News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[225]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[378]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2012 » Олунньу » 10 » Айсен Николаев олоҕуттан бэрт интэриэһинэй тыллар иһиллибиттэр. Интервьюттан быһа тардыы:
Айсен Николаев олоҕуттан бэрт интэриэһинэй тыллар иһиллибиттэр. Интервьюттан быһа тардыы: | 22:47 |
10.02.2012 10:13
Айсен Николаев, Федот Тумусов уонна Вячеслав Штыров - кинилэри туох ситимниирий?
Аартык.ру IMG_2871Бу нэдиэлэтээҕи "Кыым" хаһыат нүөмэригэр вице-премьер уонна билигин тубэһэ мээргэ хандьытаат Айсен Николаев интервьюта тахсыбыт. Онно Айсен Николаев олоҕуттан бэрт интэриэһинэй тыллар иһиллибиттэр. Интервьюттан быһа тардыы: "«САПИ» дьыалата - Эн, «САПИга» үлэлии сырыттаҕыҥ. Ол гынан баран тоҕо эрэ «САПИнан» Сөдүөт Тумууһабы эрэ сирэй-харах анньаллар. Эйигин тоҕо тыыппаттарый? - «САПИга» үлэлээбиппин куһаҕаннык санаабаппын. Төттөрүтүн киэн туттабын. Мин онно үлэлии сылдьан Ил Түмэн дьокутаата буолбутум, олус элбэх интэриэһинэй дьону кытары билсибитим… Ханнык баҕарар үлэ салайааччытынан сыананаланар. «САПИ» бастакы киһитэ – Федот Семенович буоллаҕа, биһиги кини салалтатыгар сырыттахпыт. - Вячеслав Штыров Тумууһаптыын атааннаһар кэмигэр, эн төттөрү Штыров администрациятын салайбытыҥ. Итини хайдах өйдүөххэ сөбүй?
- Мин, дьиҥинэн, Штыров Тумууһаптыын атааннаһар кэмнэрин саамай саҕаланыытыгар, ол аата 2001 сыллааҕы бэрэсидьиэн быыбарын саҕана баарым. Мин Тумууһап быыбар ининээҕи штабын салайбытын.
- Но!
- Быыбар хампаанньата саҕаланыаҕыттан тиһэх күнүгэр диэри. Ити атааннаһыы ис хоһооно Штыров – Тумууһап уонна мин сыһыаннаһыым. Үс киһи сыһыана. Ону Тумууһап даҕаны, Штыров даҕаны бэркэ диэн билэллэр. Мин Тумууһап штабын салайбыппын уонна хайдах үлэлээбиппин Штыров эмиэ үчүгэйдик билэр. Кырдьыгынан эттэххэ, штабы салайар санаам да, баҕам да суох этэ. Ону, Тумууһапка эрдэ «салайыам, үлэлэһиэм» диэн эрэннэрбит дьоно кэлин кэдэрги түһэн кэбиһэннэр, быыбар саҕаланара аҕыйах күн хаалбытын кэннэ, ыксаан, миэхэ этии киилэрбитэ. Мин кинини аҕа табаарыһым курдук ытыктыыр киһим буоллаҕа, политикаҕа киллэрбит киһим – кини, онон көрдөһүүтүн быһа гыммакка сөбүлэспитим. Кистэл буолбатах, күүскэ үлэлээбиппит. Онтон быыбар бүппүтүн кэннэ, Егор Афанасьевич Борисов…
- … кини ол быыбарга Штыров штабын салайбыта.
- Оннук. Бары бэйэ-бэйэбитин билсэр дьон буоллахпыт… Егор Афанасьевич туруорсан, күһүөрү Штыровы кытары көрсүһүннэрбитэ. Аһаҕастык кэпсэппиппит. Штыров «политикаттан кыратык тэйэ түс, «Сахакредитбааны» «Алмазэргиэнбааҥҥа» холбоон, өрөспүүбүлүкэ төһүү баана оҥорорго үлэлэс» диэн эппитэ. Ол саҕана «Сахакредитбаан» балаһыанньата наһаа үчүгэйэ суох этэ...
- …Оттон «Алмазэргиэнбаан»?
- Ортоһуор этэ… «Икки улахан бааны холбооҥҥун, өрөспүүбүлүкэ биир улахан баанын оҥор, үлэлэт» диэн эппитигэр сөбүлэһэн илии охсуспуппут. Ити Штыров этиитин туһунан Тумууһаптыын эмиэ кэпсэтии барбыта: «Хайдах бары тимирэн хаалыахпытый, эдэр дьон салгыы үлэлиэхтээххит, мин оппозицияҕа сылдьар киһи оппозициябар сылдьам» диэн буолбута.
Баартыйалаһыы туһунан
- Тумууһап, оттон табаарыстыы сыһыанынан «сиэрдээхтэргэ» киир диэн көрдөспөтөҕө дуо?
- Мин хаһан даҕаны кини баартыйатыгар киирбэтэҕим, киирэр санаам да суох этэ. Оччолорго «Родина» олох да фашистыы аҥаардаах баартыйа этэ.
- Баартыйаларын лидерэ Рогозин бэстилиэт тута-тута хаартыскаҕа түһэрэ-хайыыра.
- «Конгресс русских общин» эҥин диэннээхтэрэ. Олор уларыйан-тэлэрийэн, билигин, оттон саамай «сиэрдээх» баартыйа буола сылдьаллар дии... Мин арыый да бэлиитикэҕэ көрүүм либеральнай. Ол иһин «СПСка» сылдьыбытым. «СПСтан» тахсыбыт төрүөтүм бэрт судургу: 2003 сыллааҕы быыбарга хайдах быыбардыыр хампаанньаларын ыыппыттарын көрбүтүм, уонна баартыйа салалтата хайдах мөлтөҕүн илэ харахпынан көрөн итэҕэйэн, баартыйаттан тахсыбытым.
- Айсен Сергеевич, эн 40-ҥҥун да туола иликкин...
- …Тохсунньу 22 күнүгэр туолабын.
- «Хомсомуол, баартыйа» курдук өйдөбүлгэ иитиллибэтэх дьон буоллахпыт. Ол гынан баран, тоҕо баартыйаларга талаһаҕын?
- Демократическай уопсастыбаҕа, син биир, актыыбынай позициялаах дьон баар буолаллар. Аан дойду уопутугар олоҕурдахха, былааска, бэлиитикэҕэ дьайар кыах – быыбар нөҥүө, ол аата баартыйалар нөҥүө бэриллэр. Киһи барыта баартыйалаах буолуохтаах диэн эппэппин. Баартыйаҕа бэлиитикэнэн дьарыктанар киһи (бэйэтин көрүүтүгэр сөп түбэһэр) киириэхтээх дии саныыбын. Баартыйа, син биир, олох кэриэтэ уларыйар-тэлэрийэр. Ону сөбүлэһиэххин да сөп, сөбүлэһимиэххин да сөп.
- Сөбүлэспэтэххинэ?
- Тахсар бырааптааххын. Черчилль түөртэ дуу, биэстэ дуу баартыйатын уларыппыта.
Каадыры иитии
- Арассыыйаҕа хаһан эмэ азиат бэрэсидьиэн баар буолуо диэн түһээн да баттаппаппыт. Киин былааска тоҕо «биһиги курдук сирэйдээх» дьон суохтарый?
- Киин былааска сахалар суохтара - биһиги бэйэбит мөлтөхпүт. Ким даҕаны «сахаларбытын» эрэ иһин баттыы сатыыллар дии санаабаппын. Татаардар бааллар дии…
- …Татаардарыҥ – нууччалыы дьүһүннээхтэр.
- «Биһиги да курдук» дьүһүннээх татаардар, башкирдар бааллар. Кавказ омуктара буолунайдар... Тоҕо диэтэххэ, кинилэр сыал-сорук оҥостон ити хайысхаҕа үлэлээбиттэрэ ыраатта.
- Оттон биһиэхэ тоҕо оннук үлэ барбатый?
- Мин саныырбынан, биһиги Москубаҕа ыытар буоллахпытына – эдэр дьону ыытыахпытын наада. Саҥа үүнэн иһэр специалистары. Ситэриилээх былааска эрэ буолбакка, улахан хампаанньаларга эмиэ. Табылыннахтарына салгыы үлэлиэхтэрэ, сатамматаҕына дойдуларыгар төннөн кэлэн улахан специалист быһыытынан үлэлиэхтэрин сөп.
- Бэлиитикэҕэ дьокутаатынан да, Федерация сүбэтигэр да «акскакалларбыт» син бараллар дии. Тоҕо эдэрдэри «соһон таһаарбаттарый», ити?
- Уопсай биир сыалбыт-сорукпут суох. Аны, киһи барыта, түмүгү тута ирдии сатыыр. Биир сыл үлэлээтилэр да чөрөс гына түһүөхтэрин баҕарабыт. «Чөрөс» гынар туһугар уонунан сыллары быһа тиһиктээх үлэ барыахтаах.
- Дьиҥинэн, 90-с сыллартан кадр үлэтэ саҕаламмыт курдуга, билигин син ол түмүгүнэн онно-манна дьонноох буолуохтаах этибит.
- Бэрэсидьиэммит Егор Афанасьевич Борисов кадр боппуруоһугар – өрөспүүбүлүкэ ыырыттан тэйэн – Арассыыйа таһымыгар тахсар соругу туруорда. Судаарыстыбаннай уоргаҥҥа эрэ буолбакка, эппитим курдук, улахан корпорациялырга – «Газпромҥа», «Сургутнефтегазка» специалист быһыытынан ыччаты киллэрэргэ кэпсэтии бөҕөтө барда. Быйылгыттан саҕалаан онно оҕолорбут үлэлии баран эрэллэр. Ити үлэ тиһигэ быстыбакка бара туруон наада. Сыыйыллар да дьон баар буолуохтара. Өскөтүн сыл аайы 10-20 оҕоттон 1-2 киһи иҥнэн хааллаҕына, аны уонча сылынан 20-30-чча киһилэниэхпит этэ буоллаҕа.
- Ил Түмэҥҥэ 4 ыҥырыылаах мунньах тухары биир дьокутаат олорор. 20-ччэ сылы быһа биир миэстэҕэ үлэлээтэххэ күүс-уох ханнар ини...
- Ити сыыһа соҕус өйдөбүл, толкуй. Дьокутааттары (нэһилиэк, куорат, өрөспүүбүлүкэ мунньахтарын) сүрдээҕин убаастыыбын. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр – быыбары ааһар дьон. Норуот кинилэри талар. Норуот баартыйанан буолбакка, киһинэн талар. Ол иһин баартыйа испииһэгэр биллэр-көстөр дьону киллэрэ сатыыллар. Америкаҕа 40-50 сылы быһа сенатордаабыт, конгрессменнаабыт дьоннор бааллар. Кинилэр ааттара аныгы устуоруйаҕа кыһыл көмүс буукубанан суруллан киирэ сылдьаллар. Сокуону суруйааһын, хонтуруоллааһын – бэйэтэ уустук үлэ. Ону эмиэ сатыахха наада. Оттон ситэриилээх былааска, дьиҥ-чахчы үлэлэрин кыайбат, сатаан үлэлээбэт дьон бааллар. Ону мэлдьэспэппин.
Афанасий Максимов дьыалата
- Биһиги дьоммут дойду таһымыгар бэлиитикэҕэ да, харчылаах-үптээх эйгэҕэ да кыттыбаттар. Ньиэп-гаас эйгэтигэр соҕотох биир киһибит – Афанасий Максимов тахсаары гыммытын бэлиэр бүдүрүттүлэр.
- Максимовы ыннарааҥҥылар буолбакка, бэйэбит дьоммут охтордохторо дии…
- ?!
- Ким даҕаны, анаан-минээн Москубаттан кэлэн сойуоласпатаҕа. 2005-2006 (А.Ничипорук президент этэ – аапт.) сылларга АЛРОСА салалтата Максимовы утары сэриини саҕалаабыта.
- Оттон Штыров оруола?
- …Кэлин сыыйа-баайа атын дьон кыттыһан-кыттыһан бу түмүккэ кэллэхпит. Айдаан кыыма 2005-2006 сыллахха саҕыллыбыта... Бэйэбит дьоммут барытын саҕалаан баран, билигин тугу да көрбөтөх, билбэтэх курдук хаамcа сылдьаллар..."
|
Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии |
Views: 1738 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 11 Ыалдьыттар (гостей): 11 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|