News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2012 » Олунньу » 14 » Дьэ, мин да киһи буолан, кырачаан куосумас курдук сананан, анаарыыларым итинник. Мин суруйдум, эһиги аахтыгыт
Дьэ, мин да киһи буолан, кырачаан куосумас курдук сананан, анаарыыларым итинник. Мин суруйдум, эһиги аахтыгыт | 15:52 |
ПУТИН – АРАССЫЫЙА ЫРААХТААҔЫТА.
Халыҥ тыаны кэринэн икки үүт-үкчү маһы булбатыҥ тэҥэ, Сир үрдүгэр кыйма курдук үөскээбит дьонтон икки үүччүнү буларыҥ саарбах. Хас киһи баар – оччо тус-туһунан санаа баар. Хас биирдии киһи – туһунан микрокосмос. Дьэ, онон сэҥээрээччиэм, мин санааларым манныктар. Баартыйалары ( латыын partis тылыттан кылгаттахха – куомуннаһыы. О.а. ханнык эрэ дьон бөлөҕө туох эрэ санааны өрө тутан атыттары бас билиилэрэ ) талан бүттүбүт. Төһө да кэлиҥҥи кэмҥэ кыахпытын ылбыт ньыгыллар хаардыы хаамыахпыт диэн түөстэрин таптаммыттарын иһин, наһаа " ээх ” хоту сылдьар босхо моойдоох буор сахалар буолбатахпытын көрдөрдүбүт. Аны бүттүүн Арассыыйабытын салайар муҥур баһылыкпытын, бэрэсидьиэммитин таларбыт бу тиийэн кэллэ. Биэс киһи туруоруммутуттан мин бүгүн Жириновскайы таарыйан Путины бэйэм кыахпынан ырытарга сананным.
Соторутааҕыта киин ТК " Поединок ” биэриитигэр Жириновскайы кытта Мироновы тиксиһиннэрдилэр. Дьэбириэй хааннаах Жириновскай, эмиэ оннук удьуордаах, Гитлер диэн погонялалаах Адольф Шикльгруберы наһаа да санатта. 1937 сыллааҕыны. Силэ бырдаҥалаан кими да ситэ саҥардыбакка үөҕэн сарылыырын мустубут бэлиитиктэр күлэ олордулар. Кылгатан эттэххэ, ити иирээкини аахсан да диэнтэн. Оруобуна ол саҕанааҕы немец курдук үрдүк култууралаах, үөрэхтээх омук бэлиитиктэрэ Шикльгруберы күлбүттэрин тэҥэ. Олору Гитлер былааска кэлэн баран, антифашистаабыттары, күлэ-күлэ күллэрин таптайтарбыта, хансылааҕыр быыла оҥорторбута. Жириновскай санаатын кистээбэт даҕаны, төрдүскэ бэрэсидьиэн буолабын, бэһискэ эйигин Мироновы уонна Зюгановы хаайыыга уктарабын диир. Тоҕо эрэ Путины хаайтарарын эппэт. Кыайыам суоҕа диэн куттанара дуу, куомуннааҕа эбитэ дуу... Оттон бэлиитиктэрбит күлэ олорор кэмнэригэр Жириновскайга нуучча судургу дьоно куоластарын биэрии бөҕө. Буолумуна, мин да Ярославскай диэн ааттаах, нууччалыы сирэйдээх саха - дьэбириэй сиэнчэрэ эбитим, Москубаҕа тиийэн " Россия только для русских ” диирим буоллар, кырата үөрэх-билии иҥмэтэх, анаарар толкуй тобуллубатах скинхедтэр салайааччылара буолуом этэ. Арах, арах, нуучча дьоно өйдөнүҥ!
12 сыллааҕыта муҥур тойон буолбут Ельцин наһаа арыгылаан Арассыыйаны төрүт айгыратар турукка киллэрбитигэр, КГБ (ФСБ ) туораан биэрэргэ күһэйбитэ, урут киэҥ эйгэҕэ биллибэтэх, баара суоҕа болкуобунньук Путины олордубута. Дьэ, бу КГБ уһуйуулаах киһи оҕуруктаах өйүнэн бэйэтин эрэ былааһын оҥостон барбат дуо?! Аан бастаан судаарыстыба бас билиитин биирдиилээн дьоҥҥо биэрэн ( приватизациялатан ) баай араҥатын үөскэппитэ. Ол дьонунан, аччыктаан бэлиитикэнэн кыырар дьону " аһатан ”, " Биир ньыгыллар ” баартыйаларын тэрийтэрбитэ. Онон ньыгыллар баайдар баартыйалара буолбута. Бэйэтэ бу баартыйа баһылыга буолбута. Ньыгыллар былаас баартыйата ааттананнар баһылаан-көһүлээн барбыттара. Туох эрэ " ытырымҥа ” тиксиэхтэрин баҕарааччылар, а.э. карьеристар харса суох бу баартыйа чилиэннэрэ буолбуттара. Түмүгэ биллэр, ааспыт судаарыстыба сүбэтин 450 дьокутаатыттан 315 бньылар, онтон 18 амыарыка дуолларынан миллиардер, 250 эмиэ ол харчынан миллионер, атыттара да наһаа дьадаҥы буолбатах этилэр. Хаһан да харчым наһаа элбээтэ диэбит суох, судаарыстыба сүбэтигэр ньыгыллар ахсааннара элбэҕинэн, дьэ, онно дэмэкирээтийэлээн, куоластара элбэҕинэн саккай охсон салгыы байалларыгар сөптөөх сокуоннары таһаара олорбуттара. Бэл, үп кырыымчыгырбытыгар Путин сытыйа байбыттарыгар, тупсарынан олигарх дэммиттэригэр харчыны кутан биэрбитин умна илик инигит? Оттон киин хаһыаттар Путин туһатыгар 130 миллиард дуоллар мунньулунна, аан дойду муҥутуур баай киһитэ буолла диэн суруйаллар.
Путин Төрүт сокуоммутунан үһүс төгүлүн бэрэсидьиэнинэн олороро кыаллыбат буолбутугар, эмиэ ханна да биллибэтэх биир дойдулааҕын Медведеви олорторбута. Мин өссө Медведев хараҕын олоҕо ураты уоттаах, уҥуоҕунан быкпыта да быытыкаайык, онон иккис сырыыга амтанын биллэҕинэ туруорунара дуу дии санаабытым ханна баарый, КГБ Путин ытыһын ытарчата кытаанах эбит. Аны ол саҕана Путины дойдутун таптыыра бэрт буолан кыра дуоһунаска премьердыыр буолла диэн сөҕө махтанааччылар да баһаам этилэр. Ол түмүгэр Путин бэрэсидьиэн буолбуту, баһылыыр баартыйаны, онтон сиэттэрэн судаарыстыба сүбэтин уонна туох баар министиэристибэлэри бас билэн аҥардастыы бачаачайдаан кэллэ. Бэл, быйылгаттан хаттаан төннөөрү бэрэсидьиэн салайар кэмин алта сылга диэри уһаттарда. Ол аата 2024 сылга диэри салайарга сананнаҕа. Оттон Путин 12 сыл соҕотоҕун салайан кэлбитин түмүгэ хайдаҕый?
Сүбэ кэмигэр аан дойдуга ВВП ( бэйэбит оҥорон таһаарыыбыт ) дэнэргэ иккис испит Арассыыйалар билигин онус эрэ буолаахтаатыбыт. Бу АХШ оҥорон таһаарыытын уон гыммыт биирэ эрэ. Оттон экэниэмикэбит уонна киһи олоҕун таһымынан 51 миэстэҕэ түстүбүт. ХНТ кэлин таһаарбыт рейтининэн киһи сайдыытын потенциалын рейтининэн Албания кэнниттэн 63 миэстэ буолбуппут. Билигин нефть атыытынан эрэ " чыып-чаап ” дэһэн олоробут да, ол да үппүт кыраныысса нөҥүө байбыт дьоммут аатыгар күрэтиллэрин суруйаллар. Путин бырабыыталыстыбата ВТО – ҕа киллэрэллэрин суотугар 2017 сылга, бэйэтэ да нэһииччэ сурдурҕуур буолбут тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһини икки төгүл аҕыйатарга былааннаата. Киһи ахсаанын бүтэһик түмүгүнэн икки мөлүйүөнүнэн аҕыйаабыт курдукпут да, бу тас дойдулартан дьон киириитин суотугар. Дьиҥэр, Арассыыйа төрүт олохтоох дьоно кэлиҥҥи уон сылга 15 мөлүйүөнүнэн аҕыйаабыт! Мин уйгулаах олох сүрүн бэлиэтинэн киһи ахсаана элбээһинин билинэбин. Ол оннугар кут-сүр киһитийиитэ тэпсилиннэ, сымыйа христианствоны Арассыыйа үрдүнэн киллэрии үлэтэ тэтимнээхтик барда. Сөпкө гыналлар, христианство сүрүн этиитэ: " Сирдээҕи олоххор төһөнөн эрэйдэнэҕин да, оччонон ырай үтүө олоҕор тиксэҕин, онон тулуй! ” – диэн. Путин туруору былааһы киллэриэҕиттэн салайааччыларбыт " толерантнай ( лат. Tolerantia – тулуурдаах буолуу ) буолуҥ ” диир буолбуттара тугу да эппэт дуо? Аны коррупция таһымын индексэтигэр Папуаны, Таджикистаны, Конгоны, Бисауны сэргэстэһэн 178-тан 154-пүт, куһаҕаҥҥа инниттэн 24-пүт. " Бил баһыттан сытыйар. ”
Сытыйа байбыттар билигин туохха баҕаралларый? Бу ыраахтааҕылаах Арассыыйаҕа курдук удьуордарыгар кытта бэриллэр дворянство сословиета. Оннооҕор киинэҕэ " новый русский ” буолбут Пупков диэн киһи Шереметев буола сатаабытын көрбүт буолуохтааххыт. Оттон дворянство диэн ымыылаах сословие Арассыыйа ыраахтааҕылаах эрэ буоллаҕына баар буолар кыахтаах. Ким билиҥҥи кэммитигэр " Его величество, Ваше благородие, царь всея Руси и прочее, и прочее, самодержец ” буолар кыахтааҕый ? Бу киһи – ПУТИН!
Сорохтор буолар киһи буоллун ээ дэһиэххит. Билигин хандьытаат Путины киин ТК-ҕа " Кини курдук өйдөөх суох ” дииллэр. Буоллун, баҕар улуу Путина суох салгыы олохпутун оҥостон олорор кыахпыт суох да буоллун. Ол эрэн ыраахтааҕы солото удьуордара баарын тухары бэриллэн иһэр эбээт. " Айылҕа улуулар оҕолоругар сынньанар ” диэн этии баар. Путин кыргыттара, кинилэртэн үөскүүр сиэттэрэ биһиги оҕолорбутун, сиэттэрбитин хайдах салайыахтарай ? Былыргыттан модун Арассыыйа аан дойду тутулугар үтүө өттүнэн сүҥкэн дьайыылаах этэ. Ону Путин удьуордара кыаныахтара дуо ? Төһө да боярдарын бытыктарын, стрелецтэрин төбөлөрүн бэйэтин илиитинэн бысталаабытын иһин, улуу Петр I Арассыыйаны модун держава оҥорбута. Өлбүтүн кэннэ немец илэчиискэтэ ойоҕо Екатерина I, тастыҥ балтылара Елизавета уонна Анна Арассыыйаны хайдах кэбилээбиттэрин саатар оскуолаҕа үөрэттигит ини ?
Сорохтор этэҕит, эс, хайдах да ыраахтааҕылаах олох буолбат диэн. Эһиэхэ хардам, отучча сыллааҕыта хаппытаал эргиэнигэр киириэхпит, бэрэсидьиэнинэн саланыахпыт диэччилэри хайыыр этигитий ? Ельцин илии баттааһынынан хомуньуустары суох оҥорбутугар 18 мөлүйүөн ахсааннаах баартыйа биир эмит чилиэнэ утарсан 1917 сыллаахха курдук саа-саадах туппута дуо ?
Билигин өйдөөхпүн, тутаахпын дэнээччилэр, ханнык да былаас кэллин, өйдөөх киһи онно сөп түбэһиэхтээх диир буоллулар. Үөрэҕирии биир чөмчөкөтүгэр фашистар былааска кэллэхтэринэ хайыыгын диэбиппэр " Буолумуна ! ” диэн турардаах. Чахчы, маннык дьон ким да былааска кэллин, оннука-вец буолаллара саарбаҕа суох. Улуу Чарльз Дарвин кыһыл көмүһүнэн суруллубут этиитэ баар: " Ордук өйдөөх, ордук күүстээх тыыннаах ордубат, тулалыыр эйгэҕэ сөп түбэспит тыыннаах ордор ” – диэн. Ол эрэн бу этии үүнээйилэргэ уонна харамайдарга анаммыта эбээт ! Биһиги киһи буолан, хас удьуор сүһүөх аайытын анаарар мэйиибитин үтүө өттүнэн тупсарынан, халлаан куйаарын Өркөн өйүгэр холбоһуохтаахпытын Айыы үөрэҕэ этэр.
Албыннаһан тыыннаах хаалыы ! Сорохтор оннооҕор вайнаах ( чечен ) курдук киэн туттуулаах омук кыайбыттарга 99% биэрэр, онон үп бөҕөнү Москубаттан куттара олорор дииллэр. Дьиҥэр, сүдү киэн туттуулаах вайнаах омуга итинник куоластаабат, барытын бэрэсидьиэннэрэ Кадыров уонна кини куомуннаахтара талан ылыы түмүгүн уларыта олороллор. Маннык өр олоруохтара суоҕа, харса суох вайнаах омук Кадыровтарын Хаддафилыыр кэмнэрэ кэлиэҕэ. Оттон биһиэхэ 70% -тан ордук куоластарын " ньыгылларга ” биэрбит нэһилиэктэргэ биир мөлүйүөн солкуобай харчыны биэрбиттэрин иһиттигит ини ? Дьэ, итинник кынан билиҥҥи салалтабыт биһигини утары көрбөт, албыннаһан туох эмит ытырымҥа тиксэр, " ээх ” хоту сылдьар босхо моойдоох кулут оҥосто сатыыр.
Биһиги төрөөбүт дойдубут, тапталлаах Арассыыйабыт киэҥэ-куоҥа, баайа-дуола туга да суох хаалбыт, ол эрэн урут мунньуммут кыахтарынан өссө да " бөө ” диир тас дойдуларга ымсыылаах. Сэриилээн былдьыахтарын нууччаны кыайбыт суоҕа, өссө ядернай сэбилэниилээхпит чаҕытар. Ол иһин анал бэлиитикэ оҥорон уонунан сылларга, ордук Путин олорор кэмигэр бу кыаллыбыта, арыгынан айгыраттылар, кэлин норкуотугунан сүһүртүлэр уонна ТК нөҥүө олох күлүк эрэ өттүлэрин көрдөрөн уйулҕабытын сатарыттылар. Ордук оҕо-эдэр дьоммут хаппыт муох ууну оборорунуу сүһэн ыллылар. Билигин Путин уонна кини куомуннаахтара салгыы салайан олохпутун өссө сатарыттахтарына саҥа элиэнньини булан, үбүлээн уонна сэбилээн өрөбүлүүссүйэни оҥорторор кутталлара баарын анаарар мэйиилээх өйдүүрэ буолуо. Оччотугар, оннук буолбут нуучча омук сүллүгэһин сүгэн өрөбүлүүссүйэлээтэҕинэ, онтон үөскүүр кырасдааныскайдаан бэйэ бэйэтин сиһиктэстэҕинэ... Арах, арах, Арассыыйа дьоно өйдөнүҥ ! .
Үөһээ Бүлүүттэн Миитэрэй Баппаҕай, 14. 02. 12 сыл.
Киһи тоҕо кыларыйар кырдьыгы этэрэ сатамматый?
_________________________________________________________________
КиһибуОртодойдугатуохэрэсыаллаах-соруктаахкэлэр.
Ким эрэ олох туһугар туруулаһа, ким эрэ көннөрү олох олороору, ким эрэ олох суолун тэлээри, уларытаары…
Хас биирдии киһи тус-туһунан аналлаах.
__________________________________________________________________
Саха норуотугар сүҥкэн дьон төрөөн-ууһаан ааспыттара. Ол эрээри, төһөнөн олох туһугар кырдьыгы булаары туруулаһаҕын да, соччонон эн үйэҕин сирдээҕи дьон кылгатар аналлаахтар быһыылаах. Хас эмэ сыл ааспытын кэннэ бу дьон кырдьыктара, олоххо улахан сабыдыаллара, оруоллара сыаналанар. Оннук улуу, чулуу дьоммут тыыннаах эрдэхтэринэ этэр, сыаналыыр тоҕо сатамматый диэн ыйытыы миигин үүйэ-хаайа туппута ыраатта эбээт. Маннык ис хоһоонноох ыйытыы аан бастаан, саха литературатын төрүттээбит улуу суруйааччыларбыт олохторун, айар үлэлэрин үөрэтиэхпиттэн ыла үөскээбитэ.
Билиҥҥи да олоххо саха чулуу уолаттара, олоҥхолуу эттэххэ, сырдык илгэлээх олох түстэнэрин туһугар бэйэлэрин да кэрэйбэт дуулаҕа бухатыырдара бааллар. Норуот билэр, онтон бэйэтин ис иһигэр сэмээр үөрэр. Биһиги саха дьоно былыр былыргыттан сэмэйбитинэн биллэбит. Бэйэбит «балаҕаммыт» иһигэр ээр-сэмээр сылдьан хайҕыыр идэлээхпит. Бэл, кыһыл уол оҕо төрөөтөҕүнэ суор үөрэринии, улаханнык саҥа таһааран уруйдаан-айхаллаан буолбакка, симиктик мичийэбит эрэ. Ити майгыбыт күн бүгүнүгэр диэри баар. Улахан үөрүү да буоллун, улахан куттал да кэллин барытын испит иһинэн аһарынабыт.
Ол сороҕор чулуу дьоммутун былаҕайга былдьатарбытыгар охсуулаах курдук буолан тахсар. Кинилэр тыыннаахтарыгар кыларыйар кырдьыгы эппэккэ, этиммэккэ, «абааһы» уораҕайыттан быыһаан ылбаппыт. Оннук былдьатан турабыт улуу Ойуунускай убайбытын, саха суверинетытын төрүттээбит чулуу Омуоһабы, саха бастакы интеллегеннэрин – Бараховы, Күлүмнүүрү уо.д.а. Киһи ааҕан сиппэт.
Арассыыйа былыр былыргыттан былаас ситимигэр бас бэринэн олорбута. Билигин да оннук олорор айылгылаах. Норуот аата эрэ норуот. Барытын былаас илиитэ быһаарар. Ким хайдах тыынарын, хайдах салайынан олорорун кытта. Маныаха норуот «марионетка» куукула эрэ оруолун толорор. Барыта эрдэттэн быһаарыллан турар. Бу Дьылҕа оонньуутугар сирдээҕи үрдүкү чөмчөкөлөр кытта улахан оруолу ылаллар.
Норуот уһукта сатаабыта ыраатта. Ити уһуктан эрэр, бу өйдөнөн эрэр диибит да, билиҥҥи туругунан өссө да ыраах курдук. Биирдиилээн, аҕыйах ахсаанынан уһуктуу эрэ баар. Онтон саха омугар бэргэн этии баар: норуот көмүөл күүһэ диэн. Кырдьык хаһан эрэ кыргыс үйэтин саҕана норуот биир сомоҕолоһуулаах, модун күүстээх эрдэҕинэ, бары көрсөр ыарахаттары туораан, тыыннаах ордон, олох утумун салҕаан кэллэҕэ эбээт. Оччолорго баара – норуот көмүөл күүһэ. Билигин ити саҥарар саҥаҕа эрэ тиһиллэн сылдьар дорҕоон курдук иһиллэр этиигэ эрэ кубулуйда.
Олоххо баар кыларыйар кырдьыгы көрөн туран турууласпаппыт, эппэппит-тыыммаппыт. Урукку тыйыс сыллар кутталларын кута баһыйара бэрт буолан, билигин даҕаны бүгэнэн сылдьабыт. Онтон үрдүкү былааспыт норуот туһугар эрэ диэн кыһыл тылларынан эрэ этэр этиилэрин кэбэҕэстик ылынан кэбиһэ-кэбиһэ сылдьабыт. Биэнсийэ дуомун үрдэппитэ буола-буола кырдьаҕас дьоммутун албынныылларын көрө-истэ сылдьан ким да кырдьыгы туоһуласпат. Ол биэнсийэ 10 солкуобайынан үрдээбитигэр кырдьаҕастарбыт барахсаттар үөрээхтииллэр. Ону кытта тэҥҥэ сыана бу үрдээн тахсар. Онтон кырдьыгынан көрдөххө, бу норуоту албыннааһын буолбатах дуо? Ити курдук үрдүкү былааспыт күлүү-элэк оҥостубутун биһиги күлүкпүтүгэр эрэ имнэнэн кэбиһэбит. Ол туһугар кырдьыгы була сатыыр дьоммутун көмүскээбэккэ, норуот былаас илиитигэр уган биэрэбит. Дьиҥинэн, норуот барытын көрө-билэ, истэ сылдьар ээ. Барытын өйдүүр. Ол эрэн саҥарбат. Хаһан саҥарар, көмүскэнэр кэммит кэлэр? XIX-c-XXI-с үс үйэ тухары чуумпуран сылдьабыт. Хаһан бэйэбит сэбэрэбитин, кырдьыкпытын көмүскэнэр буолабыт? Аны өссө үс-түөрт үйэ ааһарын кэтэһэбит дуо?
Бу Орто дойдуга төрөөбүт «кыратыттан-харатыттан» саҕалаан «үрдүкү» дьоммут бары кэриэтэ аньыылаахтар-харалаахтар. Ол эрээри киһи үксэ сырдыкка талаһара элбэх. Орто дойду иһинэн аһара чаҕылхай ыраас киһи суоҕа буолуо.
Онон киһи сирдээҕи сиэрдээх олоҕун сыаналаан көрөн, ыйааһынныыр ордук. Оччотугар саха уолаттарбыт олоххо талаһар сырдык сыдьаайдарыгар олоҕуран, кинилэри норуот быыһыттан чорботон, дурда-хахха оҥостон, үрдүкү былаас «хараҥа илиититтэн» тоҕо быыһаан ылан дойдутун, дьонун-сэргэтин туһугар үлэлииллэрин ситиспэппитий?
«Кистэлэҥ күүс» хаһыат редактора Саргылана Седалищева.
Быыбар дуу? Талыы дуу?
Билигин ханна баҕарар быыбар тэрээһинэ, түбүгэ, кыһаллыыта.
Атын өттүттэн ыллахха - кыһалҕата, мөккүөрэ, айдаана.
Быыбар тылын сүмэтэ да талыы (выбор) диэн. Алтыһар дьонум да эбэтэр атын сиргэ кэпсэтииттэн иһиттэххэ да «Путиҥҥа эрэ куоластыа суохха наада…» дииллэр. Ол гынан баран «…син-биир Путин хотор» диэн бигэ уонна бэлэм эппиэттээхтэр. Путин «за честные выборы» диэн үлэ ыытар. Кини демократия содулуттан диэххэ дуу, арыый сымнатан кэнниттэн диэххэ дуу наһаа «бас баттах көҥүл барыыга» бэрээдэги оҥорбут өҥөлөөх дииллэр. Атын кандитат быыбарга хоттоҕуна «Ливия, Сирия дойдуларын курдук буолуохпут» диэн билгэлииллэр. Ол аата хайдаҕый? Тоҕо куһаҕан холобур эбэһээт хатыланарыгар эрэнэбитий? Антах, үөһээ дойдуга, ыйаахпытыгар ыйыллан суруллан турар дуу?
«Айдааннаах» быыбардар буолбуттара хаһыс да сыла. Олохпут сыаннаһа уларыйан бас-көс, тутаах дьоһун дьоммутун сүүмэрдээн ыларбыт ыараата дуо? Иннибитигэр, биитэр бэйэбитигэр эрэлбит сыппаата, мөлтөөтө дуу? Кырдьыгы көрдүүр уустугурда дуу? Хонтуруол, ирдэбил элбээн, үрдээн, кытаатан, төттөрүтүн, дьэ дьиҥнээх ТАЛЫЫ – быыбар буолар дуу? Ыйытык түгэҕэ көстүбэттии субуллара өйбүт-санаабыт уларыйбытыттан дуу?
Мунаарар киһи аҕыйаҕа суох буолуохтаах. Ким чопчу эппиэти биэриэн сөбө буолла?
Ордук бу быыбарга Сахабыт сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн аан дойдуга улахан суолталаах икки хоту улуустарбытыгар – Дьааҥыга уонна Өймөкөөҥҥө, дьэ, чахчы айдааннаах, киирсиилээх быыбар буола турар диэни соһуйа иһиттим. Ити икки улуустар киэҥник тайаан сытар сирдэригэр хостонор араас баайынан, тыйыс тымныынан эрэ ураты буолбаккалар сүрдээх, сүүнэ күрбэ таас хайаларынан хаххаланан турар кэрэ, ытык айылҕалаах дьикти дойдулар. Маннык сир тыына атын, араҥаччылаан турар иччилэринэн да күүстээх. Онон улаханнык киҥир-хаҥыр саҥарсыы дуораана окко-маска сөрөнөрүн, тыынар-тыыннаахха таҥылларын, хамныыр-харамайдарга хатанарын олохтоохтор умнубаттара буоллар диэн санатаарыбын бэйэм санаабын суруйабын.
Кыайыы туһугар туох баар санаабытын-күүспүтүн түмэн иннибит диэкки хайдах хардыылыыбыт да оннук түмүккэ тиийэбит. Атын киһи аатын сиргэ-буорга тэпсэн туран, кэннэ кээнчэ да буоллун диэн «киирсээһин» туохха тиэрдиэн сөбүн толкуйдуохха наада. Төһөнөн туруулаһан туран утарылаһаҕын да соччонон элбэх мэһэйдэри, тургутуулары, хотторуулары, кыһалҕалары булан ылааһын буолар. Бу айылҕа тулхадыйбат сокуона. Эбиитин хотуу туһугар норуоту утары туруорааһын, көҕүлээн күөттээһин, санааны соҥнооһун киһи быраабын күөмчүлээһин буолар.
Олоххо, эр-ойох ыккардыгар да, үлэҕэ-үөрэххэ да сыһыаннаан талыы көҥүл буоллаҕына эрэ киһи олоҕунан дуоһуйар. Үксүбүт үксүгэр ким эрэ эппитинэн, ыйбытынан, ирдээбитинэн, бопсубутунан «тыынабыт», сыылбатык «сылдьабыт», сүөргүтүк «сүөдэҥниибит», ханна эрэ «хах» быһыытынан «хамсыыбыт, тылбытынан эрэ «тыбыырабыт», уопсайынан олуонатык, омуннаахтык «олоробут».
Үчүгэй, куһаҕан диэн баар дуо? Мин үчүгэй диирбин, хайаан атын арбыахтааҕый? Киниэхэ куһаҕан, миэхэ кэрэтик көстүөн сөбө суох дуо?...
Бу орто дойдуга, хаста эмэтэ хаттаан төрүүр буоллахпытына, кимиэхэ баҕарар урукку олох уопута сүлбэбитигэр сурулла сылдьар буолан «киһи сатаабата суох» дииллэрэ оруннаах буолуон эмиэ сөп. Эбэтэр муостаах дуу, туйахтаах дуу буолан көмүс илиилээх, уран тарбахтаах, барыга бары сатабыллаах, кыахтаах буолаллар дуу? Тутах өйдөбүл курдук. Аҕала сатаан ырытан «өйдөөҕүмсүйдэххэ» хааһахтан хостонор билии бүтүө биллибэт. Итэҕэйэр итэҕэйиэ. Ылымматы ыххайан ычатын ыырын кэҥэппит да астыга суох. Соҥнооһун буолар.
Ким да кимтэн да атына суох буоллаҕына бу эрэ кандидат ураты өйүнэн, билиитинэн норуокка сөптөөх, наадалаах, туһалаах буолар диэн хантан кэлэр информацияный? Киһини оҥорбут үлэтинэн сыаналаан талар тоҕоостоох буолуон сөп. Билбэтин хамаҕатык ылынан саҥа киһи да сатабыллаах салайааччы буолуон эмиэ сөп.
Эрэлинэн сүктэриллибит эппиэтинэс ханнык баҕарар эр киһи кыһалҕаны кыайарыгар, ыккатын ырааһырдарыгар, тулатын тупсарарыгар, туругурдарыгар төһүү күүс буолар. Онон ханнык баҕарар талыыга, быыбардарга, ким баҕарар ис имин истэн бэйэтэ эрэ таллаҕына санаата дуоһуйар, уоскуйар буолаарай?
Хомпорууна.
|
Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии |
Views: 1580 |
Added by: uhhan2
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 20 Ыалдьыттар (гостей): 20 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|