News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2011 » Атырдьах ыйа » 26 » Штыров кэлэн баран, (Е.Борисовтыын.(ухх.) 8 сыл иһигэр тугу да хаалларбата. Биир эмэ киһи утары саҥаран көрдүн эрэ! Суох оҥортуур.
Штыров кэлэн баран, (Е.Борисовтыын.(ухх.) 8 сыл иһигэр тугу да хаалларбата. Биир эмэ киһи утары саҥаран көрдүн эрэ! Суох оҥортуур. | 12:49 |
http://yktnews.ru/sakhalyy/1767-afanasiy-maksimov-8-syl-i1211iger-1257r1257sp11991199b1199l1199ke-aktyyba-baryta-atyylanna.html
Афанасий МАКСИМОВ: "8 сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэ актыыба барыта атыыланна"
Былырыын ыам ыйын 31 күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин президенэ В.А.Штыров «баҕа өттүнэн дуоһунаһыттан босхолуурга» көрдөһүүтүгэр дойду президенэ Дм.Медведев илии баттаабытын туһунан «быстах сонуну» Кириэмил пресс-сулууспатын сайта аҕыйах тылынан «тылыбыратан» кэбиспитэ. Дьиҥинэн, Штыровпутун бүтэһик икки сылга «ыытан баран» сылдьар дьон этибит. Ол да буоллар сурах-садьык дьиҥ чахчыга кубулуйбутугар улаханнык соһуйбүпүт. Хайдах?! Тоҕо?! Ким?!
Кэм-бириэмэ төттөрү эргийэр үгэстээх дииллэр. Бу күннэргэ «Афанасий Максимов дьыалата» хат сөргүтүллэн дьону-сэргэни биллэ сээбэҥнэттэ. Ыйааһын хараҕа хайа диэки халбаҥныаҕын кыҥастаһыы буолла: Штыров дуу – Максимов дуу, Президент дуу – Дьокутаат дуу… Кэнники кэмҥэ суут-сокуон систиэмэтэ киһини улаханнык сөхтөрөр түбэлтэлэрдээх буолан барда. Онон бу дьыала хайдах түмүктэниэҕэ биллибэт.
«Максимов дьыалата» туохтан саҕаламмытын систиэмэ, былаас, дуоһунас өттүттэн бу түөрт сылы быһа истэн кэллэхпит. «Кытай үспүйүөнэ», «Мимино», «Саха сирин Арассыыйаттан араара сатааччы», «сиэччи-аһааччы», «муҥнуур-сордуур анал дьиэ тутааччы»… Эргитэн аҕала-аҕала, кими эрэ, киһи үөйбэтэх-ахтыбатах дьаралыктарынан сыбаа да сыбаа буоллахтарына, сэрэхэдийэҕин ээ. Бэйи, доҕор, бу туох ааттаахтан, бу туох айылаахтан киҥнэрэ-наардара бачча холунна диэн. Бээһээ – «мааны оҕо», бүгүн – «көйгө оҕо»... Дьикти. Айдаан ис-биэтэс, көп, улаҕа өттө тугуй?
- Афанасий Николаевич, бастакы идэҥ летчик? - Летчик -- оҕо сааһым ырата буоллаҕа. Оччолорго уол барыта космонавт эбэтэр летчик буолуон баҕарар этэ. Инньэ гынан, 1981 сыллаахха, оскуоланы бүтэрээт даҕаны, Кременчуктааҕы летнай оскуолаҕа туттарса барбытым. «Пилот вертолета» специальноска киирбитим. 1984 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн баран, Маҕаҥҥа – «Управление полярной авиации» үлэлии киирбитим. Онтон 1990 сылларга саҕаламмыт ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр, олус сөбүлүүр, ыра гыммыт идэбиттэн барарга күһэллибитим. - Уонна? - Уонна бизнес эйгэтигэр киирбитим. Летчиктыы сылдьан хоту элбэхтик көтөр этибит. Кытайдар, кэриэйдэр сэлии муоһун, пантыны – таба муоһун интэриэһиргииллэрин билэрим. Кэриэйдэргэ айылҕа протеинынан баай – панты улахан сыаналаах табаар этэ. Туох баар астарыгар (убаҕас буоллун, хойуу буоллун), бэл, сиэр-туом ыыталларыгар кытары пантыны тутталлар. Ону көрө-билэ сылдьан Соҕуруу Кореяҕа, Гонкоҥҥа пантыны таһааран атыылаан барбыппыт. Бэркэ табыллан үлэлии сырыттахпытына, соҕуруу кэриэйдэр, парламеннарын таһымынан быһааттаран, Арассыыйаттан киирэр пантыны «кирдээх» диэн ааттаан бопторон кэбиспиттэрэ. Уонна Новай Зеландияны кытары контрактаһан кинилэр пантыларын эрэ атыылаһарга уураах таһааттарбыттара. Политика буоллаҕа. Соҕуруу Кореяҕа ырыынага суох хаалан баран, АХШ-га таҕыстыбыт. Америка хас биирдии улахан куораттарыгар кэриэйдэр түөлбэлээн олорор бүтүн кварталлара бааллар. Онон Лос-Анджелеска, Сан-Францискаҕа атын да куораттарга маҕаһыын аһан пантынан эргинэн барбыппыт. Арассыыйаттан АХШ-га тахсар транспортнай ханаал оҥорбутум. Ол ханаалбын атын бизнесменнэргэ эмиэ арендалыырым. Бэйэм, ол кэмҥэ кэргэннэммитим, бастакы оҕом – Инесса төрөөбүтэ. Америкаҕа дьиэ ылбытым. Хоннохтоохтук үлэлээри-хамсаары, кэргэммэр, оҕобор, бэйэбэр «үлэлиир виза» ылан субу сөмөлүөтүнэн көтөөрү сырыттахпытына, Америкаҕа, арай айдаан таҕыста: «нуучча мафията контрабанаданан дьарыктанар» диэн. Ханаалбын арендаласпыт дьоннор, панты быыһыгар суулаан бүүчээн ыытын таһаарбыттар. Бэркэ, билэбин дии саныыр эрэнэр дьонум туох да саарбахтааһына, сээбэҥнээһинэ суох миигин онно уган биэрбиттэрэ... Итинник бөрүкүтэ суох дьыала тахсыбытын кэннэ ФСБ-лары кытары көрсүһэн турардаахпын. Хата, сып-сап дьиҥнээх буруйдаахтары тутаттаан, дьыала түмүктэммитэ. - Айдаан тахсыбатаҕа эбитэ буоллар, Америка гражданина буолан олоруох эбиккин? - Олус биһирээбэт, ымсыырбат да дьонум буоллар… Олоххо туох да мээнэҕэ тахсыбат. Холобур, иккистээн олохто олор дииллэрэ эбитэ буоллар, син биир билиҥҥи олоҕум суолун талыам этэ. - Афанасий Николаевич, ити кэнниттэн Саха сиригэр төннүбүтүҥ? - Дойдубар кэлбитим. Уонна 1996 – 97 сылларга, Игорь Корневтыын Кыһыл Сыыр собуотугар харчы уган… - Төһөнү? - Мин оччолорго атахпар бигэтик турбут киһи буоллаҕым – тус бэйэм 2 мөл. дуоллары Кыһыл Сыыр собуотугар укпутум. «Якол» диэн ньиэп-гаас хампаанньатын тэрийбитим. Сылга 100 тыһ. туонна эргитиилээх этибит! Бастаан Томпоттон, онтон дойдубуттан Тааттаттан (билигин Таатта-Чурапчы уокуругуттан) дьокутаатынан талыллыбытым. Оннук үлэлии-хамсыы сырыттахпытына 2001-02 сс. өрөспүүбүлүкэҕэ «Юкос» кэлэр. «Саханефтегаз» АО НК тэриллэр, миигин онно салайааччы буолаҕын дуо, диэн этии киллэрбиттэригэр сөбүлэспитим. Билигин санаан көрдөххө, саха киһитин олордон баран талбыппытынан дьаһайыахпыт дии санаабыттар быһыылаах этэ. Онтон 2003 сыллаахха Ходорковскай хаайыллар. Дьэ, тимирэр хараабылтан кутуйахтар куоталларын санатар быһыы-майгы үөскүүр. «Юкостар» (ол иһигэр Ничипорук «АЛРОСА» эмиэ) тугу туппуттарын барытын тырыта-хайыта тыытан атыылаан үллэҥнэтэн бараллар. Миигин «юкостар» «Афанасий барар буоллаххына бар, туппаппыт» дииллэр. Онуоха барабын диэн уоппуска ылбытым кэннэ, В.А.Штыров ыҥыртаран ылар, «билигин уурайдаххына Саха сирин таҥнарааччыта диэҕим, «юкостары» тохтотуохха, өрөспүүбүлүкэ гааһын-ньиэбин комплексын үрүө-тараа туталларын тохтотуохха» диир. Аны, Штыров тылын ылынан төннөөрү гыммыппар, анарааҥҥыларым төттөрү ылбаппыт дииллэр. Атыыр айдаан саҕаланар. (А.Максимов 2004 сыллаахха «Саханефтегаз» АО НК гендириэктэрин дуоһунаһыгар төннөр айдаанын өйдүүр буолуохтааххыт – аапт.). Төннөбүн. Уонна «Сахатранснефтегаз» АО тэрийэн ньиэп-гаас комплекс тутаах объектарын онно көһөрөбүт. «Юкостар» бараллар. - «Юкостар» урусхаллаабыттарын кэннэ «Саханефтегаһы» тилиннэрэр кыах баар этэ дуо? - Баар этэ! Ол саҕана Штырову олус итэҕэйэр, эрэнэр этим – дьиҥнээхтик өрөспүүбүлүкэ туһугар кыһаллар киһи дии саныырым… Норвегиятааҕы пенсионнай фонданы кытары кэпсэппиппит. Кинилэр «Юкос» ирээтин ылабыт, инвестициялыыбыт, үлэлээҥ-хамсааҥ, биһиэхэ блокпакет 25% акция эрэ наада диэн эппиттэрэ. Схема бөҕөтүн оҥорон, дакылаат бөҕөтүн ааҕан… Суох, Штыров тиэрэ түһэн кэбиспитэ. Онтон атын билигин бэйэбит ньиэп хостуу олорор буолуох этибит.
…Кэлин, «Роснефть» судаарыстыбаннай тэрилтэ, өрөспүүбүлүкэ ньиэбин-гааһын актыыбын барытын, ол иһигэр «Саханефтегаһы» эмиэ ылар. Миигин буоллаҕына, Штыров «Роснефтька» ыытар, ол киллэрэн баран мин илиибинэн, аны «Роснефть» бас билиитэ буолбут – «Саханефтегаһы» атыылата сатыыр. Поляков «Роснефтька» киирэн баран «Якутгазпрому» атыылаабыта дии, ол курдук. Поляковка 5 төгүл төхтүрүйэн холуобунай дьыала көбүтүллэ сылдьыбыта да, өрөспүүбүлүкэ прокуратурата саба турар. Мягков диэн киһини Ленскэйгэ үлэлии сырыттаҕына, мин хаста да уурата сылдьыбытым. Ону хас сырыы аайы Штыров үлэтигэр төннөрөн иһэрэ. Миигин буоллаҕына, «Саханефтегаһы» атыылаттара сатаабытыгар сөбүлэспэтэҕим иһин, бу айдааны таһаарар. «МК», «Компромат.ру» тиийэ миигин баһааҕырдар матырыйааллар тахсаллар. Онон, дьиҥинэн, судаарыстыба баайын көмүскээбит буруйбар «кытай үспүйүөнүгэр» тиийэ күтүрэнним. - Оттон эн этэриҥ курдук буоллаҕына, тоҕо Штыров утары холуобунай дьыала тэриллибэтий? - Үс-түөрт сылынан тэриллиэҕэ диэн эрэннэрэбин. Штыров дуоһунаһыттан барарыгар мин улахан «кылааты» киллэрдим дии саныыбын. Биир үксүн бу айдаантан, дьиҥэ, эриэнэ тахсан кэлиэ диэн эрдэ барда. - Куотта? - … - Судаарыстыба -- «Роснефть» актыыбыын көмүскээбитим диигин. Оттон «роснефтьтэр» хардатын эйиэхэ көмөлөһөллөр дуо? - Оттон ол иһин эһиги иннигитигэр олорорум буолуо буолбатах дуо? Москубаҕа икки сыл устата дьиэ кэргэммин «Роснефть» харабыллара көмүскээн олордулар. - Мин көрдөхпүнэ эн систиэмэни утары охсуһар курдуккун. Оттон систиэмэни кыайбыт баар дуо? - Кырдьык, хаһан баҕарар тахсар. Ол онно букатын саарбахтаабаппын. - Ити утарыта турууга тугу ситистиҥ? - Штыров бардаҕа дии!!! Биһиги айдааммыт соҕотох «Саханефтегаз» эрэ айдаана буолбатах этэ. Өрөспүүбүлүкэ ньиэбин-гааһын, таас чоҕун, көмүһүн – уопсай промышленнай комплексын ыскайдааһынтан төрүөттээх. Санааҥ көрүҥ, 2001 сыллаахха диэри Саха сиригэр туох барыта өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр баара: «АЛРОСА», «Якутуголь», «Саханефтегаз», телекоммуникация… Штыров кэлэн баран, 8 сыл иһигэр тугу да хаалларбата. Биир эмэ киһи утары саҥаран көрдүн эрэ! Суох оҥортуур. - Холобур, кимнээҕи? - Семен Назаров правительство бэрэссэдээтэлинэн олорон аккаастанан барбыта дии. «Мин маннык хобдох дьыалаҕа кыттыспаппын» диэн. Эрнст Березкин, Ньургун Тимофеев, Василий Филиппов, Федот Тумусов, Ильковскай, Михальчук… ханнык да дьыалаҕа утарылаһааччытын тулуппата, үрүҥ хараҕын өрөр көрдөрбөтө. - Баайы-дуолу атыылааһыҥҥа атын санаа эмиэ баар: киин былаас стратегическай суолталаах актыыбы барытын федеральнай бас билиигэ син биир ылыахтаах этэ, оннук кытаанах быһыыга-майгыга нуучча киһитэ Штыров олорон, федерализация сахаларга ыарыыта суох ааста диэн… (Баһын хам туттар): - Оо, дьэ... тугу да суох хаалларбытын өҥөтүгэр өссө махтаныах тустаахпыт дуо… Этэбин ээ, баайы-дуолу өрөспүүбүлүкэҕэ хаалларар атын схема, толкуй баар этэ. Чэ, сөп, өскөтүн балаһыанньаны итинник иэҕэр буоллаххына… Холобур, «Мечел» «Якутугольы» атыылаһарыгар дьоппуон, кэриэй бааннарын түмэн консорциум тэрийбитэ. Ама, биһиги дьоммут оннугу толкуйдаабатахтара буолуо дуо? Аны, «Якутуголь» атыыламмыт харчыта ханна барда? Өрөспүүбүлүкэҕэ 500 оскуола хаарбах, сууллар туруктаах диэн суруйаҕыт. Арай, ол 4 млрд оскуола тутуутугар ыыппыт буол? Суох, Штыров былыр-былыргыттан саамай харчы сиэнэр сиригэр – тимир суолга харчыны быраҕар. Төһө мас кэрдиллибитин, төһө буор кутуллубутун ким ситэн хонтуруоллуой? Ол харчы ханан-ханан эргийэн, ханна-туохха барбытын ким да билбэт. Дьокуускай уулуссаларыгар 3 млрд куппут буол – 1-2 сылынан киһилии суолланыа этибит. Ситигирдик үтүмэн харчыны ньүдьү-балай ыскайдааһын тахсыбыта. Харах баайыыта оҥорон, тыа сирин гаастааһыныгар аҕыйах солкуобайы тэбэн биэрбиттэригэр үөрээхтиибит. Дьоҕус базальт собуотун туттулар… Ол кэпиэйкэ буоллаҕа дии! Штыров оннугар атын киһи, патриот олорбута эбитэ буоллар букатын атын хартыына тахсыа этэ - Оттон Штыров саҕана өрөспүүбүлүкэ оҥорон таһаарар бородууксуйата (ВВП) хас да төгүл улааппыта буолбатах дуо? - Оттон өрөспүүбүлүкэ тас иэһэ төһө улаатта? Критическэй таһымҥа тиийбитин билэҕит дуо? Аны, ити ВВП үрдээһинэ Штыров өҥөтө буолбатах. Штыровтан тутулуга суох ИСТА турбата тутуллубута, ньиэп хостоммута. Уопсайынан, ити мэҥэ бырайыактар былыр, сэбиэскэй былаас саҕана толкуйдаммыт былааннар. Кырдьаҕастартан ыйытыҥ ээ, 50-60-70-с сылларга төһөлөөх элбэх геологическай экспедициялэр манна кэлэн үлэлээбиттэрин. Ол дьон таах сылдьыбыттара буолуо, дуо? Мэҥэ бырайыак – федераллар идиэйэлэрэ. - Ньиэп, гаас эйгэтигэр үлэлээбит киһи эт эрэ: Саха сиригэр уматык сыаната тоҕо саамай ыараханый? - Штыровка туһуланар ыйытыы. «Сургутнефтегаз» бу сылга 6 мөл. т ньиэп хостуохтаах. Билигин 1 баррель (буочука) сыаната 100 дуоллар. 1 туоннаҕа 5 буочука киирэр – 500 дуоллар. 6 мөл. туонна - 3 млрд дуоллар буолар. - 3 млрд ДУОЛЛАР?! - «АЛРОСАтааҕар» элбэх эргитиилээх. Ыраас барыһа -- 800 тыһ. мөл. дуолларга тэҥнэһэр. Саха сиригэр тугу оҥордулар? - Ээ.. Тыа хаһаайыстыбатын академиятын биир дьиэтин туталларыгар көмөлөспүттэр… - …Уматыкка эттэххэ… - Дьэ, эрэ. - Саха сирин экономикатын төрдө -- уматык сыанатыгар сытар. Эппит, үүппүт, оппут-маспыт барыта онтон тахсар. Дьиҥинэн, Саха сирин чэпчэки сыаналаах уматыгынан хааччыйар 2-3 сыллаах дьыала этэ. Сылга 1 мөл. туоннанан хааччыйыахха сөп. - «Сургуттар» сылга 60 мөл. туоннаны хостууллар... 1 мөл туонна Саха сиригэр наада… - …Билиҥҥээҥҥэ диэри хочуолунайдарбытын ньиэбинэн отто олоробут. Газоконденсат – 98%-на ыраас бензин! Ону кыайан туһаҕа таһаарбаппыт. Собуоппут суох. Баарынан баар эрээри биһиги ону бас билбэппит. - Афанасий Николаевич, эйигин туохха буруйдуулларый? - «50 мөлүйүөннээх вексели уорбут», «Талакаан – Витим турбатын тутууга харчы сиэбит», «боломуочуйатын улаатыннарбыт» диэн. - Эмсэҕэлээччи кимий? - Ким да буолбатах. - Но! Оччоҕо хайдах буруйдуулларый? - Дьэ, ситигирдик быраабы араҥаччылыыр систиэмэлээх олоробут. Суукка көрдүгүт дии, хайдах курдук ыкка сыһыаннаһар курдук дьаабыланалларын. Мин, манна баран эттэххэ, норуот дьокутаата, ааттаах-суоллаах киһи буоллаҕым, бэйэм дьоһуммун көмүскэнэр кыахтаахпын. Оттон арай, бу дьоҥҥо боростуой киһи түбэстин? Саныахха да дьулаан! - Билигин бизнестээххин дуо? - Барытын былдьаатылар. Кыһыл Сыырдааҕы собуоппун, авиахампаанньабын, тутуу тэрилтэлэрбин… тугу да хаалларбатылар. - Кинигэ таһааттарбыт диэбиттэрэ. - Владимир Алексеевич Кондаков «Үрүҥ Аар Тойон үөрэҕэ» диэн кинигэни таһааттардым. - Барар сирэ баҕана үүтэ буолбут киһи итэҕэлгэ… - Суох-суох! Владимир Кондаковы мин таайым этэ. Анараа дойдуга барарыгар кэриэс-хомуруос тылын эппитин толордум. Мин, кырдьык син биир тахсыаҕа диэн эрэнэбин. Өрөспүүбүлүкэ суутун систиэмэтэ таһаарбатаҕына, атын суут да таһаарыаҕа. - Кэпсэтииҥ иһин махтал, санааҥ самныбатыгар баҕарабын.
Кэпсэттэ Олег ВАСИЛЬЕВ.
|
Category: Коррупция |
Views: 1564 |
Added by: uhhan2
|
Total comments: 1 | |
1
Катерина
(2011-09-14 10:38)
Полностью согласна с Вами.
|
|
|
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 25 Ыалдьыттар (гостей): 25 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|