. Дьэ ол тумултан сулбу көтөн тахсан кэллэхтэринэ биирдэ ханнык ат бастаан иһэрэ көстөр. Онон аттар түстүлэр диэн биллэрээччи киһи  тумултан үөс диэки кыһыл былаахтаах өрө тутан туран умса охсон трибунаҕа турааччыларга биллэриэхтээх. Трибунаҕа турааччы комментатор аттар түстүлэр да араадьыйаннан аттар көстөллөрүн кэтэһэн турааччыларга биллэрэ охсуохтаах.. Дьэ тыҥаан турар дьоҥҥо трибунаҕа былаах түһэрин кэтээн турар киһи - Аттар түстүлэр - диэн хаһыыра түстэ. Дьон хараҕа тумул диэки буолан ханнык ат бастакы сулбу көтөн тахсарын кэтээн ылы-чып барда. Өр буолбата - Тумустан кылбайа көтөн Быччаҕар бастаан баран сулбу көтөн таҕыста, кинини кытары сэргэ кыраннан куоттаран, эриһэн Ландыш уонна Усталаах иһэллэр, Бааска Сиэрэ, Кубалыыр, Үс, Кутана маҥан аттара хаалбыттар - диэн араадьыйа саҥата оргуйан олорор. Дьон биэтэги ханнык ат бастаан тахсарын көрөөрү аттар фиништиир суолларыгар саба сырсан киирэ сатыылларын милиисийэлэр сүүрэн кэлэн нэһиилэ тохтотон күөйэ турдулар.  Хайалара куотуо биллибэккэ муҥунан түһэн иһэр сүүрүк аттар сүүрүкчүттэрэ били - Бөстүөнэй саа сомуогун курдук - дииллэринии аттарын моонньугар сыстан, тирииннэн өрүү нагайкаларынан аттарын самыытын харса суох быһыта биэрэн субу сүүрдэн мэҥитэн кэллилэр. Улахан эриһиилээх сүүрүүгэ икки ат, Ландыһы кытары Быччаҕар хайалара кыайбыта биллибэккэ кэккэлэһэ, Адаарыс самыыларыгар олорсон биэтэги аастылар. Дьэ Күннээх Күндэйэлэри кытары Хоролор ураа хаһыы бөҕөтө буола түстүлэр. Икки өттүттэн - Биһиги кыайдыбыт харчыны аҕал - диэн хайалара куоппутун билбэккэ сылдьан ат атаҕар уксубуттар айдаан бөҕөтө буолан охсуһуох курдук турукка кииритэлээн ыллылар. Трибунаҕа да сүүрэн тахсан боруоктаспыт, уолуктаспыт элбээтэ. Хата бэт улахан мөккүөр кэннэ араадьыйаҕа - Ландыш кулгааҕынан куотан таҕыста - дэһии буолла. Бу сүүрүүгэ Бааска Сиэрэ сөмөлүөккэ сүргэтэ тостубут сылгы түспэт буолан буулаҕалыы сатаабыта да нагайканнан быһыта биэртэлээн син сүүрдүбүттэрэ. Саллыбыт, сүрэҕэ хайдыбыт сылгы кыайан аһыллан сүүрбэтэҕэ.
  Дьон ат туохтан сүүрбэтэҕин хантан билиэй, -Тойбохойдор тугу аатырдыбыт сылгыларай? ыал аайы баар ат эбит - дэспиттэрэ.
  Кубокка уксубут дьон дьэ ааҕыныы бөҕө буола түстүлэр. Күндэйэлэр алта, Хоролор алта очукуоланан тэбис-тэҥ буоллулар. Кыанаайыктара иккис сүүрүүгэ кыайда да бүгүҥҥү күннээх сүүрүүгэ хоролор бастыыллар.
- Күндэйэлэр Ландыштара баайыыта табыллыбыт, Матасыыкыл үчүгэйдик түстэ да кыайар кутталлаах, оччоҕо Күндэйэ бастыыр - диэн сылыктааһын бөҕөтө барда. Эр дьон аны иккис сүүрүүгэ барар аттар аттыларыгар тоҕуоруһан өрө таҥнары хаамыы-сиимии сүрдэннэ. Аттар бааллан турар далларын ойуурун иһэ үлүгэр элбэх эр дьон күйгүөрүттэн биир кэм оргуйан олорор. Бэс чэгдэ ойуур иһэ мэктиэтигэр кулуһуҥҥа оргуйа турар биэдэрэлээх уу курдук буолла.  

  Түөрт тыһыынча аҕыс сүүскэ  барыта аатырбыт сүүрүктэр бардылар. Боруода атыыры Маппыыһа чэкэччи миинньэн кэбиспитэ күрүөттэн тахсан оҥостон туран ииктээтэ, улахан, дьоһуннаах сылгы хантаччы туттан аргыый ыксаабакка хаамар. Саха аттара барахсаттар алдьархайдаах сүүрүүгэ баран эрэллэрин сэрэйэн хайы сах мөҕүөх курдук сирэйдэрэ-харахтара туран, холус-холустук хамсанан, хантаҥалаһан, көнтөстөрүттэн ат кутуругар холбоноллоругар күөннэринэн анньа сылдьар буолан бардылар. Дьэ аттаахтар бары хомунан аттарын түһэрэр сирдэригэр субуһан Саламалаах тумулугар быһа тахсардыы бара турдулар. Аттар түһэр сирдэрэ саламалаах тумулуттан түһэн баран улахан эбэ уҥуорунан, Мэчэкэ пиэрмэтин аннынан, били баарыан аттар түспүт сирдэринэн, былыргы ыһыахтыыр сир аннынан, сөмөлүөт пордун кытыылаан, били аттар сулбу ойон тахсыбыт тумулларынан кэлэр. Урутаан тиийбит Күндэйэлэр Матасыыкылларын сөптөөх тиит мас булан көнтөһүн маска эрийэ тартылар. Аттара мөҥөн көпсөлөнөн барда. Хараҕын тиэрэ көрөн баран эт-сиин барыта титирээн, күүрэн, өрөр тура-тура тиэритэ түһүөлээлээтэ. Биир чэпчэки сүүрүкчүтү Күндэйэ, Күүстээх Күүрүнэбэ ыстаанын эмэһэтиттэн уонна саҕатыттан чэпчэки баҕайы куул курдук икки илиитинэн өрө тутан сылдьан акка ойоҕоһугар сыста түһээт үрдүгэр бырахпыта өрө туран баран тиэрэ түһэригэр сулбурус гынан ат кэннигэр суулунна, тута Атыыһыт акка сыста биэрбитин бырахта. Киһилэрэ ат үрдүгэр хатана түһэн сиэлиттэн тутуһан, икки атаҕынан ат модун түөһүн кыбыйан күүстээх хамсаныыларын тулуста. Ол ыккардыгар аттаахтар кэлэн аттара түһээри мөҥөн бурҕаллан  барбыттарыгар - Аттары түһэриҥ- диэн хаһыы-ыһыы саҕаланна. Матаһыыкыл көнтөһүн төлө тардаары гыммыттара үлүгэрдээх түһүөлээһиҥҥэ ыбылы тардыллан хаалбыт, ыксал буолла, көнтөстөрүн кытары эриһэ сырыттахтарына анараа аттаахтарга эмиэ араллаан саҕаланан барда быһыылаах, хаһыы-ыһыы, аймалҕан ыраатан эрдэҕинэ кыһыл былааҕы тутан турааччы умса охсон кэбистэ. Ааттаах түһүүлээх аттар бииргэ түһэн субурус гынан кутуруктара субулла турда. Матасыыкыллаах дьоҥҥо хата саха быһаҕа көстөн көнтөстөрүн быһа сотон кэбистилэр да ат өрө хололоон туран иһэн босхо баран хайыы үйэ тэйэн эрэр аттар кэннилэриттэн түһэн күлүмнэтэ турда. Ыраах трибуна таһыгар турар үчүгэй харахтаах дьон көрө охсон - Оо матасыыкыл хойутаан түстэ -диэн аймана түстүлэр.    
  Сэлиик атыыр аттар ыстаммыттарын көрөн ыксаан умса бугуйа-бугуйа бара сатаата да Маппыыһа тутан, бастакы аттар тиийиэхтээх сирдэрин көрдөрөр кыһыл кэрбэҥ маска тиийэллэрин кэтээн, хантаччы тардан олордо. Кини атын ол кыһыл кэрбэҥ маска бастакы аттар тиийдэхтэринэ ыытыахтаах. Ыраах туран көрөөччүлэргэ ханнык да ат бастаан иһэрэ биллибэт, бары маҥан өҥнөөх аттар бөлүөхсэн иһэллэрэ уонна биир хара ат эрэ көстөр.
   Маппыыһа Чуоҕурканы кытары Кыанаайык эриспитинэн  кыһыл кэрбэҥи ааһан эрэллэрин көрө олорон атын тэһиинин төлө тутаат быһа биэрэн кэбиспитэ түллэ-түллэ, ыраах-ыраах түһүөлээн  күлүмнэтэн барда.  
Бу икки аатырбыт улуу сүүрүктэн, Чуоҕуркалаах Кыанаайыктан кыра соҕуһунан хаалан Сиэйэ Малыһа, Мас Хара уонна Хамдьыык эриһэн иһэллэр. Түөрт тыһыынча аҕыс сүүс ыраах дистанция буолан аттар бастакы мэник атахтарыгар хардыргыы-хардыргыы харса суох түһүүлэриттэн балтараа биэрэстэ курдукка ким да атын соруйбат. Сүүрүкчүттэр бары бэйэ-бэйэлэрин кэтэһэн, кэтэнэн, аттарын моонньугар сыстан аҕай иһэллэр.
  Миитэрэйэбис бастаан баран көтөн иһэр Доруйуон Чуоҕурката субуллан иһэр кутуругар атын сыҥааҕын уурдаран, хаалбат да, иннигэр да түспэт курдук олорсон иһэр. Хонноҕун аннынан кэннигэр иһэр аттары өҥөйөн көрбүтэ ыраах хаалбакка чугас олорсон иһэллэр эбит. Дьэ оннук бары тутуспутунан порт аттыгар чугаһаан истэхтэринэ аттаахтартан туораан биэрээри буолуо сөмөлүөт собуоттанан барылыы түстэ. Ону кытары Чуоҕурка соһуйан уҥа халыйан эбэни кытыылыы түһэ турда, Кыанаайык Чуоҕурканы батыһан сүүрүкчүтэ салайан кэрбэҥ диэки тута сатыырын истибэккэ үүнүн хам ытыран, тэҥҥэ халыйсан бара турда. Малыш истигэн айахтаах ат сүүрүкчүтэ тутан иһэр сиринэн кэрбэҥ устун субулла турда, онно олорсубутунан Хамдьыык уонна Мас Хара ааһа турдулар.     Матасыыкыл тумустан аттар сулбурута көтөн тахсалларыгар баарыан хаалбытын лаппа чугаһатан, соруллан аҕай иһэр.  Дьэ мантан, тумустан быһа холоон аҕыс сүүс миэтэрэ онон бастакыны былдьаһан иһэр аттар соруллан бардылар, өрүү нагайкалар тохтоло суох күөрэҥнэстилэр, ол быыһыгар атахтарынан аттарын ойоҕоһун тиҥилэхтээһин, бэйэлэрэ да муҥунан көтөн иһэр аттар айахтарын тэһиининэн да илгиэлээһин ханна барыай. Бары муҥутуурдарынан түһэн биэтэги ааһалларыгар халыйбыт икки ааттаах ат Чуоҕуркалаах Кыанаайык суолларын булан, көнөн киирбиттэрэ эрээри атахтаах аттары ол кыра кэмҥэ халыйан ылыы ситтэрбэтэҕэ. Тэҥ атахтаах аттарга кыраны да сыыһа туттуу барытын быһаарбыта. Биэрэстэ аҥаара хаалларан түһэрбит боруода атыырдара биэтэккэ чугаһаталаабыта эрээри хаалларан түһэрбит сирдэрэ ырааҕа бэт этэ.  
  Дьэ очукуо ааҕыныы буолбутугар аны Сиэйэлэр, Күндэйэлэр, Хоролор алталыы очукуолаах, Угут күөллэр түөрт, Тойбохойдор икки очукуолаах буолан тахсаллар. Кубогы сарсыҥҥы сүүрүү быһаарар буолан  кубокка уксааччыларга балаһыанньа түөрэҥэлии түһэр.
  Түүн хойукка дылы сарсыҥҥы кубок иһин уксааччы элбээн эр дьон, оҕонньоттор өрө таҥнары суксуруһуулара элбиир. Бары суоттана сатыыллар.
- Үс тыһыынча икки сүүскэ Матасыыкыл тэҥҥэ түһүстэ да тулуталаабат. Алта очукуо ити сытар. Алтаҕа Ландыш үс иһигэр киирдэ да аҕыс очукуолана түһэбит, кубок биһиэнэ - дии-дии Күннээх Күндэйэ оҕонньотторо хаамсаллар.
 - Кыанаайык арай алта биэрэстэҕэ бастаатын, Чуоҕуркалаах Малыһы бүгүҥҥү сүүрүүттэн көрдөххө алтаҕа куоталыан сөп, отой холкутук кэллэ, көлөһүн бычык да гымматах. Адаарыстаах Быччаҕарбыт миэстэ ыллылар да кубок биһиэхэ кэлэр - диэн эмэ туһунан кэпсэтии Хоролорго барар.
  Сиэйэ өттүнээҕи дьоҥҥо - Малышпыт алта биэрэстэҕэ бастыан сөп, кыратын көрүмэҥ, түөрт аҕыс сүүскэ кулгааҕыттан харбаан кэлбитэ сүрдээх этэ, соргулаах сылгы куруук соргулаах буолар, түөрт түөрэм туйах соргу тэбэн кэбиһиэн сөп - диэн куолулуур саҥалара иһиллэр.  - Үс тыһыынча икки сүүскэ бээ доҕор, аны Усталаахпыт иккис буоллун, оччоҕо уон аҕыс очукуоланан инники дьэргэс гына түһэбит, кубок биһиэнэ - диэн билгэлииллэр. Аттаах хамаандалар бары сарсыҥҥы кубок ылар иһин сырсыыга эрэх турахтар онон
- Аттары элбэх харчыга уксубут дьон араас гыныахтара, дьээбэлиэхтэрэ, кытаатан манаан хонуҥ - диэн бары бэйэ-бэйэлэрин манаһан түүнү быһа икки харахтарын саппатылар.
  Түүн Күндэйэ биир уола биэдэрэлээх уу ылан атын сууйаары Хоролор аттарын таһынан ааһан истэҕинэ Миитэрэйэбис тутан ылан айдаан бөҕөтүн тардан Күндэйэлэри кытары Хоролор хомуур охсуһуулара тахса сыста.
- Бааллан, кэмчи ууга сылдьар акка биэдэрэ ууну иһэртилэр да сарсын ол ат уһуҥҥа сүүрбэт. Хайаан да Кыанаайыкка иһэрдэ баран испит - диэн сылыктаан кыйаханан өлө сыһан бэйэтэ ыгым хааннаах киһи өрө баһыгырыы түһээт уол уолугар баран түстэ.  Туораттан дьон кэлэн, милиисийэлэнэн ол айдааны нэһиилэ тохтоттулар. Аттаахтарга манна араас дьон баар, Күндэйэлэртэн уоттаах сэрииттэн кэлбит дьоруой аҥаардаах, харса-хабыра суох Атыыһыт Өлөксүөйэп эҥин курдук дьон. Били балтараа харыстаах саха быһаҕын куругар иилинэ сылдьар Ис Хайытар Миитэрэй курдук дьон бу хомуур охсуһууга кыттыстылар да сата баһын тоҕу тардан кэбиспит буолара чахчы.
  Ол айдаан кэннэ - Ат кулгааҕар тугу эмэ, доруобунньук да  уган кэбиһиэхтэрэ, ханан эрэ этигэр, холугар иҥнэ да анньан кэбиһиэхтэрэ, бэрбээкэйигэр иҥиир сабы ыга тардан баайыахтарын сөп - диэн былыргы сүүрүүлэргэ туох албас туттуллан ким-хайдах куоппутун-куоттарбытын оҕонньоттор кэпсээн күөдьүтэннэр аттары көрүү-истии, мананыы өссө кытаатта.
 
   Тойбохойдор аатырбыт сүүрүктэрин Мас Хараны да, Бааска Сиэрин да,  ким да наадыйбат, ахсааҥҥа ылбат буоллулар, - Тугу аатырдыбыт аттарай, ыал аайы баар сылгылары - диэх курдуктар. Дьиҥэр дьөһөгөй оҕолорун сөмөлүөккэ симэн сүрэхтэрин хайыппатахтара, эрдэттэн сиринэн хаамтаран аҕалбыттара буоллар хайдах-туох сүүрүү буолуо биллибэт этэ.
  Бу да түүн дьуохар түүннэри тохтоло суох  барда. Хастыы да сиргэ куоталаһа-куоталаһа үҥкүү тыла этэр буоланнар ыһыахтыыр сир биир кэм оргуйан олорор. Дьон бары үөрэн-көтөн, сэргэхсийэн, үрүҥ түүнү билбэккэ аһарда. Миирнэй куораттан хас да мас буочукалаах, пиибэ диэн ас аҕалбыттара кураанахтанан итирик-кутурук түүн элбээн баран, хата сарсыарданнан арыы ойуур иһэ толору балаакка буолан  онно киирэн охтуталааннар сүттүлэр.
  Атын туора сирдэртэн кэлбит дьон - Дьиҥнээх ыһыах маннык буолар эбит - диэн сөҕүү бөҕөтүн сөҕөн барытын эргийэ сылдьан көрөллөр, дьону кытары тэҥҥэ үөрсэллэр, ол быыһыгар - Биһиги да ыһыахпыт маннык буолбат - диэн курустук санаан ылаллар. Аатырбыт Угут күөл ыһыаҕын иккис күнэ дьэ күн тахсан дьэргэйэн саҕаланан барда.
   Эрдэ Ньыыкан Ойуун - Угут-Күөл ыһыаҕын Куба буолан сэттэ ойуун кэлэн көрөн ааһыахпыт - диэбит сураҕа баар.  Ойууттар кэлиэхтээхтэр диэн кэпсээн кэлэн ааспыта ыраатта. Сорох дьон итэҕэйбэтэллэр да сэмээр ону кэтиир. Дьон үксэ ону сымыйаргыы саныыр. Санаан көрдөххө киһи төһө да ойуун аатырбытын иһин хайдах куба буолан көтүөй.
  Күн халлаан оройугар тахсарын саҕана дьон кубалар диэн аймана түстэ. Сэттэ кылбаа маҥан куба кыырай халлаанынан көтөн иһэннэр намтаан хаста да ыһыахтыыр сири чинчийэрдии эргийдилэр.
   Дьон бары ыһыахтыыр сир ортотугар дьуохардыыр ырааһыйаҕа сүүрэн киирэн эргийэ сылдьар кубалары кытары эҕэрдэлэһэн далбаатаһыы бөҕө буолла. Кубалар ыһыахтыыр сири эргийбэлээн баран - Аатырар Угут күөл ыһыаҕын дьэ көрдүбүт - диэбит курдук аргыый үрдээн тус хоту диэки тутан, бүтүн Угут күөл сыһыытын көрөн ааһардыы көтөн налыйа турдулар. Дьон-сэргэ, - Ньыыкан ойууннаах кэлэн дьэ кырдьык ыһыаҕы көрөн бардылар, иэгэйэр икки атахтаахха араас дьикти дьон баар эбит - диэн сөхтүлэр-махтайдылар.
 
  Дьэ оннук күн киэһэрэн барда, ат сүүрүүтэ чугаһаата. Кубок иһин сырсааччылар - Угут Күөл сэлиигин сүүрүүгэ киллэримэҥ - диэн туруорсан турдулар. Ол Угут Күөллэр кубокка киирсээрилэр эмиэ ааҕынан баран - Боруода аппытын алта биэрэстэҕэ киллэрэбит, Хамдьыыкпытын үс тыһыынча икки сүүскэ угабыт - диэн турбуттарыттан этэ. Айдаан тоҕу тардыллан эмиэ киирсии бөҕөтө буола сыста. Дьэ охсуһа сыһан баран син өйүн-төйүн булан боруода ат сүүрэрин тохтоттулар, Хамдьыык алтаҕа барар буолла. Кэлэр алта чаас киэһэлэрэ кэлэр кэмигэр дьэ кэллэҕэ дии. Аттаахтар бары хомуллан, сүүрүктэрин акка холбонон түһэрэр сирдэрин диэки хаамтаран ходьоҥолото турдулар. Аттар барахсаттар эмиэ сүргэлэрэ көтөҕүллэн, сирэйдэрэ-харахтара туран, кулгаахтара чэрэҥэлэһэн холбонуллан иһэр аттарын күөннэринэн анньан, эттэрэ сииннэрэ, быччыҥнара тыҥаан субу төлө көтөн сулбу ыстаныах  үлүгэрдэр. Сүүрүкчүттэри матасыыкылларга олордон аттар түһэр сирдэрин, Дьоссуок буолатын диэки илдьэрдии ойутаннар харса суох куоталаһардыы түһэрэн орулата турдулар. Дьон-сэргэ быйылгы ыһыаҕы түмүктүүр, кубок иһин сырсыылаах ат сүүрүүтүн көрө аны сыһыы, трибуна диэки субуста.  

- Ыһыах иккис күнүнээҕи сүүрүүтүгэр үс тыһыынча икки сүүскэ Матасыыкыл, Бааска Сиэрэ, Адаарыс, Быччаҕар, Кубалыыр, Ландыш, үс Кутана маҥан аттара, онон тоҕус сүүрүк ат сүүрэр суолга киирдилэр. Бэҕэһээҥи сүүрүүлэр туруктарынан үс хамаанда очукуота тэҥҥэ иһэр, Угут күөл түөрт, Тойбохой икки очукуолаахтар, Кутаналарга бакаа суох. Бүгүҥҥү сүүрүү хайаан да хатыһыылаах буолара чуоккай, ким көһө сылдьар кубогы ылара биллибэт.
   - Матасыыкыл куотар түгэнигэр Күндэйэ инники тахсар, Адаарыс, Быччаҕар, Кубалыыр, Бааска Сиэрэ да кутталлаахтар, бу сүүрүүгэ ким куотуо биллибэт  - диэн араадьыйа кэпсээн-ипсээн чоргуйан барда. Алта нэһилиэк дьоно бэйэлэрин сүүрүк аттарыгар ыалдьан кэтэһии-манаһыы саҕаланна.
  Матасыыкылларын аттарын кутуругар холбоммут Күндэйэ дьоно аттарын атын дьонтон урутаан аттар түһэр сирдэригэр тиийэн, эрдэ тутуорбут баҕана мастарыгар көнтөһүттэн эрийэ тардаары  торҕо сэлииннэн  түһэрдилэр. Дьон ыраахтан көрдөҕүнэ икки кылбаа маҥан ат урутаан сэлиинэн түһэн кутуруктара субуллар. - Матасыыкылы баҕанаҕа баайан туран түһэрэллэр онон Күндэйэлэр инникилээтилэр - диэн тринубаҕа турар киһи араадьыйаҕа кэпсиир.

- Сордооҕу тоҕо эмиэ баайан түһэрэллэр, илииттэн ыыппакка- диэн аты аһыйааччы да баар, - Мөҥөрө бэт - диэн билээччи да саҥата иһиллэр.
   Дьэ баҕанаҕа тиийэн ыксал бөҕөннөн өрө холоруктуу сылдьар аттарын кыл көнтөһүн маска эрийэ тартылар. Дьэ дуо, аттара хараҕын тиэрэ көрөн, тиэрэ түһэ-түһэ өрө хололоон  мөҥөн көпсөлөнөн барда. Ыраас, таас сир буолан баҕананы эргийэ көтө сылдьан мөҥөр акка Атыыһыты бэйэтин ат үрдүгэр бырахтылар. Ол ыккардыгар аттаахтар бары кэлэн аттарын үрдүгэр тахсан олортоон бардылар. Дьэ манна да тутуһуу кытаанаҕа. Холбонон кэлбит аттарын кутуруктарыттан араарыллан дьон илиитигэр киирбит кыахтаах аттар төбөлөрүн буккуйа-буккуйа, өрө тура-тура сулбурута ыстана сатыыллар.  Аттарын  тутуһа сылдьар дьон атахтара сороҕор сиргэ тиийэр-тиийбэт көтө сылдьара көстөр. Сорох аты иккилии тутуһааччы, ол быыһыгар акка сүүрүкчүт тахсарыгар көмөлөһөөччү дьон, айдаана, тутуһа сатаан ыһыы-хаһыы ыраатта. Мөҥө сылдьар сыбыдах аттарга сүүрүкчүттэр дьон көмөтүнэн эрэ тахсаллар. Кыһыл былаах күөрэччи көтөҕүлүннэ, - Чээй- диэн хаһыыны кытары былаах умса охсулунна. Аттары тутуһа сылдьааччылар бары аттарын төлүтэ тутан кэбистилэр, тоҕус ат бииргэ түһэннэр аттар туйахтарын тыаһа хатан хаалбыт суол буоругар бап-баһыгырас буола түстэ. Бииргэ, кэккэлии түһэн баһырҕатан иһэр аттар тэбэн кэбиспит иһэхтэрин буора арыый хаалбыттарга мэктиэтигэр буулдьа курдук иһиирэн ааһыталаата. Начаас ыккардыгар көнө суолу ааһа охсон уҥа салаллан кэрбэҥ туорпа буордаах сиринэн барда. Онон ол туорпалаах сиргэ көтүтэн киирдилэр. Көпсөркөй туорпа буору аттар туйахтара тэбэн кэбиспитэ бурҕайан тахсан туох да көстүбэт үлүгэрэ буола түстэ. Ыраах трибунаҕа турааччылар көрүүлэригэр аттар ити сиргэ кэлиилэригэр биир кэм  буор холорук ытыллан иһэригэр майгылаан баран тумул кэннигэр түһэн тимис гынан хаалла.

   Бу сүүрүүнү бастакыттан баһылаан, Куртуйах сүүрүкчүт бастаан баран туох да харса суох, ыалакы маҥан атынан көтөн аҕай иһэр. Киниэхэ дьаһала оннук этэ. Доруйуон разведчиктара киэһэ Хоролор, Күндэйэлэр ат баайааччылара тугу кэпсэтэллэрин, сүүрүүнү хайдах былаанныылларын истэн кэлэн - Иккиэн отой бастыыбыт диэн санаалаахтар, аттарын отой харыстаабакка түһэрэр былааннаахтар-диэн кэпсээбиттэрэ. Доруйуон өр саҥата суох олорон баран Куртуйаҕар - Нокоо, сарсын эн бастакыттан аккын соруйан ити аттары сырыһыннар. Үс тыһыынча икки сүүһүҥ да уһун дистанция. Атыҥ төһө барарынан ыыта сатаар, баҕар биэтэккэ тиийэн кэлбэтин даҕаны. Сэлээр Сэмэнигэр - Биэрэстэ курдук баран бу Куртуйах ата быһыа, ол кэннэ аккын дэлби нагайкалаан Матаһыыкылы ити Быччаҕары, Адаарыһы дэлби эрийээр. Кинилэр да оччоҕуна бысталлар ини, мин сырсыбакка гынан баран аппын ол тумултан соруйуоҕум - диэбитэ. Сопхуос кубога куоттубут да биһиэнэ диэн хайыы-үйэ сиэптэригэр уктубут санаалаах сүүрүкчүттэр, Күндэйэлэр Матасыыкылларын, Хоролор Быччаҕардарын, Адаарыстарын, бу бастаан баран харса суох барбыт Куртуйах сүүрүкчүтү сабыта тэбистэрэн ылаары аттарын быһыта биэрэн кэбиспиттэрэ. Биэрэстэ курдук сири баран кылабачыппыт Куртуйах маҥан ата эмискэ уостан хаалла. Аттарыгар саҥа тыын киллэриэх курдук буолан эрдэхтэринэ кэннилэригэр хаалан испит Сэлээр Сэмэн маҕан ата харса суох ааһыталаан иннилэригэр түһэн субулуннарда. Бу ат ааспыта дохсунуттан куоталыыр буолла диэн Хоролору кытары Күндэйэлэр, Сиэйэлэр аттарын эмиэ соруйан, нагайкалаан бардылар. Былыргы ыһыахтыыр сир тумулугар тахсан кэлэллэригэр бу маҥан ат эмиэ быстан хаалан барда.    Икки аҥаар биэрэстэни харса суох соруллан кэлбит аттар да мөлтөөн бардылар. Ону кэтээн испит Доруйуон атын дьэ соруйан, нагайкалаан барда.
- Ити аатырбыт аттары син биир куоппаппын, сырсан туһа суох диэн Доруйуоҥҥа олорсон испит Макаарап Өлөксөй Доруйуон атын нагайкалыырын көрөн атын эмиэ соруйан барда. Биэтэккэ субу тахсыыларыгар үс биэрэстэ устата хатыһан тараччы уҥан хаалбыт улахан сүүрүк аттары  Доруйуон Макаараптыын куотан таҕыстылар, кэннилэриттэн үсүһүнэн улахан сырсыыга киирсибэтэх Бааска Сиэрэ таҕыста.
  Дьэ бу сүүрүү түмүгүнэн аны икки иккистээх Угут Күөллэр аҕыс очукуоланан инники тахсан кэлэллэр. Кутаналар алта очукуоланан эмиэ Күндэйэлэри, Хоролору, Сиэйэлэри кытары тэҥнэһэ түһэллэр.


   Дьэ уксааччылар өрө таҥнары хаамыы-сиимии бөҕө буолаллар. Уксубут аттарыгар харчыларын ылсаллар - бэрсэллэр. Дьэ итиэннэ бары бу сүүрэ киирэр улахан сүүрүктэргэ итиэннэ көһө сылдьар сопхуос кубаҕар уксуу саҕаланар. Сотору-сотору -Аппыт хайдаҕый?- диэн аттаахтары тиийэн түүрэйдииллэр да баайааччы да, сүүрдээччи да балаһыанньа хайдах буолуон хантан билиэй, -Ат атаҕа билиэ- диэн куотунан эрэ кэбиһэллэр.

  - Алта биэрэстэҕэ Кыанаайык, Чуоҕурка, Ландыш, Малыш, Хамдьыык, Мас Хара сүүрэллэр. Бары тэҥ атахтаах сылгылар, хайалара баҕарар куотуон, көһө сылдьар кубок хайа баҕарар нэһилиэк өттүгэр барыан сөп - диэн араадьыйаҕа кэпсээн дьон сүргэтин өссө көтөхтө. Бу эппиэттээх сүүрүүгэ ааттаах аттарын сүүрдээри ат баайааччылар бэйэлэрэ  бараллар. Сүүрдээчилиин сүүрүк аттыын бары сирэйдэрэ-харахтара туран бары да, дьон дьонтон, сүүрүк аттар аттан да атын турукка киирэннэр хаамыылыын-сиимиилиин уларыйбыттар. Урукку дьылларга киһи билэринэн маннык улуу сүүрүү буола илигэ. Кубок, харчыннан маннык улахан бириис ат сүүрүүтүгэр истэр тухары ханна да тура илик этэ.

  Сүүрүктэрин дьэ акка холбонон аттаахтар далларыттан биир-биир тахсыталаан бардылар. Аттар барахсаттар сүүрэ баран эрэллэрин билэн төбөлөрө өрө хантаһан халлааҥҥа сылдьар,  кутуруктарыгар холбонон иһэр аттары күөннэринэн анньан күрдьэн, түөрт түөрэм атахтарыгар барбах бэдьэһэ сылдьаллар. Аттар түһэр сирдэрэ ыһыахтыыр сир утарытынан Батакай оттоох күрүөтүн анныттан буолар. Итиннэ, аттар түһэн барыахтаах суолларын устун уһун сиргэ, Саламалаах тумулуга дылы матасыыкыллаах киһи аастаҕына чаас аҥаара сымнаҕас туорпа буор өрө бурҕайан салгыҥҥа ыйанан турар буолар. Сүүрүкчүттэри матасыыкылларынан Батакай күөлүн эргитэ илдьэрдии орулата турдулар. Аттаахтар кураан дьыллар буолан кырдал буолбут сиринэн курдары түһэн бардылар. - Урут бу сиринэн Батакай күөлэ улахан эбэни кытары холбоһор этэ - диэн кэпсииллэр да көрбөтөх киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук.  Аттаахтары кытары сүүрүкчүттэр матаһыыкылынан аттар түһүөхтээх биэтэктэригэр бииргэ тиийдилэр. Ыраахтан көрдөххө аттар мөҥөннөр туорпа буор өрүкүйэн биир кэм өрө бурҕайан, туох да буола турара көстүбэт үлүгэрэ. Эмискэ - Аттар түстүлэр- диэн араадьыйа аймана түстэ, кэпсээччи киһи трибунаҕа бинокуллаах тахсыбыт быһыылаах, көрөн туран ханнык ат бастаан иһэрин кэпсии сатыыр да хас ойуу ахсын быһыы-майгы уларыйа турар буолан буккуллуу элбэх. Аттар да өҥнөрө биир соҕус буолан быһаарар уустук.

  Бу сүүрүүнү Чуоҕурканнан Доруйуон баһылаан-көһүлээн биир ойуу инники иһэр. Миитэрэйбис Кыанаайыгынан, Атыыһыт Ландыһынан икки өттүттэн ойоҕолуу түһэрэн иһэллэр. Кэннилэригэр хаалбакка кутурук олорсон Хамдьыык, Мас Хара, Ландыш, Малыш олорсон туорпалаах сири ааһа көтүтэн Саламалаах тумулугар күлүмнэтэн кэллилэр. Ыраахха сүүрдэн иһэр дьон быһыытынан бэйэ-бэйэлэрин кэтээн, хаалбат курдук тутуһан саламалаах тумулун ааһан, сир аҥаарын, Матасыыкыл баҕанатын өрө харбатан аастылар. Онуоха дылы сорох аттар бастакы тыыннара бүтэн, хаала быһыытыйан сүүрэн иһэр аттар субурус гына түстүлэр. Арай түөрт ат, Чуоҕурка, Кыанаайык, Ландыш уонна Малыш кутурук-кутурук олорсон, бытаарар диэни билбэккэ кутуруктара субуллубута субуллан иһэллэр.  Миитэрэйэбис иннигэр көтөн иһэр курдук барар Чуогурканы кэтээн иһэр. Кини бу сүүрүүгэ сүрүн утарсааччыта уһун тыыннаах, чэпчэки, түргэн атахтаах Чуоҕурка буоларын сэрэйэн иһэр,- Ландыш чугаска сүүрэр сылгы, Малыһы, быыкаа сылгыны баҕас куотабын- диэн бүк эрэнэн иһэр. Бу үлүгэрдээх сүүрүү быыһыгар Миитэрэйэбис атын моонньугар сыста хаптайан иһэн хонноҕун аннынан кэннин көрдөҕүнэ бу икки ата хаалар санаата суох кинилэргэ кутурук олорсон иһэллэр. Былыргы ыһыахтыыр сир тумулуттан соннук  төрдүөн олорсубутунан сулбу көтөн таҕыстылар. Ат сүүрүүтүн саамай түмүгүн, ким кубогы ыларын көрөөрү мустан турар дьон хаһыы бөҕө буолан ат сүүрэр сиригэр саба сүүрэн киирэ сатаабыттарын эмиэ милиисийэлэр сүүрэн кэлэннэр нэһиилэ тохтоттулар. Ити ат куотан эрэр, бу ат киирэн эрэр диэн араадьыйа биир кэм тохтоло суох айманна. Аттар хайалара да бастыа биллибэт үлүгэригэр трибунаҕа субу көтөн кэллилэр. Илин былдьаһан төрдүөн тирии нагайканнан тохтоло суох таһылланнар мэктиэтигэр көтүөх курдук, түөрт түөрэм атахтара сиргэ таарыйбат да курдук буоллулар. Көрөөччүлэр хаһыылара ыһыылара, айманыылара ыраатан ыһыахтыыр сир биир кэм ....
  Манан бүтүөм, бу кэпсээбит аттарым кэпсээҥҥэ киирбит, оҕо эрдэхпиттэн истэн-истэн кэлбит улуу сүүрүк аттарым этэ. Бу сүүрүү буолбутун дьиҥэ билбэт этим. Мин төрүөм иннинэ буолбут буолуон сөп диэн быһа холоон өйбүттэн оҥорон суруйбутум. Онтум дьиҥэр буолбут сүүрүү эбит. Оҕо эрдэхтэринэ сүүрүүнү көрбүт, билэр дьон историяны уларыттыҥ. Матасыыкыл биир сүүрүүгэ куоппута, сэлиик боруода ханнык эрэ сүүрүүгэ үһүс буолта диэн суруйбуттара. Кэпсэнэр ат баайааччылар, сүүрдээччилэр, кыра сааспыттан ыһыахтарга ат сүүрдүбүт буолан билэттиир, миигин кытары табаарыс курдук сыһыаннаспыт, убаастыыр дьонум этэ. Онон бу улуу сүүрүүгэ кими да куоппут- куоттарбыт оҥорбоппун, ааҕааччым бэйэҥ бу ат куоппут буолуон сөп диэн бэйэҥ таайа санаа.

 Ат сүүрүүтүн таптааччыларга эҕэрдэни кытара Уйбаан Александров- Маппыыһа Баанньа.
Category: Ыһыах, олоҥхо | Views: 79 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2025  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 3
Ыалдьыттар (гостей): 3
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2025