Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2011 » Атырдьах ыйа » 15 » - Ханнык омугуттан тутулуга суох сирдээҕи олоҕу дьоһуннаахтык олоруу итэҕэлтэн тутулуктаах эбит диэн өйдөбүлгэ тиийдибит.
- Ханнык омугуттан тутулуга суох сирдээҕи олоҕу дьоһуннаахтык олоруу итэҕэлтэн тутулуктаах эбит диэн өйдөбүлгэ тиийдибит.
18:18
. Биһиги бүгүҥҥү балаһабыт бочуоттаах ыалдьытынан буолар сахаттан биир бастакынан урбаанньыт быһыытынан улахан бизнеска хорсун хардыылары, ситиһиилээх саҕалааһыннары тэрийбит, олохтообут, кэлин аатын-суолун, өйүн-санаатын, олоҕун-дьаһаҕын, дууһатын ууран туран бизнеһы кытары политиканы сатаан холбоон сахатын норуотун туһугар сыратын биэрэн туохтан да, кимтэн да чаҕыйбакка иннин диэки эрэллээхтик баран иһэр Афанасий Максимов
ИТЭҔЭЛ

- Ураанхай Сахалар бу олорор сирбитигэр хайдах баар буолбуппут туһунан чинчийээччилэр уонна тыл үөрэхтээхтэрин ыккардыларыгар өтөрүнэн бүппэт мөккүөр. Бу манна , Афанасий Николаевич, туох санаалааххын?
- Миигин кырабыттан аҕам - историк учуутала Николай Николаевич Максимов, бэйэтин кытары булка да, атын үлэҕэ да батыһыннара сылдьан ону-маны элбэҕи кэпсиирэ. Дьиэбитигэр улахан библиотекалаах этибит. Ол иһин буолуо, мин кыра эрдэхпиттэн «нууччалар кэлиэхтэригэр диэри, кыра ахсааннаах сахам норуота хайдах бачча улахан сири баһылаан, көрөн-харайан олорбута эбитэ буолла?» диэн элбэх толкуйга киирэр этим. Мин  бэйэм аахпыт матырыйаалларбыттан ылан көрдөххө киһи улаханнык мөккүспэт туоһулара бааллар. Ол курдук топонимика – сир ааттара элбэҕи чаҕылхайдык кэпсииллэр.

Саха сирэ автономия буоларыгар 1922 сыллаахха икки Улуу байҕаллар икки ардыларыгар республика территориятын ылбыта. Хотугу муустаах Байҕал биэрэгэр Тиксии диэн Тиксэр сир уонна Охотскай муораҕа тахсан Айан – Айанныыр суол диэн дьиҥ сахалыы ааттаах сирдэр бааллар. Кэлин Сахабыт сирэ Сталин оҕонньор линейканан муораттан 20 көс тэйитэн быспыт сирдээх.
Картаны ылан көрдөххө ол көстө сытар. Улуу Чыҥыс Хаан кэриэһин «муораттан муораҕа тиийэн иhиҥ» диэн эппитин  мөккүһэр киһи суох буолуохтаах.  Тоҕо биhиги бэйэбитин бороҥ ураанхайдар диэн ааттанарбыт эмиэ мөккүөрэ суох. Чыҥыс Хаан уҥа илиитэ Сүбэтэй Ураанхай сыдьааннара буоларбытын туоһулуур. Мантан да атын киһи утарбат туоһулара элбэҕи этэллэр.

- Уларыйыы-тэлэрийии түргэнник бара турар кэмигэр саханы туох долгутара буолуой?


- «Бу балхааннаах, айдааннаах, аһары сайдыылааах кэмнэргэ сахабыт норуота суол кытыытыгар олорон хаалбат эрэллээхпит дуо?» диэн санаалаах бороҥ урааҥхайдар элбэхтэрэ буолуо дии саныыбын. Биһиги Россия сокуоннарыгар олоҕуран  сирдээхпит-уоттаахпыт, бэйэбит конституциялаахпыт. Ол гынан баран, мин санаабар, сахам норуота биир сүрүн быһаарылла
илик боппуруостаах. Ол биһиги итэҕэлбит буолар. Сахалар түҥ былыргы итэҕэлбитин 1696 с бойобуода Арсеньев бобон турар. Онтон дьэ саҥа православной-христианскай итэҕэли ис сүрэхпитигэр чугаһатан эрдэхпитинэ уоттаах-күөстээх өрөбөлүүссүйэ кытаанахтык бу итэҕэли быспыта, суох оҥорбута.

- Итэҕэлэ суох киһи олоххо туохха тирэҕирэн олоруон сөбүй?


- Холобур, Америка олохтооҕор олоҕун ыарахан суолугар көмө-тирэх буолар психолог эбэтэр пастор диэннэр бааллар. Ислам итэҕэйээччилэрэ имамнааахтар. Православнай христианнар аҕабыыттардаахтар. Бүгүҥҥү туругунан дьоллоох Дьокуускай куораппытыгар католиктар костелларын, ислам мечеттарын тутуулара тэллэй курдук элбииллэрэ баар чахчы. Онтон Сахам киһитэ, хомойуох иһин, муммут оҕо курдук, олоҕун араас ыарахан түбэлтэлэригэр үҥэр-сүктэр, сүбэ-ама ылар, дууһатын
аһар сирэ суох. Биһиги сахалар православной христианнарга чугаспыт өйдөнөр гынан баран сахалартан ислам-ваххабит
снайпердара баар буола сылдьыбыттарын мин сатаанөйдөөбөппүн.
- Тыа сирин ыччаттара киэҥ сиргэ улааппыт оҕолортон иитиилэрэ, олоххо сыһыаннара,итэҕэлгэ өйдөбүллэрэ атыттар.

- Тыа сиригэр, саха биһигэ буолуохтаах дэриэбинэлэрбитигэр, духуобунас хайдах хайысхалааҕын, туруктааҕын, бэйэм, тыа сиригэр элбэх оҕолоох ыалга үөскээбит буоламмын, сүрэхпэр-быарбар чугастык ылынабын. Нуучча өһүн хоһооно мээнэҕэ эппэт - "жизнь прожить не поле перейти”. Олоххо, ордук эдэр дьоҥҥо, мунар-тэнэр боппуруостара сылтан сыл аайы элбээн иһэр. Ол иҺин да буолуо, кэлиҥҥи кэмнэргэ бэйэҕэ тиийиинии, арыгы кулута буолуу тыа ыччаттарын истэригэр ордук элбэх. Ону сорох үөрэхтээхтэрбит саха майгытыгар сөрүүллэрин киһи хомойо истэр. Бороҥ ураанхайдар, Байҕалтан Байҕалларга хаардыы хаампыт боотурдар, хааммытыгар оннук аньыылар бааллара буолуо диэн санаа миэхэ олох киирбэт. Мин саныахпар, ити алдьархай төрдө-төбөтө син-биир Урааҥхай Сахалар түҥ былыргы итэҕэлбитин Аар Айыылары, Үрүҥ Аар Тойону кытта ситиммитин сүтэриибититтэн диэн санааҕа тириэрдэ турар.

- Ханнык омугуттан тутулуга суох сирдээҕи олоҕу дьоһуннаахтык олоруу итэҕэлтэн тутулуктаах эбит диэн өйдөбүлгэ тиийдибит. Онтон саха норуота өбүгэбит итэҕэлигэр хайдах төннүөхпүтүн сөбүй?
- Дьиҥэр ыллахха, хас биирдии Саха киһитэ түҥ былыргы өбүгэтин итэҕэлин сүрэҕэр-быарыгар, хааныгар илдьэ сылдьар. Саха киһитэ - Айыы оҕото, төрөөбүт сиригэр-уотугар, Аар айылҕатыгар, Аан дойдутугар сыһыана кэлии дьонтон ураты туспа. Мин саныахпар, биһиги итэҕэлбитин литератураҕа киллэрэн өрө тутар, үөрэтэр, судаарыстыбаттан атын итэҕэллэри кытта тэҥҥэ көмө ылар кэммит кэлиэҕэ. Ол Россияҕа, Саха Сиригэр улахан геополитическай өҥөлөөх буолара саарбаҕа суох.

.- Биһиги билигин туох иннибит диэки эрэнэ көрөр суоллардаахпытый?

- Биһиги билигин да инникитин да Россия састаабыгар баар буоларбыт туох да эҥкилэ суох өйдөнөр. Ол гынан баран Россия наһаа элбэх территорияны - аан дойду 1/8 сирин сыыһа баһылаан олорор диэн киҥир-ханыр тыллар отору-мотору илинтэн-арҕааттан иһиллэллэр. Эбиитин республика сирин баайдара аһылланнар атын ыраах дойду омуктара кэлиилэрэ кими баҕарар дьиксиннэрэр. Үөһээ эппитим курдук бороҥ ураанхайдар итэҕэлбитин сөргүтэн, куппутун-сүрбүтүн тургутан иннибит диэки
көмүөл муустуу бииргэ күрдьэн истэхпитинэ ама тоҕо сайдыы, кыайыы-хотуу суолугар төннүбэт буолуохпутуй?!

    Марина Платонова
Инники күөҥҥэ сылдьар дьиҥ сытыы Сахабыт, Афанасий Максимов, ис кыаҕыҥ, эрэлиҥ барҕаран Урааҥхайдарга баай-талым, ил олох кэллин. Өбүгэбит ситимэ, кистэлэҥнэрэ эн курдук эр бэртэрэ, боотурдара өссө күүһүрэллэрин, ситиһиилэнэллэрин курдук өрүү төһүү
күүс буоллуннар.
Ааҕаачылар истиҥ санаалара кыттыһан салҕыы сайдаҥҥын эн олоҕуҥ тупса турдун.


Views: 1272 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2011  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 5
Ыалдьыттар (гостей): 5
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024