News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2011 » Алтынньы » 1 » Ырыабыт туруга.
Ырыабыт туруга.
18:10
Тыа кулуубун – бүгүҥҥү кыһалҕата
30.09.2011 15:28 | Автор: КЫЫМ | 333Тыа сирин боростуой норуота саха култууратын, итэҕэлин, үгэґин, тірүт дьарыгын, тылын-іґүн, сиэрин-туомун бүүс-бүтүннүү иІэринэн сылдьар. Духуобунас сүігэйэ-сүмэтэ манна сытар диэххэ сіп. Онуоха уруккуттан даҕаны тіґүү күүґүнэн кулууп буолааччы. Кулууп — тыа сиригэр эргийэр киин. Дьону-сэргэни күннээҕи түбүгүттэн сынньатар, ійүн-санаатын сайыннарар, дьарыктаах оІорор, кэлэр кілүінэни иитэр... Быґата, тыа дьонугар духуобунай ійү-санааны, сахалыы тыыны иІэрэр, саха култууратын тарҕатар баар-суох соҕотох тэрилтэ диэххэ сіп. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Духуобунас форумун чэрчитинэн АГИИК дьиэтигэр "Культурно-досуговое учреждение как центр духовной жизни села” диэн тігүрүк остуол буолан ааста. Улуус баґылыктарын солбуйааччылара, култуура начаалынньыктара уонна кулуупка быґаччы үлэлии сылдьар салайааччылар муґуннулар. Инньэ гынан бу сырыыга кэпсэтиини кураанах куолуга кубулуппакка, іссі хайдах үлэлиир туґунан санааларын атастастылар, баар итэҕэґи-быґаҕаґы ыйдылар. БүгүІІү кэпсэтииттэн сылыктаатахха, үлэлиир усулуобуйа күүскэ доҕолоІнуур эбит.Кулууп уонна барыс 2005 сылтан тыа сирин кулууптара туґунан хаґаайыстыба буолбуттара. Ол аата, юридическай сирэй буолан, бэйэлэрэ үп булуналларыгар кыах бэриллибитэ. БэйэІ хайдах сатыыргынан, тугу тобуларгынан "айаххын ииттэҕин” диэн. Инньэ гынан кулууптар тэрээґиннэрэ, іІілірі барыта харчыламмыта. Урукку курдук талбыккынан сылдьыбаккын. Аныгы олох ирдэбилэ буолан эрдэҕэ. Ґбү-харчыны кулууп бэйэтэ бас билбэт. Олохтоох дьаґалта хааґынатыгар киирэр. Киирбит харчыттан бэриґиннэрэн араас тэриллэрин, малларын-салларын ылыныахтарын, ірімүін ыытыахтарын эрэ сіп. Бу үчүгэйинэн үчүгэй, ол гынан баран нэґилиэнньэҕэ хааччах үіскүүр курдук. Урут хайдах этэй?! Кулуупка нэґилиэнньэ бүттүүнэ сылдьар этэ. Кулууп үлэтэ-хамнаґа бүүс-бүтүннүү нэґилиэнньэҕэ ананара. Билигин хайдаҕый? Урукку курдук санаатыІ аайы киирэн кэлбэккин. Харчыгын ааҕа-ааҕа сылдьаҕын.Виктор Стручков, ДьааІы: — Урут кулууптан тахсыбат буоларбыт. Билигин харчыта суох киґи кулууп аанын аспат. Кулууптар эрэйдээхтэр хайыахтарай, үіґэттэн кэлбит ыйыыны-кэрдиини толороллоругар тиийэллэр. "ТэрээґиІІитин барытын харчыга оІоруІ”, — диэн ыгаллар-түүрэллэр. Духуобунаспытын харчыга атыылаан эрэбит. Харчыттан тохтуохтаахпыт. Юлия Григорьева, Ытык сүбэ бэрэссэдээтэлэ: — Мин бүгүн "іссі хайдах гынан харчы киллэриэххэ, туох іІінү оІоруохха?” эрэ диэн таґымнаах кэпсэтиини истэн санаам түстэ. Биир кэм харчы айдаана. Холобур, ити уус алданнар нэґилиэнньэҕэ анаан хайдах курдук тэрээґин біҕі ыыталларын, уопсастыбаннай хамсааґыны барытын бэйэлэрин тула түмэллэрин, кэлэр кілүінэни иитэллэрин, сахалыы тыыны иІэрэллэрин туґунан кэпсээтилэр. Кулууп, дьэ, ити курдук үлэлиэхтээх. Тірүт үгэґи умнумуохха Виктор Стручков, ДьааІы: — БилиІІи кулууптар хайдах үлэлии олороллоруй?! Уон нүімэрдээх кэнсиэр ыытарынан, дискэтиэкэ тэрийэринэн муІурданаллар. Сахалар ібүгэбит саҕаттан илдьэ кэлбит тірүт үгэспит, дьарыкпыт, сиэрбит-туоммут умнулунна. Ыччаппытыгар, кэлэр кэнчээрилэрбитигэр бэйэбитинэн үтүі холобур буолбаппыт, тугу даҕаны кірдірбіппүт, сахалыы тыыІІа ииппэппит. Ама, бэйэ күүґүнэн ыччаппытын от охсуутугар, мас кэрдиитигэр, муус алларыытыгар, куйуурга, муІхаҕа уо.д.а. тірүт дьарыкпытыгар уґуйар кыахпыт суох үґү дуо?!Мария Кобельянова, Сунтаар сэлиэнньэтин "Добун” култуура киинин салайааччыта: — Мин тіґі да эдэр буолларбын, ис-испиттэн сахалыы тыыннаах киґибин. Ґлэґиттэрбин кытары кулууппут ис-тас кістүүтүн бүтүннүү сахалыы оґуорунан киэргэппиппит. Ол курдук, кулууп таґыгар кістүүлээх гына саха халандаарын ыйаабыппыт. Дьон-сэргэ уулуссанан ааґан иґэн биґиги халандаарбытын кірін сахалыы ый бэлиэтинэн сирдэтинэ үірэнэр. Холобур, алтынньы — Хотой Айыы ыйа эбит диэн ійдіін хаалыахтаах. Иґирдьэ биир эркиІІэ бүтүннүү ол бэлиэлэрбит туох суолталаахтарын суруйан ыйыахтаахпыт. Хотой Айыы суолтатын, бу ыйга тіріібүт киґи майгыта-сигилитэ хайдах буоларын эмиэ ыйабыт. Холобур, Хотой Айыы бэлиэтигэр тіріібүт киґи салайар дьоҕурдаах буолар эбит диэн. Онон ыйдааҕы былааммытын оІоробут. Алтынньыга салайааччылар күрэстэрин ыытыахпытын сіп. Оттон сэтинньи – Байанай ыйа буоларынан булчуттары ыІыран оҕолору, ыччаттары кытары кірүґүннэриэхпитин сіп. Биир хоґу олоччу кімүлүік оґохтоон, араас түмсүүнү ыІыран тиэмэнэн сахалыы-махалыы сэґэргэґэр, санаа атастаґар, сахалыы куттаах дьону кытары кірүґүннэриэхтээхпит.Василий Герасимов, Чурапчыга култуура управлениетын начаалынньыга: — Манна тахсыбыт кэпсэтииттэн сылыктаатахха, киин улуустар, бүлүү эргиннэр, илин эІээрдэр, хоту дойду култуураларын кииннэрэ бары биир халыыптаахтар. Бэйэ-бэйэлэриттэн туох даҕаны уратылара суохтар. Биґиги хайа нэґилиэк ордук тугунан чорбойорун кірін култуураларын киинин эмиэ соннук ураты оІороору былаанныы сылдьабыт. Холобур, хайахсыттарга ОлоІхо дьиэтэ тутуллуохтаах. Мындаҕаайылар киинэнэн олус үлүґүйэллэр, ол иґин киинэ тыйаатырын тутуохтаахпыт. Нэґилиэги барытын хайысхаларынан араарыахтаахпыт. Онуоха дьиэлэрин тутуута эмиэ хайысхаларыгар сіп түбэґиэхтээх. Хайахсыт ОлоІхотун дьиэтэ саха балаҕаныгар майгынныыр буолар. Билигин бырайыага барыта оІоґуллан бүттэ. Тутуу, ірімүін кыґалҕата Судаарыстыбабыт аІаардастыы доруобуйа, үірэх эйгэлэрин хадаҕалыыр. Холобур, сыл аайы оскуола, балыыґа эрэ тутулларын истиллэр. Оттон култуура эйгэтэ кійгітүллэн сылдьарыгар ким да кыґаллыбат. Эбийиэктэрэ уруккуларынан тураллар. Бу тігүрүк остуолга мустубут дьон бары кэриэтэ култуура кииннэрин тутарга, ірімүіннүүргэ үп-харчы кірүллэрэ уолдьаспытын эттилэр.Лена Заболоцкая, Уус Алдан улууґун баґылыгын социальнай боппуруоска солбуйааччы: — Биґиги улууспутугар 33 кулууптаахпыт, онтон 15-ґэ инньэ 50-60 сылларга тутуллубута. Биллэн турар, мілтіх туруктаахтар. Ол да буоллар үлэґиттэр харыларын күүґүнэн кулууп ис-тас кістүүтүн тупсара, дьон сынньанарыгар сіптііх усулуобуйа оІоро сатыыллар. Муниципальнай тэриллии соҕотох бэйэтэ хайдах даҕаны тутууну ыытар кыаҕа суох. Бу тыын боппуруос іріспүүбүлүкэ таґымыгар кірүлүннэҕинэ сатанар. Дьон кута-сүрэ тохтуур киинэ тутуллара буоллар, тыа сирин култуурата биллэрдик чэчирии сайдыа этэ.Виктор Стручков, ДьааІыга култуура управлениетын начаалынньыга: — Хоту суол-иис быстар мілтіх. Сімілүіт сыаната бас быстарынан. Инньэ гынан куораттан сыана уон бүк үрдээн тиийэр. Ыраах сиргэ тутуу матырыйаала тіґі сыаналанан тиийэрин сэрэйэн эрдэххит. Ол кэннэ кулууп дьиэтэ хантан тутуллуой?! Киинтэн эрэ кімілістіхтірүнэ, хоту улуустар култууралара сайдар кыахтаах.Тамара Кесарева, Горнай улууґугар култуура управлениетын начаалынньыга: — Сир-дойду аайы судаарыстыба кімітүнэн хараам біҕіті тутуллан эрэр. Манна үлүгэрдээх үп-харчы кірүллэр. Оттон тыа сирин култууратын дьиэтин-уотун тутарга ким даҕаны наадыйбат. Судаарыстыба кіміті суох хайдах даҕаны бэйэбит күүспүтүнэн кулууп дьиэтин тутар, ірімүіннүүр кыахпыт суох. Захар Никитин, МэІэ ХаІаласка култуура управлениетын начаалынньыга: — Култуура дьиэтэ инвестициялаах бырагыраамаҕа киирдэҕинэ эрэ тутуллар кыахтаах. Мин санаабар, сыччах судаарыстыбаҕа сэлээннээн кэбиспэккэ, ”Ґтүі дьыаланы” сіргүтэн кулууптарбытын тутуохха баара. Бу хамсааґын чэрчитинэн биґиги улууспутугар дьиэ-уот біҕі тутуллубута.Аныгы кэм ирдэбилэ Билигин урукку курдук байаан ыллыІ да ыллаан киирэн барбаккын. Хас кулууп аайы аныгы олох ирдэбилигэр сіп түбэґэр тиэхиньикэ, тэрил арааґа баар буолуохтаах. Ким эрэ хаппырыыґа буолбатах. Олох ирдэбилэ. Кулуупка, муусукаҕа сыґыаннаах тэрил бас быстар сыаналаахтар. Элбэх нэґилиэнньэлээх кулууптар харчы киллэринэн син атыылаґыахтарын сіп. Оттон кыра дэриэбинэ кулууптара хайдах даҕаны уйунар кыахтара суох.Василий Алексеев, Кэнтик, Ґіґээ Бүлүү: — Тыа сирин култуурата хаґааІІытааҕар даҕаны намыґах таґымнаах. Ґлэґиттэр ис-истэриттэн энтузиаст эрэ буолан, кыґыл илиилэринэн үлэлии сылдьаахтыыллар. Туохтара да суох. Дьиэни-уоту тутуу манан аҕай дьыала буолбатах. Эґиил дьиэ-уот тутуллан хаалбата биллэр. Судаарыстыба бу боппуруоска кіміліґір кыаҕа суох буоллаҕына, саатар аппаратуранан хааччыйыахтаах.Дьиэ-уот кыґалҕата Маннык кыґалҕа эмиэ баар эбит. ДьиІэ, киґи соґуйбат кыґалҕата. Дьиэ – тыын боппуруос буоллаҕа. Ыччат тыа сиригэр олохсуйбат буолла диибит. Ол гынан баран кинилэри олохсутарга, үлэлэтэргэ сіптііх усулуобуйабыт суох. Култуура үлэґиттэрин дьиэнэн-уотунан хааччыйбаттар. Куоракка үлэлии-хамсыы сылдьар "үтүілээх үлэґиттэр” эрэ тиксэллэр быґыылаах. Оттон тыа сиригэр үлэлии сылдьар үлэґиттэргэ туох да кірүллүбэт. Ол кэннэ хантан эдэр дьон дэриэбинэҕэ баран үлэлиэхтэрэй?! Татьяна Жиркова, Хатаска "Тускул” култуура киинин үлэґитэ: — Доруобуйа, үірэх эйгэтин үлэґиттэрэ олорор дьиэнэн-уотунан толору хааччыллаллар, субсидияҕа тиксэллэр. Кинилэргэ анаан анал бырагыраама да үлэлиир. Оттон биґигини, култууралары, ханна даҕаны чугаґаппаттар. Бэл, оҕобутун дьыссаакка ылбаттар. Светлана Дьяконова, Ньурба улууґа: — Тыа сирин кулуубугар, кырдьык, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир каадыр тиийбэт. ДьиІэ, култуураны, духуобунаґы сайыннарыыга аныгылыы ійдііх-санаалаах эдэр дьон үлэлиэхтээхтэр. Холобур, биґиги улууспутугар үксэ саастаах дьон үлэлии сылдьабыт. Эдэр дьон кэлбэттэр. Ґірэхтэрин бүтэрдэхтэринэ, бары куоракка хаала сатыыр айдааннаахтар. Кэлэн үлэлиэхтэрин сіптііх усулуобуйа кірүллүбэт, дьиэ-уот суоҕа даҕаны атахтыыр. Туйаара СИККИЭР.Ырыабыт туруга
30.09.2011 16:14 | Автор: Мэхээс Сэмэнэп | Ырыа – норуот баайа. Итинник ис хоһоонноох («Песня – духовное достояние народа») Төгүрүк остуол Духуобунас форумун чэрчитинэн буолла. Ырыа айааччылар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Алексей ЕГОРОВ салайда. Соруга өйдөнөр – ырыаны, чуолаан төрүт үгэскэ олоҕурбут аныгы кэм ырыатын сайыннарыы. Тэрийээччилэр этэллэринэн, билигин үтүктүү, уоруу (плагиатство), атын култуураны батыһыы баһыйан турар, ол түмүгэр айымньы уус-уран таһыма быстар мөлтөх. Аныгы ыччат ырыата «африкалыы тэтимнээх, англиялыы матыыптаах, тыла эрэ сахалыы» диэбиттэр. Оттон тыла төһө да сахалыы курдугун иһин, «чулуу» буолуохтааҕар, дьиҥ сахалыы да буолбатах. Хас да киһи түмсэн, Саха сиригэр норуот ырыатын сайыннарыы кэнсиэпсийэтин («Концепция развития народного песенного искусства в РС (Я)») барылын оҥорбуттар. Айар бөлөҕү Алексей Калининскай салайбыт. Бырайыагы оҥорууга кыттыбыттар: норуодунай артыыстар А.Егоров, Ю.Платонов, Өксөкүлээх Киинигэр норуот айымньытын сүрүннүүр С.Адамова, хормейстердар, Педколледж уһуйааччылара В.Жирков, Р.Винокурова, «Арчы дьиэтин» дириэктэрэ В.Бочонина, мелодист Ст. Васильев, оҕолору төрүт дорҕооҥҥо уһуйар К.Хатылаева. Оттон Кэнсиэпсийэ билим өттүнэн эҥкилэ суох буолуутун АГИИК проректора, профессора У.А. Винокурова хааччыйбыт. Барылга: «Концепция исходит из научного подхода, выделяющего его процессуальный характер (непрерывность передач от поколения к поколению), субстанциональный (т.е. содержащий аспект) и инструментальный особенности (способы творчества, сохранения и воспроизводства)», — диэн сурулла сылдьар. Сыала-соруга элбэх: Саха сирин норуоттарын фольклоругар интэриэһи көбүтүү, ырыа араас хайысхатын сөргүтүү уонна харыстаан илдьэ сылдьыы, ыччаты көҕүлээһин, айар-тутар дьону уонна бөлөхтөрү өйөөһүн, Култуура министиэристибэтин иһинэн уус-уран сүбэлэри тэрийии, о.д.а. Биири биһирии көрдүм: норуот айымньытын сөргүтүүгэ уопсай, эбии уонна идэтийбит үөрэх ситимин туһаныыны. Холобур, оскуола хас биирдии кылааһыгар ырыа уруога баар буолуохтаах диэбиттэр. Муусука култууратыгар, норуот ырыатыгар уонна норуот үстүрүмүөннэригэр уруоктар тэриллиэхтээхтэр. Онуоха үрдүк үөрэх кыһаларыгар туһааннаах учууталлары бэлэмниэххэ наада. Юрий Платонов уонча сыллааҕыта Ырыа идэтийбит национальнай оскуола кэнсиэпсийэтин оҥорбут эбит. Ону тилиннэрэн, туспа оскуола тэрийэр наадатын ыйаллар (холобур, операҕа Италия оскуолатын курдугу). Итини сэргэ ХХ үйэ бастыҥ ырыаларын хомуурунньугун (антология) таһаарар, ырыа-тойук эйгэтигэр билим чинчийиитин судаарыстыба сакааһын быһыытынан тэрийэр наада (оннук чинчийии Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыаҕыттан ыытылла илик). Судаарыстыба сакааһа диэбиччэ. Билигин кыра оҕо ыллыах айылаах ырыата букатын айыллыбатын бары билэбит. Дэлэҕэ «Хотугу сулус» курдук бөдөҥ күөн-күрэскэ уончалаах оҕолор табыллыбатах таптал туһунан ыллаан сордонуохтара дуо? Дьэ, онон, кыра оҕолорго аналлаах ырыалары айыыга судаарыстыба сакааһын оҥорор кэм кэллэ. Олус сөптөөх, тыын суолталаах да диэххэ сөп, этии. Өссө айар идэлээхтэри түмэр кииннэр, лабораториялар тэриллиэхтээхтэр. Холобур, Хатылаевтар оскуолаларын быһыытынан Этническэй муусука киинин, Неустроевтар уонна Егоровтар оҕолорго аналлаах устуудьуйаларыгар олоҕурбут лабораторияны, о.д.а. Хуордары сөргүтэр, национальнай үстүрүмүөннэр мастарыскыайдарын тэрийэр эмиэ наада.Кэнсиэпсийэ биир сүрүн этиитэ – Ырыа күнүн олохтооһун. Кулун тутар 21 күнүн талбыттар. Ону сахаҕа Сааскы Этэҥ дииллэр (день весеннего равноденствия). Тоҕо эрэ чопчу бу эйгэҕэ үлэлии-хамсыы сылдьар, билиҥҥи кэмҥэ ааттара дьон уоһуттан түспэт буолбут, «сулус» диэн дорҕоонноохтук ааттанар ырыаһыттарбыт көстүбэттэр. Баҕар, бэйэ-бэйэлэригэр чугас кыһалҕаны ырытар отучча төгүрүк остуол биир кэмҥэ тэриллибититтэн арҕам-тарҕам барыы буолбута буолуо. Эбэтэр (мэлдьи да буоларын курдук) бу ырыаһыттарбыт маннык көрсүһүүнү, кэпсэтиини улахаҥҥа уурбатахтара, баардылаабатахтара дуу? Ырааҕы ырыҥалаан, кэскили түстээн, истэн, кэпсэтэн, мөккүһэн сордоммуттааҕар, күн бүгүн буолар-буолбат «корпоративкаларга» харчы өлөрө сылдьар быдан барыстаах уонна судургу буоллаҕа. Элбэх киһи тыл эттэ, анаммыт кэм да тиийбэтэ. Туох диэҥий – лахсыыр, бэйэни арбаныы хабааннаах тыл этии баһаам. Ол да буоллар, син киһи «кырдьык даҕаны» диэх этиилэрэ иһилиннилэр. Чуолаан, В.Индигирскэй этиитигэр тохтуом этэ. Кини хас биирдии ырыаһыт айымньытын судаарыстыбаннай араадьыйа пуондатыгар биэрэн иһэрэ наада, оччоҕо үйэ да аҥаарынан бу ырыалар тыыннаах хаалыахтара диир. Сөптөөх этии. Ол эрээри итиннэ биири эбиллиэх тустаах: ырыаны харайыынан эрэ муҥурдаммакка, тарҕатыыны эмиэ умнумуохха. Ыччаппыт урукку ырыаны-тойугу билбэт диэн өрүү хомуруйабыт. Оттон хаһан да истибэтэх буоллахтарына, холобур, Ү.Нохсоороп, Л.Турнин, Е.Захарова, Н.Баскаров тустарынан хантан билиэхтэрэй? Дьоҥҥо иһитиннэрэн иһиэххэ этэ буоллаҕа. «Саха араадьыйатын Көмүс пуондата» диэн ааттаан диискэлэри таһаартыахха, атыылыахха, «кэмиэрчэскэй» диэн ааттанар атын аралдьытар араадьыйаларга тарҕатыахха. Оччоҕо, дьэ, ыччаппыт дьиҥ сахалыы ырыа диэн тугун билиэ, үөрэниэ, ылыныа, үтүктүө. Ырыа күнүн туһунан. Сааскы этэҥ кэмэ – бу үчүгэй. Бу – үгэһи тутуһуу бэлиэтэ. Ол эрээри чопчу ити кэмҥэ туох баар ырыаһыт барыта улуустары кэрийэ барар буолбатах дуо? Суол-иис саамай тупсар, айанныырга лаппа табыгастаах кэм дии. Арай, Ырыа күнүн күһүн, саҥа сезон аһыллар кэмигэр, ол аата артыыс барыта биир сиргэ түмсэр кэмигэр тэрийдэххэ хайдаҕый? Тэрийэргэ да табыгастаах буолуох этэ. Бу Кэнсиэпсийэҕэ ырыа тылын туһунан ахтыллыбатаҕа хомолтолоох. Дьиҥэр, саамай улахан кыһалҕабыт манна сытар. Хатылаан этэбин: билиҥҥи ырыа үксэ туох да дьоһуннаах өйдөбүлэ суох, көннөрү буолар-буолбат тылы таҥыы эрэ курдук. Дьиҥэр, субу кэмҥэ аатыра сылдьар ырыаһыппыт үксэ СГУга Саха тылын уонна култууратын факультетын бүтэрбиттэрэ. Ол аата – үрдүк үөрэхтээх культурологтар. Дьэ, ол эрээри диэххэ, литэрэтиирэ, поэзия диэн тугун букатын да билбэт курдуктар (биир аллар атаһым этэринии, бүтэһигин аахпыт кинигэлэрэ «Колобок» буолуон сөп). Ол эрээри ырыаларын тылын түөрэтин бары бэйэлэрэ айаллар. Оттон тылы сөпкө туттуу, сахалыы дорҕоону сөпкө саҥарыы туһунан этэ да барыллыбат. Мин санаабар, ырыаһыттар саҥа ырыаларын араадьыйаларга илдьиэхтэрин иннинэн, аан бастаан бэйиэттэргэ, тыл үөрэхтээхтэригэр көрдөрөн көннөртөрүөхтэрин сөп этэ. Билиҥҥи кэмҥэ саамай элбэх ырыалаах бэйиэттэрбит Сайа, Уххан, Омук Уола үөрүүнэн көмөлөһүөх этилэр диэн бүк эрэнэбин. Ырыа тутулун, тэтимин алдьаппакка, ис хоһоонун уларыппакка сааһылаан биэриэх этилэр. Эбэн эттэххэ, сахалыы тыллаах араадьыйаларбыт ыытааччыларын тыла-өһө эмиэ быстар мөлтөх, тупсуохтааҕар күн-түүн хобдоҕуран иһэр. В.Индигирскэй кинилэргэ анаан маастар-кылаастары тэрийэргэ ыҥырар. Тус бэйэм итиннэ толору сөбүлэһэбин.
Views: 1789 |
Added by: uhhan2
Ааҕыылар
Баар бары (online): 109
Ыалдьыттар (гостей): 109
Кыттааччылар (пользователей): 0