Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2011 » Алтынньы » 24 » Салгыыта.Тимофей Румянцев, Россия бочуоттаах суол тутааччыта, СР(Я) үтүөлээх тутааччыта. Нам селота 2011 сыл алтынньы 12 күнэ.
Салгыыта.Тимофей Румянцев, Россия бочуоттаах суол тутааччыта, СР(Я) үтүөлээх тутааччыта. Нам селота 2011 сыл алтынньы 12 күнэ.
20:10
Салгыыта.Россияны авторитарнай – корпоративнай система 2000 сылтан салайан олорор

А. Сердюков оборона министра буолуоҕуттанн коррупция Армияҕа үрдүк таһымҥа тахсыбыта туох да саарбаҕа суоҕа биллэр, ол иһин Россия Президена Д. Медведев Армияга коррупция боппуруоһун таарыйбытыттан 2011 сыллааҕы подряднай сакаастар баччааҥҥы кэмҥэ диэри оҥоһулубакка тураллара мин санаабар коррупцияны кытта сыһыаннаах дии саныыбын. Онон коррупция Армияҕа оборона министерстватын аллараа таһымыгар көспүт буолан тахсар, ол курдук саллааттарга кытта тиийбит буолан тахсар, саллааттар аһыыр бородууксуйаларынм ыскалааттарыгар эт тушенкатын оннукгар ыт аһыыр кэнсиэрбэтин баанкаларыгар тушенка этикеткаларын сыһыаран баран храни гыммыттарын, саллааттары онон аһаталларын -  майор  Матвеев интернекка таһаарбытын иһин үлэтиттэн ууратан баран, билигин киниэхэ  уголобнай дьыала тэрийдилэр. Аатырбыт Липецкай авиационнай эскадрилия лейтенана Сурмин интернекка бу эскадрилия команднай састааба ыйга хамнастарыгар  премия биэрэллэрин % үрдүүрүн иһин  младшай офицердэриттэн харчы хомуйалларын туһунан  интернекка Россия президенин Д.А. Медведевка аатыгар биллэрии ыытан улахан айдааны таһаарбыта, билигин даҕаны ханнык миэрэ ылыллыбыта биллэ илик. Бу биирдиилээн эрэ түбэлтэлэр буолбатахтара, бу Россия Армиятыгар система буолбута саарбаҕа суох: службалыыр саллааттарын ыт аһылыгынан аһатыы, армия аллараа команднай састаабыттан кинилэргэ бэриллиэхтээх премияларын % үрдэтиэхпит үрдукү кеоманлнай састааб диэн харчы  хомуйаллара -  бу  Россия армиятыгар коррупция бары систематыгын хаппытын туоһуклуур. Ити үөһээ ааттаммыт түбэлтэлэр бу Армияны тутарга көрүллүбүт бюджет иһигэр киирэллэр.
Россия бюджетыгар барытыгар сыһыаннаах байыаннай прмышщленнай комплексин хас да сүүс тыһыынча үлэһиттээх коллективтаах Россия БПК-тыгар 2011 сылга былааннаах үлэтин смаҕалыы илик, А. Сердюков  салайар оборона министерствата атырдьах ыйыгар диэри 2011 сылыгар, оборона промышленноһун полрядчиктарын кытта 2011 сыллаах договорун оҥосто илик, кини этэринэн подрядчиктар сыаналаларын ылыммакка сылдьар аатырар, сыл бүтэн эрэр. Экономика сокуонунан сыл саҕаныытыгар бюджекка көрүллэн, үп заказчика бэриллиэхтээх, заказчик сыл саҕалныытыгар подрядчигы булан договор оҥостуохтаах уонна договор быһыытынан оҥоһуллар үлэлэргэ аванса биэриэхтээх  Урукку бириэмэ эбитэ буоллар А. Сердюков бу сыл аҕыс ыйа ааһыар дылы бюджетынан көрүллүбүт үлэлэр дуогабардара саҕалана  иликтэрин иһин дуоһунаһыттан уһуллуон сөптөөх этэ. Сабаҕалаатаахха БПК уонна Оборона министерствата «Откаттарын» суумматыгар собүлэспэттэр быһылаах, манна Россия Президена Д.А Медведев коррупцияны утары үлэтин күүһүрдүбүтэ таайда быһылаах. БПК – Силовой структураҕа киирэр, Россия 2011 сыллааҕы бюджетын 35,7%, эбэтэр 11,2  триллион солкеуобайтан – 4,0 триллион солкуобай түбэһэр, (манна 2000 сыллааҕы Россия бюджетын ааҕааччсыларга санатыахха сөп). Дьэ ааҕааччы бэйэҥ толкуйдаа төһө элбэх үп БПК нөҥүө ааһарын, бу киминэн да хоптуруолламат үп. Бу Россия бюджетын туһунан  «АиФ» хаһыат 2011 сыл атырдьаъх ыйын 2  күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыахха сөп.  
А. Сердюков Россия Оборонатын министрынан ананарыгар иккис стратегическай сорудаҕынан хаалбыт, эргэрбит сэрии сэптэрин ыскалааттарын суох гыныы (утилизация) этэ.  Бу туһунан В.В. Путин Россия Президегнынан олорон укаас таһаарар: 2005 – 2010 сылга диэри бу хаалбыт сэрии сэптэрин суох гыныы Програпммата диэн. Онно бюджеттан сыл аайы харчы – 3,0 миллииард солкуобай көрүллэр.  Итини Россияҕа  оҥорого  1,5 млн. тонна эстэр боеприпааһы суох гыныллыахтаах – эбэтэр балтараа тонна мегатонн тротил, атыннык эттэххэ 100 Хиросима бомбатыгар тэҥнэһэр. Онон А. Сердюкову В.В. Путин саамай мас курдук эрэнэр киһитин Россия оборонатын министринэн анаабыта толору өйдөнөр. Маны таһынан А. Сердюков Россия налоговой служба салайааччытынан олорон В.В. Путиҥҥа улахан суолталаах «үтүөнү» оҥорон турар, мин итини өссө салгыы сырдатыам. Бу срога ааспыт, билигин туттуллубат сэрии эстэр сэбтэрин ыскылааттарын суох гыныыга чахчы байыаннай менталитететтаах, дьиҥнээх Россия патриота,  байыаннай киһи салайыан наада буоларын норуот барытын өйдүүр. Онтон В.В. Путин Россия государстватын корпоративнай систематын «чаҕылхай» представителэ Анатолий Сердюков    ити үөһээ ааттаммыт государственнай ирдэбиллэргэ тугунан да эппиээттээбэт. Онтон В.В. Путин государстваны салайан олорор «Вертикаль власти» систематытагыр толору эппиэттиир – үөһээ салалтаны «истигэн», байыаннай дьыалаҕа проффесианаль буолбатах, Путин эрэнэр киһитэ, Россия Премьер Министрин вицетин Зубков күтүөтэ, миэбэл атыыһыта, Россия налоговай сулуусбатын салайааччытынан министрдиэн иннинэ үлээбитэ, онон харчы хантан кэлэрин үчсүгэйдик билэр, производстваҕа хаһан даҕаны үлэлээбэтэх киһи – А. Сердюков бары өртунэн эппиэттиир..
Бу хаалбыт эстэр кутталлаах сэрии сэптэрин ыскалааттарын «утилизациялыырга» Россия оборонатын министригэр А. Сердюковка олох кытанах экзамены ыытта. Бастаан Россия үрдүк салалтата ойоҕоһуттан «ручной» салалтанан көмөлөспүтэ – 2008 сыл алтынньы 15 кунугэр 359  №-дээх Россия Президена А.Д. Медведев указ таһаарбыта, бу туһунан «МК» в Якутии хаһыат 2011 сыл от ыйын 15-22 кунүгэр  «Подрывная работа России» диэн ыстатыыйаҕа ааҕыахха сөп. бу указ быһыытынан бу ыскалааттар Россия оборонатыттан тахсаллар уонна приватизацияланан Аһаҕас Акционарнай Обществаҕа бэриллэлэр, бу АОА «Оборонасервис» диэн холбоһукка киирэр. Оттон Холбоһук директордарын Советын Председателинэн А. Сердюков ананар. Бу АОА үлэтин туһунан туох да сонун иһиллибэт «сэкириэт», оттон бу тэрилтэҕэ авариялар тахса тураллар, бюджеттан 3,0 миллиард солкуобай сылын аайы 2009 сылтан бэриллэ турар. Ити үөһээ этиллибит ыстатыыйаҕа этиллэринэн бу үбү Оборона министерствата уонна «утилизацияҕа» кыттыгастаах  фирмалар үллэстэ олороллор. Онтон 2009 сыллаахха 31 байыаннай арсеналга Ульяновскайга утилизация кэмигэр улахан эстии тахсар – 11 киһи өлөр, оттон Государстваҕа – 200  мөлүйүөн солкуобай орускуот тахсыбыт. Дьэ бу кэнниттэн бу саҥа тэриллибит «Оборонасервис» тэрилтэҕэ авриялар куруутун тахсман барбыттара:
- 2010 сыл от ыйын 3 күнүгэр Бийск куорат таһыгар утилизация түмүгэр 4 байывннай уонна 4 обороннай тэрилтэ үлэһиттэрэ өлбүттэрэ.
- 2010 сыл от  ыйын 5 кеунугэр Самара аттынааҕы полигоҥҥа буораҕы уматыыга уонна гранаталар запаалларын эһиигэ, биир офицер өлбүтэ, биир байыаннай улаханнык оһолломута. Бу түбэлтэ кэнниттэн оннооҕор Д.А. Медведев улаханнык соһуйан – маннык түбэлтэлэр системаҕа кубулуйда диэн буруйдаахтары кытаанах эппиэккэ тардыахха диэн этэн турар. Төһө даҕаны «стрелочниктары»  миэрэҕэ тардыбыттарын иһин, өскөтүн салайар систиэмэни уларыта иликкинэ балаһыанньаны тупсарбаккын, ону олох бэйэтэ көрдөрдө, утилизацияҕа авриялар тахсалларын курдук тахса тураллар.
- 2010 сылга от ыйын 5 күнүгэр Амурскай уобалас сэрии сэптэрин ыскалаатыгар баһаар буолан – 2,2 мөлүйүөн хоромньу тахсыбыта.
-  2011 сыл муус устар 6 күнугэр Липецкай аттынааҕы 260 №-дээх  Киин ракетнай артилерийскай ыскалаакка 4о киилэлээх буораахтаах дьааһык эстэн 3 киһми өлбүтэ, 2 киһи ыараханнык бааһырбыттара,  баһаары умуруорбуттара.     
- 2011 сыл ыам ыйын 26 чыыһылатыгар сэрии боеприпастарын утилизация түмүгэр Башкирияҕа эстии тахсан – 200 мөлүйүөн солкуобай ороскуот тахсар.
-  2011 сыл бэс ыйын 3 кунугэр Ижевскай куораттан 27  км баар 107 №-дээх Миноборона арсеналыгар эстии тахсан,. 1 банныай сураҕа суох сүппүт, 2962 олорор дьиэлэр 32 нэһилиэнньэллээх пууннарга эмсэлээбиттэр. Хоромньу – 2,2 милдлитард солкуобайга тэҥнэһэр
-  2011 сыл атырдьах  ыйыгар Архангельскай уобаласка эмиэ утилизация түмүгэр 5 киһи өлүүлээх, уон киһи оһоллонуулаах быһылаана тахсыбыта билигин следствиялана сылдьар.
Онон Россия үрдүку салалтата хаалбыт, срога тахсмыбыт сэрии сэптарин утилизацияҕа ыытар Программатын »сатабыллаахтык» тохпут Россия оборуонатын министрэ Анатолий Сердюков туох да буолбатаҕын курдук үлэлии олорор.
А. Сердюков 2011 сыллаах  Россияҕа саамай  үрлүк бюджеттаах байыаннай промышленнай комплексын (БПК) подрядчиктарын кытта догубарын дьыл аҕыс ыйа ааһыар дылы оҥорсубакка олорорун иһин, Армияҕа «дедовщина» киһи тулуйбат балаһыанньатыгар тириэрдитбит, коррупцияны анныкы офицерскай састаабка тириэрдитин, сулуусбалыыр саллааттарын ыт аһынан аһатарын иһин, утилизация программатын тохпутун иһин уупатыллыаш сөртөөх этэ даҕаны туох да миэрэни ылбвтв буолуо.
Манна бу Россияҕа Государсваы корпоративнай салайыы систематын олоххо киллэрбит В.В. Путин бэйэтин дьоннорун олох түһэн биэрбэт: маҥнайгынан Россия социальнай сайдыытын министра Зурабов В.В. Путин маҥнайгы срогар прензиденаан олордоҕуна борустуой гражданнарга государства босхо биэрэр өҥөлөрүн, инвалидтарга босхо эминэн биэрэрин харчыга Госдуманан сокуон таһааттаран Россияҕа улахан айдаана таһаарбывта, онно туох да миэрэ ылыллыбатаҕа, арай Зурабовы бэйэтигэр көмөлоһөөччүтүнэн ылан баран, Украинаҕа посуолунан анаммыта. Кэнники санаан көрдөххө Зурабовтар дьиэ кэргэттэрэ Россияҕа маҥнайгынан «семейнай подряды» государсваны салайыыга киллэрбиттэрэ – инвалидтар эмтэригэр бюджеттан барар үпкэ поставщигынан Зурабов кэргэнэ салайар фармацевтическай тэрилтэтэ иткки сыл тухары сүрүн өртүн ылара, оттон ону үллэрээччи Россия социальнай министрэ Зурабов этэ, онно туох да откат харчыта төлөммөтө сэрэйиллэр. Оруобуна итинник схеманан Москва куорат мэрин кэргэнэ «Интеко» фирма хотуна Баптурина Россия дьахталларыттан Батукрина 2007 сыллаахха дуолларабай миллиардер буолбуьа.
 Корпоративнай системаҕа үлэлиир министрдар бэйэлэрин эйгэлэрин үлэтин түмүгэр туох да эппиэтигнэһи сукпэттэр, кинилэр «вертикаль власти» систематын «айбыт», «зомби дьаһыгынан» -  телевидидиенан, рейтинин үрдэтиммит, «нация кумира» буолбут В.В. Путин эрэ иннигэр эппиэтинэс сүгэллэр, оннооҕор Россия президенин Д.А. Медведев иннигэр эппиэтинэһи да сүкпэттэр, ону ити Ванкувер Олимпиадатыгар 2010 сылга Россия холбоһуктаах хамаандата хотторбутугар Россия спортун министрын В. Мутькону  тохтоору гыммыта да кыайбатаҕа дакаастыыр.
Бу маннык Россия Премьер министрэ В.В. Путин бэйэтин  кадрдарыгар сыһыанын түмүгэр – Россия Ис дьыалатын министра, Россия гражданнарын маҕаһыыҥҥа киирэн таах ытыалан кэбиһэр майор Евсюков кадрдаах, Краснодарскай крайга «Цапковскай империяны» «крышалаан» олорбут сотрудниктардаах край Ис дьыала Управлениятын начальнига гегнерал Кучеругу Президент Д..А. Медведев оставкаҕа ыыппытын үрдүнэн  бэйэтин прикаһынан наҕаарада биэрбит Рашид Нургалиев  туох да буолбатаҕын курдук дьаһайа олорор өссө реформа ыыта олорор.
Россия Доруобуйа харыстабылын министра Татьяна Голикова – «Мадам Арбидол»,  2011 сыллаахха сайын Россия президена Д.А. Медведеа «НТВ» программаҕа Т. Голикованы мөҕө олорорун көрдөрбүттэрэ, онгно кини эппитэ: «Импортнай компьюторнай «томогшрафтавтары» атыылаһарга Россия 7,5 миллиард солкуобай ороскуотуттан аҥарын 3,75 млрд. солкуобайы экономитялахха сөбүн этэн туран, бу манна Россия регионнарын буруйдаан , кинилэр сиэбиттэр диэбитэ», оттон Т.Голикова манна туох да миэрэ ылыллыбыта биллибэт. Бу туһунан хайа да хаһыакка аахпаккын, арай «Совершенно секретно» диэн хаһыат 2011 сылга 6 нүөмэригэр ааҕаыхха, онно суруйалларынан – кини кыттыгас фармацептическай фирматыгар оҥоһуллар «Арбидол» диэн сибиннньэ гриибин утары эмп оҥоһуллар эбит, ол иһин суруналыыстар кинини итинник ааттыыллар эбит,онно В.В. Путин официальнайдык сылдьыбыт эбит. Манна суруйалларынан Т.Голикова билигн туох  буолбатаҕын курдук «бириллиан таҥара кириэстээх» сылдьар.
Бу ыстатыыйаны син өр суруйдум, бэйэм анализтаан көрөн Россияны корпоративнай система хайдах «ытарча курдук» ылан бу уон биир сыл үлэлээн кэлбитин арыйаары элбэх хаһыаттары аахтым, төһө даҕаны «зомби дьааһыгы» эрэммэтэрбин иһин көрөбүн, «НТВ» сонуннарын, кэлин 1 программаҕа «Пусть говорят» А. Малахов уонна М. Ситтель программатын 2-с программаҕа «Прямой эфир» М..Зелинскай, «Историчемкий процесс» Н. Сванидзе уонна С. Кургинян программаларын, кэнники «Свобода и справедливость» диэн А. Макаров программаны интириэһиргээн көрөбүн, олорго олоҕуран Россия Правительстватын састаабын ырытан көрдүм.
 Мин ордук «Московский Комсомолец» хаһыаты сөбүлээн ааҕабын, кини олоҕу сөпкө ырытар диибин, урут «МК» в Якутии диэни суруттарар этим даҕаны бу икки сыл бу хаһыаты Саха сиригэр сабыталыыр буолан. быйыл 2011 сылтан Москваттан быһаччы суруттарар буоллум, төһө даҕаны  пенсионерга ыараханын иһин.
Дьэ бу хаһыаппар атырдах ыйын 31 кунугэр  (мин хаһыаты балаҕан ыйын 6 куүнүгэр туппутум) «В.ладимр Путин 7 сиэртибэтэ» диэн ыстатыыйата тахсыбыт. Онно «Викиликс» этэринэн «Путин үөрдэрин» ити – В. Путин былааска аҕалтаабыт «бэйэтин» биир «чаҕылхай» саллаата  - Госдума спикера Борис Грызлов интервьютыгар олоҕуран суруллубут. Бу ывстатыыйаны «МК» хаһыат корреспондена М. Ростовцев суруйбут, кини Б. Грызлову элбэхтик интервью биэрэр, элбэхтик саҥарар даҕаны «по существу» дьыала туһунан тугу да эппэт диэн тоһоҕолуур, онтон бу сырыыга «Эһэлэр» арҕахтарыттан тахсан аһаҕастык этэр – быыбар кэнниттэн Россия Поравительстватыгар элбэх м инистрдар оставкаҕа барыахтара диэн этэр, уонна барыларын нүөмэрдэлээн, хаартыскалаан таһаарар. Бу дьон туһунан мин бу ыстатыыйаҕа почти барыларан ааттабытым. Онон бу дьон туһунан салгыы эппэппин. 7 нүөмэрдээх -  киһинэн Россия финансатын министра В. Кудриҥҥа сөбүлэспэппин.
Оттон 4  нүөмэрдээх Оборона миннистрэ А. Сердюков В.В. Путин үрдүкү былаастан бардаҕына эрэ оставккаҕа барыан сөп – онно икки биричинэлээх:
1. А. Сердюков В.В Путиҥҥа улахан «өҥөлээх», ити туһунан «МК» хаһыат 2011 сыл от ыйын 28 кунугэр политолог Станислав Белковскай «Российские коррупциогнеры сожрите друга» диэн диэн ыстатыыйатыгар суруллар. Онно этиллэринэн: «Урукку миэбэл атыыһыта, 2004 сылаахтан Россия Федеральнай налуогабай сулуусба салайаачыта А. Сердюков сүрүн соругунан Ходорковскай салайар фирматын «Юкоһы» налуогабай кыайан төлөммөт иэстэри суоттаан мокеуруот оҥорорго. Бу туруорруллубут сорудаҕы А. Сердюков «чагылхадык» толорор, онтон Россия үрдүк сололоохторо таптыыр тэрилтэлэрэ «Роснефть» илиилэрин иһигэр сылдьар олигарх Р. Абрамович «Юкос» имуществатын атыылаһарыгар «Юкос» үрдэтиллибит налуогабай иэһин төттөрү ааҕаннар,  Р. Абрамовичка атыылыыллар». М. Ходоровскай 7 сылга хаайыыга барар.
2. Иккис биричинэтэ:  Россия оборонатын үрдүкү салайааччылара В.В. Путин 2000 сыллаахтан Россия президенынан талылыаҕыттан  уопсай тылы булбаттар, В.В. Путин «Вертикаль власти» күүһүнэн бастаан 2004 сыллаахха, филолог үөрэхтээх, бэйэтэ билэр киһитин Питертэн төрүттээх Сергей Иванову, 2007 сыллаахха эмиэ гражданскай киһини, хаһан даҕаны Армияҕа сылдьыбатах, байыаннай менталитеты өйдөөбөт киһини А. Серлюкову аныыр. Онтон бу икки дилетант С. Иванов уонна А. Сердюков Армияны салайыахтарыттан ылата – дьиҥнээх  байыаннайдар уонна В.В. Путин икки ардылара өссө улаханнык атар.    Корпоративнай система кадрдара буолан С. Иванов, А. Сердюков бу система быраабылатынан бэйэлэрин аттыларыгар кинилэртэн өйдөөх, майгы өртунэн ыраас, байыаннай дьыаланы дириҥник билэр профессионалары, авторитететтаах дьоннору оборона министерстватыттан оставкаҕа ыыталаан бэйэлэрин дьоннорун туруортууллар. Сорохторо маннык балаһыанньаны тулуйбакка бараллар, холобур,  Оборона министерстватыгар Россия Сэбилэниилээх күүстэрин байыаннай бэлэмнэниитин эппиэттиир үлэһитэ Россия дьиҥнээх патриота, талааннаах генерал Александр Скородумов бэйэтин оставкаҕа барар сайабылыанньатыгар бу курдук суруйбут: « … Армияҕа бу кэмҥэ профессионаллар ирдэлибэттэр быһылаах. Мин маннык Армияҕа сулуусбалаабаппын, өскөтүн Армияҕа дуоһунастарга бэйэлэрин билсэр эрэ дьоннорун аныыр буоллахтарына».  
Бу дьыл олунньу 10 күнүгэр Москваҕа бүтүн Россиятааҕы байыаннай офицердар уопсай мунньахтара буолбута. Онно Россия Сэбилэниилээх Күүстэрин балаһыанньатын ырытан баран Байыаннай трибунал уурааҕын ылыммытара. Бу уураах ылыналларыгар.  Россия Армията балаһанньата олох мөлтөөбүтүгэр 8 сыл Россияҕа президеннаабыт, 3 сыл Россия Прьмьер В. В. Путины быһаччы буруйдаан буруйдуур тылы Госдума биэс ыҥырыытын депутата, коммунист, юрист Виктор Илюхин дакылаат аахпывта. Бу Трибунал 2008 сыллаахха олунньуга эмиэ байыанннай офицердар Бүтүн Россиятааҕы мунньахтарын уурааҕын тэриллибит эбит. Бу дакылааты оҥорорго Россия ученайлара, элбэх үрдүк кылаастаах байыаннай  специалистар, юристар, экспертэр Россия бары эйгэлэриттэн барыларыттан элбэхтик анализтаан, дириҥник үөрэтэн, В В. Путин оруолун эрдэттэн бэрэлибюит сыал туруоруммакка эрэ аһаҕастык ырытан баран бары маннык быһаарыыны биэрэллэо: « мы пришла к однозначначному выводу,  В.В Путин совершенно умышленияо совершал действя, приведших к резкому ослаблению военной , экономической и иной мощи страны». Дьэ кытаанах этии буолбат дуо.
Онон В.В. Путин А. Сердюкову оставкаҕа ыытара хайдах да табыллыбат, -атын киһи ананнаҕына ити Байыаннай трибуналын бириигэбэрэ  хайдах эргийэрэ биллибэт. Онон В.В. Путин политическай дьылҕата быһаарылларыгар тиийэр. Ити трибунал бириигэбэрин «Коммунист» хаһыат 2011 сыл 7-8 нүөмэригэр «Так пусть свершится правосудие» диэн ыстатыыйаҕа ааҕыахха сөп. Хомойуох иһин бу бириигэбэри бэлэмнээбит киһи –Госдума депутата  В. Илюхин 62 сааһыгар сылдьан сүрэҕэ тохтоон кулун тутар 21 күнугэр өлөөхтөөбүтэ.
Кэнники Россияҕа тахсар түбэлтэлэр «Веритикаль власти» -  копораьтивнай  система сүрун тутааҕа »провались» буолбутун чаҕылхайдык дакаастыыллар: бу аҕыйах хонуктааҕыта аэропорт территориятыгар тахсан иһэн сууллубут ЯК-42 самолет «Локомотив» хоккейный кулууб хаманндат ба рыта – 42 киһи өлбүттэрэ – бу 2011 сылга Россияҕа тохсус       түбэлтэтэ буолбута, оттон вертолеттар сууллуулара ахсааҥҥа да киирбэт, оттон бу ыйга Россия Аан дойдуга бастаан иһэр космос эйгэтигэр -  Межэдународнай  космическай хамандааҕа саппаас уонна аһыыр продукта таһаарыахтаах «Прогрес» - 6   мүнүүтэ иһигэр суулуубута Россия имиджин туһунан элбэҕи этэр, бу тоҕус ый түмүгэр Россия космос эйгэтигэр үһүс табыллыбатах түбэлтэтэ буолар, манна өссө 2010 сылга ахсынньы ыйга Россия үс спутнига ГЛОНАСС Тихэй өкеаҥҥа сууллубуттара, 2011 сыл олунньу 1 кунугэр Россия Оборонатын хайысхатынан ыытыллыбыт ДМ-3 (Метеосводкалары хомуйуохтаах спутник) космос олох атын орбитатыгар тахсыбытын американскай специалистар булбуттара. Бу Россияҕа космоска тахсыбыт үс түбэлтэ билигин Россия космос эйгэтигэр хайдах туруктааҕын чаҕылхайдык  көрдөрөр. Бу түбэлтэлэргэ наар «разгрузочнай» блогу буруйдууллар, онтон ракеталары космоска таһаарар механизмнар бары советскай саҕанааҕы разрапботканан таҥылаллар. Онон манны таҥар специалистарга ханнык да претензия суох. Оттон ити үөһэ этиллибит «разгрузочнай» блоктар оҥоллубуттарын  «ситиһииллэх, таланнааах»  менеждеринэн салайыллан оҥоһукллубуттара, атыннык эттэххэ «модерзинацияламмыттара», оттон кинилэр сыаллара биллэр -  «харчыны хачайдааһын» («Зарубить бабло - диэн суруйаллар «МК» хаһыат корресподена 2011 сыл №183 нүомэригэр атырдьах 25 күнүгэр «Прощай спутник» диэн ыстатыыйаҕа).
Бу үөһээ этиллибит тыллар Россия норуотун олоҕун эйгэтигэр барытыгар сыһыаннах диэн бэлиэтиибин – Үөрэххэ, Үрдүк үөрэххэ, Доруобуйа харыстабылыгар, Спотрка., Олох-дьаһах өҥөтүгэр, Ис дьыала сотрудниктарыгар, Армияҕа, тоһоҕолоон  эттэххэ киһи  быраабатын көмүскүүр уонна  харыстыыр уорганнарга, Суут сокуон. уорганнара,. Прокуратура -  бу барыта «Вертикаль власти» 11 сыллаах үлэтин түмүгэ.
Россия нациятын «кумира» В.В. Путин бу дьыо от ыйыгар буолбут 122 киһи өлүүлээх «Булгария» диэн теплоход тимириитин ырытан «Зомби дьааһыкка»,  бэйэтэ өйдөөбөккэ эрэ бу корпоративнай система ис хоһоонун быһааран биэбитэ – «Бу түбэлтэ сүрүн биричинэтэ – «харчыга ымсыы» диэн (Алчность). Дьэ бу чаҕылхай этии – оруобуна коррупция хамсатар механизма – харчыга ымсыы буолар.  Бу буолар, ханнык да таҥара үөрэҕэ  буоллун барыта, киһи аймах биир кутталлаах айыытынан билинэллэр. Аны саамай кутталааҕа – бу биһиги дойдубутугар Россияҕа коррупция общественнай олохпутугар киирбитэ. Өссө биир кутталлааҕа – биһиги кэлэр көлүөнэбит -  эдэр  ыччаппыт көрө сылдьан, кимнээх байылыаттык, көҥүллүк олороллорун, Россия ыйытыы оҥорор фирмалара ыйытыы оҥорбутун - 40%  - чунуобунньук буолуохтарын  баҕаралларын бэлиэтээтэ. Бу корпоративнай система үлэтин түмүгэ.
В.В. Путин тыл этэригэр син суолталаах тыллары этэр, холобур 2010 сыл бүтүүтүгэр аһаҕас эфиргэ Россия норуотун боппуруостарыгар эппиэтииригэр: «Касьянов уонна Немцов тоҕо былааска тахса сатыылларый?» - диэҥҥэ, кини этэн турар – «Кинилэр харчы хамсыыр сиригэр чугаһыы сатыыллр» диэн.эппиэт биэрбитэ. Ол гынан баран Касьянов 7 сыл былаастан тэйбитэ, Немцов толоруулаах былаастан тэйбитэ 15 сыл буолла, онон былаас туһунан санаалара олох да мэлийбит буолуон сөп. Оттон В.В. Путин бэйэтэ ФСБ –ны аахта 15 сыл олорбут, бэйэтэ былааска таһаартаабыт дьонноро бэйэлэрин Россия дьылгатыгар сыһыаннара бу этиитигэр оруобуна сөп түбэһэллэр дии саныыбын. Онон мин санаабар бу Россияны билигин салайа олорор корпоративнай система чиновниктарыгар барыларыгар сыһыаннаах.  Дьэ биһиги Россия государствата маннык дьоннорунан салайтара олоробут. Онон «Туймаада уоттара» балаган ыйын 15 күнүгэр тахсыбыт И.Харитонов «Салгыы маннык олорор табыллыбат», «Сэбиэскэйи эрэ «үөҕүү» диэн буолбатах» диэн Николай Попов - Сэргэ ыстатйыылары сөбүлээн аахтым уонна кинилэр билиҥҥи Россия урдүкү салайааччыларын туһүнан сыанабылларын 100% өйүүбүн.  
Россия маннык салаллан олороро хайдах даҕаны табыллыбатын биһиги олохпут көрдөрөр – бу  иннэ суох суол.  Аналиктар кэпсиилэринэн Россия билигин ити корпоративнай государстваны салаллыыйанан Россия Государственнай капитализмынан олоробут диэн кэпсииллэр даҕаны, ити нэдиэлэ аайы 2 каналга тахсар «Исторический процесс» Н. Сваиидзе этэри гэр сөбүлэһэбин, кини этэринэн биһиги билигин номенкалатурнай коммунизмҥа олоробут, манна Н. Сванидзе утарылааһааччыта С. Курганян сөбүлэспитин  киллэриэххэ сөп. Ол гынан баран «Форбс» сурунаал «долларобай миллиардердар» испиэһэктэригэр урукку Москва куорат Мэрэ Ю. Лужков дьиэ кэргэнэ эрэ баар, уоннааҕылар бары бизнесмэннэр, биир даҕаны Россия үрдук сололоохторо суохтар. Бу Кипрга баар офшорнай счеттар аһыллыннахтарына биллэрэ буолуо. «Тандем» биир аҥара – Россия президена Д.А.  Медведев наһаа борустуой киһи буолбатах эбит, илиитигэр куоһурдаах буолуохтаах, тоҕо эрэ Кипр Правительстватын кытта дипломатическай сыһыаҥҥа 2010 сылга илии баттаспыттара. Онон ханнык эмэ дьыала тэрииллэр буоллаҕына Россия правохранительнай уорганнара Кипрга офшорнай счеттар хаһаайыннарын булуохха сөп.
В.В. Путин Россия президенигэр бастаан талылларыгар, 2000 сыллаахха норуокка «Террористары сортирга суох гыныам» диэн эрэннэрэн бастакы туурунан Россия Президенынан талылыбыта. Онтон ылата кини дьаһайбыта 12-с сыла буолан эрэр даҕаны террористарбыт суох буолаллара билигин даҕаны биллибэт, хата кинилэр Россия борустуой дьонун таптаабыт сирдэригэр суох гыналлар: поеһынан, метронан айаннаан истэхтэринэ, рынакка сырыттахтарына, утуйа сыттахтарына дьиэлэригэр, оттон Кавказ республикаларыгар итинник террористическай аакталары билигин даҕаны нэдиэлэ аайы тахса тураллар. Ол гынан баран киһи билигин итилэри  «террористическай аахталарга» киллэрбэт да буолла. Бу республикалар салалталара бастаан туруорсубут Россияттан туспа бара сатыыр биричинэлэрэ суох буолла – бу Кавказ республикаларын салалталара экномическай өртүнэн Россия көмөтүнэн «көҥүл» ыллылар – бу республикалар сыллааҕы бюджеттаррын 90% Рооссийскай Федерация үбүлүү олорор. Онтон бу республикалар бу харчыттан борустуой норуоттар олоторун тупсарыытыгар тиийбэккэ, борустуой норуот олоҕун куҥ-туун аайы ыараан иһирэрин Россияҕа  бу республикаларга үлэтэ суох буолуу саамай үрлүк %-ны ылалларын статистика көрдөрөр, онтон бу харчы ханна барарын бары билэ олоробут – Чечня Президена Р. Кадыров Голландия биллиилээх футболиһын Гуллит элбэх сууммалаах гонорарарга ылан баран сыл аҥара буолан  кыайбата диэн ууратан турар, Бразилия уруккута биллиилээх футболистарын ыҥыран көрсүһүү - матч  онорон, бэйэтэ кытта оонньоон Чечнялар кыайан тураллар, Дагестан «Анжи» кулууба аан дойдуга саамай ыарахан гонорарга Камерун футболиһын атыылыһан олороллор. Маннык балаһыанньаны Кавхаз республикаларын борукстуой норуоттара билэ олороллор, ол иһин муҥур уһугар тиийэннэр,  Россияны утары буолбакка, бэйэлэрин Регионнарын салайар дьоннорун утары охсуһан ренионнарын, муниципалларын салайааччыларын, ону  эрэ харыстыыр милициядарын 2011 сылтан сойуолаһар буоллулар. Бу борустуой норуот Россия үрдүку былааһыгар барычыаһын кардөрөр – билиҥҥи авторитарнай корпоративнай былааска. Оттон «Зомби дьааһыкка» ити Кавказка буолар түбэлтэлэри «террористическай аахталар» диэн ааттыллар, мин санаабар  террористар лидердара – Закаев, Доку Умаров бэйэлэрин норуоттирыгар саарама утары барыахтара суоҕа, итилэри оҥорорго үптэрэ да суох буолуо уонна кинилэр өйдөөх дьоннор Россия маннык былааһынан – номенклатурнай каитализмынан бэйэтэ да атын сиртэн дьайыыта суох эстэрэ чугаһаан турарын өйдүүллэр. Маннык балаһыанньа үөскээбитин Россия «төбөлөөхтөрө» өйдөөбүттэрэ ыраатта – ханных  даҕаны Россияҕа террору салайар киин суох, баар аҕыйах ахсааннаах холбоһуктар, мин санаабар Кавказ республикаларыттан төрүттээхтэр. Баҕар регионнар салайар уорганнарыгр бааллара буолуо, кинилэр регионнарыгар Россияҕа террору утары охсуһуу үгүс убэ Кавказ Республикаларыгар барара өйдөнүллэр.  Онон бу босхо кэлэр үб ресурсатын бу регионнар салалталара суох гынахтарын баҕарбаттара өйдоҥүллэр, ол гынан баран бу кэнники сылларга тахсар түбэлтэлэр ити үөһээ этиллибитин курдук – бу республикалар Россия барытыгар тарҕаммыт корпоративнай система үлэһиттэрин утары бары өйдүүбүт. Онон Россия кумира В. В.В Путин 11 сыллаҕыта эрэннэрбит эрэннэриитэ туолбатаҕын, өссө атын хайысхаламмытын олохпут көрдөрдө.
Бу үөһээ этиллибиттэргэ олоҕуран Россия норуота маннык  ыарахан балаһыанньаҕа бу система киллэрбитин өссө өйдөөбөбөттөр быһылаах, оттон сахалар үксүлэрэ өйдүүллэр олору бу ааспыт быыбардар даҕаны дакаастыыллар.  Аан дойдуга Айылҕаттан ордук өйдөөх суох, ону бары билинэллэр. Биһиги сахалар үксүбүт айылҕа оҕолоро буолан айылҕаттан олох чугаспыт. Бу өйдөбүлбүн көмүскээн биэс сыллааҕыта Москываттан кэлэ сылдьыбыт, оччоттооҕута СПС партия делегациятын кытта Ленаҕа сылдьан биир түүн мөккүһэн турабын. Ол кэпсэппит  дьонум улахан дьоннор этилэр: Алексей Кара-Мурза – философскай наука доктора, Москва олохтооҕо, Башкирияттан төрүттээх, Иван Стариков, урукку Ельцин праительстватын тыатын хаһаайыстыбатын министра, Россияҕа сенатордыы сылдьыбыта. Олорго мин аһаҕастык этэн турабын: «Айылҕаттан ордук өйдөөх туох да суох, онон бмһиги сахалар айылҕаттан чугас буолан төрүөхпүтүтэн муударайбыт, биһиги бурдук хайдах үүнэрин, үүт хантан кэлэрин, сиргэ хаһан төрүөхпүтүттэн билиэбит, онтон эһиги куорат олохтоохторо -  үөрэх көмөтүнэн муударай буолаҕыт». Ону иккиэн 100% билиммитэрэ. Саха норуота хаһан даҕаны мээнэ толкуйа суох куоластаабаттар, толкуйдаан баран куоластыыллар.
В.В. Путин Россия Президенинан иккис срогун ааспытын кэнниттэн Россия Правительстватын Премьер министринэн ананыаҕыттан ылата 2008 сылтан Россия өссө ыарахан балаһыанньаҕа киирэн испитэ. Онно сүрүн итҕэһинэн, мин санаабар бэйэтэ айбыт, олоххо киллэрбит, «Вертикаль власти» үлэтин түмүгүнэн – бу билигин Россия гоударстватын салайа олорор корпоративнай систематын олоххо киллэрбитэ буолар.
Бу балаҕан ыйын 23—24 күнүгэр буолбут «Ныгыл Россия» политическай партия Россияҕа хаһа н да буолбатах элбэх ахсааннаах – аҥардас делегаттара 1000с виһи, съеһа буолан ааспыта., улахан оруоллаах буолла. Бу съезд Россия  норуота кэнники сылларга кэтэспит боппуруоһун быһаарда - В.В. Путин 2011 сылга Россия Президегнынан талыллар буолла. Телевизорга көстөрүнэн съезд бэрт үрдүк таһымҥа ааспыт курдук көһүннэ да буоллар, кулуарга лөрдөрөллүрэнэн оннук наһаа үчүгэйдик барбыт курдук буолбатах быһылаах, ол курдук киноактер Е. Машков, кинорежиссер Федор Бондарчук съезд трибунатыттан буолбакка сьезд «төгүрук остуолугар» кытаанах согус тыллары этитэлээбиттэрэ. Холобур кинорежиссер Ф. Бондарчук этиитин «АиФ» хаһыат №39-гэр бу курдук суруйар: «Бэйэҕитин хайҕанаргыт тохтото түһүҥ …. Барыта сымыйа, Россия норуотун иннигэр сүҥкэн элбэх «взрывной туочкалар» бааллар Коррупция олох тулуйуллубат түмүккэ кэллэ. Хата ону хайдах туоратар («Ныгыл Россия» делегааттарыан ыцытар – Ред .«АиФ») туох суолу тобуларгытын кэпсээн эрэ».
Мин санаабар Россияны бу кэнники үс сылга ханнык даҕаны «Тандем салайбатах эбит, В.В. Путин кистэлэҥинэн Президеннаан олорбут, Россия Президена Д.А. Медведев Путиҥҥа «рупор» эрэ буолбут. Онон В.А. «Көҥүл», «Россияны Москватан Москваттан эрэ салайыы омсолоох» диэн этилээрин мин В.В. Путигн ис санаатын этэрин курдук саныыбын. В. В,. Путин «Ныгыл Россияҕа» соччо эрэммэтин көрдөрдө, ол курдук Госдума быыбарга «Ныгыл Россия» кыттарыгар 175 билигин үлэлии олорор Госдума депутаттара испиэһэккэ киирдэ. Онтон хас киһи ааһаара биллибэт. Мин «Общемтвенный народный фронт» диэни тэрийэригэр бастаан олох даҕаны интириэһиргээбэтэҕим, телевизоргын атын программаҕа көһөрөн иһэр этим. Онтон Николай Федоровы, уруккку Чувашия Президенынан үлэлээбит, Ельцин саҕана Россия Юстициятын министрэнин үлэлии сылдьан Бэйэтэ акаастанан уурайбыт, бастаан В.В. Путин Россия Президеныгар талыллаатын кытта, кини аһаҕаотык утарбытын биллэрбит киһини «Ныгыл Россия» Госдуиа быыбарыгар кыттар  Программатын оҥорорго сөбүллэммит истэн баран соһуйбутум. Ити иннинэ Н.Федоров олох даҕаны «Зомби дьааһыкка»  8 сыл тухары көстүбэт буолбута.  Онно Программаларыгар коррупция туһунан түһүмэх баарын истибитим, маныахха диэри «Ныгыл Россия» съезтарыгар коррупция тематын ахталларын да өйдөөбөбүппүн. Иккис соһуйуум ити общественнай тэрилтэлэри көрсөн баран В.В. Путин биирдэ интенрвью биэрбитин өйдөөн хаалбыппын, онно кини эппитэ: «Мин  дьоннору көрсөн баран, кинилэр туох да бэлэмниитэ суох, бэйэлэрэ тугу саныыларын аһаҕастык, деловойлук этэллэрин» - астынарын биллэрбитэ. Бу арааһа бастаан борустуой норуоту кытта маҥнайгы көрсүһуутэ буолуохтаах дии санаабытым, ол иннинэ үксүн охранниктара көрсүһэр дьооннорун тугу этиэхтээхтэрин бэлэмнээн баран көрсүһүнниэрэллэрэ буолуо диэн саныыбын, онон В.В. Путин демократия туһунан санаата уларыйбыт быһылаах диэн санааҕа тиийдим. Аны бу сыл аҥарыттан телевидениебыт даҕаны «Замбии дьааһыктан» арыый кубулуйан эрэр дии саныыбын, ол туһунан үөһээ ахтан аһарбытым, туолка онно «Вертикаль власти» алын эрэ өртүн – чиновниктары эрэ хаарыйаллар.  
Мин билиҥҥи санаабар, бу быыбарнай системанан системанан В.В. Путин 2012 сылга Россия Президенынан талыллар буолла, онтон Д..А. Медведев Правительства Премьерынан талыллара боппуруос буолуон сөп, ону бу  быйыл цбуолуохтаах Госдума быыбарыттан тутулухтаах буолуо. Д..А. Медвелев бэйэтин дьиҥнээх сирэйин – бу   Россия финансовай министрин, Вице Премьерин   А. Кудрины оставкаҕа ыытан В.В. Путин 7 сиэртибэтиттэн маҥнайгы оставкатын оҥордо уонна биллэрин курдук бэйэтин оруолун көрдөрдө. Маны таһынан ааспыт пятницаҕа балаган ыйын 23 күнүгэр Россия геройун С. Шойгу икки генералын оставкаҕа ыытта, биричинэтэ биллибэт, мин ону  НТВ-га көрбүтум уонна ханна даҕаны хатыламматаҕа.           
В.В. Путин билигин Россия ханнык ыарахан балыһыанньаҕа тиийбитин, кризиспит чугаһаабыппытын   уонна туох сыыстарыылааҕын бмһигиннээҕэр  ордук билэн олордоҕо. Кини өйдөөбүт буолуон сөп – бу Россия курдук государстваны салайарга авторитарнай-корпоративнай системананн салайыы буортулаааҕын, Правительстваны дьиҥнээх – професионаллар салайыахтаахтарын, ону бэйэтэ даҕаны Россия Прмьерынан олорон этинэн хаанынан билбит буолуохтаах. Кини билигин сыала буолуохтаах – бэйэтэ айан олоххо киллэрбит систематын Африка дойдуларын курдук революцияҕа тириэрдибэккэ, хаана-бааһа суох туоратыан наада. Россия сүүс  сыл иһигэр үһүс революцияны тулуйуо суоҕа. Маны барытын оҥорорго 6 сыл сөп буолуон сөп курдук.
Бүтэһикпэр биһиги Республикабытыгар – Саха сиригэр, төрөөбүт улууспар Нам сиригэр хайдах салаллан олорорбут туһунан кыратык сырдатан ылыам этэ.
1999 сывлга диэри Саха Республиката Россияҕа политическай активноһынан  Регионнар бастыкы кэккэлэригэр сылдьар этэ. Ол курдук Россия иннинэ – Россия конституциятын – 1993  сыл ахсынньы 12 кеүнүгэр ылыммыт буоллаҕына, оттон Саха Республиката – Конституциятын  1992 сыл муус  устар 4 күнүгэр ылыммыта, Россияҕа регионнартан маҥнагынан Республика суверенитетын туһунан Декларациятын 1990 сыл балаҕан ыйын 27 кунүгэр ылыммыта. Кэнники СССР ыһыллыбытын кэннэ Россияҕа улахан оруолу оонньообута, мантан саҕаламмыта национальнай Республикалар «парад суверенитетов» саҕаланыыта. Республикалар бары Российскай Федерацияны кытта Федеративнай дуогабарынан 2002 дылы олорбуттара.
1989 сыллаахха СССР Верховнай  Советын депутааттарын альтергнативнай быыбардара буолбуттара, Саха сириттэн РСФСР аатыттан Нациялар палаталарыгар 13 уокурук тэриллибитэ, инньэ гынан САССР-тан  13 депутаат талыллыбыта.  Дьэ бу интириэһинэй түгэн этэ, мин оччолорго 45 саастаах этим, онтон 27 сыл тухары быыбар бюллетенигэр биир эрэ кандидат бара, кжнники санаатахха бу быыбар диэн ааттанымыат сөп эбит. 1989 сылга биһиги уокурукпутугар Үөһээ-Бүлүү, Горнай, Кэбээйи уонна Нам оройуоннара киирбиттэрэ, онно мин өйдүүрбэр 7 кандидат баара. Билигин 22 сыл ааста даҕаны, мин өйбүттэн бу бириэмэҕэ диэри Михайлов Виктор Данилович, оччолорго 43 саастаах, СГУ преподователэ, философскай наука кандидата этэ. Оччолорго кандидаттары көрсөргө мин бастайаанна сылдьарым онтон ылата Михайлов В.Д. хараҕым далыттан араарбакка кэтии сылдьабын, кэнники 10 сылга республика общественнай тэрилтэлэригэр түмсүүлэригэр син элбэхтик көрсөбүт, Виктор Данилович - философскай наука доктора, хаһан даҕаны билээҕимсийбэт, улаатымсыйбат, мин  өйдөбүлбэр 1989 сыллааҕы кандидат өйдөбүлүнэн хаалан сылдьар. Кини дьиҥнээх Саха көрсүө - сэмэй киһитэ, былааска ньылаҥнаабат буолан, ханнык да партияҕа кыттыспакка, эдэр көлүөнэни иитиигэ олоҕун анаан СГУ-гар билигин даҕаны үлэлии сылдьар. Ол гынан баран бу ССРС Верховнай Совет депутаттарын альтернативнай быыбардара санаа хоту барбатахтара, бу дьиҥнээх быыбарга норуот дьиҥнээтик бэйэтин норуотун интириэһин эппиэттиир, достуойнай дьоннору  талыахтаах этэ. Ону буоллаҕына биһиги түөрт оройуон дьоно «алааһынай» патриотизмы охтон бары тус туһунан барбыппыт. Биһиги Намнар бэйэбит кыыспытыгар – Рехлясова А.С., мин бэркэ билэр 10-ча мин тэрилтэбэр үлэлии сылдьар, бэйэбит ииппит кыыспыт, ПМК штукатур- малярдарын биригэдьиирэ – «Үлэ Кыһыл Знамятын» кавалерын иһин куоластаабыппыт. Онон кини иккис туурга ситиһииллээхтик ааспыта Иккис туурга кинини кытта Кэбээйи кыыһа Шадрина Н.М., оччолорго ССРС Верховнай Советын депутата этэ,  киирсибитэ Онно Рехлясова А.С. хоппута даҕаны, 50% - 120  куолас тиийбэккэ кыайан депутат буолбатаҕа. Бу манна улахан оруолу бюллетеҥҥа «не действительно» урут хаһан да ССРС быыбардарыгар киирбэтэх графа оонньообута, бу графаны ааҕарга быыбар комиссияларын чилиэттэрэ - «Манна  быыбардааччы санаата биллибэт» диэн – «Не действитлен»  киллэрэллэрэ. Чэ бу 40000-тан тахса быыбардааччыларга 120 куолас тиийбэтэ диэн «муораҕа хааппыла» буоллаҕа дии. Онон «хаттаан (повтолрное) куоластааһын» диэн быраабыла туттуллан Саха театрын режиссера А.С. Борисов Рехлясова А.С. аҕыйах куолаһынан хотон депутат буолбута. Ол гынан баран бу ССРС Верховнай Советын депутаттара сылтан ордук эрэ үлэлээбиттэрэ.  1991 сыл атырдьах ыйыгар ГКЧП буолан ССРС ыһыллыбыта. Государства ыһылынна даҕаны, ССРС Верховнай Совета эмиэ тохтуур. Онон бу ССРС сокуону таһаарар органа Россия саҥа историятыгар улахан тугу да киллэрбэккэ үлэтин тохтоппута. Бу депутаттартан норуот хараҕар биллэн иһин Прокпий Осипов тахсан иһэн тохтообута.
1990 сыллаахха Россия Верховнай Советын депутаттарын быыбара буолбута. Онно Саха сириттэн 10 депутат талыллыбыта. Барыта Саха сириттэн 10 депутат талыллыбыта. Буоларын курдук САССР урукку салайааччыларын бааллара. Холобур М.Е. Ниолаев биир сылынан кини САССР Маҥнайгы Президенынан 1991 сыллаахха ахсынньы ыйыгар талыллыбыта. Власов А.В. урукку кэмҥэ САССР ССКП обкомун 2 секретарынан үлэлээбит, ССРС ССКП киин комитетын инструктарын, онтон Чечено-Ингушскай ССКП обкомун 1 секретарынан, Ростовскай уобалас ССКП Обкомун эмиэ 1 секретарынан, ССРС Ис дьыала министрынан, бу кэм саҕана РСФСР 1990 Министрдар Советтарын Председателинэн үлэлии олорбут опыттаах партийнай-хаһаайыстыбаннай үлэһит талыллыбытара. Кэнники Саха Республикатын дьылҕатыгар элбэх үчүгэй дьыалаларынан биллибит оччолорго  эдэр соҕус дьоннор: П.П. Бородин ити бириэмэҕэ Дьокуускай куорат Горисполкомун Председателэ, кэнники 1993 Россия Президенин аминистрациятын 1-к ы солбуйааччытынан олорон элбэх ахсааннаах Саха сириттэн төрүттээхтэри Россия столицатыгар Москва көһөрөн үлэлэппитэ, олортон биһиги Намтан төрүттээх В.В. Колмогоров Россия генеральнай прокурорун солбуйааччытынан ананан  үлэлэбитэ да туоһулуур, онтон Республикалаҕа улаханнык биллэ илик экономическай наука кандидата Корнилова З.А.,  эбээн Кривошапкин А.В. бу быыбардартан Саха норуота билбитэ. Зоя Афанасьевнаны аҥардас сахалар эоэ билиммэттэхтэрэ, Россияҕа эмиэ биллибитэ, кини бу саҥа талыллыбыт Россия Верховнай Советын Президиумун чилиэнинэн, РФ ВС социальнай уонна экономическай боппуруостарен комиссиятын председателинэн талыллыбыта, 1992 сылтан Саха сириттэн РФ Президениыгар Саха Республикатын бастайааннай представителинэн ананан үлэлээбитэ. Кривошапкин А.В. РФ Верховнай Совета ыһыллыбытын кэнниттэн Республика Парламеныгар Ил Түмэҥҥэ ус ыҥырыытыгар талыллан билигин үлэлии олорор уонна саамай актыыбынай кыттыыны ылар. 1993 сыл  алтынньы ый саҥатыгар Россия Президенв Ельцин Б.Н. уонна кини Вице Президенин А. Руцкойу, Россия Верховнай Советин председателин Р. Хасбулатовы кытта улахан хайдыһыы буолан, ол түунүгэр ВС диэки буолаччылар Останкиноны ылаарылар ытаалаһыы буолбута. Сарсыардатыгар Россия Президенаын Ельцин Б.Н. бирикээһинэн ВС дьиэтин танктан ытыалаабыттара, хата биир депутат эмсэҕэлээбэтэҕэ. Ол кэннитэн  Ельцин Б.Н. укааһынан Российскай Федерация ВС-тэ ыһыллан 1993 сыл ахсынньы 12 күнүгэр Россия Государственнай Дума депутаттарын быыбара биллэриллибитэ. Саха сирин Презилена М.Е. Николаев эмиэ Саха сирин В.С-тин ыһан баран СР(Я) Парламенын – Ил Түмэн эмиэ Россия Госдуматын депутаттарын быыбарын кытта бииргэ ахсынньы 12 күнүгэр ыытыллан буолбуттара, манна атына диэн Госдума депутаттара 2 сыл, оттон Ил Түмэн 5 сыл сроктаах этилэр.
Быыбардар этэҥҥэ ааспыттара:, Госдума депутатынан – эдэр  киһи, ССРС педагогическай наукатын доктора, СГУ-га кафедра сэбиэдиссийэнэн үлэлиир Жирков Е.П, Уус Алдантан төрүттээх талыллыбыта, оттон Россия Федерациятин Советыгар - СР(Я)  Президена М.Е. Николаев, Нерюнгри куорат баһылыга Э.Я. Эстерлейн быһаччы быыбарынан  талыллыбыттара.
1995 сыллаахха Госдума быыбарыгар Россия Верховнай Советыгар таһаарыылаахтык үлэлээбит Корнилова З,А, Федерация Советыгар депутапатынан Ил Түмэн үөһээ палататын Председателя Ларионов Е.М, Ил Түмэн депутаттарынан талыллыбыта, иккис представителинэн СР(Я) Президена М.Е. балаһыаннь быһыытынан анаммыта. Оттон Ил Түмэн депутаттарын 1998 быыбардара буолан Аллараа Палата Председателэ Соломов Н.И. буолбута.  
Саха политиктара 1990 сылтан Россия Верховнай Совет саҕалаан 2000  сылга диэри Госдума үлэтигэр кыттан бу кэмҥэ улэлиилэригэр Саха сириттэн талыллыбыт депутаттар: Корнилова З.А,, Жирков Е.П, Федерация Советыгар М.Е. Николаев, Ларионов Е.М., Соломов Н.И. Бурнашов Р.А. Саха Республикатын туһатыгар элбэх үлэни ыыппытара, уонна Госдума депуттатарыгар Федерация сенатордарыгар туруоруллар боппуруостарга деловойдук, өйдөөхтүк туруорсар буолан депутаттарга уонна сенатордарга аптырытыатынан туһаналлара уонна сахалары өйдөөх, грамотнай  политиктарынан Россия политиктара билиниллэрэ.
Онтон 1999 сыллаахха Россия Госдуматын депутаттарын 3-үс ыҥырыылаах быыбардара буолбута. Корпоративнай  салайыы систематын Саха Республикатын маҥнайгы Президена Н.Е. Николаев 1999 сыллаахха киллэрбитэ, манна санаатахха Россия былааһыгар Питердар кэлэ иликтэринэ этэ, эбэтэр Россияҕа государствены корпоративнай (билсиилээхьтэринэн)  салайар киирэ илигинэ.  Манна М.Е. Николаев Саха норуотун дьылҕатын сыаналаабата көстүбүтэ, ол курдук кини бэйэтин эрэ истэр, билинэр киһини эрэ Госдума депутата буолуохтаах диэн санаабыта буолуо. Ол иһин Саха дьиҥнээх өйдөөх, тыллаах-өстөөх Саха норуотун патриоттара коммунист Алексеев А.Н., Корнилова З.А. Киһи барыта өйдүүр өскөтүн икки күүстээх дьон кандидатынан турурунар буоллахтарына, үһүс «сиэрэй» киһи тахсар. Оннук киһинэн Мирнай оройуонун баһылыга Басыгысов В.Н. Саха Президена Николаев М.Е. бэйэтин Админстрациятынан уонна оройуоннар администрацияларын хаһан да буолбатах аһаҕас агитацияны туттан быыбарга Басыгысов В.Н. икки күүстээх утарылааһааччыларын 9%-нан кыайан Госдума депутата буолбута. Михаил Ефимович оччолорго син биир Саха сирин Президенынан буолуом диэн санаалааҕа, оччоҕуна В.Н Басыгысов мин этэрбиттэн тахсыа суоҕа диэн санаалааҕа буолуо. Онтукайбыт атын буолан тахсыбыта. Саха сирин Президенинэн Штыров В.А 2010 сылга диэри салайан кэллэ. Онон Басыгысов В.Н. 8 сыл Россия Госдуматын депутатынан талыллан үлэлээн, «утуйан» кэллэ. Саха сирин Президена Штыров В.А. Россия Президенин 8 сыл олорбут Путин В.В. оҥорбут государстваны корпаративнай  систематын салҕааччыта буолан, аҕыйах сыл иһигэр Саха сирэ, - Россия  саамай киэҥ сирдээх, сиртэн хостонор Россия үрдунэн саамай элбэх баайдаах Республиканы – дотационнай  Региоҥҥа кубулутта. Онно Госдума Саха сириттэн 8 сыл талыллан үлэлээбит, «утуйбут» депутата - В.Н. Басыгысов «өҥөтө» сүдү. Ону бэйэтэ да билинэн респубпиканскай хаһыаттарга биирдэ интервьюткгар билинэн турар, онно маннык эппитин мин толору киллэрэбит – «Мин Госдумаҕа Саха сирин туһунан боппуруос көрүллэр буоллаҕына утуйбаппын» - диэн «бассабыыктыы» билинэн турар. Онтон бу аҕыс сылга Госдумаҕа Саха сирин туһунан боппуруос көрүллүбутун мин өйдөбөппун, онон «Зомби - дьааһыкка» Басыгысов В.Н. утуйа олороллорун көрдөрөллөрө кырдьыктаах эбит.
 Ил Түмэн депутатынан 2008 сыллаахха бу Госдумаҕа 8 сыл  «утуйбут» киһи Басыгысов В.Н. депутатынан талыллаат даҕаны «Ныгыл Россия» депуттаттарынан Ил Түмэн  Председателинэн талыллан Саха сирин парламена Ил Түмэн «Ньыгыл Россия» уйата буолан – билигин Саха сирин Президенин уонна Правительстватын сокуон таһаарар отделыгар кубулутта. Онон Саха сирэ Николаев М.Е кэнниттэн президеннаабыт Штыров А.В. уонна Борисов Е.А. «өҥөлөрүнэн» ПутинВ.В. «государстваны корпоративнай салайыы» систематын  2008 сылтан олоххо киллэрдилэр.
Маныахха диэри Ил Түмэн салайаччылара Илларионов А.П. Ларионов Е.М, Соломов Н.И., Филиппов В.В., Тимофеев Н.С. өҥөлөрүнэн Саха Республикатын Государственнай былааһын соҕотох тутулуга суох (независимай) уорганын быһыытынан үлэлээн кэлбитэ. Ил Түмэн сокуонунан көҥүллэммит быраабынан 2008 сылга диэри СР(Я) президенин сессиятигэр ыҥыран отчуотатар этэ, СР(Я) Правительстватын председателин эмиэ отчуоттаталар этэ. Ити кэмҥэ СР(Я)-тан Россия Федерациятын Советын сенатордара Ларионов Е.М., Соломов Н.И. элбэх боппуруостары быһаарсаллара.
Тимофеев Н.С. Ил Түмэн спикеринэн талыллыбытын кэннэ бастакы бириэмэтигэр СР(Я) Правительстватын министрдэрэ Ил Түмэн комитетарын муннбаҕар ыҥырдахтарына Правительства Председателэ Борисов Е.А. көҥүллээтэҕинэ эрэ кэлэллэрэ, кэнники СР(Я) президена Штыров В.А. ороһуутунан бастайаанньа сылдьар буолбуттара, мин итини Тимофеев Н.С. общественнай көмөлөөччүтэ буолан билбитим.
 Онон СР(Я) Штыров В.А. Президенныы олордоҕуна 2008 сыллаахха Россия Государственнай корпоративнай систематыгар толору киирбитэ, ол гынан баран төһө өр барара биллибэт.
Онтон 2009 сыллаахха СР(Я) Прнзиденынан Борисов Е.А, Россия президена Медведев Д.А. – Ил Түмэн истигэн «Ныгыл Россия» депутаттарынан талыллыбыта. Кини икки сыл үлэлээтэ даҕаны саҥаны киллэрбитин соччо көрө-истэ илиткпин. Арай гугу үлэлээбитин «Сохатая капуста» диэн ыстатыыйаттан урут аахпыппыттан эрэ билэбин диэхпин сөп.
Онтон СР(Я) П равительсьтватын Председателинэн үлэлии олордоҕуна правителства икки министрэ – биирэ професионалднай үөрэхтээһин уонна наука министрэ Толстых дьиэлээх олорон иккис дьиэни бюджет харчытынан ылдбытын билэн уголовнай дьыала тэриллэн министриттэн тэбиллибитэ, бу маны Правительства председателэ билбэтэ буолуо диэни олох итэҕэйбэппин. Бу Толстыхха үчүгэй үлэ булан биэбиттэрэ. Оттон иккис киһи тыа Хаһаайыстыбатын министрэ, Ньурба улууһун Баһылыгынан үлэлээбит Дмитриев Р.Г., кырдьыгынан бу специалиһи Борисов Е.А. бэйэтэ аҕалбатах киһитэ, кинини СР(Я) президена Штыров В.А. бэйэтэ булан аҕалбыт киһитэ. Мин санаабар бу Борисов Е.А. бэйэтин киһитин Охлопков С.С. аҕалаары миэстэ босхолообут буолуон сөп. Кинини тутууга сыл бүтэһигэр харчы инвест бюджекка 6,0 мөлүйүөн солкуобай хаалаары гыммытын күрэтиигэ түбэһиннэрэн суукка биэрэн оставкавкаҕа ыыппыттара. Бу үп барыта Республика бюджетыгар төннүбүтэ, кэнники ханна барбытын Борисөв Е.А. бэйэтэ билэн олордоҕо. Сотору буолан баран кини бэйэтэ талан аҕалбыт киһитигэр Тыа хаһаайыстыбатын министригэр Охлопков С.С. суут тэриллэн билигин следствие бара сылдьар, билигин кини бэйэтэ туруорбут Олох-дьаһах  (коммунальнай) хаһаайыстыба министрэ Антонеко Александры оставкаҕа ыытта, ону даҕаны Россия президена Медведев Д.А. телевизорынан Саха сиригэр тийиэм диэн куттабытгар быһылаах уонна Кремльгэ биллэрбит. Саха сирин быраабы харыстыыр уорганнара суукка уголовнай дьыала тэриллэр диэтилэр.                  
Быйыл сайын быһа бары хаһыаттар сирэйдэрин бараабыт Ыччат дьыалатын министрэ Еремеев А.И. резонанснай дьыалата Саха сирин нэһилиэнньэтин интириэһин тарта, билигин иккиһин силиэстийэ бара турар онон элбэхтик ырыта барбаппын. Мин Алешаны олох кыра эрдэҕиттэн соседтии, уулуусса  нөҥүө-маҥаа олорор буолан үчүгэйдик билэбин. Төрөппүттэрэ Нам оройуонун нэһилиэнньэтигэр ытыктанар кырдьаҕастар.
Оттон Доруобуйа харыстабылын урукку министрин Алесандров В.Л. дьыалата бу Россия Президена Медведев Д.А. били Россия Доруобуйатын харыстабылын медицинскай оборудованияларын атыылаһаһыыларын тахсыбыт айдааннарын долгуна охсуутугар түбэһиннэрэн Россия следственнай управлениятынан оҥоһуллубут дьыала быһылаах. Бу боппуруос өссө 2004 сыллаахха Ил Түмэҥҥэ депутаттар туруорсан көрүллэ сылдьыбыт дьыала эбит. Оччолрго СР(Я) Правительства Председателин солбуйааччыта Михайлова Е.И. быһаарыытын депутаттар ылыммыттар. Ол маннык эбит: Тоҕо медицинскай оборудованиены монтажтыырга Siemtns эрэ фирманы кытта оҥоһулларый диэн депутаттар туруорсубуттар. Онтон биһиги медицинскай центрбыт харат маҥнайгыттан Siemtns фирма монтажтаабыта, онон бу Александров В.Л. сөптөөх быһаарыы ылыммыт дии саныыбын. Кэнники бу дьыала тохтуон сөп. Бу туһунан «Жизнь Якутска» диэн хаһыат №26 ааҕыахха сөп.
Онон СР(Я) Президена Борисов Е.А. 9 сыл СР(Я) Правтилества Председателинэн олорон бииргэ үлэлээбит 2 министрэ сууттаммыта (Толстых, Дмитрьев), 4 министригэр уголовнай дьыалалар тэриллибиттэрэ (Еремеев, Охлопков, Александров, Антоненко) элбэҕи этэр. Манна Боисов Е.А. бу дьыалалары билбэт буолуоҕун киһи олох итэҕэйбэт. Бу дьыаларынан КГБ үлэһитэ В.В. Путин «Күрүөччэккэ» ылбыта сэрэйиллэр. Онон мин санаабар Россия президена Медведев Д..А. Путин В.В. «кирдээх» үлэтин кини толорор, онон Россия Президенин быыбарыгар диэри Борисов Е.А. быһаарыллара буолуо, ону Кудрины били сэттэ Путин В.В. «сиэртибэлэрэ» диэн үөһээ ахтыбытым курдук Медведев Д.А. үлэтин саҕалаабыта.
Борисов Е.А. корпоративнай система кадра буолан син Россия үрдук сололоохторун курдук оҕлолорун дьылҕаларын эмиэ быһаарар  ол курдук аччыгый кыыһа Сардаана Попова «Алроса» хампаанньа счетын хаачыйар «Мак-Банк» коммерческай баанын урукку президент Штыров В.А. кыыһынаан Юлия Штыровалыын бас  билэллэр, улахан кыыһа   Алена Пестрякова «Арника» диэн салон красоты бу сайын аһан бизнеһинэн дьарыктанар. Бу туһунан «Туймаада уоттара» №23-гэр ааҕыахха сөп. Манна СР(Я) президена Борисов Е.А. Еремеев А.И. публично орооспута эбилик буолуон сөп.
Оттон  мин дойдубар Намҥа бу корпоративнай система тыына кэлбитэ билиннэ. Бастаан Ильин А.И. баһылыган талыллыбытын биһиги Нам патриоттара – Ларионов  Е.М., Местников Г.Г., уруккута Ил Түмэн депутаттара, кинилэр Нам улууһугар элбэх үтүөнү оҥорбут дьон уонна мин буолан сүбэлээри  Е.М. Ларионов Хамагаттаҕа ыҥыран кэпсэтии о ҥорбуппут. Онно сүбэ бэрээдэгтнэн этэн турабыт; «Бастакы солбуйааччыгын, тыа хаһаайыстыбатыгар опыттаах, А.А. Бочкареву хаалларан үлэлэтэ түс, тутууга солбуйааччыланыма, бэйэҥ быһаччы дьаһайан эр» - диэн  этии киллэрбиппин. Ол гынан баран аҕыйах хонон баран Бочкарев А.А. тохтотон баран Хатырык баһылыгын саҥа талыллан үлэлии олорор Слепцов Н.В., учуутал үөрэхтээх, бастакы солбуйааччытынан аныыр, тутууга бэйэтин солбуйааччытынан, урут тутуу тэрилтэтин хаһан да салайбатах, бу иннинэ Республикаҕа Госархконтролга технадзорунан үлэлии  сылдьыбыт, оччолорго Тубэ нэһилиэгин баһылыган саҥа талыллан үлэлии олорбут Гуляев Г.В. аныыр. Биһиги туох диэхпитий, баһылык бэйэтин хамаандатын талара бэйэтин дьыалата буоллаҕа дии, улууспутугар эрэ үчүгэй  буоллун. Онтон Эконмикаҕа солбуйааччытынан, опытах финансовай дьыаланы биэс тарбах курдук билэр Тимофеева Аграфена Ивановнаны ууратан туран кэргэнин балтын Петрованы  Лиана Николаевнаны аныыр. Онтон тыа хаһаайыстыбатыгар солбуйааччытынан – дьиҥнээх тыа хаһаайыстыбатын специалиһин, 1 Хомустаахтан төрүттээх, Нам улууһун баһылыгар кандидатынан тура сылдьыбыт, эдэр киһини Новгородов Н.А. аныыр. Ол гынан баран сыл да буолбакка бу штаты улууска суох гынан баран, бу хайысханы баһылык бастакы солбуйааччытыгар Слепцов Н. В. суктэрэр. Туттууга солбуйааччытын Гуляев Г.В. Уус Майа улууһугар баһылыгы солбуйаачытынан 2011 сылга бэс ыйыгар ыытар, онтон аҕыйах ый буолан баран. 2012 сылга тутуубут элбиир диэн Намга ыытыллар тутууларга Заказчик оруолун отделын толорор тэрилтэ тэрийтэрэн, онно начальнигынан анаттарар.
Кэнники анааран көрдөххө Ильин А.И. Россияҕа Путин В.В. корпоративнай систематын курдук оруобуна кадрдарын аттарбыт эбит, ол гынан баран ити үөһээ этиллибитин курдук 2000 сылтан В.В. Путин системата коррупцияҕҕа Аан дойду үрдүнэн 2000 сылга – 83  миэстэттэн 2011 сылга – 170  миэстэҕэ тэбилиннэ, бу система корррупцияҕа тириэрдэрин олох көрдөрдө. Коррупция биһиги улууспутугар тыына кэлбитэ чуолкай, ону олох көрдөрүөҕэ.
Альберт Иннокентьевич төрөөбүт улууһугар үлэни хамсаппыта туох да мөккүөрэ суох, ол гынан баран Саха дьонугар дэҥҥэ көстөр сиэр-майгы көрүҥун көрдөрдө. Мин куоракка киирдэхпинэ билэр дьонум күлүү гыналлар: «Туох ааттаах дэбдэҥ дьоҥҥутуй - намнар» - диэн. Мин бэйэм даҕаны Ильин А.И. аҕыйах муннаҕар сылдьан баран, наһаа бэйэтин арбанарын истэн баран, сылдьыбат буолбутум, онно кини тохтообокко - кинини СР(Я) Президена Борисов Е.А. хаста хайҕаабытын, хайдах кинини холобур туттарын кэпсиир идэлээх. Анардас 2011 сыллаахха Нам нэһилиэгин үгүс өртө улуус администрацитын 2010 сыллаах үлэтин «бастыҥ- 5» сыанаҕа сыаналаабыттара  итинник сыана бүтүн Россия үрдүнэн суоҕа буолуо. Мин бэйэм 40 сыл төһөлөөх Райком секретардарын, Райсовет председателларын, Улуус баһылыктарын этэллэрин истибитим буолуо даҕаны, итинник бэйэлэрэ хайҕаналларын истибэтэҕим. Олохпут ыараан иһэр даҕаны арай биһиги улууспут «коммунизмҥа» олорор курдукпут. Нам сирэ Россия курдук киэҥ буолбатах барыбыт харахпыт ортотугар буолар, бары билэ олоробут. Онон Ильин А.И. үлэтигэр сыана биэриэхтэрэ, манна биир  санатыахха наада Намҥа ким даҕаны иккистээн талылывбатаҕа. Дьэ итинник пессимистическай санаалаах ыстатыыйабын түмүктүүбүн

Тимофей Румянцев, Россия бочуоттаах суол тутааччыта, СР(Я) үтүөлээх тутааччыта.

Нам селота 2011 сыл алтынньы 12 күнэ.
Views: 1552 | Added by: uhhan2
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2011  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 17
Ыалдьыттар (гостей): 17
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024