News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2011 » Ахсынньы » 13 » Ким эрэ кэннибитигэр: «Манчаары тыыннаах!» диэн хаһыыта иһилиннэ.
Ким эрэ кэннибитигэр: «Манчаары тыыннаах!» диэн хаһыыта иһилиннэ. | 11:35 |
Өссө биир Таатта уола барда
Туйаара НУТЧИНА Ахсынньы (үлэспит курдук – 12-с ый) 12 күнүгэр, күнүс 12 чааска Афанасий Максимов, Игорь Чикачев, Игорь Пахомов уонна Владимир Рожин утары тэриллибит холуобунай дьыала түмүктэнэн, судьуйа Степан Попов бириигэбэри таһаарда. Афанасий Максимовка үс ыстатыйа түмүгүнэн 7 сылы биэрдэ, 1 мөл. 400 тыһ. солкуобайга ыстарааптаата, эбиитин Москубатааҕы квартиратын былдьыырга уураахтаата; Игорь Чикачеву 4 сылга уонна 700 тыһ. ыстарааптаата; Игорь Пахомовы 4 сылга уонна 1 мөл. 200 тыһ. солкуобайга ыстарааптаата. Владимир Рожины 2 сылга дьиэ хаайыытыгар уурда уонна 400 тыһ. солкуобай ыстараап төлүүрүгэр уураахтаата.
Бу дьон «тэриллиилээх бөлөх» буолан уорбут-сиэбит, аһаабыт дэннилэр. «Элбэҕи уорбут», «боломуочуйаларын үрдэппит», «сүүлүктээбит» диэн ыстатыйанан сууттаннылар. Судьуйа буруй барыта дакаастанна диэн эттэ. Тэриллиилээх бөлөх урукку «Якутгазпромҥа» 50 мөлүйүөн суумалаах хоромньуну таһаарбыттара дакаастанна диэн түмүктээтэ.
Суут хайдах барда?
12.00 чаас саҕана камера, фотоаппарат, диктофон туппут суруналыыстар суут саалатын иннигэр үмүөрүһэн сенсацияны кэтэһэн тураллар. Бу дьыала хара маҥнайгыттан пресса кыраҕы хараҕын ортотугар барбыт буолан, дьон да, суруналыыстар да ортолоругар улахан интэриэһи тардыбыта. Онон түмүк туоҕунан бүтүөҕүн киһи барыта кэтэһэр. Ол быыһыгар Силиэстийэлиир кэмитиэт пресс-сулууспата видеокамералаах кэтэһэн турар. Хайыахтарай, улахан хоруупсуйаны саралаабыт дьон үлэлэрин түмүгүн Москубаҕа отчуоттуохтарын наада эбээт.
Саала иһинэн-таһынан икки пристав хаамыталыыр. Иһирдьэ хайыы-сах эмсэҕэлээччи өрүт – «Якутгазпром» (билигин ЯТЭК) бэрэстэбиитэллэрэ (урут прокурорунан үлэлээбит) икки бөдөҥ-садаҥ эр дьон остуолу сабардаан олороллор.Кинилэри утары остуолга сууттанааччылар адвокаттара олороллор. Афанасий Максимов адвоката – Виктор Смолягин киирбитигэр сэтэрээбиттии «ятэктэр» айхаллыы-уруйдуу көрүстүлэр. Санатар эбит буоллахха, бу күһүн Смолягин улаханнык кырбанан турар. Ким киниэхэ саба туспута билиҥҥээҥҥэ диэри биллибэт, биллэрэ да саарбах. Смолягин балыыһаланан, суукка Афанасий Максимовы көмүскүүр кыаҕа суох буолан, атын адвокат кинини солбуйа сылдьыбыта.
- Что так долго пропадал? Забот много? – эҕэлээхтик сураһаллар.
- Да все о ней, о матушке России… - диэн ТНТ көрүдьүөс биэриитин дьоруойун тылынан хардаран күлсүүнү бэргэтэр.
12.10. Афанасий Максимов, Игорь Пахомов кэллилэр. Суруналыыстар саахары көрбүт сахсырҕа курдук сарыкынаһа түһэллэр. Тас таҥаһын устуор диэри сырса-ыҥыра сылдьан ону-маны сураһаллар. «Бэйи! Саатар таҥаспын устуом», - диэн Афанасий Николаевич нэһиилэ куотар. Онтон сонун, бэргэһэтин устан көрүдүөргэ турар суруналыыстарга тахсар.
- Бириигэбэр хайдах буолуо дии саныыгын?
- Төһөнү биэриэхтэрэй?
- Таҥаскын (хаайыыга барар) илдьэ кэллиҥ дуо?
Тустаахха ыарыылаах да буоллар, хаһыаччыттар ыйытыыларыгар хардарар. Долгуйарын ханан да биллэрбэт: «Судьуйа буолбатахпын, бириигэбэри билбэппин», «таҥаспын наада буоллаҕына аҕалыахтара»...
Өссө да өр интервью барыаҕын, суут пресс-сулууспата тиэтэтэн барыларын суут саалатыгар киллэртиир.
12.15. Судьуйа суох. Сыыйа нүһэр тыын эти-хааны ылан барар.
12.20. Сэкиритээр, пресс-сулууспа кэпсэппиттэринэн - буруйдуур өрүт бэрэстэбиитэлэ хойутаабыт. Дьон олбоҕор эргичиҥниир, тарбаҕынан ыскаамыйаны табыгыратар... Салгын биллэ хойдор.
12.27. Толору сирэйдээх көҕөрчү көрбүт кыыс тиэтэйэ-саарайа киирэн «ятэктэр» остуолларыгар олорунар. Тымныыттан киирбит иэдэһэ тэтэрбит, бэйэтэ сүргэтэ көтөҕүллүбүт. Буруйдуур өрүт кэллэ.
12.30. Кэтэх хостон судьуйа Степан Попов кыырыктыйбыт баттаҕа көһүннэ. Сэкиритээр дьахтар дорҕоонноохтук: «Суут иһэр!» диэн дьону туруорда.
Бириигэбэр ааҕыытын бастакы тылын истээт да, дьон сүһүөҕэ накыс гынна. Буруйдуур бириигэбэр итинник тылтан саҕаланар. «Прокурор буруйдуур түмүгүн тылыттан-тылыгар уһулан ылбыт», «буруй суоҕун дакаастыыр бириигэбэр букатын атын буолааччы» - дьон ортотугар сиьигинэһии саҕаланна.
Төһөнү?!
43 туомнаах холуобунай дьыала 12.30 саҕалаан киэһээ 10.30 диэри ааҕылынна. Уһуннук-унньуктаахтык, сылатардыы-элэтэрдии, эрэли барытын сарбыйардыы…
Халлаан бороҥуйда. Хараҥарда. Бүгүн күнүс күн тыкпата. Түүн сулус көстүбэтэ.
Таһырдьа абына-табына лаампа уота талбыт сирин сырдатар.
18.00. Туох да уларыйыы суох. Ким эрэ утуктуур, ким эрэ телефонун хасыһар. Сылайбыттар. Прокурордар дьааһыйаллар. Судьуйа биир күдьүс тылын тыына уһунуун…
19.00. Бүтүөн кэриэтэ кэриэс. Афанасий Максимов ipadка аралдьыйа сатаан саахыматтыыр. Игорь Пахомов тулуйан-тэһийэн судьуйаны истэ сатыыр. Бириигэбэр хас лииһэ ааҕылыннаҕын аайы сирэйэ-хараҕа өһөн иһэр. Чикачев сылайбыт. Нуктаан ылар. Прокурордар муннулара эрэ хаһыҥыраабат.
20.00. Саала иһинээҕи салгын ыарахан. Ким тугу саныыра биллибэт.
21.00. Попов тыын ыла тохтообот. Тохтобул биллэрбэт. Тиэтэйэр. Бу күн 4 сылы быһа уһаабыт-кэҥээбит дьыаланы бүтэриэхтээхтээх. Бу күн – саха бастакы хаһыата «Манчаары» тахсыбыта 90 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир өрөгөй күнүгэр. Бу күн – Арассыыйа Төрүт Сокуона ылыллыбыт күнүгэр. Бу күн – дойду үрдүнэн «Биир ньыгыл Арассыыйаны» утарар акциялар бара турдахтарына.
21.30. Суут истиитэ бу иннинэ кыра саалаҕа ыытыллара, бу күн дьон кэлиэ диэн эбитэ дуу, үһүс этээскэ улахан саалаҕа көһөрбүттэр. Суруналыыстар эрэ бааллар. Ону даҕаны аҕыйахтар, үксүлэрэ интернет-сайтар үлэһиттэрэ. Көрүдүөргэ үлэтинэн буолбакка, сүрэҕин баҕатынан биир эрэ киһи кэлэн олорор. Афанасий Максимов Кременчуктааҕы летнай училищеҕа бииргэ үөрэммит табаарыһа – Андрей Хацевич. Уонна? Им-ньим… Дьоно-сэргэтэ мэлигир, өйүүр норуота суох. Тулаайахтар.
21.40. Куорат Думатын дьокутааттара Алексей Петров уонна Александр Данилов кэллилэр: «Биир дойдулаахпытын өйүү кэллибит».
22.16. Көрүдүөргэ сылдьар приставтар рациянан кэпсэтэллэрэ иһиллэр. Конвой кэлбит! Дьиҥинэн, бириигэбэр тахса, бүтэ илигинэ конвой даҕаны, автозак (хаайыыга уураахтаммыт дьону СИЗОҕа илдьэр массыына) кэлиэ суохтаах. «Барыта эрдэттэн оҥоһуллубут, барыта эрдэ биллэр эбит, бары сибээстээхтэр», - диэн эр дьон түннүгүнэн араҕас өҥнөөх будкалаах массыынаны көрөн туран кэпсэтэллэр.
«В Якутии» ИХ интернет репортаһын аахпыттары дуу, сүр тиэтэллик автозак хоҥнор да, Ярославскай уулуссанан элэстэнэ турар. Афанасий Федоров кэлэр. Автозак барбытын көрөн ыксаабыт көрүҥнээх: «Баттаспатым, илдьэ бардылар!» - диэн.
22.46. Судьуйа саатар 10 мүнүүтэлээх тохтобул да биллэрбэккэ, быыстала суох «чабырҕахтыырын» быыһыгар суруналыыстары, кэлбит дьону барыларын суут саалатыгар киллэрдилэр. Уонна үөс-батаас биэрбэккэ «буруйдара дакаастанна», «тэриллиилээх бөлөх», «улахан сууманы уорбуттар»… ыстатыйаларын аатын ааттыы-ааттыы биир-биир хаайыыга ыыталаан истэ... Бириигэбэри ааҕан баран туоһуласта: «Өйдөөтүгүт дуо?!»
Абарбыт-сатарбыт куолас дьокутаат уоһуттан төлө көттө: «Оттон эн?!» Пахомовтаах Чикачев «өйдөөбөтүбүт» диэтилэр, Рожин эрэ «өйдөөтө». Итинник хардаҕа Степан Попов кыһаллыбата.
Конвоирдар киирдилэр, илиилэригэр наручник кэтэртилэр. Афанасий Максимов бүтэһигэр диэри эрэнэрэ көстөрө. Быыһаабатылар. Хаайыыттан тыыннаах тахсыа дуо?
Ким эрэ кэннибитигэр: «Манчаары тыыннаах!» диэн хаһыыта иһилиннэ.
www.aartyk.ru
|
Category: Суд-закон.МВД.Криминал |
Views: 1518 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 113 Ыалдьыттар (гостей): 113 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|