News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2011 » Алтынньы » 17 » Омук Уола . Саха аата . Албын аана аґа±ас. Бэйиэт кыайыыта. Бµгµн олох
Омук Уола . Саха аата . Албын аана аґа±ас. Бэйиэт кыайыыта. Бµгµн олох | 18:19 |
Кірµлээн кірдµннэр
Омук Уола .2011с .Туймаада.
Алмаас – кімµс кµлµмэ Антах диэки хайыста, Уйгу – быйаІ кіічµгэ Аттыбынан уґунна.
Хаарыаннаахай харамаан Хабах курдук хапсыйда, Кµіх халлааммын сабардаан Хара былыт халыйда.
Баарым суо±ум барыта Кутаа уокка умайда, Тарбахтарым быыґынан Кумах курдук то±унна.
Санаам – оноом ол аайы Хоргуннура хойунна, То±о маннык буоларын Тобулаары турунна.
Бу олоххо кыра киґи То±о айа±а сарбылынна, Баран испит туґун диэки Бары аана сабылынна?
То±о туохтан бу кини Кырыы сиргэ анньылынна, Туох ааттаах буруйун иґин Кыпчылынна, кыбылынна?
Оттон аны ким эрэ Аатын умна байда – тайда, Оччо баары кµлэ - µірэ Кэмэ суохтук матайдаата.
Сомуорускай сирдэргэ Ґп – ас куоппут аатырда, Майгы – суобас – сигили Антах диэки хайыста.
Маннык «дьикти олоххо» Киммит сирдээн а±алла, Сылаас – сымна±ас олбоххо Ыйа – кэрдэ олордо?
Байбыт – туолбут барыта Куомуннаспыт дэґэллэр, Хоруупсуйа уйата Манна баарын этэллэр.
Ону хайдах кыайары Киммит билэн эрдэ±эй, Былааспытын курдары «Дьэбин» быґа сиэбитэ±эй?
Кыайбат – хоппот эрээри Иннилэрин биэрбэттэр, Бэйэ иннин бэринээри Хаарыан сири эстилэр.
Ґлэлиэн – хамсыан ба±алаа±ы Ґтµрµйэр эбиттэр, Этэр – тыынар санаалаа±ы Хам баттыыллар эрэттэр.
Тібілііхтір, дьон бэттэрэ Тірµт сиртэн куоттулар. Кыанар со±ус іттµлэрэ Туора сиргэ таластылар.
Ол оннугар атыттар То±о анньан киирдилэр, Аґыан ахан ба±алаахтар Кус – хаас тойгун тµґэрдилэр.
Сарсын да сууллан тµстэр Тутуу бі±і туттулар, Јйµµн да тэстэн куоттар Турба бі±і тартылар.
Тµілбэ сиргэ тыа дьоно Айахтарын аттылар, Кыґал±аттан быста – ойдо Сµіґµлэрин эстилэр.
Киґи – хара буолаары Куорат диэки хайыстылар, Быстах дьолу булаары Алаастарын хааллардылар.
Оттон куорат дьиэлэрэ Тµгэхтэри сытыйдылар Былыр µйэтээ±и тэриллэрэ ДьэбиІнирэн ырдьайдылар.
Ол да буоллар µрµт - µіґэ Ґрдµк дьиэлэр дьэндэстилэр, Дьэбэрэ±э кµлэ - µірэ Кµлµмµрдµµ дьэргэстилэр.
Дьэ, ол курдук тулабыт Албын – кілдьµн уйата Кыайыы – хотуу бі±ібµт; Уруй – айхал хаґыыта.
Маннык дьээбэ тутулга Олордохпут сіпсіґін, Туран кір ээ тумулга Тыал утары ісіґін.
Ба±ардар эн кыыран да Аны кэлэн туґа суох Кыра киґи кырдьыга Кµндµ кімµс буолбатах.
Хачыгырас харчы – харах Хатан уота умайда, Болууска алтан – атах Бу дойдуга хаардыы хаамта.
ИІсэ – обот иІнэрдэ, Или – эйэни сиІнэрдэ Кэрээнэ суох кэмэлдьи Кэскилбитин кэрбээтэ.
Чэ, туох буолуой тулуйуох, Кірін баран олоруох, Кыра дьоннор булкуґумуох, Эппиттэрин толоруох.
ЈІнііхтір эрэ элбэхтэр Дьэ, кірµлээн кірдµннэр, Лахсыйарбын сэргээбэттэр, Кµістэрин бэйэлэрэ ірдµннэр.
Бµгµн олох
Ыйытыма миигиттэн Бµгµн олох туґунан, Таарыйыма быґа сиэтэн Сиикэй бааґы тууґунан.
Сµµрбэнэн сыл ааспытын Сах салаатын барытын, Сµтэрбиппит аґыытын Харамай да харайдын.
Бµгµн олох – хобдох тобох. Тµгэххэ баар кирдээх солох. Бµгµн олох – албын хабах, Аґыы утах, хайдар – хааґах.
НіІµі тµґэн хаалбыт киґи Хара быыґы, о, абакка, Курдат кітін тиийбит киґи Оол суґумнуур сулуска.
Оломнору булбаккын Кири – хо±у кэспэккэ. ДьиІ оло±у туппаккын Міккµір диэни билбэккэ.
Бµгµн олох – хобдох тобох. Тµгэххэ баар кирдээх солох. Бµгµн олох – албын хабах, Аґыы утах, хайдар – хааґах.
Омук Уола Алтынньы ый, 2011 с. Туймаада.
Бэйиэт кыайыыта
Биирдэ бэйиэт абатыгар Ыраахтаа±ыны утарбыт, Хайдах баарынан бар дьонугар Айбардаабытын арыйбыт.
Баґылык олус уордайбыт Остуолун то±ута сыспыт, Уоттаах уо±ун тула ыспыт, Ча±ардарын ыІырбыт.
Ча±ардара биллэн турар, Чабылана тµспµттэр, Ґрдµк суукка тута сіріін, ҐІсµµ бі±і тµґэрбиттэр.
Аны туран ону кірін Атыттар эмиэ айдаарбыттар, Бэйиэт уоттаах тылыттан Эмсэ±элээбит аатырбыттар.
«Буорайбыттар» бука бары Куомуннаґа тµспµттэр, Була сатаан ону – маны Ґрµт µіґээ µІсµбµттэр.
Ол эрээри кинилэр Бэйиэт кимин сэрэйбэттэр, Арыы µрдµгэр уу ітін Дагдайбатын билбэттэр.
ТиэргэІІэ атын µйэ Кэлбитин да аахайбаттар, Отут сэттэ сыл кµлµгэ Аччаабытын анаарбаттар.
Бэйиэт норуот киґитэ Баары баарынан этэр, Хайа да бэйэлээх кэмІэ Кырдьыгы эрэ эІэрдэґэр.
Ону самнара охсоору Тойон – хотун туруммуттар, Суор – турах тойугун Дой±охтуу тардыбыттар.
Кырдьыгы сымыйанан сабаары Олбо±ор – орооспуттар, Тутан хаайыыга хатаары Албас бі±і булбуттар.
Ґс уґун сыл тилэри Тигинэччи тииґигирбиттэр, Тыыґынчанан хонугу Самнара сатаан барыыбыттар.
Буруйа суо±у буруйдаары Киргэ – хоххо быламмыттар. ҐрµІµ хара дэтээри АлбыІІа – кілдьµІІэ сыбаммыттар.
Бэйиэт тірµт бэриммэт Ыраас иннин ыґыктыбат, Јрі баран, іті кірін Кімµс бірµі сыппаабат.
Кини биири эрэ билэр- Туруулаґар туругурар, Эппитин этэн тэйэр, Ол туґугар олорор.
Ыраахтаа±ы ыгылыйар, Атын кэм эбитин сэрэйэр. Ґрµт µіґэ µІсэн – хаІсан Эт бэйэтэ элэйэр.
Бар дьон ійдµін иннинэ Аргыый атахха биллэрэр, Кэмэ кэлэ илигинэ Бірµстµілµн туран биэрэр.
Ыраахтаа±ы да буоллун Бэйиэтинэн оонньооботун, Ґтэґэтэ туоллун, Уґун отун оттооботун.
Эттэххэ тµмµккэ, Эмиэ да дьээбэ тµбэлтэ; Борокуруортан бэйиэккэ Дьикти сурук тиийэн кээлтэ.
Ол сурукка бэйиэттэн Ґрдµк сололоох,кірдіґір, «Судаарыстыба аатыттан Бырастыы гын» - диэн кірір.
Јрµµ маннык сандаардын Сиргэ кырдьык кыайыыта, Балыыр µрдµнэн барыйдын Хорсун хотой кыната!
Уруй буоллун бэйиэккэ, Эрэлгэ эрэл эппиккэ, Ытылларын кэрэйбэккэ Кыыґар кыымнаах сµрэххэ!!!
Албын аана аґа±ас
«Норуот фронун» тэрийэн, Ґбµ норуот быґаарыа диэн Эппиттэрин итэ±эйэн Хай±аан бі±і суруйбутум.
ЫІырыы таґааран – хайаан, «Орто Дойдуну» аймаабытым, Тойону µрдэ суох хай±аан Улуу бэйиэти ахтыбытым.
Ону баара, атын кµтµр, Албын аана аґа±ас, Тµірэккэй тµікэй – кµлµк, Халбас харата-хатыйар албас.
Ґпкэ – аска норуоту Чугаґатан да бэттэ𠥵т сыаната µрдµµрµн КэтэґимэІ, сэгэттэр,
Бэйэлэрэ намыґах сыырынан Салааскалыы турбуттар, Икки тарбах быыґынан Эрбэ±и кірдірбµттэр.
Суох кэбис, чэ, баалаамаІ, Тылбын тіттірµ ылабын, Бырастыы гыныІ, ылынымаІ, Ыт сиэтин ыІырыыбын.
АлбыІІа атаххын угума, «Норуот фронугар» кииримэ, Ханна бааргын умнума, Бэлиитикэнэн ииримэ.
Ба±ар эн ыал устун бар Кыґал±а±ар наадыйбаттар, Быыбарга куолас ылар ЭІин араас албастаахтар.
Былаас – харчы, былаас – алмаас, Былаас – саргы, былаас – сылаас, Былыт µіґээ чыпчааллаах Бигэ турук – туруук таас.
Онно µіґэ талаґан Тэпсиґээри тииґэллэр, Инники эрэ балаґа Тиґилигин билинэллэр.
Дойду бµгµІІµ туругар Быыбар – албын далаґа, Мунан мунду туутугар Устар аІайар аґа±ас.
Мундуларга, соболорго Ыраас ууга устар ордук, Сундулуґар сордоІнорго Киирэн биэрбэккэ сорго.
Элэ – была тыллары Истэн – истэн кэллэхпит, Ол эрэн ол дьыллары Умнан – тэннэн эрдэхпит.
Кµіх экрааІІа биир сирэйдэр Эмиэ мэлдьи элэІнииллэр, Хайа да диэки хайыґа кір Тула бары кинилэр.
Быыбар кэннэ кірбµт киґи Тіґі тупсан кэлэрбитин, Уонунан сыл ааста ини Кэтээбиппит эрэлбитин.
Эмиэ хаттаан улугуруу Уґун кэмІэ кэллэ дииллэр, Миэстэни эрэ солбуґуу Буолуо диэннэр кэтииллэр.
Арассыыйа Эбэ ХотуІІа Ґіґэ былаас былдьаґыыта. Норуот тотор албыІІа, Абакка, оннукка анаммыта.
Хайа да фроІІа киирэммит Сэриилэґэн туґа суох, Бэйэбитигэр айа ииттэммит Јлір ілµµнµ булумуох.
Чуор куоластар чоргуґаллар: «Олох кэрэ, іссі тупсуо» Ону сэргээн олорооччулар Оґохторо сотору сууллуо.
Ол куоластар олохторо Міккµспэппин, кырдьык тупсар, Оттон сорохтор уоттара Умуллаары айгыстар.
Эмиэ албын хатыланар, Фроннартан туора туруох, Эмиэ норуот абыланар Кулгаахпытын саба туттуох.
Аныгы фроннара арааґа Албын аатын айа±а, Атах – бытах ону аґара – Бэйэтин бэйэтэ самнарара.
Саха аата
Сахалыы ааты ылынан Саха±ынан киэн тутун, Бу дьыл – хонук быыґынан Саата – суута суох уґун.
Аат алдьатар, аат баттыыр, Атын ааты таллахха, Аат кітµтэр, аат кынаттыыр Анал ааты буллахха.
Саха кэрэ сахатынан Сайа±астай санаатынан, Саха кэрэ аатынан Саргы, Сандал буоларынан.
Атын омук кэлбитигэр Ааппытын былдьаппыппыт, Онтон ыла сир µрдµгэр Уйбаан, Маайа буолбуппут.
Бу сааттаах быґыыны Уларытар кэм кэллэ, Бэйэбит киэнин тіннірµµнµ Баалаан турбат инилэр.
Кыайдахпытына мантан инньэ А±абыт аатын булуохпут …абыс, …ібµс дэммэккэ Уола, Кыыґа буолуохпут.
Ааты – суолу былдьатыы – Айылгыны алдьатыы, Аґыныгас айыы киґитин Айбытыттан тэйитии.
ОлоІхо±о суохтара Охонооннор, Бµітµрдэр, Уґун суолу барбыттара Уйгулааннар, Эллэйдэр.
Јбµгэбит кэрэ аатын Јрі тутуох ірµµтµн Ґс саха µіскµі±µттэн Ґйэлэри ніІµі тµстµн.
Сіргµтµіххэ кини аатын СардаІалаах айыытынан, ОлоІхоттон кынаттанан Олох устун дайыахтын.
Мин µірэбин саІа µйэ±э Сырдык санаа сайбытыттан, Бар дьон тэбэр сµрэ±э Уруккуну умнубатыттан.
Омукка омуга аатыгар, Онтон биґи матымыахха, Аан дойдуга барытыгар Сахабытын санатыахха.
Бу сир µрдµгэр баар буоллуннар Туйааралар, Ньургуннар, Ґксµµ - µіскµµ турдуннар Дайааналар, Дарханнар.
Махтал буоллун баґылыкка Аат суолтатын анаарбыкка, Ааты былыргы былыкка Саґыарбакка таґаарбыкка.
Саха аата сахатыгар Сандаарыйан тінµннµн, Сах са±аттан дуораґыйан Саргылана тілінµрдµн!
Омук Уола Алтынньы ый 2011с Туймаада.
|
Category: Хоһооннор |
Views: 2621 |
Added by: uhhan2
|
Total comments: 1 | |
1
Nico
(2012-08-12 14:57)
Ppl like you get all the brains. I just get to say thanks for he anwesr.
|
|
|
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 82 Ыалдьыттар (гостей): 82 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|