News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2010 » Балаҕан ыйа » 13 » Аныгы дьалхааннаах олохпутугар хаан булкуһуута олус күүскэ бара
Аныгы дьалхааннаах олохпутугар хаан булкуһуута олус күүскэ бара | 15:13 |
13.09.2010 10:09
Сперма баана – хааны тупсарыа (ИА "Кыым.ru")
"Биһиги сахалар кырдьаҕас омукпут. Омук эмиэ киһи курдук. Эдэригэр күнэ тыгар, күөнэҕэ оонньуур, кырдьарыгар кыаммат-түгэммэт, бэйэ-бэйэтин кытары иирсэр буолар. Омугу иккистээн сөргүтүүгэ эдэр омук хаанын киллэриэххэ наада. Билиҥҥи омуктартан фино-угорскай норуоттар эдэр диэн ааҕыллаллар. Сперма баанын нөҥүө саха хаанын тупсарыахха сөп».
«Интернациональнай» ыал ыарыылара
Кэлиҥҥи кэмҥэ атын-атын тыллаах-өстөөх, сиэрдээх-майгылаах, дьүһүннээх-бодолоох, үгэстээх омуктар ыал буолалларын, уйулҕа эрэ өттүнэн көрбөккө, эт-хаан өттүнэн эмиэ чинчийэ сатыыр научнай төрүттэр үөскээтилэр. Манна чинчийээччилэр санаалара эриэ-дэхси буолбат.
Холобура, француз учуонайдара этэллэринэн, икки атын-атын омуктан төрөөбүт оҕо уйулҕата сүрдээх кэбирэҕин ааһан, эт-хаан өттүнэн аһаах буолар эбит. Биллэрин курдук, омук-омук тус-туһунан ыарыылаахтар. Сахалар бокоорор (вилюйский энцефалит) диэн ааттыыр ыарыыларынан сахалар эрэ ыалдьаллар. Псориаз диэн ыарыы, хара бастааҥынан, «нууччалар ыарыылара» этэ. Төһөнөн элбэх омук хаана буккуһар да, соччонон ол омуктар ыарыылара, буккаас оҕо хааныгар сүгэһэр, «состороонньо» буолан баран иһэр. Өскөтүн биир омуктан төрөөбүт оҕо, биир кэлим геннэй информациялаах буоллаҕына, атын-атын омуктан төрөөбүт оҕо хас да араас информацияны сүгэ сылдьар. Манта этин-сиинин туругар эрэ буолбакка, психология өттүнэн эмиэ кутталлаах. Сылаас-сымнаҕас, иһирэх сыһыаннаах эйгэҕэ улааппатаҕына, информацияларын сатаан наардаабакка, булкуйан, бутуллан хаалыан сөп. Оччоҕо бу оҕо олоҕор улаханы ситиспэт диэн аттыыллар.
Хойутаан тылланыы
Аны, икки аҥыы тыллаах дьон оҕото хойутаан саҥарар. Психология историятыгар, хрестоматияҕа киирэр холобур быһыытынан, икки анал үөрэхтээх психологтар оҕолоругар экспермиент туруорбуттара баар. Дьахтар – француз, эр киһи – ньиэмэс. Төрөппүттэр оҕолорун хара төрүөҕүттэн икки тылга тэҥҥэ үөрэппиттэр: ийэтэ наар французтуу саҥарбыт, аҕата – ньиэмэстии кэпсэппит. Инньэ гынан, оҕолоро икки тылы бутуйбакка, «бааһынайдаабакка» саҥарар, өйдүүр буолбут. Ол эрээри, научнай тирэҕэ, бэлэмэ суох төрөппүт маннык эксперимены оҥороллорун учуонайдар биһирээбэттэр. Кинилэр санаалара чопчу: оҕо үһүгэр диэри – мэйиитэ, толкуйдуур дьоҕура сайдар. Ол кэмҥэ – биир тылынан булкуйбакка иитиллиэхтээх.
Омукка талаһыы төрүөтэ
Аныгы дьалхааннаах олохпутугар хаан булкуһуута олус күүскэ барар.
М.С., историк: «Саха бастакы үөрэхтээхтэрэ бары кэриэтэ нуучча, украинка кыргыттарын кэргэн ылбыттара. Оччотооҕу саха дьахтара үөрэҕэ суох. Онон көрүүтэ-билиитэ даҕаны сымсах. Хотоҥҥо, оҕоҕо баттатан сыта-сымара, быһыыта-таһаата эр киһини умсугуппат. Ол иһин уолаттарбыт ыраас-чэбэр, духуу сыттаах нуучча дьахталларын эккирэтэллэрэ. Хайа, мөтөҕөр түөстэрэ, эттээх самыылара үчүгэйэ бэрт буоллаҕа!
Сэрии кэнниттэн специалист быһыытынан эдэр кыргыттары Союз кытыы сирдэригэр ыыталыыллара. Онно кыргыттары нууччалыы саҥарар, үөрэхтээх уолаттарбыт уталыппакка кэргэн ылаттаан истэхтэрэ. Билигин саха кыыһа, дьахтара тубуста. Үөрэхтэннэ. Ити уларыйыыны кэлии омук барыта бэлиэтии көрөр, умсугуйар буолла. Оттон эр дьоннорбут төттөрү түстүлэр. Иһэн-аһаан… ол иһин кыргыттарбыт тэҥнээхтэрин булбакка омукка тахсаллар, омук сиригэр кийииттии бараллар».
Хаан тупсарыы
Сорох дьон туора омук кийиит, күтүөт кэлбитин сэргээн-сэҥээрэн – хаан тупсарыыта диэн аттыыллар. Хаан тупсар, өскөтүн туора омук САХАНЫ төрөттөҕүнэ. Биир үксүн, билиҥҥи нууччатымсыйбыт кэммитигэр, булкаас ыал «нууччаны» эрэ төрөтөр.
А.Н., быраас: «Биһиги сахалар кырдьаҕас омукпут. Омук эмиэ киһи курдук. Эдэригэр күнэ тыгар, күөнэҕэ оонньуур, кырдьарыгар кыаммат-түгэммэт, бэйэ-бэйэтин кытары иирсэр буолар. Омугу иккистээн сөргүтүүгэ эдэр омук хаанын киллэриэххэ наада. Билиҥҥи омуктартан фино-угорскай норуоттар эдэр диэн ааҕыллаллар. Сперма баанын нөҥүө саха хаанын тупсарыахха сөп».
Омук, норуот кута-сүрэ этиҥ-хааныҥ, дьүһүнүҥ уларыйдаҕына тэҥҥэ уларыйбат дуо диэн ыйытыаҕы баҕарыллар. Аҥаардас уһун уҥуоҕунан, дараҕар сарынынан үлүһүйэр, кута-сүрү умнар сыыһа буолуо диэн сэрэйэ саныыбын.
Бааһынай хаана
А.К., учуонай: «Бааһынай бааһынайы кытары холбоһуо суохтаах. Кини эбэтэр сахаҕа, эбэтэр нууччаҕа кэргэн тахсыахтаах. Икки булкаас дьон куһаҕан хааннара оҕолоругар бэриллиэн сөп…»
Далан «Дьылҕам миэнэ» ахтыы кинигэтигэр Чурапчыттан төрүттээх эдэр учуутал Хаҥалас Сиинэтигэр учууталлыы тахсан баран, олохтоох бааһынай оҕолоро үөрэҕи сатаан ылымматтарын, ол эрээри олоххо-дьаһахха сатабыллаахтарын, онон кинилэри өр күүһүлээн үөрэтэр наадата суоҕун ыйан салалтатыгар сурук суруйбута кэпсэнэр. Ону нуучча оҕолорун «акаары» диэтэ диэн хаайыыга ыыппыттар...
Кырдьык, олоххо баар суол. Бааһынай оҕото оскуолаҕа мөлтөхтүк үөрэнэр, ол гынан баран олоххо сатабыла, ньуолбара, элбэҕи ситиһиннэрэр. Икки омук киитэрэйэ киитэрэйдээх буоллахтара.
Монгуоллары ким кыайбытай?
«Ыал ийэтинэн» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Оҕо сэттэтигэр диэри чэҥкир ийэтигэр убанар. Оҕо, чуолаан бу сааһыгар, өйүн-санаатын, майгытын-сигилитин омооно ууруллар, иҥэриллэр. Биллэн турар, киниэхэ ийэ оруола, сабыдыала олус улахан. Тюрколог учуонай Н.К. Антонов сөпкө этэр этэ «улуу монгуоллары нуучча дьахталлара самнарбыттара» диэн. «Нуучча ийэттэн төрөөбүт оҕо хайдах ийэтин аймаҕын кырга, баһылыы барыай?!».
Суураллыы
Т.М., музыкаан: «Тиһэх уһугар икки атахтаах биир тылынан саҥарар кэмигэр тиийиэҕэ. Биир култууралаах, биир дьүһүннээх, биир тыллаах буолуоҕа. Алаас ото, сибэккитэ төһөнөн эгэлгэ, элбэх араас да, соччонон кыраһыабай, көрүөхтэн кэрэ, өҥө-сыта дыргыл, дьэрэкээн буолар. Кэмниэ-кэнэҕэс бу алааска биир эрэ көрүҥ от хаалыаҕа. Өҥ сүтүө, сыт симэлийиэ. Тэҥниириҥ суох буоллаҕына, ол соҕотох от сытын туохха холуоххунуй, соҕотох өҥүн туохха майгыннатыаххыный?»
|
Views: 1863 |
Added by: uhhan2
|
Total comments: 1 | |
1
никодим
(2010-09-18 05:41)
Санаабын вопростан сагалыыбын, аймахтарбыт дьоппуоннар уонна китайдар, кэриэйдэр - дойдуларыгар хас бырыьыаннара ДЬОППУОНУЙ, КЫТАЙЫЙ, КЭРИЭЙИЙ ? Итэгэстээхтэрэ , дьоппуоннуу-кытайдыы, кэриэйдии санарбат дьонноро тоьо элбэгий ? Олохторун таьыма хайдагый, биьиги курдук дьаданылар дуо ? Хааннара колуонэлэрэ тоьо таннары баран иьэрий ? Кинилэргэ хаан уларытыы проблемата тоьо куускэ турарый ? Агыйах сахалар бааьынайбыт-куолуьуппут батарбакка, эмиэ итэгэспитин сабынаары, буруйбут тордун кордуу сатыыргытын согобун. Итак сахалар лаппа солумсах буолан, тордубутунэн почти бука бары, араас омук булкаастара буоламмыт, бэйэ икки ардыгар лаппа ойдоьуу суох. Ол иьин кун бугунугэр дылы дьаданытык олоробут, дойдубут баайын барытын "дьаданы" россияга суус бырыьыан биэрэн баран дотацияга ааттаьан ылан олоробут. Дуоьунастары, улахан хамнастаах улэлэри уксун маган сирэйдээхтэр ылан олороллор, бэйэ киьитин аанньа ахтааьын таьыма олус намыьах. Биир маган сирэйдээх киьи баар буоллагына, сахалар сразу нууччалыы санарбытынан бараллар, сирэй колбогурэн, культурнай буолбута сатаан. Даже сахалыы санарыан багарбат, билбэтэ аатыран кубулунааччыларбыт да агыйага суохтар. атын дойдуларга олохтоохтор лаппа ыйааьыннаахтар. Кэлии дьону оро туппаттар, наоборот кэлии дьон олохтоохтор тылларынан санараллар, оннук дойдулар элбэхтэр. Биьиги дойдуга даже тойон буолбут нууччалар БИИР ЭТИИНИ САТААН САНАРБАТ ЭРЭЭРИ даже улахан тойон буолан сылдьаллар, ол иьин сахалары аанньа ахтыбаттар. Буруйбут тордо онно, сиэмэгэ буолбатах. Сахаларга ос хоьоонун урут истэр этим; бага багатыгар, чоху чохутугар диэни, Биьиги син биир АЗИАТТАРБЫТ, лучше улахан АЗИЯТТАН учугэй, биьиэхэ барар, соп тубэьэр олох торуттэрин тутуьарбыт наада дии саныыбын. Киьи билэринэн биьиги дойдуга хаьыс колуонэ бааьынай буолан турар да, биир эмэ саха бааьынайа чыыстай нуучча буолан тагаста дуо ? Арааьа суога буолуо. Саха - омук курдук сайдарын туьугар "сирэй" салааьыны тохтоторго соп буолла. Нууччалар этэллэрин курдук "насилу мил не будешь" баайбытын таах сибиэ, ким даганы биир тылы утары эппэккэ эрэ кутан биэрэ сытабыт, хайдах эмэ атагастаабаталлар ханнык диэбит курдук. Хаьан матагалара туолар ? Саха эстэрэ буолла. Аны фино- угорскай омуктары кытта холбостохпутуна эрэ, тупсар аатырбыппытыттан олох кэлэйэ-хомойо олоробун. Алдьархайдаах научнай выходы подсказка онорбут курдук сананан сылдьар дьону, просто дальше истиэхпин да багарбаппын. Ол кэриэтин дойду иьигэр доруобай кыанар дьоннор комолоро наада, уонна кун тахсар сирин диэки корбут ордук. Ким куну корсубут-дьоллоох !!!
|
|
|
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 25 Ыалдьыттар (гостей): 25 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|