Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2012 » Олунньу » 26 » -Бу аан дойдуга кырдьыктан уонна көҥүлтэн ордук суох дииллэр.
-Бу аан дойдуга кырдьыктан уонна көҥүлтэн ордук суох дииллэр.
12:16
СИЗО-ттан Афанасий Максимов интервьюта
Кэпсэттэ Сайдыына ЧЭГДЭ, 24.02.2012
-Афанасий Николаевич, сирэй көрбөккө олорон ыйытыктарынан тибэр хайдах эрэ да буоллар, сэһэргэспит курдук сананыахпыт ини. Эйигин өйөөччү, эн тускар (саҥа таһааран да буолбатар) ыалдьааччы күн-түүн элбээн иһэригэр эрэнэбин. Ол эйиэхэ эрэлгэр эрэли, күүскэр күүһү эптин. Киһи санаатынан күүстээх. Оттон ол эйиэхэ баар. Ол да буоллар, эйигин ордук ким билигин өйүүрүй, санааҕын көтөҕөрүҋ?

-Чугас дьонум, аймахтарым, доҕотторум уонна элбэх билбэт дьонум өйүүллэрин, эрэллэрин этэллэр, суруйаллар. Ол миэхэ улахан күүс-уох биэрэр.

-Эн бар дьоҥҥо анаан суруйбут аһаҕас суруккар ити дойдуга суут-сокуон тиэрэ иэҕиллиититтэн эмсэҕэлээбит элбэх диэн аһарбыккын. СИЗО иһэ төһө да араарталаатар, билсэр-көрсөр, кэпсэтэр кыах онно да баар. Оннооҕу дьон эйиэхэ сыһыана хайдаҕый?

-Түрмэҕэ да үтүэ дьон бааллар. Манна ким хайдах киһитэ рентген курдук тэһэ көстөр, түөрт истиэнэҕэ хаайыллан сытар киһи бары чувствота өргөс кылаана буолар. Ол иһин дьон билэр, сыһыан үчүгэй. Элбэх сурук-бичик кэлэр. Администрация, постовойдар да сыһыаннара дуоспуруннаах.

-Тугу ордук суохтуугунуй?


Таптыыр киһибин Сардаананы, оҕолорбун.

-Аматын да иһин, киһи син биир тугунан эмит аралдьыйар. Ханна баҕарар. Оттон эн?

-Биһиги камерабытыгар үспүт. Бастаан утаа ыйтан ордук одиночнай камераҕа сытыарбыттара. Мин өйдүүрбүнэн тургутан көрүү. Икки-үс күн буола-буола ыйыталлар, сирэйбин-харахпын маныыллар. Тугу эмит көрдөһүө, этиэ дииллэр быһыылаах. УФСИН-тан хаста да тойоттор бэйэлэрэ кэлэ сылдьыбыттара. Ол курдук Саҥа Дьылы соҕотох көрсүбүтүм. Мин бу система хайдах үлэлиирин иһиттэн 4 сыл дьыалаҕа эриллэн-буруллан үчүгэйдик биллим уонна өйдөөтүм. Мин кинилэртэн көрдөһөр да, кинилэргэ тобуктуур санаам суох. Буруйум суоҕун билэбин, ол иһин холкубун.

Элбэҕи ааҕабын. Билигин СИЗО библиотекатыттан Ксенофонтов "Урааҥхай сахалар” кинигэтин булан хат ааҕа сылдьабын. Уголовнай правоны үөрэтэбин. Уонна "Саханефтегаз”-ка үлэлээбитим туһунан, дьиҥ чахчы хайдах буолбутун суруйа сылдьабын. Билигин Саха Сириттэн 150 млрд. солкуобайдаах нефть дойду тас өттүгэр барар, онтон биһиги тиксиибит 5%. Тоҕо маннык балыыр-баттааһын буолбутун сахам дьоно билиэхтээхтэр дии саныыбын.

Ити курдук бириэмэни мээнэ аһарбаппын, Үрүҥ Аар Тойон Орто Дойдуга хас биирдии иннинэн сирэйдээх икки атахтаахха мутугунан быраҕар муҥур үйэ анаабытын хаһан да умнубаппын, күнү-дьылы сыаналыыбын.

-Арай, кэми төттөрү эргитэр буол, эн хаттаан бу суолгун талыа этиҥ дуо? Биитэр көннөрү көстүбэт-биллибэт, дьиэ эргин эрэ бөө диир эр киһи оруолун ордоруоҥ этэ дуу?

-Урут, ардыгар бэйэбэр ити боппуруоһу биэрэр этим. Син дьонноох-оҕолоох киһи буоллаҕым. Мин утары барбыт дьонум эмиэ төгүрүк акаары буолбатахтар, элбэхтик кэпсэтэ, атыылаһа, онтон куттуу да сатаабыттара элбэх. Син, бизнес киһитэ буоларым быһыытынан, баай-дуол ыпсарыллыытын туһунан бастатан толкуйдуохтаахпын дии саныырым. Ийэм этэ сатыыра: "Тойуом, былааһы хайдах да утарбаккын, хаайыыга быраҕыахтара, ону-маны оҥоруохтара” – диирэ. Кини 2008 с. бу сиртэн баран билбэтэҕэ ордук курдук.

Ол гынан баран билигин өйдүүбүн – ким эрэ хаһан эрэ төбөтүн өрө көтөҕүөхтээх, биһиги, сахалар, өбүгэлэрбит дойдутугар сирэй-харах анньыллыбакка, төрүт сокуоммутугар олоҕуран тиксэрбитигэр тиксиэхтээхпит, дьиҥнээх хаһаайыттар буоларбытын туруорсуохтаахпыт диэн. Биир киһи кыайбат суола буоларын өйдүүбүн. Дьон уһуктуон наада. Сытар таас анныгар уу киирбэтин, ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэрин өйдүөхпүтүн наада. Ол иһин төрүт кэмсиммэппин, төттөрүтүн бу дьоһуннаах суолга киллэрбит Дьылҕа Хааҥҥа махтанабын.

Элбэх, хас да тыһыынчанан киһи омугуттан тутулуга суох, "хаайыыга быраҕыллыбыт түөкүн” диэбэккэ, иэдэс биэрбэккэ өйүүллэрэ, саарбахтыыр санааны киэр кыйдыыр, суол сөбүн туоһулуур, күүс эбэр, эрэл саҕар.

-Дьоҥҥор-сэргэҕэр анаан өссө туох этэрдээххин, быһа эфиргэ олорор курдук сананан ылар буоллахха?


Туох барыта тэҥнээн көрдөххө биллэр диэн түҥ былыргы улуу өйдөөхтөр эппиттэрэ баар (все познается в сравнении). Мин наар Аляска штатын Сахам сиригэр тэҥнээн көрөөччүбүн. Аляскаҕа анаан-минээн элбэхтик сылдьыбытым. Кинилэр эмиэ биһиги курдук киэҥ сирдээхтэр, сир баайдаахтар, айылҕалаахтар, ахсааннара билигин 700 тыһ. курдук. Олох таһымын киһи тэҥнии да барбат. Ол гынан баран биир тэҥнээһин мин өйбүттэн тахсыбат. Кинилэргэ сылга 1-дэ киһини өлөрүү таҕыстаҕына, губернаторга тиийэ айдаан, дьүүллэһии тахсар. Америка үрдүнэн ити Аляска эрэ штатыгар итинник. Нью-Йорк, Лос-Анджелес курдук куораттарга ол таһым Россия Москватынааҕар үрдүк. Американецтар ону Аляска, Хоту сир дьоно олохторо тыйыһыттан характердарыгар тиийэ сөҥүүллэр. Ол иһин өлөрсүү-үтүйсүү тахсыбат диэн.

Онтон биһиги? 940 тыһ. киһиттэн сылга 700-кэ тиийэ өлөрсүү-сүтүү. Күн аайы икки киһи. Бу статистика баарын тухары былаас ону кыайдым, маны кыайдым диэн этэр моральнай бырааба суох дии саныыбын. Бэйэм дьыалабар бириэмэ барытын орун оннугар туруоруо, кырдьык уу үрдүгэр дагдайыа диэн туох да эҥкилэ суох бүк эрэллээхпин.

-Бу аан дойдуга кырдьыктан уонна көҥүлтэн ордук суох дииллэр. Онно таптал диэни эбэн кэбистэххэ, туттарыа буолуо туттарбат дьол кэриҥэ тахсан кэлэр. Ити үстэн эйиэхэ билигин биирэ эрэ тиийбэт. Ол туһугар үгүс киһи турууластаҕына, биир сомоҕо буолан туруорустаҕына, ол да кэлиэ ини диэн эрэнэбин.

(Аартык.ру - 25.02.12)

http://aartyk.ru/sakha/item/774-sizo-ttan-afanasiy-maksimov-intervyuta


НЕЗАКОННО ОСУЖДЕННЫЙ ДЕПУТАТ МАКСИМОВ СДЕЛАЛ ВИДЕО-ОБРАЩЕНИЕ К ПУТИНУ. Прямо из камеры СИЗО

Елена ТИХОНОВА

Эксклюзивный материал - видео-обращение народного депутата Республики Саха (Якутия) Афанасия МАКСИМОВА к Владимиру ПУТИНУ - опубликовано на "Якутском политическом портале" (ya-pp.com).

Свое видео-обращение незаконно осужденный депутат якутского парламента сделал прямо из камеры СИЗО г.Якутска.

Материал размещен "Якутским политическим порталом" в рамках социального проекта "Реальная Якутия" (часть 2), не так давно запущенного этим изданием.

ПЕРЕЙТИ:

ЯКУТСКИЙ ПОЛИТИЧЕСКИЙ ПОРТАЛ

2012-02-26 17:56:24

Category: Суд-закон.МВД.Криминал | Views: 1937 | Added by: uhhan2
Total comments: 1
1 kaymoe  
Здравствуй,
 
Я http://twitter.com/kaymoe21 - Katie Мне 21 лет и я иду к вашей красивой стране за ближайшие 2 года , чтобы сопровождать моего друга за его работу, у него есть большие возможности.
 
Я люблю путешествия, чтение книг и играть ничего себе.
 
Я на uhhan.ru потому что сообщество выглядит так здорово , и я надеюсь найти новых друзей , я надеюсь, вам понравится этот анекдот про блондинок (я ). : D
 
[ цитировать -
Блондинка и брюнетка являются прыжки с парашютом.
Брюнетка выскакивает из самолета и тянет кабель
- Ничего не происходит.
 
 
Она тянет шнур чрезвычайных ситуаций и по-прежнему ничего.
 
 
 
Блондинка , наконец, выпрыгивает из самолета и кричит: " О! Итак, вы хотите гонке , да?"
[/ QUOTE -
Спасибо! :)

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2012  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
272829
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 31
Ыалдьыттар (гостей): 31
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024